21.11.2024 | 14:00

«Учуутал дууһатын сырдык сыдьаайа»

«Учуутал дууһатын сырдык сыдьаайа»
Ааптар: Александра Федотова, Юлия Захарова, Өктөмнөөҕү лицей нуучча тылын уонна литературатын учууталлара
Бөлөххө киир

Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр сэтинньи 15 күнүгэр ураты тыыннаах, үрдүк таһымнаах тэрээһин буолан ааста. СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ буолбут, саха норуотун дьылҕатыгар улуу кылааттаах Михаил Ефимович Николаев учуутала Гавриил Федорович Саввин төрөөбүтэ 110 сылын бэлиэтээтибит.

Гавриил Федорович Саввин – Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин”, “В.И. Ленин 100 сылыгар килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллэрдээх, Саха АССР Үөрэххэ министиэристибэтиттэн үгүс грамоталардаах хаҥаластар чахчы киэн туттар киһибит. Гавриил Федорович олоҕун суола оскуоланы кытта быстыспат ситимнээх – кини ыччаты иитиигэ, норуокка билиини, сырдыгы тарҕатыыга улахан кылааттаах. Учуутал, дириэктэр, Үөрэхтээһин отделын инспектора, оройуоннааҕы Исполком пропагандаҕа салаатын сэбиэдиссэйэ, Үөрэх министиэристибэтин ыстааты таһынан инспектора, Саха АССР Үрдүкү суутун сэтээтэлэ, учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, Бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта этэ.

Гавриил Федорович туһунан сырдык өйдөбүлү үйэтитэр үлэни саҕалаабыт киһинэн  үйэтин тухары киэн тутта, махтана ааттыыр үөрэнээччитэ, саха норуотун Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев этэ. Кини учуутала сырдык киэҥ дууһалааҕын, учуутал быһыытынан сатабылын, айымньылаах үлэтин уратытын туһунан үгүс ахтыыларыгар суруйан хаалларбыта.

Бастакы Бэрэсидьиэн учуутала Г.Ф. Саввин кэриэстиир дьоро күҥҥэ кини сыдьааннара, Өктөмнөөҕү научнай үөрэхтээһин киинин учууталлара, улахан кылаас үөрэнээччилэрэ, ыҥырыылаах ытык дьон ыалдьыттаатылар.

Өйдөбүнньүккэ сүгүрүйүү

Саввин уулуссатын 1-кы нүөмэрдээх дьиэтин таһыгар өйдөбүнньүк бэлиэтэ турар. Ытыктыыр учууталын аатынан уулусса ааттанарын ситиһэн баран, Михаил Ефимович уулусса саҕаланыытыгар Наука аччыгый академиятын дьиэтин туттарбыта эмиэ биир ураты бэлиэлээх түгэн буоларын санатыах тустаахпыт.

Өйдөбүнньүк арыллар сиэригэр-туомугар протоирей аҕабыт Павел алгыс түһэрдэ. Өктөм нэһилиэгин аҕа баһылыга Александр Большаков Г.Ф. Саввин Бастакы Бэрэсидьиэммитин иитэн таһаарбыт учуутал буоларын таһынан, Хаҥалас улууһугар үөрэҕи тарҕатыыга сүҥкэн кылааттааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Ону сэргэ Гавриил Федорович – халыҥ аймах төрдө буолбут, аҕа ууһун тэниппит ытык аҕа, эһээ этэ. Кини саҕалаабыт дьыалатын бүгүн 9 оҕото уонна 17 сиэнэ салҕыыллар. Бары үөрэхтэнэн, үлэһит буолан, олох араас эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Дьиэ кэргэнин аатыттан биир дойдулаахтарыгар махтал тылларын сиэнэ, “РемСтройПроект” тэрилтэ сүрүн инженерэ Эдуард Олегович Саввин эттэ. Тапталлаах эһэтин туһунан сырдык өйдөбүллэрин, оҕо сааһыттан түгэннэри ахтан, мустубут дьону уйадытан ылла. Дьиэ кэргэн туохтааҕар да күндү баай буоларын эһэлэрэ үрдүктүк тутарга үөрэппитин кэпсээтэ.

Өйдөбүнньүк бэлиэҕэ сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома ыытылынна.

Экспозиция арылынна

Хаҥалас улууһун түмэлигэр Г.Ф. Саввин 110 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах баай экспозиция арылынна. Ытык учуутал үлэтин суолун сырдатар, ыччакка, бар дьоҥҥо кэпсиир улахан быыстапка түмэл сүрүн саалатыгар туран дьон сэҥээриитин ылла. Араас сыллааҕы сэдэх хаартыскалар, экспонаттар, наҕараадалар, биографиятын чаҕылхай түгэннэрэ манна түмүлүннүлэр.

Гавриил Федорович улахан кыыһа, Судаарыстыбаннай страховкалааһын бочуоттаах үлэһитэ, РФ Үлэ бэтэрээнэ Людмила Гаврильевна Шадрина аҕата үлэҕэ уһулуччу ураты сыһыаннааҕын, ыччаты бэйэтин холобурунан иитэр үгэстээҕин, киэҥ көҕүстээҕин, олус мындырын ахтан-санаан ааста, биир дойдулаахтарыгар махтанна.

Үөрэхтээһин түмэлин салайааччы, СӨ Үтүөлээх учуутала, РСФСР норуот үөрэхтээһинин туйгуна Валентина Ноговицына Гавриил Федорович салайааччы уонна учуутал быһыытынан оҥорбут үтүө дьыалаларыгар тохтоон ааста. Оттон Уулаах Аан оскуолатын дириэктэрэ, СӨ үөрэхтээһинин бочуоттаах бэтэрээнэ Вячеслав Спиридонов ытык учууталбыт аатын үйэтитии ыччаты иитиигэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ.

Кэриэстэбил киэһэтэ

Өктөмнөөҕү научнай үөрэхтээһин киинин аактабай саалатыгар “Учуутал дууһатын сырдык сыдьаайа” («Удивительный свет души») диэн кэриэстэбил киэһэтэ буолла. Бу киэһэҕэ Хаҥалас улууһугар үөрэхтээһини сайыннарыыга сүдү кылааттаах уонна СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ үүнэн-сайдан тахсар эйгэтин тэрийбит учуутал Гавриил Федорович Саввин аата өссө үрдүк үктэлгэ таһаарылынна. Маны таһынан кинини улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын быһыытынан биллибит-иһиттибит.

Өктөм лицейин хорун ырыатыттан саҕаламмыт дьоро киэһэҕэ Хаҥалас улууһун үөрэхтээһиҥҥэ управлениетын үөрэх хаачыстыбатын хонтуруоллуур отделын салайааччыта Альберт Реев, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев эҕэрдэ тылларын тиэртилэр.

Оскуола историятын кэпсиир кэрчиккэ араас сыллааҕы выпусктар сырдатылыннылар. 1953 сыллаахха Өктөм сэттэ кылаастаах оскуолатын саамай чаҕылхай выпуһа 16 оҕо тахсыбыт - олор истэригэр Михаил Николаев баара.

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев оскуолаҕа үөрэммит сылларын маннык ахтара: “Хас биирдии киһи олоҕун устатын-туоратын тухары үгүс элбэх киһини кытта алтыһан ааһар. Олортон аҕыйах сорохторо эрэ өйгө-санааҕа иҥэн, сүрэххэ сылаас өйдөбүл буолан, үйэҥ тухары сылдьаллар. Мин өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнинэн талыллан үлэлии сырыттахпына, үгүстэр ыйыталлар этэ, тоҕо чуолаан учууталлары өрө тутаҕын диэн... Онуоха, олоҕум туһунан чочумча толкуйдуу түһэн баран, санаабын түмэн эттэхпинэ, мин дьылҕабар, ийэм сабыдыалыттан ураты, улахан суолталаах дьонунан учууталларым буолбуттар эбит.

Биир оннук ураты киһинэн Гавриил Федорович Саввин буолбута. Кини миигин историяҕа 5-с, 6-с, 7-с кылаастарга үөрэппитэ, онтон өр сылларга Өктөм сэттэ кылаастаах оскуолатыгар дириэктэрдээбитэ.

Гавриил Федорович уруоктара олус интэриэһинэйдик ыытыллааччылар, мин кини холку куолаһын, биһиэхэ, үөрэнээччилэригэр, убаастабыллаах сыһыанын сөбүлүүр этим. Кини үтүө санаата, билиини ыларга көмөтө, сүбэтэ-амата миэхэ бигэ тирэх буолбуттара”.

 

Дьоро киэһэни “Көмүлүөк” театральнай студия оҕолоро киэргэттилэр. Өктөмнөөҕү лицей улахан кылааһын үөрэнээччилэрэ иэйэн-куойан туран учууталга анаммыт хоһооннору аахтылар.

Мустубут дьон Гавриил Федорович оҕолорун, сиэннэрин ахтыыларын ордук сэҥээрдилэр. Ытыктыыр учууталбыт үлэтигэр бэриниилээхтик олорон ааспытын таһынан, дьиэ кэргэнин тэҥҥэ өрө тутан, оҕолорун, сиэннэрин иитиигэ элбэх киһиэхэ холобур буолар кыахтааҕын өйдөөтүбүт.

“Учуутал дууһатын сырдык сыдьаайа” кэриэстэбил киэһэтэ ыытыллыбыт ураты ньыматынан, ытык киһи Г.Ф. Саввин өйдөбүлүгэр истиҥ сыһыанынан бэлиэ суолу-ииһи хаалларда. Үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубатын. Учууталга махталлаах буолуохха.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....