16.10.2024 | 12:44

Киин куорат «Алгыстаах аартыга» арылынна

Киин куорат «Алгыстаах аартыга» арылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куоракка Таалай күөл үрдүгэр өссө биир кэрэ-бэлиэ миэстэ арылынна.
Манна Саха АССР оскуолаларын 1990 сылга бүтэрбиттэр өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай түмсүүлэрэ «Алгыстаах аартык» диэн сквери тутан, куорат олохтоохторугар, бары оскуоланы бүтэрээччилэргэ дьоһун бэлэҕи уунна.
Түмсүү бэрэссэдээтэлэ Алексей Петров бэлиэтииринэн, бырайыак олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама (ППМИ) көмөтүнэн олоххо киирбит. Тутуу бастакы түһүмэҕэр выпускниктар сквергэ кэлэр көлүөнэлэргэ суруктаах капсула укпуттар, онтуларын 2040 сыллаахха бэйэлэрэ оскуоланы бүтэрбиттэрэ 50 сылыгар хостуур былааннаахтар.


«Сквербит күннэтэ нэһилиэнньэ сөбүлээн сылдьар миэстэтигэр кубулуйарын көрөн, бырайыакпыт иккис түһүмэҕин быһыытынан тупсарыы, кэҥэтии үлэтин ыыттыбыт. Биһиги үөрүүбүтүгэр, үлэбит Ленин проспегын өрөмүөнүн кытта сөп түбэстэ»,– диир Алексей Петров.
Тэрийээччилэр «Алгыстаах аартык» кэнэҕэһин Санкт-Петербург куоракка ыытыллар «Алые паруса» тэрээһин курдук оскуоланы бүтэрээччилэр бырааһынньыктыыр сирдэрэ буолуон баҕараллар, диэн Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...