10.10.2024 | 10:00

Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»

Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Ааптар: Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына
Бөлөххө киир

Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.

– Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу?

Ол саҕана артыыс диэн идэ баарын да билбэт этим. Арай кэлин, устудьуоннуу сылдьан биирдэ, артыыс буолар баҕа үөскээбитэ. Билигин өйдөөтөхпүнэ, дьиҥэр, тыйаатырга тардыһыы эрдэттэн баар эбит. Дойдубар Кэптэнигэ аҕам быраатыныын Көстөкүүннүүн сыанаҕа артыыстыылларын сөҕө, ымсыыра да көрө улааппытым, Саха тыйаатыра да кэллэҕинэ, көтүппэккэ сылдьарым. Бастакы кылааска үөрэппит учууталым Константин Константинович Давыдов эмиэ драмаҕа оонньуурун сөҕө көрбүтүм. Биирдэ “Маарыкчаан ыччаттара” диэн айымньыттан быһа тардыыны туруорбуттарыгар учуутал оруолун толорбутун наһаа өйдүүбүн.

Аҕам кинигэ арааһын мунньара, оройуон хаһыатыгар селькордуура. Ол кинигэлэртэн “Кулун Куллустуур” олоҥхону сэргээн аахпытым. Ону таһынан “Ньургун Боотур” олоҥхону нууччалыы-сахалыы олус сөбүлээн истэр этим. Баҕар ол иһин буолуо, саха тылын уруогар өйтөн суруйууну сөбүлүүрүм, учууталым мин суруйууларбын кылаас иннигэр таһааран аахтарар буолара.

Нуучча тылыгар биһигини СӨ Үтүөлээх учуутала Петр Васильевич Оготоев үөрэтэ сылдьыбыта (хомусчут, РФ үтүөлээх артыыһа Петр Оготоев аҕата). Кини биһиэхэ улуу нуучча тылыгар, улуу Пушкин айымньыларыгар тапталы иҥэрбитэ. Пушкин, Лермонтов нэдиэлэтэ диэннэри ыыттаҕына, арааһынай викториналары, уруһуй күрэҕин, ааҕыылары тэрийэрэ. Биирдэ “Ньургун Боотур” олоҥхону туруордулар. Учууталбыт онно Ньургун Боотур оруолун оонньоон, абааһы уолун кытта охсуһан кыайбытын, сүрдээх үчүгэйдик сахалыы туойбутун сөҕөн турабын. Кэлин кини “Элэс Боотур” диэн олоҥхону суруйбутун уола Петр Оготоев аҕата өлбүтүн кэннэ үс тылынан кинигэ таһааттаран турар.

8-с кылаас кэнниттэн Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа туттарсан киирбитим. Училищебытыгар Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон үөрэммиттэр үһү диэни истэн, «суруйааччы буолуохха сөбө дуу» диэн киччим санаа эмиэ баара.

– Оҕо сааскыттан умнуллубат түгэн баара буолуо.

Оҕо сааһым биир бэлиэ түгэнэ Античнай искусство дьоруойдарын кытта билииккэ оһох аанын иннигэр аан бастаан билсиһиим. Ол курдук, биһигини кытта дьукаах олорбут, билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Владимир Заболоцкай ийэтэ, уруккута Саха тыйаатырын солистката Анна Заболоцкая “Эллада геройдара” диэн кинигэни ааҕан баран кэпсээн биэрбитин олох бу баардыы кэрэтик өйдүүбүн. Аҕам суруйар идэлээх, самодеятельность артыыһа буолан Кэптэни олохтоох интеллигенцията биһиги дьиэбитигэр өрүү сылдьара. Ол курдук “Кыыс Дэбилийэни” сурукка түһэрбит фольклорист, тылбаасчыт Степан Дьяконов үгүстүк ыалдьыттаабыта, Москватааҕы Щепкин аатынан театральнай училищены Федот Потаповтааҕы кытта туйгун сыананан үөрэнэн бүтэрбит артыыс идэлээх, ол саҕана кулуупка дириэктэрдиир Дмитрий Копырин сылдьара. Ол ыалдьыттар арааһы барытын кэпсииллэрин-сэһэргииллэрин биһиги, оҕолор, айахпытын атан олорон истэр буоларбыт.

– Ол аата артыыс идэтигэр букатыннаах тапталы педучилище иҥэрдэҕэ?

Педучилищеҕа баар куруһуоктартан мин СӨ үтүөлээх артыыһа Лазарь Лазаревич Сергучев салайар драмкуруһуогар суруйтардым. Онтон кэлин опера режиссера А.А. Хроленко тэрийбит театральнай устуудьуйатыгар дьарыктаммытым. Ону сэргэ бальнай үҥкүүгэ, литературнай куруһуоктарга, тыйаатырга, ол иһигэр балекка, операҕа, П.А. Ойуунускай аатынан драмтыйаатырга барыларыгар элбэхтик сылдьарым. Л.Л. Сергучев куруһуогар Суорун Омоллоон “Сайсары” драматыттан быһа тардан оонньуурбутугар Быыпсай кулуба оруолун толорбутум. Ол саҕана НКИК “Саха тэлэбиидэнньэтэ”  диэн ааттанара, онно уһуллубуппут. Өссө “Абаҕа сулустара” диэн испэктээккэ С. Дадаскинов режиссердаан, С. Омоллоон “Чөөчө” диэн кэпсээнин Л.Л. Сергучев инсценировкатынан тэлэбиидэнньэҕэ уһуллууга Чөөчө аҕатын оонньоон, онтон А.А. Хроленко тэрийбит устуудьуйатыгар бэйэбит нууччалыы тылынан пьеса суруйан, уус-уран самодеятельность күрэҕэр нуучча тыйаатырыгар оонньоон, барыта үстэ уһуллан турабыт. Ити курдук тылга дьоҕур, уобарастаан көрүү, литератураҕа тардыһыы барыта бэйэтэ биллибэтинэн артыыс буоларга төрүөт биэрэ сылдьыбыт  эбит.

– Щепкин аатынан училищеҕа үөрэммит сылларыҥ туһунан сэһэргээ эрэ, тоҕо эһигини “көмүс выпуск” дииллэрий?

1969 сыл сайыныгар Москватааҕы Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай устуудьуйаҕа саха оҕолорун сүүмэрдии кэлбиттэр үһү диэн буолла. Ити сыл мин педучилище “школьно-пионерскай” салаатын бүтэрдим. Аны туран, училище “а, б, в, г” диэн куурустарын отуччалыы оҕо бүтэрбититтэн мин соҕотох уолбун. Инньэ гынан дэписиит каадыр аатырдым. Онон Үөрэх министиэристибэтэ миигин атын үөрэххэ барарбын булгуччалаахтык боппутуттан санаам түһэн сырыттаҕына биир табаарыһым, устудьуоннуур сылларбар элбэхтэ мин оруолларга оонньуурбун көрбүт доҕорум: “Туттарыс, доҕоор, киирэн хааллаххына хайыахтарай”, диэн олох судургутук өй уган биэрбитэ. Мин өс киирбэх туттарсарга санаммытым.

Киирии эксээмэнэ Музыкальнай училище дьиэтигэр буолла. От ыйын өҥүрүк куйааһыгар тиритии-хорутуу, туттарсыан баҕалаах оҕо бөҕөтө, ыҥырыа уйатын курдук дыыгынаан олорор. Мин онно аҕам быраата Көстөкүүн толоро сылдьыбыт Тобоохоп диэн арыгыһыт киһи монологун уонна Тимофей Сметанин “Куоскалар уонна саһыл” диэн үгэтин бэлэмнээн, Москваҕа үөрэнэр чиэскэ тигистим.

Биэс сыл сүрдээх түргэнник ааспыта. Сарсыарда 9 чаастан киэһэ 9 чааска диэри үөрэнэрбит. Артыыс идэтин бары кистэлэҥнэрин баһылыырга ылларан туран үөрэнии буолан, бириэмэни билбэккэ да аһарарбыт. Устуудьуйабыт уус-уран салайааччыта Арассыыйа уонна Саха АССР искусстволарын үтүөлээх деятелэ профессор Михаил Николаевич Гладков этэ. Кини биһигини аҕа оҕолоругар сыһыаннаһарын курдук кыһамньылаахтык үөрэппитэ. Кини этиҥ этэн эрэрин курдук суон сатарыыр куолаһа кулгаахпар билигин да баар. Сыанаҕа сылдьан сыыһа-халты тутуннаххына, дьэ, үөгүлээн бытарытара. Ол эрээри ис иһиттэн үтүө санаалаах, биһиэхэ барыбытыгар үтүөнү баҕарар убаастыыр учууталбыт этэ. “Актер маастарыстыбата” диэн сүрүн биридимиэккэ биһигини Дьокуускайга кэлэн сүүмэрдээн илдьэ барбыт Владимир Константинович Смирнов үөрэппитэ. Боруоста оргуйан олорор темпераменнаах, Малай тыйаатыр артыыһа, наҕыл да наҕыл уонна олус дириҥник хорутан үөрэтэр преподаватель этэ. Борис Владимирович Клюев диэн бэйэбититтэн кыратык аҕа, биһиги иннибитинээҕи устуудьуйаны кытта саастыы киһи биһиэхэ истиҥ чугас доҕорбут курдук этэ. Кэлин бүтэһик, алтыс устуудьуйаны туппута. Онно сыл кэриҥэ үлэлээн баран ыалдьан биһиги кэккэбититтэн туораабыта. Ону сэргэ артыыс маастарыстыбатыгар Розалия Васильевна Колесова, Людмила Викторовна Цукасова, Георгий Иванович Куликов диэн педагогтар уһуйбуттара. Онтон да атын педагогтар бары да төрөппүт оҕолоруттан атыннык сыһыаннаспат этилэр.

Бастакы сылбытыгар Саха сирин култууратын министиэристибэтэ биһигини куорат таһыгар Раменскай оройуоҥҥа Быково диэн дэриэбинэҕэ олохтообута. Онно түөрт чааһынай даачаны кэпсэппиттэрэ. Ол онтон үөрэнэр сирбитигэр электричканан кэлэн, салгыы метронан бэрт уһуннук айаннаан тиийэрбит. Иккис куурустан уопсай дьиэ суох буолан училищебытыгар бэйэтигэр олорон үөрэммиппит. Кэлин училищены кытта силбэһэ турар уопсай дьиэҕэ олорон үөрэхпитин бүтэрбиппит. Дипломнай үлэбитигэр түөрт улахан испэктээк уонна биир водевиль баара. Сэбиэскэй классик Леонид Леонов “Кыһыл көмүс карета” диэн драматын, Шекспир “Сайыҥҥы түүннээҕи түүл” кэмиэдьийэтин, Хейерманс “Надежда тимириитэ” диэн драматын, Н. Островскай “Дьээбэһиттэр” уонна А. Ленскэй “Боростуой уонна иитиилээх кыргыттар” (Простушка и воспитанная) диэн водевили бэлэмнээбиппит. Островскай “Дьээбэһиттэр” кэмиэдьийэтэ кыайан тахсыбатаҕа. 1974 сыллаахха Дьокуускайга отчуокка Л. Леонов “Кыһыл көмүс каретатын” кытта, иккис күммүтүгэр водевили уонна кэнсиэр эрэ көрдөрбүппүт.    

Щепкин аатынан Москватааҕы театральнай устуудьуйа 1974 сыллаах выпуһа чахчы талыллыбыт курдук оҕолор буолан, кэлин “кыһыл көмүс” выпуск диэн ааттыыр буоллулар. Бу устуудьуйа оччотооҕу Саха театральнай устуудьуйатын сайдыытыгар бэйэтин дьоһуннаах кылаатын чахчы киллэрбитэ, инникитин да киллэриэ турдаҕа. Студиецтар үксүлэрэ сайҕанан, ыһыллан хаалбакка, күн бүгүҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэ сүрүн тыйаатырдарыгар таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар ааттаах-суоллаах, көрөөччүгэ биллэр дьон. Олортон биирдэстэринэн саха саарына, саха театральнай искусствотын бастакынан аан дойдуга дорҕоонноохтук ааттаппыт улуу режиссер, өр сылларга култуура миниистиринэн үлэлээбит, билигин Ил Дархан судаарыстыбаннай сүбэһитэ А.С. Борисов буолар. Ону тэҥэ ааттаах-суоллаах артыыстар С.И. Борисова, Г.С. Васильев, А.П. Николаев, И.В. Николаева, Е.Н. Степанов, П.Е. Андреев, үтүөлээх артыыстар О.В. Григорьева, З.Г. Попова, Д.В. Уйгурова, К.В. Михайлов, М.М. Апросимов, Н.И. Степанова, С.И. Баранова, С.Н. Сивцев, Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ, алгысчыт А.С. Федоров, Арассыыйа таһымнаах элбэх киинэҕэ оонньообут М.А. Скрябин о.д.а. буолаллар.

– Ньурба тыйаатырыгар ананан барыыҥ хайдах этэй? Дойдугуттан чугастыы Дьокуускайга хаалар баҕа суох этэ дуо?

Саҥа үөрэнэн кэлбит 23 эдэр исписэлииһи, ол иһигэр үс кыһыл дипломнаах каадыры мин, Ольга Григорьева уонна Степан Сивцев-Доллу икки тыйаатыр (Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра уонна Ньурба тыйаатыра) муҥха балыгын курдук үллэстибиттэрэ: 12 оҕо Дьокуускайга, 11 оҕо Ньурбаҕа барар буолбуппут. Миигин, дьиҥэр, Саха тыйаатырыгар ылбыттар этэ. Ол гынан баран биир үтүө күн, бирикээспит тахсыан иннинэ, Култуура министиэристибэтигэр ыҥыран ыланнар, Саха тыйаатырдарын холбоһугун генеральнай дириэктэрэ А.А. Габышев: “Бииргэ үөрэммит табаарыһыҥ Куприян Михайлов кэргэнэ технологическай институту Москваҕа бүтэрбит исписэлиис, манна тирии собуотугар үлэҕэ киирдэ. Онон хайдах да кэргэнниилэр икки аҥыы олорор кыахтара суох; эн, холостуой киһи, Ньурба тыйаатырыгар баран үлэлиириҥ ордук. Кэлэктиип эдэр, элбэх айан, элбэх оруол күүтэллэр”, диэн сүрдээх ыпсарыылаахтык эппитигэр, сөбүлэспиппин бэйэм да билбэккэ хааллым. Дьиҥинэн, төрөөбүт дойдубуттан чугас Саха тыйаатырыгар үлэлиэм диэн үөрэ сылдьыбытым. Инньэ гынан чымадааммын хомунан, Ньурбаҕа көттүм. Ол курдук 1974 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр бирикээһим тахсан (үлэм кинииискэтигэр биир эрэ суруктаахпын, Ньурба тыйаатырыгар үлэҕэ ылылынна диэн), күн бүгүнүгэр диэри үйэ аҥаарын устата тыйаатырбар бэриниилээхтик сулууспалаан кэллим.

Ньурба тыйаатырыгар тиийээппитин кытта труппаны икки бөлөххө хайыта охсон, биир биригээдэ күһүн Сунтаарга гастролга барар буолбута. Онно Илья Находкин “Олоҕум иннигэр” диэн драматын кытта кэнсиэр туруоруута этэ. Кэнсиэргэ Софрон Данилов “Сахалар ааттарыттан” драматыттан быһа тардыы баара. Онно П. Ойуунускай оруолун толорбут Тимофей Сметанин Москваҕа режиссердар куурустарыгар үөрэнэ барбытынан, кини оруолун мин солбуйар буолбутум. Онон идэлээх артыыс буолан баран тыйаатырга бастакы оруолум Былатыан Ойуунускайы толоруу этэ.

Ньурба тыйаатырыгар кэлбиппин дьылҕам диибин. Оччолорго көһө сылдьар тыйаатыр буоламмыт, сыл түөрт кэмигэр хайаан даҕаны биирдии ый гастролга барарбыт. Олордубут гостиницаларыгар үөрэ-көтө үлэлии сылдьан, 1976 с. олоҕум аргыһын, сүрэҕим аҥаарын, тапталбын Любовь Викторовнаны көрсөммүн ыал буолбуппут. Олоҕум доҕоро бэйэтэ Сунтаартан төрүттээх, детсад иитээччитэ идэлээх кыыс этэ. Ыал буолан икки уол оҕоломмуппут. Уолаттарбыт билигин иккиэн сиппит дьон, ыал аҕалара. Сиэн оҕолору бэлэхтээн үөрүүбүт муҥура суох.

– Норуот артыыһа ааты ылыы суолтата туохханый?

Норуот артыыһын сүдү аатын сүгүү, бу, бастатан туран, улахан сүгэһэр, эппиэтинэс. Бу соҕотох миэхэ эрэ бэриллибит наҕараада буолбатах, бу тыйаатыр кэлэктиибигэр бүтүннүүтүгэр анаммыт, кини саҥа дьиэҕэ киирэригэр абаанса, эбээһинэс курдук бэриллибит наҕараада.

Биһиги тыйаатырбытыгар үлэлээбит артыыстартан маннык аат бастакынан Афанасий Ефремовка, онтон Христофор Максимовка иҥэриллибитэ биллэр. Кэлин 1966 сыллаах устуудьуйаттан соҕотоҕун хаалан билигин да үлэлии сылдьар В.П. Николаева бу ааты чиэстээхтик сүгэр.

– Үгүс элбэх оруолу оонньообуккун, онтон «Макбет», «Робинзон Крузо» айымньыларынан толоруулар ураты тураллар.

1993 сыллаахха Юрий Макаров уонна кини биир санаалаахтарын көҕүлээһининэн Ньурбаҕа эдэр национальнай тыйаатырдар бастакы бэстибээллэрэ тэриллибитэ. Бу бэстибээлгэ Ю. Макаров “Төрөөбүт курдукпун хаһан эрэ...” диэн саха классик драматура, суруйааччыта Н. Неустроев “Балыксыт” кэпсээнигэр уонна Д. Дефо “Робинзон Крузо” диэн аатырар арамааныгар олоҕуран соҕотохсуйуу тиэмэтин лейтмотив курдук оҥорон, ааптарыскай испэктээк айан таһаарбыта.

Буурҕаҕа түбэһэн киһи олорбот арыытыгар соҕотоҕун быраҕыллыбыт Робинзон Крузо даҕаны, уопсастыбаттан тэйдэр даҕаны, уопсастыба тугунан тыынан олорорун өтө сэрэйэр саха мындыр кырдьаҕаһа Балыксыт Былатыан даҕаны иккиэн соҕотохсуйууну билбит дьон. Бу икки дьоруойу биир тиэмэҕэ холбуу тутар сүрдээх дьикти, туспа көрүүлээх айымньыбытын Майя Романова диэн Арассыыйа араадьыйатын кэрэспэдьиэнэ, театральнай кириитик бэстибээлгэ көрөн  сүрдээҕин сөбүлээн, Москваҕа Нациялар тыйаатырдарыгар ыҥыран оонньоппута. Онно Робинзон оруолун метафора быһыытынан оонньотон көрдөрүүнү мин толорбутум. Оттон «Макбет» 1997 с. турбута. Бу эмиэ режиссер ураты көрүүтүнэн туруоруллубут айымньы. Макбет оруола эмиэ миэхэ тиксибитэ. Бу оруол киһи былааска хааннаах суолунан тахсыыта, онтон сылтаан суобаһа киртийиитэ, ол содулугар соҕотохсуйуута. Бу айымньы биирдэ эрэ турбут буолан, улаханнык биллибэккэ хаалла.

– Үлэҥ таһынан дуобатынан үлүһүйэргин истибитим.

Устудьуоннуур сылларбар саахыматы ордорор этим. Дуобакка тыйаатырга кэлэн баран көспүтүм. Эйгэм күһэйбитэ диэххэ сөп. Ол курдук, тыйаатыр дьоно үксэ дуобаттыыр, Тимофей Сметанин, Владимир Семенов, Анатолий Кривогорницын о.д.а. курдук күүстээх оонньооччулардаах этибит, оройуоммутугар да үгүс күрэхтэр ыытыллар буоланнар, сыыйа дуобакка ылларан барбытым. Дуобат теориятын хасыһан үөрэтэр, конспектанар, сурунар, литературатын мунньар буолтум. 2003 сыллаахха Сунтаар Бордоҥугар маастарга хандьыдаат нуорматын толорбутум, билигин Бүлүү бөлөх бэтэрээннэригэр үгүстүк миэстэлэһэбин. Аммаҕа буолбут Саха сирин норуоттарын спартакиадатыгар Ньурба улууһун чиэһин көмүскээбитим. Дуобат айар үлэбэр көмөлөһөр диэм этэ. Кини ыарахаттартан чаҕыйбат, дьаныардаах, тулуурдаах буоларга үөрэтэр, өйү-санааны сааһылыыр, өйгө тутар дьоҕуру сайыннарар.

– Эн тускунан өссө биир дьиктини истибитим. Александр Пушкин “Евгений Онегин” айымньытын нойосуус билэр диэн.

Өссө Лөгөй оскуолатыгар үөрэнэр сылларбар Петр Васильевич Оготоев уруоктарыттан ордук Пушкиҥҥа наһаа күүскэ ылларбытым диэн этэн аһарбытым. Кини тылын мелодикатыгар, гармониятыгар, дорҕоонноругар, “красота звука” дииллэр, ылларан, бу суруйааччыны сөбүлүүр буолбутум. Онтон саҕалаан бу айымньыны бастаан кылгас-кылгас быһа тардыыларынан нойосуустаан, училищеҕа 3-4 кууруска тиийэр кэмнэрбэр толору үөрэтэн, олоҕум аргыһа оҥостон кэллим.

Нойосуус үөрэтии, киһи физкультуранан, спордунан дьарыктаннаҕына былчыҥа сайдарын курдук, өйү, мэйиини сайыннарар буолуон сөп. Дьиҥэр, оннук “феноменальнай памяттаах” киһи буолбатахпын, көннөрү киһибин. Боруоста элбэхтик хатылыы сылдьыы, хос-хос үөрэтии, умнан кэлэ-кэлэ иккистээн сөргүтүү, онно баар быһыылаах сүрүн кистэлэҥэ диэххэ сөп.

«Евгений Онегины» билэр буоламмын Крымҥа Севастополь куоракка “Херсонесские игры” диэн дойдулар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ бара сылдьан Санкт-Петербуртан биир артыыс моно-испэктээги толорбутун көрбүтүм. “Рисунки на полях” диэн Пушкин «Онегинынан». Ол кэлэн манна бэйэбэр испэктээк туруоруммутум. Ону хаста да оскуолаларга,  Ньурбаҕа атын да тэрээһиннэргэ аахпытым. Айымньы тиэкиһин барытын, аҕыс главалаах, үс күн иккилии чаас аахпытым. Быйыл Пушкин 225 сылыгар аналлаах бырааһынньыкка оскуола оҕолоругар даҕаны туспа бырагыраама оҥорон аахпыппыт. Уопсайа 70-ча хоһоонун нойосуус билэбин. Ону таһынан “Сказка о царе Салтане”, “Сказка о мертвой царевне и о семи богатырях” остуоруйаларын уонна “Цыгане” диэн поэматын. «Онегин» туһунан өссө этэр буоллахха, быйыл Пушкин төрөөбүт күнүгэр, бэс ыйын 6 күнүгэр, манна тыйаатырга моно-испэктээк оҥорон аахпытым. Пушкиҥҥа сүгүрүйүүбүн онон биллэрбитим.

Тыйаатыры таптааччыларга баҕа санааҥ.

Дойдубут аҕа баһылыга В.В. Путин театральнай искусствоны ыччат дьоҥҥо иҥэрэргэ оскуолаҕа тыйаатырдары арыйан үлэлэтиҥ диэн эттэ. Бу тыйаатыр киһини иитиигэ, норуокка дьайыытын судаарыстыба таһымыгар билинии буолар. Онон тыйаатыры таптааччыларга, сэҥээрээччилэргэ уонна ыччат дьоҥҥо этиэм этэ – тыйаатырга сылдьыҥ, үйэлээх айымньылары көрөн, сүрэххитигэр сөҥөрөн, элбэҕи толкуйдуур, анаарар буолуоххут уонна киһи быһыытынан сайдаргытыгар, олоҕу өйдүүргүтүгэр, ылынаргытыгар тирэхтэниэххит.

 

Хаартыскалар:

Дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...