Оптуобус реформата: систиэмэни биирдэ саба тутан уларытар табыллыбат...
«Үчүгэй олохтон буолбатах...»
Куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Анатольевич Алексеенко аан тылыгар бүгүҥҥү туругунан уопсастыбаннай тырааныспар санаа хоту үчүгэйдик, көдьүүстээхтик үлэлиир диир кыахпыт суох, ол туһунан куорат олохтоохторо күн аайы санаталлар, ону үгүс үҥсүү туоһулуур диэн эттэ.
Уларыйыы киирэрэ, Антон Алексеенко этэринэн, «үчүгэй олохтон буолбатах». Кини ааспыт сылларга оптуобустары саҥардыы, суоппардары элбэтии үлэтэ ыытыллыбытын, ол эрээри ити тэрээһиннэр кыһалҕаны быһаарбатахтарын, быһыыны-майгыны тупсарбатахтарын бэлиэтээтэ.
Биллэн турар, нэһилиэнньэ ханнык баҕарар уларыйыыны бастаан утаа ыараханнык уонна ыарыылаахтык ылынар. Ол эрээри хас эмэ сыллар тухары үлэлээн кэлбит (чаһы курдук чуолкайдык да буолбатар) систиэмэни биирдэ саба тутан уларытар хайдах да табыллыбат. Бастатан туран, үгүс үбү эрэйэр. Аны дьон-сэргэ онно үөрэнэригэр төһө эмэ бириэмэ ааһыан наада. Онон үлэ түһүмэхтэринэн барыаҕа.
«Билигин киирэр уларыйыылары бастакы түһүмэхпит буолар диэххэ сөп. Санатан эттэххэ, маастар-былааны олоххо киллэрии чэрчитинэн 2027 сылга диэри биһигини үгүс үлэ күүтэр, уопсастыбаннай тырааныспары саҥардар, саҥа таһымҥа таһаарар сорук турар», – диэтэ баһылык солбуйааччыта.
Лот систиэмэ үлэни сааһылыа дуо?
Антон Алексеенко иһитиннэрбитинэн, быйыл муниципальнай хантараактар болдьохторо бүтэн, өҥөнү оҥорооччулары кытары дуогабардар саҥаттан түһэрсиллиэхтэрэ. Куонкурус алтынньы бүтүөр диэри ыытыллыаҕа.
Санатан эттэххэ, «ЯПАК» муниципальнай унитарнай тэрилтэ оптуобустара үксүн куорат таһынааҕы маршруттарга сылдьаллар, оттон куорат иһигэр чааһынай тиэйээччилэр (барыта 18 маршрут) муниципальнай хантараак чэрчитинэн үлэлииллэр.
Сорох маршруттар усталара уһун, атыттар киэннэрэ кылгас; хайа эрэ кэрчиктэргэ пассажир ахсаана элбиир, сорох сиргэ – аҕыйыыр. Куорат баһылыгын солбуйааччы 25-с №-дээх маршруту нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥорооччу быһыытынан «саамай көдьүүһэ суоҕунан» ааттаата. Дьиҥэр, ис-иһигэр киирдэххэ, төрүөт элбэх. Ол эрээри 12 оптуобус баарыттан линияҕа 6, ардыгар 5 эрэ тиэхиньикэ тахсар. 20 мүнүүтэ күүтүөхтээх оптуобускун 40 мүнүүтэ кэтэһэҕин. Бу нэһилиэнньэҕэ табыгаһа суох.
Аны туран, нэһилиэнньэ урут-уруккуттан сөбүлээн, элбэхтик сылдьар маршруттара бааллар. Холобур, 20-с, 14-с, 17-с №-дээх оптуобустарынан ордук элбэх киһи айанныыр. Ол төрүөтүнэн кинилэр графигы толоруулара, атыттарга тэҥнээтэххэ, быдан үчүгэй буолуон эмиэ сөп.
Алексеенко маны барытын учуоттаан, ааҕан-суоттаан, ырытан баран быйыл муниципальнай хантараактары лот систиэмэнэн түһэрсэргэ быһаарбыттарын кэпсээтэ.
Ол аата хайдаҕый? Биир лот иһигэр үстүү маршруту холбуохтара, оччоҕуна олор бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, көмөлөсүһэн, солбуйсан сылдьалларыгар да табыгастаах буолуоҕа. Манна даҕатан эттэххэ, федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, пассажирдары тиэйээччилэргэ чопчу маршрут каартата бэриллэр, күн аайы атын маршрукка көһө сылдьар көҥүллэммэт. Ол эрээри дуогабар лот систиэмэтинэн хас да маршруту сүрүннүүр биир тэрилтэни кытта түһэрсилиннэҕинэ, ыксаллаах түгэҥҥэ тырааныспары биир маршруттан атыҥҥа суһаллык көһөрөн биэрэр кыах баар буолуоҕа. Оччотугар өҥөнү оҥоруу да тупсуоҕа.
Антон Алексеенко этэринэн, билигин хас биирдии маршруту биирдиилээн тиэйээччи дьаһайара бары өттүнэн табыгаһа суох. Санаан көрдөххө, тус-туспа хаһаайыннаах 18 тэрилтэ оннугар 6 бөдөҥ тэрилтэни кытта үлэлиир, кинилэри салайар судургу буолуох курдук.
Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспатын салайааччыта Эдуард Юрьевич Садовников иһитиннэрбитинэн, чааһынай тиэйээччи (тэрилтэ) бу иннинэ биир эрэ маршрут үлэтин сүрүннүүр эбит буоллаҕына, мантан ыла үс маршрут үлэтигэр эппиэтинэһи сүгүөҕэ.
Экономика өттүттэн барыстаах, арыый аҕыйах харчыны киллэрэр, ону кытта «дьадаҥы» маршруттар баалларын өйдүөх тустаахпыт. Итини өйдөөн, «үчүгэй», «орто» уонна «мөлтөх» машруттары холбоон, тэҥнээн биэрэр кыах баар.
Антон Алексеенко бэлиэтээбитинэн, муниципальнай хантараакка быраап уонна эбээһинэс боппуруостарыгар улахан болҕомто ууруллубут. Холобур, тиэйээччилэри көҕүлүүр эбэтэр, төттөрүтүн, накаастыыр (ыстараап) түгэннэри чопчулаан биэрбиттэр.
Алексеенко этэринэн, уһун болдьохтоох дуогабардары баттаһыы биир үтүө өрүтэ – чааһынай тиэйээччилэр лизинг бырагырааматыгар киирэр кыахтара үрдүүрэ.
Бу иннинэ үгүс чинчийии үлэтэ ыытыллыбыт, араас ньыманы туһанан, пассажир уопсай ахсаанын аахпыттар, нэһилиэнньэ ортотугар ыйытык ыытыллыбыт. Ол эрээри бастакы уочарат нэһилиэнньэ санаата учуоттаммыт.
Уопсай түмүк оннугар тэттик бэлиэтээһиннэр
1. Ленин проспегыттан икки маршрут көҕүрээн биэриэҕэ: 4 уонна 14 №-дээх оптуобустар. Куорат киин уулуссатыгар 8 маршрут хаалыаҕа.
2. Уларыйыы киирдэҕинэ, уопсастыбаннай тырааныспар сырыытынан хааччыллыахтара: Каландаришвили уулуссатын Белинскэй уул. Ленин проспегар диэри кэрчигэ (19-с №-дээх маршрут), Кржижановскай уул. (35-с №-дээх маршрут), Халтурин уул. (2-с №-дээх маршрут), Птицевод уул. (110-с №-дээх маршрут) олохтоохторо.
3. Куорат олохтоохторо медицина тэрилтэлэригэр түргэнник тиийэр кыахтаныахтара. Холобур, 6-с №-дээх маршрут 1-кы поликлиникаҕа тохтоон ааһыаҕа. Маны сэргэ 3-с поликлиникаҕа, Медкииҥҥэ супту тиийэр кыах улаатар (ону схемаларга көр – Аапт.).
4. Киин куорат 10 түөлбэтигэр мөлтөхтүк сылдьар уопсастыбаннай тырааныспар үлэтэ күүһүрдүллүөҕэ, саҥа маршруттар эбиллиэхтэрэ.
Антон Алексеенко дьон саҥа маршрукка үөрэнэллэригэр төһө эмэ бириэмэ ааһыан наада диэн этиитэ оруннаах. Кини аҕыйах сыллааҕыта олохтоммут 100 №-дээх маршруту холобурдаата. Бастаан киирэригэр 3-4 киһи айанныыр этэ, билигин бу маршрутунан дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар.
Уларыйыы туох үтүөнү аҕалыай? Куорат кииниттэн тэйиччи сытар оройуоннар (эбэтэр саҥа дьоҕус түөлбэлэр) уопсастыбаннай тырааныспар ситиминэн хааччыллыахтара. Куорат киинигэр ноҕурууска аҕыйыаҕа.
Ханнык маршрукка туох уларыйыы киириэҕэй?
2-с №-дээх маршрут
Халтурин уулуссатынан сылдьар буолуоҕа, ол эбэтэр бу маршрут урукку суолугар төннөр диэххэ сөп. Эдуард Садовников бэлиэтээбитинэн, билиҥҥи туругунан бу уулуссаҕа биир да оптуобус сылдьыбат, олохтоохтор куорат баһылыгын кытта көрсүһүүлэргэ уопсастыбаннай тырааныспар сырыытын туруорсубуттара ыраатта. Итиннэ 2021 сыллаахха хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбытын бэлиэтиир тоҕоостоох.
4-с №-дээх маршрут
Сүрүн уларыйыыта: проспектан Киров уулуссатыгар туораан, Орджоникидзе уулуссатынан сылдьар буолуоҕа. Соруга – Ленин проспегар ноҕуруусканы аҕыйатыы. Санатан эттэххэ, проспекка хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар кэмигэр оптуобустар сэргэстэһэ сытар уулуссаларынан сылдьыбыттара – Орджоникидзе, Ярославскай уул.
«Билиҥҥи туругунан Орджоникидзе уулуссатынан 15-с №-дээх маршрут эрэ сылдьар. Бу маршрут көрдөрүүтэ соччото суох. 4-с №-дээх маршрут арыый көнөтүк сылдьар, устата кылгас, тиэхиньикэтин да ахсаана элбэх. Оптуобустар сылдьар арыттара – 8-10 мүн. Мин санаабар, нэһилиэнньэҕэ олус табыгастаах буолуоҕа», – диэтэ Эдуард Юрьевич.
5-с №-дээх маршрут
Оптуобустар «Медкиин» тиһэх тохтобултан Красильников уулуссатыгар (Сэргэлээх суолун оннугар) салайар буолуохтара, салгыы Михаил Николаев проспегынан «Прометей» дьоҕус түөлбэҕэ киирэн тахсыахтара. Манан бу оройуон олохтоохторо куорат киинигэр тиийэр эбии маршрутунан хааччыллыахтара. Билиҥҥи туругунан 14-с №-дээх оптуобуһунан эрэ куорат киинигэр кэлэллэр. Аны туран, бу маршрут тиэхиньикэтэ үксэ эргэ ПАЗ, оттон 5-с №-дээх маршрут саҥа оптуобуһа элбэх. Эдуард Садовников кэпсээбитинэн, сарсыардааҥҥы бэрэбиэркэлэр көрдөрбүттэринэн, ПАЗ оптуобустарга дьон «лыык» курдук симиллэргэ күһэллэллэр.
– Сэргэлээх суолугар хаалар кылгас кэрчик туһунан эттэххэ, онон 100, 17, 35, 41 №-дээх оптуобустар сылдьаллар, онно эбии куорат таһынааҕы саҥа 110 №-дээх маршрут киирэн биэриэҕэ, – диэтэ.
6-с №-дээх маршрут
Тиһэх тохтобула уларыйар: Борисовка-1 оннугар Три сосны уул. буолар. Ол эбэтэр оптуобустар «Три сосны» тиһэх тохтобултан Бүлүүлүүр суолунан Объездной суолга тахсар буолуохтара.
Иккис кыра уларыйыы – маршрут Октябрьскай уулуссанан кэлэн иһэн Поярков уулуссатыгар туоруур, онтон Киров уулуссатыгар салайар (1-кы №-дээх поликлиника) буолуоҕа. Манна Ленин проспегар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар кэмигэр ити маршрут оптуобустара бу схеманан сылдьыбыттарын, поликлиникаҕа ала-чуо тиийэри дьон-сэргэ сөбүлээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох.
Өссө биир кыра уларыйыы – Чиряев уулуссатынан сырыыга. Билиҥҥи туругунан оптуобустар ГРЭС диэки барыыга Ленин проспегыттан хаҥас туораан, Хабаров уулуссатыгар киирэллэр, массыына сырыыта элбэҕэр (үлэ чааһа саҕаланар/бүтэр кэмигэр) бу кэккэ харгыстары таһаарар – оптуобус сылдьар арыта уһаан биэрэр. Суоппардар хаҥас туоруур уустугун билэр буолуохтаахтар. Уларыйыы киирдэҕинэ, оптуобустар проспект устун Главпочтамт дьиэтигэр диэри кэлэн баран, уҥа туораан, Чиряев уул. салайыахтара, салгыы олохсуйбут схеманан айанныы туруохтара.
Ити уларыйыылары учуоттаан туран, маршрут сырыыта маннык буолуоҕа:
“Три сосны” тиһэх тохтобул – Объездной суол – Жорницкай уул. – Пионерскай уул. – Космонавтар уул. – Семен Данилов уул. – Петр Алексеев уул. – Стадухин уул. – Лермонтов уул. – Октябрьскай уул. – Поярков уул. – Киров уул. – Ленин проспега – Чиряев уул. – Губин уул. – Федор Попов уул. – Богдан Чижик уул. – Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уул. – Бабушкин уул. – «Челюскин» тиһэх тохтобул.
7-с №-дээх маршрут
Птицефабрика дьоҕус түөлбэтин олохтоохторо Медкиин оройуонугар диэри куораты биир гына эргийэн тиийэллэрэ тохтуур.
Бэлиэтээн эттэххэ, билиҥҥи туругунан Птицефабрикаттан 3-с поликлиникаҕа диэри 2-с №-дээх маршрут эрэ сылдьар. Киниэхэ көмө наада.
7-с №-дээх маршрукка саҥа тиэхиньикэ элбэх, ол иһигэр – быйыл кэлбит «Volgabus» мааркалаах оптуобустар. Олорго 50 киһи холкутук батан айанныыр, аны бары өттүнэн табыгастаахтар – пандустаахтар, кондиционердаахтар, түннүктэрин тааһа халыҥ.
Ол курдук, инникитин оптуобустар «Птицефабрика» тиһэх тохтобултан Сэргэлээх суолугар киириэхтэрэ. Салгыы сылдьар схемалара бу курдук буолуоҕа: Бүлүүлүүр суол – Петровскай уул. – Ленин проспега – Хабаров уул. – Богдан Чижик уул. – Федор Попов уул. – Лермонтов уул. – Сэргэлээх суола – Студенческай уул. – «Птицефабрика» тиһэх тохтобул.
14-с №-дээх маршрут
Тиһэх тохтобула уларыйар. Бу иннинэ Птицефабрика дьоҕус түөлбэтигэр («Контора») эбит буоллаҕына, Воинскай уулуссаҕа көһөр. Бу маршрут инникитин, суол-уулусса ситимэ оҥоһуллан бүттэҕинэ, «Звезднай» саҥа түөлбэҕэ киирэн ааһар буолуоҕа. Садовников иһитиннэрбитинэн, сотору кэминэн итиннэ саҥа социальнай эбийиэктэр дьэндэһиэхтээхтэр, онон сылаас тохтобуллары үлэҕэ киллэрэр сорук турар.
Өссө биир уларыйыы – билигин маршрут Ленин проспегынан сылдьар, инникитин Ярославскай уулуссатынан барар буолуоҕа. Манна Ленин проспегар хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар кэмигэр маршрут бу схеманан сылдьыбыта, дьон-сэргэ сөбүлээбитэ, туруорсубута бэлиэтэннэ.
Ол курдук, оптуобустар Ярославскай уул. кэлэн иһэн, Киров уул. салайар, салгыы Чернышевскай уул., онтон Хабаров уул. киирэн, Чиряев уул. салайар уонна Дзержинскэй уул. тахсан, салгыы олохтоммут схеманан айанныыр буолуохтара.
Маршрут саҥа (уларыйбыт) схематын көрүөххэ:
Оптуобустар «Воинскай» тиһэх тохтобултан Воинскай уулуссанан айаннара саҕаланыаҕа. Салгыы: Герман Титов уул. – Михаил Николаев пр. – Дежнев уул. – Ленин пр. – Киров уул. – Ярославскай уул. – Хабаров уул. – Чиряев уул. – Дзержинскэй уул. – Өктөөп 50 сыла уул. – Можайскай уул. – Пилоттар уул. – Покрышкин уул. «Тэки Одулок» тиһэх тохтобулга диэри.
16-с №-дээх маршрут
Оптуобустар «Воинскай» тиһэх тохтобултан Кульбертинов уулуссатынан киирэн, Студенческай уул., Сэргэлээх суолунан айанныыр буолуохтара. Ол түмүгэр ДСК, «Звезднай» түөлбэ олохтоохторо Сайсары уокуругар турар социальнай суолталаах тэрилтэлэргэ тиийэллэрэ чэпчиэҕэ, сырыылара сыыдамсыйыаҕа.
Билигин хайдаҕый? Оптуобус «Воинскай» тиһэх тохтобултан Михаил Николаев проспегар тахсар, салгыы Красильников уулуссатынан бара турар. Эдуард Садовников этэринэн, хаҥас диэки салайыы элбэх, светофор да үгүс, ити кэккэ харгыстары үөскэтэр.
Манна эбэн эттэххэ, Михаил Николаев проспегар, полиция 1-кы №-дээх салаатын таһыгар эбии оптуобус тохтобула баар буолуоҕа.
19-с №-дээх маршрут
Билиҥҥи туругунан оптуобустар Каландаришвили уул. Петровскай уул. тахсаллар. Уларыйыы: маршрут Каландаришвили уул. сырыыта уһатыллан биэрэр – Белинскэй уул. Ленин проспегар диэри суол кэрчигин хабыаҕа. Ол эбэтэр оптуобустар Петровскай уул. салайбат, 17-с №-дээх оскуолаҕа таарыйбат буолуохтара.
Аны туран, маршрут Кальвица уулуссатыгар сырыыта уларыйар: Дзержинскэй уулуссатыгар туораабат буолар. Оптуобустар Пирогов уулуссатынан баран, Петр Алексеев уулуссатыгар салайыахтара, онтон Лермонтов уулуссатыгар тахсан, салгыы олохсуйбут схеманан айанныахтара.
35-с №-дээх маршрут
Быйыл Речниктэр уулуссалара өрөмүөннэммитин, былырыын Бабушкин, Кржижановскай уулуссалара оҥоһуллубуттарын бэлиэтээн туран, оптуобустар Рихард Зорге уулуссатынан Речниктэр, Бабушкин, Кржижановскай уул. ааһан, Очиченко уулуссатыгар тиийэр, онтон салгыы олохсуйбут схеманан айанныыр буолуохтара.
Эдуард Садовников быһаарбытынан, Промышленнай уокурук олохтоохторо «Столичнай» ырыынакка диэри супту тиийэр кыахтаналлар.
Саҥа маршруттар
12-с №-дээх маршрут
«25-с уонна 15-с №-дээх маршруттары хайыыбыт диэн өр толкуйдаабыппыт», – диэтэ Эдуард Садовников. Сыта-тура толкуйдаан, ырытан, ырыҥалаан баран, икки соччото суох көрдөрүүлээх маршруту тохтоторго, ол оннугар саҥа маршруту киллэрэргэ быһаарбыттар.
Итиннэ эбэн эттэххэ, 25-с №-дээх маршрут сабыллар кутталлаах диэн бу иннинэ элбэхтик суруйан турабыт. Этэргэ дылы, сап саҕаттан салҕанан үлэлиир, 8-с №-дээх маршрут «дьылҕатын» батыһан иһэр. Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспатын салайааччыта иһитиннэрбитинэн, күҥҥэ элбээбитэ 8 оптуобус линияҕа тахсара олус аҕыйах. Арай суоппар ыарыйдын, тиэхиньикэ алдьаннын?
«Саҥа маршруту 35-с уонна 6-с №-дээх маршруттары кытта биир лот иһигэр киллэрдибит. 35-с оптуобус былырыын иккис миэстэни ылбыта, быйыл да көрдөрүүтэ олус үчүгэй. Алтыс маршрут даҕаны куһаҕана суох», – диэн эбэн эттэ Садовников.
Үгүс маршрут элбэх сиргэ силбэһэр (25-с уонна 15-с №-дээх маршруттар онно киирсэллэр), ол иһин суоппардар пассажир былдьаһыытыгар буолан бэйэлэрин икки ардыларыгар «куоталаһаллара» олоххо баар көстүү.
110 №-дээх маршрут
«ЯПАК» тэрилтэ оптуобустара үлэлиэхтэрэ.
Тиһэх тохтобуллара Пригороднай сэлиэнньэтигэр саҥа оҥоһуллубут Геодезистар уулуссаларыгар уонна Речевой оскуолаҕа баар буолуохтара.
Эдуард Садовников бэлиэтээбитинэн, бу оройуон олохтоохторо эбии оптуобус туруорсубуттара ыраатта, 18-с оптуобус ноҕуруусканы кыайбат. Онно саҥа маршрут эбии көмө буолуоҕа.
Саҥа маршрут маннык схеманан сылдьыаҕа: Речевой оскуола – Птицевод уул. – Иван Кульбертинов уул. – Студенческай уул. – Сэргэлээх суола – Гимеин – Сэргэлээх суола (АГАТУ), Михаил Николаев проспега – «Прометей» дьоҕус түөлбэ – Чернышевскай уул. (Максмаркет), Покровскайдыыр суол – Новай уул. – Геодезистар уул.
Хаартыскалар: ааптар түһэриитэ,
cхемалар: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата