14.10.2024 | 18:43

Уокуруктарга дьэллик ыттары кытта охсуһуу күүһүрэр

Уокуруктарга дьэллик ыттары кытта охсуһуу күүһүрэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кыһын чугаһаан, уокуруктарга дьэллик ыттары кытта охсуһуу үлэтэ күүһүрдэ.

Ол курдук, уокуруктартан кэлэр иһитиннэриилэринэн көрдөххө, 2024 сыл саҕаланыаҕыттан саамай элбэх дьэллик ыт Автодорожнай уокурукка тутуллубут – 297. Уокурукка бу үлэнэн СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын кытта ыкса ситимнээх үлэлиир бэдэрээттээх тэрилтэ дьарыктанар. Уокурук дьаһалтатын салайааччытын э.т. Сардана Васильева бэлиэтииринэн, хаһаайыннаах ыттары көрүүтэ-истиитэ суох босхо ыытыы түбэлтэлэринэн 14 боротокуол толоруллубут. Маны сэргэ уокурук территориятыгар ыттары тутар 3 ловушка уонна биир вольер туруоруллубуттарын бэлиэтииллэр.

Киин уокурук управата сыл саҕаланыаҕыттан – 70, ол иһигэр ааспыт нэдиэлэҕэ 3 дьэллик ыт тутуллубутун иһитиннэрэр. Управа дьаһалтата дьэллик ыттары кытта охсуһан нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйыыны биир сүрүн соругунан ааттыыр.

Октябрьскай уокурукка сыл саҕаланыаҕыттан 100-тэн тахса дьэллик ыт тутуллубут.

Маннык хайысхалаах үлэнэн Дьэллик ыттары кытта үлэҕэ сулууспа биригээдэлэрэ дьарыктаналларын ыйаллар.

Губинскай уокуруктан сыл саҕаланыаҕыттан 54 дьэллик ыты туппуттар.

Управа салайааччыта Александр Скрябин тутуллубут ыттар ортолоругар хаһаайыннаах, дьиэ ыттара элбэхтэрин бэлиэтиир. «Дьэллик ыттары кытта охсуһуу үлэтин күүһүртүбүт. Нэдиэлэ аайы бэтэринээрдэр сулууспаларын кытта нэһилиэнньэҕэ куттал суоһаабатын хааччыйар сыаллаах эриэйдэлэри ыытабыт»,– диир Александр Скрябин.

Гагарин уокуругар сыл тоҕус ыйыгар 122 дьэллик ыт тутуллубут, ол иһигэр ааспыт нэдиэлэҕэ – 7 ыт.

Строительнай уокурукка сыл саҕаланыаҕыттан 112 дьэллик ыт тутуллубут, бэтэринээрдэр сулууспаларын уонна полицияны кытта 34 төгүл эриэйдэлээбиттэр, хаһаайыннаах ыттарга 10 боротокуол толоруллубут. Уокурукка 3 ловушка уонна биир вольер оҥоһуллубут. Уокурук дьаһалтатын салайааччыта Андрей Петров  бэйдиэ сылдьар ыт эрэ барыта дьэллик буолбатаҕын, сүрүннээн хаһаайыннаах ыттар мэнээхтииллэрин бэлиэтиир.

Сайсары уокуругун управата иһитиннэрбитинэн, сыл саҕаланыаҕыттан – 209, ол иһигэр алтынньы 7-11 күннэригэр 14 дьэллик ыт тутуллубут.

Сайсарылар эмиэ дьэллик ыттар ортолоругар хаһаайыннаах харамай элбэҕин бэлиэтииллэр. Онон ыттарын сүтэрбит хаһаайыттары «Помоги выжить» приюттан ыйыталаһарга сүбэлииллэр: Очиченко уул., 57, төл.: 89248700067.

Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата дьэллик ыттары, атын даҕаны хаһаайына суох харамайдары управаларга уонна анал сулууспаларга эрийэн биллэрэр наадатын санатар:

– Биир кэлим диспетчерскэй сулууспа: +7 (4112) 44-42-51, 44-42-29;

– Дьэллик харамайдары тутар бэдэрээтчит: +7 (924) 870-00-67;

– «Дьэллик кыыллары кытта үлэлиир сулууспа» ХЭУо (СРБЖ): +7 (914) 301-65-54.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын 01.08.2014 с. 237 №-дээх уурааҕар олоҕуран “Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар дьиэ кыылын иитии быраабылалара” олохтоммуттара.

 

Быраабылар дьиэ кыылын иитиигэ, дьаарбатыыга кэккэ ирдэбиллэри олохтууллар:

* Дьиэ кыылын иитээччилэр санитарнай-ветеринарнай нуормалар ирдэбиллэрин толоруохтаахтар, дьоҥҥо куттал суоһаабатын ситиһиэхтээхтэр, кыыллара уопсай сирдэри киртиппэтин мэктиэлиэхтээхтэр уонна хааччыйыахтаахтар.

* Дьиэ кыылын дьаарбатаргытыгар, босхо ыытаргытыгар атын кыылларга, дьон дуоруобуйатыгар итиэннэ бас билиитигэр туох да куттал үөскүө суохтаах. Дьиэ кыыллара маныаха анаммыт эрэ сирдэргэ дьаарбатыллыахтаахтар.

* Чааһынай бас билэр территориялаах, тиэргэннээх дьон ыттарын тиэргэн эрэ иһигэр көҥүл ыыталлара эбэтэр баайан туруораллара көҥүллэнэр, ыт бэйэтин территориятыттан халбарыйар, суолга сүүрэн тахсар кыаҕа суох буолуохтаах.

* Олорор дьиэттэн ыты уопсай тиэргэҥҥэ уонна уулуссаҕа хайаан да томторуктаах уонна хонтуруолланар усталаах быалаах таһаарыллыахтаах. Бу ирдэбил 35 см намыһах уҥуохтаах ыттарга сыһыана суох.

* Племенной боруода быһыытынан ураты сыаннаһа суох кыылларга, элбэхтик төрөөн-ууһаан, көрүүтэ-истиитэ суох хаалар төрүөҕү биэрбэтиннэр диэн, стерилизациялааһын миэрэтэ хайаан да ылыллыахтаах.

* Сыллата дьиэ кыылын ветеринарнай тэрилтэҕэ илдьэн ииригирии ыарыытын утары быһыы туруортарыахтааххыт.

* Бэйдиэ сылдьар ыттар (моойторуктаах да буоллуннар) Дьокуускайдааҕы кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пууҥҥа анал сулууспаларынан илдьэн туттарыллаллар. Пуунтан бэйэҕит кыылгытын төттөрү ыларгытыгар ороскуоту барытын уйунуохтааххыт (кыылы тутан аҕалбыт, көрөн-истэн, аһатан туруорбут өҥө барыта төлөбүрдээх).

Бу ыйыллыбыт быраабылалары кэһии иһин СӨ Административнай буруйу оҥоруу кодексатын 5.4 ыст.  эппиэтинэскэ тардыллаҕыт, ыстараап төлүүгүт. Ол курдук, бастакы сырыыга 1000 солкуобайтан 1500 солкуобайга диэри уонна 3000 – 5000 солк. диэри – иккистээн түбэһиигэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....