15.10.2024 | 13:07 | Просмотров: 457

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ үөрэххэ киирдилэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ 34 киһи орто анал уонна үрдүк үөрэххэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар тус сыаллаах миэстэҕэ киирдилэр.
СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин Наукаҕа, профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ судаарыстыбаннай политика эйгэтигэр департаменын салайааччытын э.т. Александр Кочмар иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор устудьуоннарга үөрэнэр кыһалара дойду хайа муннугар үлэлиириттэн тутулуга суох күнүскү уонна кэтэхтэн үөрэххэ үөрэнэллэригэр истипиэндьийэнэн хааччыллаллар. 
Истипиэндьийэ кээмэйэ 6212 солкуобайга тэҥнэһэр. Алтынньы 14 күнүнээҕи туругунан маннык өйөбүл 818 киһиэхэ оҥоһуллубут, ол иһигэр 305 устудьуон – үрдүк үөрэх үөрэнээччитэ, 513 – орто анал үөрэх устудьуона.
Судаарыстыба бу өйөбүлүнэн туһанарга Госуслуги портал эбэтэр олорор сиринэн МФЦ нөҥүө сайабылыанньа биэрэр ирдэнэр. 
Санатар буоллахха, маннык хабааннаах үлэ Ил Дархан Айсен Николаев 2023 сыл алтынньы 23 күнүнээҕи анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл миэрэлэрин туһунан ыйааҕын иитинэн ыытыллар, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.