11.10.2024 | 18:00

Ырыа ыллыгынан сулустардыын

Ырыа ыллыгынан сулустардыын
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Өбүгэ олорбут олоҕун устата мунньубут дьоҕура, талаана уһуктан, иитиллэн, сайдан тахсан, киһи ис дьиҥин, ис санаатын үөскэтэр уонна олоҕун уратылаах көстүүтэ буолар.

Дьокуускай куорат Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр үһүс төгүлүн "Ырыа ыллыгынан сулустардыын" диэн дьоро түһүлгэ буолан ааста.

Кэнсиэр режиссёра, "Арыллыы" айар устуудьуйа фольклорга уһуйааччыта хомусчут Георгий Слепцов-Чаҕылҕаны кытта кэпсэттибит.

– Георгий, эн ыраах хоту улууһуттан төрүттээххин билэбин. Хомуһунан оҕо сааскыттан умсугуйар этиҥ дуо?

Оннук, ыраах Өймөкөөн улууһугар Томторго төрөөбүтүм. Ол эрээри оҕо сааһым Дьокуускай куоракка, Сунтаарга ааспыта.

Хомус диэни аан бастаан биэс сааспар көрбүтүм. Уон сааспыттан илиибэр тутаммын күн аайы дьарыктанар буолбутум. Музыкальнай колледж фольклор салаатын бүтэрэммин, быйыл уон биирис сылбын уһуйааччы аатын сүгэбин.

Кэнники үс сылга "Арыллыы" айар устуудьуйаҕа фольклорга салайааччы быһыытынан үлэлиибин. Бу аҕыйах кэм устатыгар тыһыынчаттан тахса киһи хомуска үөрэннэ. Манна дьарыктаммыттар бары хайаан даҕаны сыанаҕа тахсыахтаах дьон диэн буолбатах. Кинилэр хомустарын сиэптэригэр укта сылдьаннар хаһан баҕарар баҕарбыт сирдэригэр олоро түстүлэр даҕаны хомус тардалларыттан астыналларын кэпсииллэрин үөрэ истэбин. Бу буоллаҕа дии хомуска үөрэнэн, киһи ис туругун бэйэтэ сааһыланар таһымҥа тахсыыта.

Хомус кып-кыракый да буоллар киһини оннук умсугутар, эмтиир, өссө арчылыыр даҕаны күүһэ модун.

– Хомуска уһуйбут дьоҥҥунан кимнээҕи ааттыыгыный, Георгий? Киһи эрэ барыта хомуска ылла да тардар кыахтаах дуо?

Хомуска миигин аан бастаан уһуйбут дьоммунан Сунтаарга Туйаара Аркадьевна Алексеева уонна Евдокия Афанасьевна Семенова буолаллар.

Билигин бэйэм уһуйааччы буоларым быһыытынан эттэхпинэ, сахалыы ырыа-тойук, ол иһигэр хомуска тардыы хас биирдии саха киһитигэр хааныгар баар.

Киһи санаатыгар сатаабатын ыраланар буоллаҕына, бу аата киниэхэ айылҕаттан бэриллибитэ тахсыбакка, сайдыбакка сылдьарын бэлиэтэ. Онон ханнык баҕарар киһи халлаантан ылан туохха эрэ үөрэниэн, тугу эрэ гыныан баҕарбат ээ. Бэйэтигэр баара эрэ тахсар.

Элбэх киһи аҥаардас биир «сатаабаппын» диэн тылынан бэйэлэрин сабан кэбиспит буолар. Дьону кытта үгүс сыллаах алтыһыым түмүгэр онно хайдах көмөлөһүөххэ сөбүй диэн санааҕа кэлэммин үлэбин торумнуубун. Ол сабыллыбыт, сайдыбатах дьоҕурдарын анал эрчиллиилэр көмөлөрүнэн таһааран, бэйэлэрин кыһамньыларынан, санааларынан сыалларын ситиһэр кыахтаахтар. Элбэх дьон иннигэр хомустуур таһымҥа кытта тиийэллэр.

– "Ырыа ыллыгынан сулустардыын" ырыа киэһэтин туһунан кэпсии түс эрэ.

Бу бырайыак үһүс төгүлүн ыытылынна уонна быйыл Учуутал күнүгэр ананна. Учуутал, иитээччи идэлээх дьоннорбут ырыаҕа идэтийбит артыыстардыын көрөөччү иннигэр тахсыылара сүрдээх сонун көстүү буолла.

Аны саас маннык кэнсиэри быраас идэлээх дьоннуун оҥорорго былаанныыбыт.

– Ырыаҕа даҕаны, хомуска даҕаны сыһыана суох киһи ыллыыр, хомустуур буолуута, кырдьык даҕаны, улахан үлэттэн тахсан эрдэҕэ?

Биһиги "Арыллыы" устуудьуйабытын төрүттээбит киһибит Байаана бастаан саҕалыырыгар бэйэтэ соҕотоҕун дьону ырыаҕа уһуйар эбит буоллаҕына, билигин араас хайысханан уһуйааччылар элбээн иһэбит. Ол курдук устуудьуйаттан тахсыбыт бастакы үөрэнээччи Елена Евсеева билигин тэҥҥэ үлэлэһэр, ырыаҕа үөрэтэр. Онон Байааналыын Елена уонна Айсара ырыаҕа үөрэтэллэр, оттон үҥкүүгэ быйылгыттан Екатерина Толбонова үлэлээн саҕалаата. Татьяна Попова үлэбитин сүрүннээн биэрээччи маркетолог. Онон, ааппыт да этэрин курдук, устуудьуйаҕа кэлэр киһи бары өттүнэн сайдарыгар «Арыллыы” толору кыахтаах уһуйааччылардаах. Устуудьуйабыт дойду тас өттүгэр, Арассыыйа араас таһымнаах айар түһүлгэлэригэр сахабыт норуотун култууратын көрдөрөр таһымҥа тахсыыта бу улахан хамаанда үлэтэ.

 

Хаартыскалар: Дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....