«Үйэлээх уот» мемориал Кыайыы күнүн саҥардыллан көрсүөҕэ
Алтынньы 9 күнүгэр Куорат уопсастыбаннай палаататын сэбиэтэ Улуу Кыайыы 80 сылынан «Үйэлээх уот» мемориалга тупсарыы үлэтигэр аналлаах көһө сылдьар мунньаҕы ыытта.
Мунньахха куорат баһылыгын тупсарыы, көҕөрдүү боппуруостарыгар сүбэһитэ Екатерина Павлова уонна куорат Киин управатын салайааччыта Айсена Куличенко кыттыыны ыллылар.
Ол курдук, «Үйэлээх уот» киин куорат биир бэлиэ миэстэтэ буоларынан, манна эһиил Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылынан эбии мас, сэппэрээк олордорору, клумбалары уларытары былаанныыллар. Маны таһынан лаампалар, бордюрдар, ыскамыайкалар саҥардыллыахтара. Оттон мемориалы тупсарыыга кыттыыны ылбыт тэрилтэлэр былаахтара Кыайыы күнүгэр ыйаныаҕа.
Ол туһунан сиһилии «Үйэлээх уот» мемориальнай комплексы тупсарыыга аналлаах «төгүрүк остуолга» дьүүллэһиэхтэрэ.
Санатар буоллахха, Куорат уопсастыбаннай палаататын сэбиэтэ алтынньы 4 күнүгэр куораты көҕөрдүү уонна тупсарыы кыһалҕаларыгар мунньаҕар үөрэх тэрилтэлэригэр көҕөрдүүгэ уонна «Киин куорат күөх кубога» күрэххэ кыттыыга үөрэтэр анал семинардары, маастар-кылаастары ыытарга быһааран турар. Ол туһунан Дьокуускай куорат Уопсастыбаннай палаататын сэбиэтэ иһитиннэрэр.