21.11.2024 | 12:00

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар.
Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн бүөлүүрэ. Бу сайын биир саастаах киһи эн СВО туһунан сорох ыстатыйаларгын куттанан аахпаппын диэн соһуппута.

“Якут Шурик” диэн позывнойдаах гвардии сержант Александр Федоров 39 саастаах, Горнай улууһун Бэс Күөлүттэн сылдьар. Ийэтигэр соҕотох уол, аҕата кыра эрдэҕинэ арахсан барбыт. Билигин Волгоград госпиталыгар эмтэнэ сытар.

 

Патриот санаам баһыйбыта

2022 сыллаахха мобилизация саҕаламмытыгар дьиэбэр бэбиэскэ аҕалан хаалларбыттар этэ. Арай бултаан кэлбитим, ийэм барахсан ытыы олорор, ыҥырбыттар диир, биллэн турар, ыытыан баҕарбат буолаахтаатаҕа. Ити балаҕан ыйын 26 күнэ. Бэйэм урбаанньыт этим, мас кэрдэрим, сүрүн дьарыгым – сылгы иитиитэ, өссө саҥа дьарыктаах этим – “холоднай ковка”.

Сарсыныгар бастаан Бэрдьигэстээххэ киирбитим, онтон куоракка илдьибиттэрэ. Онно икки-үс күн сыппыппыт. Ол курдук дьиэбин-уоппун, соҕотох ийэбин, сылгыларбын, үлэбин барытын быраҕан бардаҕым дии. Бэйэм урут кэргэннэнэ сылдьыбытым да, арахсыбытым, биир кыыс оҕолоохпун. Ийэм айманаахтаабыта, хайаан да эргиллэн кэлиэм диэн эрэннэрэн, тылбын биэрэн, уоскута сатаабытым. Бэйэм патриот санаам баһыйан, ыҥырдылар да барабын диэбитим, туох да атын санаа киирбэтэҕэ. Аармыйаҕа ытык иэспин чиэстээхтик толорбутум. Хабаровскай кыраайга, Бикин куоракка Розенгартовка бөһүөлэккэ 22080 танковай полкаҕа сулууспалаабытым. «Срочкаҕа» наводчиктан саҕалаан хамандыыр буолбутум.

... Дьокуускайтан көтөн Улан-Удэҕэ тиийбиппит, онно 32364 байыаннай чааска илтилэр, 11-с биригээдэ диэн. Биир ый учение ааспыппыт. Ол кэннэ Ростов-на-Дону илдьибиттэрэ, онтон Крымтан массыынанан Херсоҥҥа барбыппыт, хас да сиргэ көһөртөөбүттэрэ, үксүн оборонаҕа олорбуппут. Ханна илдьэллэринэн баран иһэҕин, биһиги ВДВ (воздушно-десантные войска) этибит.

Онтон ол чааспыттан атын батальоҥҥа көһөрбүттэрэ, онно Бахмутка тиийбитим. Онно тиийэн штурмнарга сылдьыбыппыт, онтон эмиэ атын чааска көһөрбүттэрэ. Бурятияттан барбыт буоламмыт, хамандыырдарбыт нууччалар уонна бүрээттэр. Сахалар да син бааллара.

 

Взвод хамандыыра оҥорбуттара

Ол кэннэ Бахмуттан Донецкай уобалас 71344 чааһыгар барбытым. Онно эмиэ икки ый учениеҕа сылдьыбыппыт, 9-с биригээдэ диэн буолбуппут, урукку Самоли. Икки ый үөрэнэн баран миигин инструктор оҥорбуттара, наводчиктан саҕалаан таанка хамандыыра буолбутум. Ыйтан тахса үлэлээбитим, саҥа хантараак баттаабыт эдэр уолаттары үөрэппиппит. Онтон ый буолан баран Горловка аттыгар Нью-Йорк диэн дэриэбинэни (итиннэ диэн ааттыыллар) ылаҕыт диэн бирикээс кэлбитэ. Онно миигин 5-с взвод хамандыыра оҥорбуттара, икки бөлөҕү илдьэ киирбитим. Ити бу 2024 сыл от ыйын 1 күнэ этэ.

 

Артиллерияҕа таптарыы

Дьэ ол киирэн истэхпитинэ халлааммыт хараҥаран хаалла, ол дойду түүннэрэ хараҥа, Саха сиригэр от ыйыгар сып-сырдык буоллаҕа. Онон бастакы күммүтүгэр тииттэр анныларыгар лесопилкаҕа хоммуппут. Киирэрбитигэр сүүрүүнэн сылдьабыт, өлүктэр эҥин быыстарынан сүүрэҕин, бааһырбыттары эҥин көрсөн, ас, уу, табах бэрсэбит. Ол киирэрбитигэр “лягушка”, “лампочка” буолунай, уолаттарбын сэрэтэ иһэбин, бу сытар, ити сытар диэн.

Утуйар-утуйбат икки ардынан олордубут, уочаратынан дьуһуурустуба, үрдүбүтүнэн тохтоло суох “птичка”, дрон көтөр. Хамсаатыбыт да, анараалар тута ытыалаан бараллар, онон ылы-чып олордубут, оннук олорбутунан хоннубут.

Нөҥүө күнүгэр, от ыйын 2-гэр, дэриэбинэ ортотугар киирэбит, мин  икки бөлөҕү этэҥҥэ сүтүгэ суох киллэрэбин. Биир бөлөх үс киһиттэн турар. Ол кэннэ бөлөхпүтүн араараллар, мин икки уолу ыламмын миинэ иитэ барбыппыт, кылаабынай суолга, ол аата дэриэбинэ саамай кэлэр-барар, айанныыр киин суолугар. Ити аата биһиги «передокка» сылдьабыт, өлүү олох аттыгар, кэтэххэр тыынар.

Миинэлэрбитин иитэн баран төттөрү куотабыт, дьоммут “птичканан” сирдииллэр, “онон барыҥ, итинэн барыҥ” диэн. Мин развилканан бастакы хаамабын. Хамандыыр, дьиҥэр, ортотугар сылдьыахтаах, уолаттарым эдэрдэрэ бэрт буолан, бэйэм бастакы сылдьабын. Ол курдук рациянан “анараа биир точкаҕа атын группа баар, олорго барыҥ” дииллэр, онно баран иһэн хохоллар “птичкаларыгар” тутуллан хаалабыт, онтон куотан дьоммутугар тиийэбит, тиийээппитин кытта артиллерия саайталыыр.

Биир дьиэҕэ тиийээт, «радейканан» (рация – Аапт.) хамандыырбар кэллибит диэн дакылааттыыбын. Аттыбытыгар баар подвалга киирэбит дуо диэн ыйыппыппар, “ити дьиэҕэ олоруҥ, аттыгытыгар хохоллар бааллар” диир. Дьиэҕэ киирэн уолаттары кытта дорооболоһон кэпсэтэ турдахпытына, эмиэ артиллерия саайталыыр, мин хаҥас атахха табыллан хаалабын, уолаттарбар “сразу в подвал” диибин, уолаттарым миигин ылан баран бука бары подвалга киирэбит. Атахпын тута жгуттаммытым уонна “Нефопам” диэн укуол туруоруннум (ыарыыны мүлүрүтэр). Арай атахпын көрөбүн, атаҕым чааскыта суох уонна кэннинээҕи иҥиирдэрим салыбырыы сылдьаллар, тобугум аллараа өттүнэн икки сиринэн тостубут. Уолаттар аймана түһэллэр, айдаан-куйдаан бөҕө буолар, рациянан хамандыырга “Якут – 300” дииллэр. Онтон өйбүн сүтэрэн кэбиһэбин, сотору буолан баран уһуктан кэлбитим, уолаттарым бэрэбээскилээбиттэр, жгуттаабыттар, хааным буолунай элбэх барбыт этэ. Таттаран эҥин барабын, онно өллүм быһыылаах дии санаабытым. Ол сытаммын өссө уолаттарбар: “Бэриллибит сорудаҕы хайаан да толоруҥ, куттанымаҥ”, – диибин. Медведь диэн позывнойдаах нуучча уола баара, үөрэппит оҕом, хата, дэлби санаабын көтөҕөр: “Куттаныма, син биир тыыннаах хаалыаҥ”, – диир, «радейканан» система, укуол эҥин, эмп-томп көрдөөбүт, ону “птичканан” аҕалан бырахпыттара. Уолум, хата, барытын сатыыр эбит, система туруорда, укуоллаата эҥин, кини оннук эмтээбэтэҕэ буоллар, онно өлөбүн. Дьэ ол курдук система кэннэ хайдах эрэ бэттэх кэллим, санаабар, үчүгэй курдук буоллум.

 

Бэйэбин да эстэрэргэ бэлэм этим

Онтон «радейканан» уолаттары тахсан сэриилэһиҥ дииллэр. Мин бөлөҕүм уолаттарын салгыы ыыталлар, уолаттарбын сүбэлээн-амалаан  ыытабын. Бэйэм бааһырбыт буоламмын, старшайынан Медведи анаатым, бааһырдыҥ да оннук гыныахтааххын. Медведькэ икки киһи наада диэн Ярый уонна Саныч диэн 22-23 саастаах уолаттары ыыттылар. Анараа атын сиринэн эмиэ атаакалаабыттарыгар, көмөҕө ыыппыттара. Оннук сыттым, онтон аны Медведьгэ тахсаннар, “аны эн бар” диэтилэр, подвалга икки группа баар этэ, мин икки бөлөхтөөхпүн. Соҕотоҕун хааллым, хайдах эрэ куттанным, өлөр буоллум быһыылаах диэтим. Ботуруоннарбын эҥин уолаттарбар биэртэлээтим, бэйэбэр 60-наах улахан маҕаһыыннаах аптамааттаахпын, онтубун ыллым уонна икки гранаталаах хааллым, ону таһынан пластит тротил ТМкалаах бэлэм сытабын. Өстөөхтөр киирдэхтэринэ, бэйэбин да эстэрэргэ бэлэм сытабын.

Төгүрүччү сэрии, аптамаат тыаһа, «радейкабыт» ыһыы-хаһыы бөҕөтө, олох тоҕо барыах курдук, хардьыгынаан олорор. Уолаттарбын “кытаатыҥ” диэн баран ыыттаҕым дии. Система эҥин ылан, син бэттэх кэлэ сытабын, атаҕым эҥин баар. Оччолорго атаҕа суох хаалыам диэн толкуй да суох, “сотору таһаарыахпыт, эвакуация буолуо, куттаныма” дииллэр.

Ол курдук соҕотох сытабын. Онтон син өр кэм ааста, арай икки уол ыксаан аҕай өрө сүүрэн кэллилэр, “Якут, якут”, – дэһэллэр. Медведи кытта барбыт уолаттар эбит, баран иһэн ытыалааһыҥҥа түбэспиттэр, Медведь “200” буолбут. Улаханнык уолуйбуттар кыайан саҥарбаттар даҕаны. “Радейка» ханна баарый, ыллыгыт дуо?» – диибин. Ылбатахтар.

Онно, дьэ, кыыһырабын. Онтон уолаттарым сирэйдэрин-харахтарын көрөн, хайдах эрэ аһынным, олоруҥ, сынньаныҥ диэтим. Син уоскуйбуттарын, тыын ылбыттарын кэннэ подвалга киирии ааҥҥа биир уолу харабылга туруордум. Онтон дьэ доппуруостаатым, туох буолла, хайдах буолла диэн ыйыталастым. Барахсаттар, билбэттэрэ бэрт, эдэрдэр буоллаҕа. Оннук сыттыбыт, үс дуу, түөрт дуу күн ааста быһыылаах, туох да кэлбэт, рациябыт да суох, аспыт да суох. Уолаттарбын тахсан көрүҥ-истиҥ, баран чуҥнаан кэлиҥ диибин, олох кыккыраччы аккаас. Ол курдук үһүөн олоробут. Аттыбытыгар, хата, холуодьас баар этэ, онтон уулаан-хайаан син тыыннаах курдукпут. Подвалга тууһаммыт оҕурсу, помидор эҥин баарын сиибит. Тула өттүбүтүгэр сэрии, ытыалаһыы син биир буола турар. Аттыбытынан тиэхиньикэлэр ааһаллар-хайыыллар. Төрдүс дуу, хаһыс дуу күммүтүгэр атын уолаттар кэлбиттэрэ, хата, «радейкалаахтар», “Якут живой” диэн биллэрдилэр.

 

Иччилээх түүл түһээбитим

Дьэ ол курдук хас да күн сыттыбыт, онтон атаҕым сытыйан барда, гангрена буолла, ириҥэрдэ. Үс атын уол кэлэллэр, Рубен, Калина, Позис диэн позывнойдаах. Рубен сэриилэспитэ ырааппыт, уопуттаах киһи, кэлэн атахпын көрөн, өлбүт хохоллартан эмп баран ылан эмтээбитэ. Биэс таблетканы тута иһэрдибитэ син туһалыыр курдук этэ.

Ириҥэм дэлби температурабын таһаарда, ыарыы бөҕөтө, били аттынааҕы холуодьастан уу ылан эппин сотто сатыыбын, сөрүүкэтэн. Медведи кытта сылдьыбыт икки уолу атын сиргэ ыыттылар, онон Рубен уонна Калина хааллылар. Эмпит бүтэн, киһи тулуйбат ыарыыта буолла, этим ип-итии, түлэй-балай баран ылабын.

«Радейканан» хамандыырдарбар тахсабын, тулуй эрэ дииллэр, хайыахпыный, аны тугу кэпсэтэллэрин барытын истэ сытабын – ким “200-й” буолбутун, биир табаарыһым атахха бааһырбытын...

Cэттис дуу, ахсыс дуу күммэр арай түүл түһээтим. Утуйа сыттахпына дуу, түүлбэр дуу биир маҥан баттахтаах, маҥан бытыктаах оҕонньор киирдэ. Олох илэ көрбүт курдук санаабытым. “Атаххын быс, оччоҕуна эрэ киһи буолаҕын”, – диир. Уһуктан кэллим, дэлби тириппиппин, буспуппун, ол сытан түүлбүн толкуйдуубун, ырытабын. Кырдьык, хайдах буолабын диэн арааһы барытын санаатым, бэйэм мээнэ түһээбэт киһибин. Биирдэ эмит түһээтэхпинэ, онтум туолааччы. Дьэ онтон биир кытаанах санааны ылынным, уолаттарга эттим, атахпын быһыахха наада диэтим, уолаттарым кыккыраччы аккаас, “хайдах буоллуҥ, иирдиҥ дуо, бырахтарыма”, «сотору таһаарыахтара, Нью-Йорк аҥаарын ыллыбыт» эҥин дэһэллэр. Ол сыттахпына оҕонньорум олох өйбөр киир да киир буолар, илэ көстөр. Онтон сытан эрэн бэрэбээски бэлэмнээтим, эмпин-томпун, мааспын эҥин аттыбар ууруннум, хайдах гыныахпыный, тыыннаах хаалыахтаахпын, өлөн хааллахпына, ийэм барахсан хайдах буолуой, киниэхэ тыыннаах кэлиэм диэн тылбын биэрбитим диэн санаам арахпат. Атаҕым буоллаҕына сытыйан, харааран, барыта чиэрбэ, ириҥэ сүүрэ сылдьар.

 

Илэ өйбүнэн атахпын быстыбытым

Туох баар кытаанах санаабын, бүтэһик күүспүн мунньунан баран атахпын ытыалыыбын, уҥуохпун алдьата сатыыбын, ол турдахпына Рубен киирэн кэлэн: “Че делаешь?” – диир. «Атахпын быһабын, эһиги көмөлөспөккүт буолбат дуо?» – диибин. Киһим «радейка» үрдүгэр түстэ уонна «Якут с ума сошел, сам себе ногу режет» диэн баран куотан таҕыста. Аны бэйэм быһаҕым куотан кэлэрбитигэр түһэн хаалбыт этэ, түһэрин көрбүтүм буоллар, ылыам этэ буоллаҕа, абардарбын да, хайыахпыный. Хайыахпыный, килиэп быһар быһаҕы ыламмын, атахпын ытыалаан бараммын, ол сыппах быһаҕынан быһабын. Бүтэһик икки “Нефопаммын” биирин укуолламмытым, биирин испитим ыарыытын син мүлүрүппүккэ дылы. Калина киирэн кэллэ, сэниэм суох, тип-титирэспин, илиим тугу да туппат, олох салыбырыы сылдьабын, “саатар бэрэбээскилээн көмөлөс” диэтим, көмөлөстө, хата, бэккэ оҥордо, маладьыастаата. Онтон олох таттаран эҥин бардым, хаан барбат гына атахпын быстарбар ыбылы жгуттаммытым. Ол сытан эрэн өйбүн сүтэрбит этим. Уһуктан кэллим, температурам суох, аппетит эҥин киирэн кэллэ, ол иннинэ ас эҥин киирбэт, уу эрэ иһэр этим. Уолаттары хаһыытаан ыҥырдым, кэлэн ас биэрдилэр, дьиэлэри кэрийтэлээн, кэнсиэрбэ эҥин хомуйбуттар этэ. Онтон аһаан баран син сэниэлэнэн, бэттэх кэллим, атаҕым наһаа ыалдьыбат, төбөм эмиэ ама, температурам сүтэн халбыт, дьэ “һуу” диэтим.

«Радейканан» тахсан эмиэ эвакуация хаһан буоларын ыйытабын, наар «сотору», «олох кыра хаалла», «тулуй» диэн иһэллэр. Атахпын уонча күн сытан баран быстыбытым быһыылааҕа, күнү-дьылы да билии суох, арай от ыйын 2 күнүгэр бааһырбыппын билэбин. Рубен  ханна эрэ куурусса көрбүтүн, бульон иһиэххин наада диэн, баран биир кууруссаны ытан аҕалбыта уонна онтукатын буһаран бульонун иһэрдэн, кини аһатан абыраабыта. Санаабар, син бэттэх кэлэн иһэр курдукпун.

Аны Рубеннаах атын сиргэ бардылар, Жигуль уонна Ляпота диэн уолаттар кэллилэр. Аттыбытыгар баар холуодьастан канистраҕа, бытыылкаларга эҥин уу бэлэмниибит, өҥүрүк куйаас, ип-итии, атыттар кэлэн биһигиттэн уу ылаллар уонна салгыы бараллар. Өр сыттыбыт, эвакуация буолбат да буолбат, били маарыын кэпсээбит атахха бааһырыы ылбыт уолбут заражение буолан өлөн хаалаахтаабыта. Биир табаарыһым эмиэ араанньы буолбута, дьаабы да дьаабы. Бааһырбыттар буолунай киһи сытабыт, өлөөччүлэр да бааллар. Атаҕым ыалдьар да ыалдьар, уолаттар бэйэлэрин эмтэрин эбэтэр хантан эрэ баран дьиэлэри хаһан эҥин эмп булан аҕалаллар, ону испитэ буолабын.

Ол курдук тулуйа-тулуйа сытабын, биһиги өттүбүтүгэр арыый чуумпу курдук буолбута, ытыалаһыы эҥин аҕыйаабыта, уолаттар таарыйан ааһаллар, табах, эмп эҥин биэрэллэр этэ, инструктордаабыт, үөрэппит буоламмын, бука бары билэллэр, убаастыыллар да этэ.

 

Аад айаҕыттан куотуу

Оннук өр баҕайы буоллубут, мин «радейкаҕа» сытабын, балаһыанньаны дакылааттыыбын, сорох сиргэ иһиллибэтин, атын сиргэ тиэрдэн, атааран биэрэбин, уолаттарым уочаратынан ааҥҥа туран харабыллыыллар. Олох бүтэһигэр сэниэм эстэн, сылайан хааларым, төбөбөр араас санаалар киирэллэрэ, эрэйдэммэккэ ытынан кэбиһэбин дуу, өлөн хаалбыт киһи эҥин диэн. Ол ыарахан санааттан ийэм тутара, киниэхэ хайаан да эргиллиэм диэн эрэннэрбитим, мин суох буоллахпына, ким кинини көрүө-истиэ буоллаҕай диэн. Аны туран ийэм оччолорго төһөлөөх бэйэтэ аймаммыта, миигин күүппүтэ, арааһы санаабыта буолуой? Сибээскэ суохпун, бу иннинэ штурмаҕа киирэрбэр уһаабыта биэс күн сүтэр этим.

Ити курдук от ыйын 19 күнүгэр Шархан диэн эппиһиэр табаарыстааҕым «радейканан» эвакуация буолар диэн эттэ, сарсыарда биллэриэхпит диэн буолла. Бу сырыыга дьэ чуолкай кэлэллэр ини диэн эрэх-турах сананным, хамсаан көрөбүн, атаҕым, саанан ытыммыт буоламмын, уҥуохтарым эҥин арахсан хаалбыттар быһыылаах, биинтэбит эҥин бүтэн хаалла, уолаттар бырастыына булан аҕалбыттара, ону биинтэ курдук оҥорон бараммын ыга баанан, хам бэрэбээскилээн кэбистим.

Сарсыарда “тахсыҥ”, суолга БМП кэлиэҕэ диэтилэр. Ол суолбут ыраах, 700-800 миэтэрэ эҥин, дэлби аччык дьон сэниэбит да суох, хайдах барабыт диэн буолла. Уолаттар икки өттүбүттэн ыллылар, хаамарбар элиэр атахпынан көмөлөһүннэрэбин, ыарыыта ынырык, сүрэҕим онно тэбэр курдук абытай ыарыы. Эвакуация буолар диэбиттэригэр атын позицияҕа сытар уолаттар “обезболивающай” эмтэри аҕалбыттара. Ону иһэбин, син көмөлөһөр курдук.

“БМП кэллэ, суолга тахсан кэтэһиҥ, ытыалааһын бөҕөтө, “птичка” бөҕөтө, онон уһуннук тохтообот, эһиги диэки кыайан киирбэт” диэтилэр. Миинэлээх хонуунан бэйэбит туораатыбыт. Уолаттарбар “кытаатыҥ, көмөлөһүҥ, быыһаатаххытына, эһиги эрэ быыһыыгыт” диэн көрдөһөбүн. БМП-ны, биир уолбут сүүрэн тиийэн, хата, тохтотто, көрдөрбүтүнэн аттыбытынан ааһа сыста, чааска 50-60 км айанныыр. Уолаттарым эмиэ эстэн хаалбыттар, мин кыайан тахсыбаппын даҕаны, “затолкайте” диибин, ыланнар олох анньан кэбистилэр, онтон тута гаастаан кэбистибит. Сүүрбэччэ мүнүүтэ айаннаатыбыт быһыылаах, нулевойга тиийэбит, онно суһал көмө массыыната кэтэһэн турар этэ. Тута Горловкаҕа илдьибиттэрэ. Арай БМП-бытын сиппэтэх буолуохха, арай ааһа бара турбут буоллун, арай эмиэ ытыалааһыҥҥа киирэн биэриэххэ, арай “птичканан” көрдүннэр... арай... арай... диэн киһи билигин кэлэн толкуйдуур. Онон туох эрэ Үрдүкү күүстэр, били түүлбэр киирбит оҕонньор, ону тэҥэ ийэм миигин күүтэрэ, эрэнэрэ барыта көмөлөстүлэр быһыылаах дии саныыбын.

 

Атахпын хаттаан быспыттара

Тута эпэрээссийэҕэ илтилэр. Уһуктан кэлбитим, атахпын тобугум үрдүнэн быспыттар, уҥуоҕум эҥин барыта “заражение” барбыт, икки-хас күн сыппытыҥ буоллар, өлүөҥ этэ диэтилэр, быраастар соһуйуу, сөҕүү бөҕөлөрө. Бааһырыы ылан баран барыта 17 күн сыппыт эбиппин.

Аны хааным дэлби баран, хаан кутаары гыннылар, миэхэ сөптөөх “төрдүс положительнай” хаан ханна да суох. Хараҕым олох мөлтөөн хаалла, көрбөт да буоллум, онно баар уолаттарынан төлөпүөнүм иһитиннэриилэрин аахтарабын, хамандыырбар эрийэн анараа төлөпүөммүн аҕалтарбытым. «Передокка» киирэргэр биир дааннайа суох төлөпүөнү илдьэ сылдьаҕын, туох эмит буоллаҕына, дьонуҥ нүөмэрдэрэ эҥин, онно баар иһитиннэриилэр, кэпсэтиилэр хохолларга тиийбэтиннэр диэн.

Ийэм, биллэн турар, сүтэрбит, аймаммыт, саҥаран ыыттым, баарбын, тыыннаахпын, үчүгэйбин диэн, атахпын эҥин эппэтим. Кыратык бааһырдым диэбитим. Видеонан кэпсэтээри гыннаҕына, сибээс куһаҕан диэн төлөпүөннүүрүн ылбаппын. Оннук аа-дьуо эмтэнэн, сыыйа үчүгэй буолан бараммын эттэҕим дии. Атаҕым суох, быспыттара диэн. Убайбар эрийэн барытын сиһилии кэпсээбитим. Онно били түүлбэр киирбит оҕонньору эппиппэр, Ньыыкан Ойуун буолуо диэбитэ.

Горловкаҕа ол курдук уонча күн сыппытым, хараҕым мөлтөөтөр мөлтөөн иһэр, окулист диэн суох. Хаан суох диэтилэр, хараҕым туохтан көрбөт буолбутун билбэппин, ол сытан хайдах бултуубун диэн ыксыыбын, оҕо эрдэхпиттэн булт диэн баран муннукка ытаабыт киһибин, паникалаан бардым, аны туран Арассыыйа өттүгэр тахсар кыах суох.

Мин, биллэн турар, Арассыыйаҕа илдьиэхтэрин баҕарабын, онтон Никифоров Бүөккэ диэн табаарыһым Вера Петровна Душкевич нүөмэрин биэрдэ, барытын кэпсээтим, балаһыанньабын билиһиннэрдим. Вера Петровна болҕойон истибитэ, ол кэннэ, кини кэпсэтэн, сарсыныгар тута Ростовка таһаарбыттара. Онно тиийэн хаан куппуттарыгар сымыйа курдук хараҕым көрөн барда. Хаан тиийбэтиттэн харах көрбөт буолар эбит. Буолунай элбэх система биэрбиттэрэ, кыһаллан-мүһэллэн эмтээбиттэрэ. Горловкаҕа тиийэн баран ыйааһыннаммытым, 41 эрэ киилэ буолбуппун, бэйэм этэҥҥэ сырыттахпына 73 кг этим. Палаатаҕа баар уолаттар көрөннөр сөҕүү бөҕөтүн сөхтүлэр, ып-ырыгаммын, уҥуох да тирии. Аһыахпын наһаа баҕарабын, дьэ, уолаттар сытыаран эрэн суукканы төгүрүччү аһаттылар ээ, тугу сиэххин баҕараҕын диэн баҕарбыппын атыылаһан аҕала-аҕала. Син арыый буоллум, ол да буоллар атаҕым син биир ириҥэрэр, ыарыыта эҥин айка, заражение буолбута салгыы барбыт быһыылаах этэ.

 

Волгоград госпиталыгар

Билигин Волгоградка сытабын. Манна быраастарбар махтанабын, олус кыһаллан эмтииллэр, сыһыаннара барыбытыгар үчүгэй.  Билигин антах заражение барбыта, протез кэтэрбэр сөп гына быспыттара, онтукайым ириҥэрэр, ону анаалыс ылбыттара, ол түмүгэ кэлиэхтээх бу күннэргэ. Ону көрөн баран өссө быһаллар, эбэтэр салгыы эмтэнэбин. Дьиҥинэн, быспаттара буоллар үчүгэй буолуо этэ. Хирурум быһыан баҕарбат, протез кэтэргэр куһаҕан буолуо диэн. Мин ыарыыны тулуйа сатыыртан сылайдым, бэһис ыйбын эмтэнэбин, айка, ыарыыта ынырыга бэрт. Ол быыһыгар быһан кэбиһиҥ диэбиппин аккаастанна, кэтэс диэн тылбын ылла, кэтэһэбин буоллаҕа.

 

Махтанар дьонум элбэх

Вера Петровна Душкевич олох абыраабыта. Бэйэтин көрсө да, көрө да иликпин, мин дьолбор, оччолорго Ростовка баар эбит, миигин таһааран баран уоппускаҕа барбыт этэ. Онон киниэхэ олох муҥура суох махтанабын, кини суоҕа буоллар, харахпыттан да матыам эбитэ буолуо. Волонтер, психолог кыргыттарым бааллара, кыайан утуйбат да хайаабат да этим, ону кэлэннэр күнү быһа сэргэхситэллэр, кэпсэтэллэр, аттыбар сылдьаллар. Феодосия уонна Айыына диэннэр. Олор абыраабыттара. Санаам түһэн хаалбытын кинилэр күүстэринэн бэттэх аҕалбыттара.

Кэлин толкуйдаан көрдөххө, оҕонньор түүлбэр киирбэтэҕэ, атахпын быстыбатаҕым буоллар, оннук сытан өлөөхтүүбүн эбит. Уонна ийэбэр эрэннэрбитим, хайаан да кэлиэҕим диэн, ол эмиэ көмөлөстөҕө, итини үөһээ эппитим, өссө да этэбин. Ийэ таптала, эрэлэ, күүтэрэ ханнык баҕарар өлүүттэн өрүһүйэр, быыһыыр, бу чахчы. Уонна уолаттарбар махталым наһаа элбэх, ити үлүгэр сэрии буола турдаҕына, позициялартан кэлэннэр, бэйэлэрин эмтэрин аҕалаллар, бэйэлэригэр анаммыт укуолларын аҕалан биэрэллэр. Рациянан “Якут, держись!” дии-дии күн аайы санаабын көтөҕөр, күүс-уох эбэр курдуктар этэ.

Дойдум дьонугар эмиэ улаханнык махтанабын, өйөбүллэригэр. Уоппускаҕа баран кэлэрбэр, «передокка» киирэрбэр, тепловизор, генератор, сухой фен, таҥас, броник, уопсайынан, наадалааҕынан барытынан хааччыйбыттара. Дьиэбэр-уоппар, ийэбэр көмөлөһөллөр. Түгэнинэн туһанан нэһилиэгим баһылыга Павлов Айсен Егоровичка, Горнай улууһун баһылыга Андреев Никита Викторовичка улаханнык махтанабын.

Бииргэ үөрэммит уолум Бүөккэ Винокуров барытын сүбэлээн-амалаан биэрбитэ. Кини эмиэ бааһырыы ылан төннүбүтэ. Никифоров Бүөккэ диэн табаарыһым эмиэ олох бастакы араанньы буолан баран тыылга тахсыбыппар эмиэ сүбэ биэрэн, улахан өйөбүлү оҥорбута. Аан бастакы эрийтэлээбит табаарыстарым икки Бүөккэлэр буолаллар, уонна бииргэ төрөөбүт тэҥэ, тэҥҥэ улааппыт убайым, Федоров Валерий Ивановичка улаханнык махтанабын. Маны таһынан аймахтарбар эмиэ муҥура суох махтал.

Билигин саамай улахан баҕам диэн протез ылан кэтэр киһи. Билигин манна боростуойу оҥороллор, модульнай диэн, үчүгэй протезтар бааллар эбит, сыаналара аһара. Бастаан модульнайга туран көрүөхпүн наада. Атаҕым оһоро буоллар, туруом этэ. Бэйэм уруккуттан араас ыараханы туораабыт, уйбут киһибин, санаам күүстээх.

Анараа сылдьар уолаттарга хаһан даҕаны куттанымаҥ диэм этэ, тыыннаах хаалыахтаахпын диэн бэйэҕитигэр эрэллээх буолуҥ.

 

Хаартыскалар: Дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....