14.10.2024 | 12:16

Улуу Кыайыы 80 сылынан 110-тан тахса култуурунай тэрээһин былааннанар

Улуу Кыайыы 80 сылынан 110-тан тахса култуурунай тэрээһин былааннанар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Улуу Кыайыы 80 сылын Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар бэлиэтээһиҥҥэ аналлаах уочараттаах мунньах сэрии кыттыылаахтарын аатын сүгэр уулуссаларга, пааматынньыктарга ыытыллыахтаах өрөмүөн хаамыытын о.д.а. үлэ былаанын дьүүллэстэ.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев салайааччылаах 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын бэлиэтээһини тэрийэр кэмитиэт уочараттаах мунньаҕар туһааннаах тэрилтэлэр салайааччылара ыытыллыбыт үлэ сүнньүнэн отчуоттаатылар.
Ол курдук, Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччыта Владимир Аммосов дьоруойдар уонна сэрии кыттыылаахтарын ааттарын сүгэр 29 уулуссаҕа, пааматынньыктарга өрөмүөн, көҕөрдүү үлэтэ ыытыллаары турарын билиһиннэрдэ. Маны сэргэ бэтэрээннэр олорор дьиэлэригэр мемориальнай дуоскалар ыйаныахтара диэтэ.
Куорат кылаабынай архитектора Семен Сергеев Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүнэн киэргэтии концепциятын биир сүрүн тосхолунан 202-с түөлбэҕэ саҥа мурал оҥоһуллуохтааҕын иһитиннэрдэ.
Куорат баһылыгын солбуйааччы – Олохтоох дьаһалта аппараатын салайааччыта Руслан Тимофеев сүрүн тэрээһиннэргэ Кыайыы былааҕын көтөҕүү, пааматынньыктарга сибэкки дьөрбөтүн ууруу, миитин, бэтэрээннэр көрсүһүүлэрэ, кэнсиэртэр, быыстапкалар о.д.а. курдук 110-тан култуурунай тэрээһин былааннанарын иһитиннэрдэ. Үгэс буолбут тэрээһиннэри сэргэ ыччаты дойдумсах буоларга иитэр Оҕо параадын тэрийэр былаан баарын туһунан хаһыаппыт ааспыт нүөмэригэр суруйан турабыт.
Мунньах түмүгүнэн Кыайыы 80 сылын бэлиэтээһини тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, куорат баһылыга Евгений Григорьев ыытыллар үлэлэр болдьохторун уонна хаачыстыбаларын кытаанах хотуруолга тутарга соруйда, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...