15.10.2024 | 14:22

Маҕараска – уоланнар ааҕыылара

Маҕараска – уоланнар ааҕыылара
Ааптар: Тулагы оскуолатын музейын салайааччыта Н.Д. Кузьмина
Бөлөххө киир

Алтынньы 11 күнүгэр Горнай улууһун Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи Уоланнар ааҕыылара ыытылынна.

Төрөөбүт дойдуларыгар сүҥкэн кылааты киллэрбит туруу үлэһит дьон туһунан 34 кыттааччы сырдатта. Олор истэригэр биһиги оскуолабытыттан Давид Иванов (10-с «а» кылаас), Харысхан Алексеев (10-с «в» кылаас) ситиһиилээх кыттан кэллилэр.
Давид биһиги нэһилиэкпитигэр олорон ааспыт Үлэ Дьоруойа Трофимова Варвара Петровна холобурун толору арыйда. Варвара Петровна өр сылларга ыанньыксыттаабыт, тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар үгүс сыратын уурбут үтүө-мааны киһибит. Бу үлэтин иһин Давид 2-с Үрдэл дипломунан наҕараадаланна.


Харысхан «Биир мэтээл остуоруйата» диэн үлэтинэн «Кэскиллээх ааҕааччы» анал аат хаһаайына буолла. Үлэтигэр сэрии ыар кэмнэригэр «1941-45 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт оскуола үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ Кривогорницын Николай Дмитриевич туһунан кэпсээтэ. Николай Дмитриевич оҕо сааһыттан ыарахан үлэттэн чаҕайбакка, сааһырыар диэри сопхуоска тырахтарыыстаабыт ытык кырдьаҕаспыт этэ.
Уоланнар ааҕыыларын сүрүн ирдэбиллэрэ – үлэлэр төрөөбүт тылынан сырдатыллыахтаах этилэр. Үлэ ис хоһооно, үөһэ этиллибитин курдук, үлэһит дьону сырдатыы. Дьэ бу баар, маннык тэрээһин иитэр күүһэ. Үлэ дьонугар ытыктабылы, төрөөбүт дойдуга тапталы иитии.
Ааҕыылар Маҕарас орто оскуолатыгар өр сылларга дириэктэрдээбит РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, 2015 с. Арассыыйаҕа 100 бастыҥ оскуола кэккэтигэр киирэн, «Бастыҥ дириэктэр-2015», «Улуус сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэлэр, «Улуус бастыҥ салайааччыта» анал аат кыайыылааҕа, «Барҕарыы» пуонда стипендиата Кирилл Иванович Платонов сырдык кэриэһигэр ананнылар.
Тулагы оскуолатыттан үөрэнээччилэри кытары дириэктэр Д.В. Андросов, математика учуутала И.С. Иванова, оскуола музейын салайааччыта Н.Д. Кузьмина буолан сырыттыбыт. Тэрээһини иилээн-саҕалаан, үрдүк таһымнаахтык ыыппыт Маҕарас орто оскуолатын бары үлэһиттэригэр, дьүүллүүр сүбэҕэ, дириэктэр М.В. Максимовка махталбытын тиэрдэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....