Орджоникидзе музей-дьиэтин сөргүтүү түмүктэннэ
Хаҥалас оройуонун киинигэр Покровскай куоракка Григорий Константинович Орджоникидзе 1916-1917 сс. олорбут дьиэтин – федеральнай суолталаах култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэгин – чөлүгэр түһэрии үлэтэ түмүктэннэ.
Эбийиэк бырайыага 2021 сыллаахха улуус дьаһалтатын сакааһынан оҥоһуллан, өрөмүөн үлэтэ ааспыт сыл ыам ыйыттан «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия «История өйдөбүнньүгэ» бырайыагын иитинэн саҕаламмыт. Бэлиэтээн эттэххэ, баартыйа Саха сиригэр култуура нэһилиэстибэтин чөлүгэр түһэриигэ бу бастакы саҕалааһына.
Оттон музей-дьиэ өһүөтүн, сарайын, аанын, түннүгүн о.д.а. саҥардыыга олохтоох нэһилиэнньэ көхтөөх кыттыыны ылла. История кэрэһитин үөрүүлээхтик арыйыыны аны сайын былаанныыллар.
Бэлиэтээн эттэххэ, бу дьиэни 1912 сыллаахха балыыһаҕа анаан туппуттар. Г.В. Ксенофонтов аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр музей сотору манна Григорий Орджоникидзеҕа аналлаах экспозия тэрийэр былааннаах.
Сарсын, алтынньы 16 күнүгэр, манна Хаҥалас улууһун бэтэрээннэригэр экскурсия тэрийиэхтэрэ. Ол туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.