08.10.2024 | 11:10

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан хомунаалынай өҥө биэнньэтиттэн босхолуур сайаапкалары ылаллар

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан хомунаалынай өҥө биэнньэтиттэн босхолуур сайаапкалары ылаллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыттан хомунаалынай өҥө биэнньэтиттэн уонна хапытаалынай өрөмүөн усунуоһуттан босхолуур сайаапкалары ылаллар.

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Георгий Степанов алтынньы 7 күнүгэр брифиҥҥэ эппитинэн, маннык өйөбүлүнэн байыастар сулууспалыыр кэмнэригэр туһаныахтарын сөп. 
«Хомунаалынай өҥө иһин төлөбүргэ иэстээхтэр биэнньэттэн босхолуур туһунан сайабылыанньаны өҥөнөн хааччыйар тэрилтэлэргэ, салайар хампаанньаларга эбэтэр дьиэни бас билээччилэр табаарыстыбаларыгар, региональнай операторга түһэрэллэр, хапытаалынай өрөмүөн усунуоһугар иэс иһин биэнньэттэн босхолонорго – элбэх кыбартыыралаах дьиэ хапытаалынай өрөмүөнүн пуондатыгар», – диэн быһаарар Георгий Степанов.
Вице-премьер иһитиннэрбитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бүгүҥҥү күҥҥэ гаас киллэртэриитигэр материальнай көмө анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 141 дьиэ кэргэнигэр оҥоһуллубут, 448 байыас төрөппүтэ санаторнай-курортнай эмтэниини ааспыт. 342 киһи байыас эмтэнэр сиригэр айанныырга дьонугар материальнай көмө оҥоһуллубут, 270 киһи дьиэтигэр уонна тэйиччиттэн социальнай өҥөнөн туһаммыт. Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа 847 киһи уонна 1542 кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ реабилитацияны ааспыт. 
Дьарыктаах буолуу кииннэригэр 555 сайабылыанньа киирбититтэн 127 киһи анал үөрэххэ ыытыллыбыт, 340 киһи үлэнэн хааччыллыбыт. Ол туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....