Төрөөбүт дойдубутун ааттатаары
Төрөөбүт дойдуларыттан тэлэһийэ сылдьар устудьуон дьоҥҥо анаан араас түмсүүлэр бааллар. Бу дойдуга тапталы күүһүрдүүгэ туһуланара уонна туһалааҕа мэлдьэҕэ суох.
Дьокуускай куораппытыгар эдэр дьон субуотунньукка мас олордо эбэтэр бөх хомуйа сылдьарын көрдөххүнэ, туох санаа аан бастаан киирэрий?
Биллэн турар, киэн туттуу. Эдэр дьон үтүө дьыала оҥороллоруттан үөрүү.
Алгыстаан Софронов Таатта Чычымаҕыттан төрүттээх. М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка төрдүс кууруска үөрэнэр устудьуон.
Кини 2019 сылтан өрөспүүбүлүкэтээҕи «ZEMA» Саха сирин улуустарын ыччатын түмсүүтүн салайар.
2006 сыллаахтан сокуонунан бигэргэтиллибит түмсүү Дьокуускай куоракка үөрэнэр устудьуон дьону түмэр уопсастыбаннай тэрилтэ быһыытынан үлэлиир.
Алгыстаан Софроновтан атыттарга холобур буолар үлэлээх түмсүүлэри ыйыппыппытыгар, Уус Алдан "Бэрт Хара" уонна Үөһээ Бүлүү "Ураан" түмсүүлэрэ буолалларын эппитигэр олоҕуран, уопсастыбаннай холбоһуктар үлэлэрин билсистибит.
Платон Петров, Уус Алдан "Бэрт Хара" ыччат түмсүүтүн салайааччыта :
– Мин Уус Алдан улууһун Сыырдаах дэриэбинэтиттэн сылдьабын. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка теплотехник үөрэҕэр иккис кууруска үөрэнэбин. Волейбол көрүҥүнэн утумнаахтык дьарыктанабын.
Үгүс дьон билэрин курдук, Уус Алдаҥҥа номоххо киирбит Майаҕатта Бэрт Хара диэн күүстээх киһи төрөөн-үөскээн ааспыта. Түмсүүбүт 1996 сыллаахха кини аатын үйэтитээри уонна дойду историятынан киэн туттууну күүһүрдээри ааттаммыта.
Биһиги түмсүүбүтүгэр киирэргэ хааччах суох. Ханнык баҕарар үөрэх устудьуона киириэн сөп. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “ZEMA” ыччат холбоһуга ый ахсын араас тэрээһиннэри ыытар. Холобура, «Эдэр ыччакка сөптөөх суолу ыйан, кэлэр көлүөнэҕэ холобур буолан» диэн эко-аахсыйаҕа «Бэрт Хара» сыллата көхтөөх кыттыыны ылар. Бэйэбит ый ахсын ыытыллар "Сырдык сир" диэн тэрээһиннээхпит. Дойдубутугар Уус Алдаҥҥа кырдьаҕастар дьиэлэригэр аһымал кэнсиэр тэрийэбит, профориентационнай үлэни, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Бэрт Хара Кубога» мини-футбол күрэҕин о.д.а. тэрээһиннэри тиһигин быспакка ыытабыт. Манна барытыгар эдэр дьон актыыбынай кыттыыны ылан, дойдубутун ааттатабыт, уонна иллэҥ бириэмэбитин туһалаахтык атаарабыт.
"Бэрт Хара" түмсүү иһинэн түөрт уонча кэриҥэ устудьуон биһиги үлэбитигэр актыыбынайдык кыттар, 2022 сыллаахха «ZEMA» иһинэн бастыҥ түмсүү аатын сүкпүппүт.
Уйгулаана Гаврильева, Үөһээ Бүлүү «Ураан» ыччат түмсүүтүн бэрэстэбиитэлэ:
– АГИКИ төрдүс кууруһун устудьуонабын, быйыл үөрэхпин бүтэрэр сылым. Онон Үөһээ Бүлүү ыччатын уонна устудьуоннарын «Ураан» түмсүүтүн салайарбын Роман Корниловка туттардым.
Түмсүүбүтүгэр Дьокуускай куорат үөрэҕин кыһаларын устудьуоннара бары биир тэтими тутаммыт мустабыт. Дьокуускай куорат Поярков уулуссатыгар турар Саха Өрөспүүбүлүкэтин автономиятын төрүттэспит биир дойдулаахпыт Исидор Никифорович Бараахап пааматынньыгын бу түмсүүбүт иһинэн көрөбүт. Ый аайы тахсаммыт субуотунньуктаан сууйабыт-сотобут, бөҕүн-сыыһын ыраастыыбыт, кыһынын хаарын күрдьэбит. Бу биһиги түмсүүбүт саамай сүрүн эбээһинэһэ уонна тэрээһинэ.
Киин куораппытыгар төрөөбүт дойдубут аатын ааттатар тэрээһиннэргэ барытыгар кыттабыт.
Эко-аахсыйанан дойдубут саастаах дьонноругар тустаах көмө оҥоробут. Кырдьаҕастар дьиэлэригэр кэнсиэр көрдөрдөхпүтүнэ, эһэлэрбит, эбэлэрбит саастыы дьон махталлара биһиэхэ хас да бүк үөрүү буолар. Ити курдук элбэх араас таһымнаах тэрээһини ыытабыт. Чуолаан киэн туттар улуу убайбыт Исидор Бараахап аатын үйэтитэр сыалтан Дьокуускай куоракка устудьуоннар икки ардыларыгар «Үс иилээх хапсаҕай» диэни тэрийбиппит. Бу күрэхтэһии туһунан билиһиннэрэр буоллахпытына, маннык.
Үөһээ Бүлүү улууһугар өр сылларга баһылыгынан үлэлээбит В.С. Поскачин уонна спорт кэмитиэтиттэн Е.А. Николаев маҥнай тэрийбит хапсаҕай күрэҕэ. Күрэхпит аата да этэринэн, көбүөр иһэ үс иилээх: улахан ии, орто уонна кыра. Хапсаҕайдьыттар маҥнайгы мүнүүтэҕэ улахан иигэ тусталлар, ким да хотторбот түгэнигэр, ортоку иигэ киирсэллэр. Онтон ортоку иигэ охторсуу суох буоллаҕына, кыра иигэ көһөллөр. Көбүөртэн тахсыы буоллаҕына, таһаарбыт бөҕөскө биир очко ааҕыллар. Итинник үстэ тахсыбыт киһи хотторор. Үс ии тухары ким да охтубатаҕына, очколара тэҥ буоллаҕына, кыра ыйааһыннаах бөҕөс кыайан тахсар. Бу "Үс иилээх" хапсаҕайы былырыын И.Н. Барахов 125 сааһыгар анаан Дьокуускай куоракка аан бастаан эдэр ыччат ортотугар тэрийбиппит. Күрэхтэһиибит инникитин сайдыа, ыччат болҕомтотун тардыа уонна манан улуу убайбыт И.Н. Барахов аатын ааттата туруохпут диэн эрэллээхпит!
Сэттэ иккитэ уопсайга
«Устудьуон куоратынан» аатырар Сэргэлээх уопсайдарыгар уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрин туһунан Кулаковскай уул., 46/1 турар «7/2» аатынан биллэр уопсай дьиэ сэбиэдиссэйин кытта кэпсэттибит.
Антонина Егоровна Тимофеева, «7/2» уопсай сэбиэдиссэйэ:
– Идэбинэн учууталбын. Быйыл 23-с сылбын бу «7/2» уопсайга сэбиэдиссэйдиибин. Манна М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет инженернэй-тэхиньиичэскэй уонна филологическай факультеттарын устудьуоннара олороллор.
Төрөөбүт дойдутуттан аан бастаан тэлэһийбит оҕо түөрт сыл устата олорор уопсайа дьиэтин тэҥэ. Кэнники бодоруһаҥҥын, бу оҕолоруҥ наһаа чугас дьонуҥ буолаллар.
– Хас устудьуон олорор? Уопсай иһинэн Устудьуон сүбэтэ диэн баар дуо?
– Бүгүҥҥү күҥҥэ 496 оҕолоохпут. Бу оҕолору кытта үлэбитигэр биһиэхэ уопсастыбаннай түмсүү, Устудьуон сүбэтэ көмөлөһөр. Ол курдук, Михаил Стручков салайааччылаах 45 оҕону түмэр түмсүү биһиэхэ саамай сүрүн күүспүт-көмөбүт.
Уопсай бэрээдэгин көрөллөр, ырааһы тутары ирдииллэр, араас тэрээһиннэри ыыталлар. Күһүн-саас территорияны ыраастааһыҥҥа, мас олордуутугар о.д.а. субуотунньуктары тэрийэллэр.
Түмсүүгэ маҥнайгы куурустан саҕалаан үрдүкү куурустарга тиийэ үчүгэй үөрэхтээх, бэрээдэктээх оҕолор талыллаллар.
Кэтээн көрдөххө, Устудьуон сэбиэтигэр сылдьыбыт, үлэлээбит оҕолор дьоҥҥо, үөрэххэ, үлэҕэ, олоххо, бэйэ-бэйэҕэ сыһыаннара чыҥха атын буолар. Манна киирэн кинилэр айар-тутар, салайар, атыттары көҕүлүүр дьоҕурдара сайдар.
Үс сыллааҕыта уопсайдарынан күрэхтэһиигэ бастааммыт, холодильник бириистэммиппит. Хаар оҥоһук күрэҕэр эмиэ бастаан турабыт.
– Бэрээдэги кэһии түгэннэрэ баар дуо?
– Баар буолар. Маҥнайгы куурус устудьуоннарын ортотугар маннык түбэлтэ ордук элбэх. Оччоҕуна дьонноругар биллэрэбит, оҕону кытта кэпсэтэбит. Сөптөөх иитэр-өйдөтөр үлэни ыыттахха, оҕоҥ ылынар, көннөрүнэр. Устудьуон үөрэнэр деканатыныын, төрөппүттэриниин ыкса сибээһи тутабыт. Буруйдаах буоллахтарына, мөҕүллэллэрэ да баар. Оҕону кытта аһаҕастык кэпсэтэн, сүбэлээн, үөрэҕи бүтэрэригэр биһиги уопсай үлэһиттэрэ өйөбүлбүт улахан. Үрдүкү кууруска тахсан баран махтанааччылар даҕаны бааллар.
Онон Сэргэлээх уопсайдарыгар Устудьуоннар сэбиэттэрэ биһиэхэ улахан тирэхпит.
Хаартыскалар: Дьоруойдар тус архыыптарыттан