11.10.2024 | 10:00

Кинини саха быһаҕа быыһаабыта

Кинини саха быһаҕа быыһаабыта
Ааптар: Наталья КЫЧКИНА
Бөлөххө киир

Кинилэр – биһиги дьоруойдарбыт, кинилэр – өлөллөрүн кэрэйбэккэ эйэлээх олох туһугар охсуһаллар, бааһырбыт доҕотторун өстөөх уотун аннынан быыһыыллар, бука бары быраат, убай диэн ыҥырсаллар.

Бу анал байыаннай дьайыы бүттэҕинэ, элбэх кэпсэниэ, элбэх кистэлэҥ арыллыа, ким эрэ ол саҕана кимиэхэ да эппэтэх санаатын дьэ этиэ турдаҕа. Сорох ардыгар киһи дьиибэргиир, итэҕэйиэ да суох түгэннэрин кэпсииллэрин, суруйалларын  сөҕө истэҕин.

Мин бүгүн кэпсиир байыаһым олоҕун саха быһаҕа быыһаабытын туһунан сэһэргээбитин ааҕааччыларбар кэпсиэм.

 

– Үтүө күнүнэн, эйигин ким диэн ааттыыбыный, позывнойгунан дуо? Анал байыаннай дьайыыга хантан ыҥырыллан барбыккыный?

– Мин Дьокуускай куораттан барбытым. Позывнойум “Америка” диэн. Тоҕо диэтэххэ ол кэмҥэ ыҥырыллыбыт уолаттар оруобуна Марвел киинэлэрин көрө олорбуппут. Бэйэ-бэйэбитин хаадьыласпыппыт, онно миигин “Хапытаан Америка” диэн ааттаабыттара. Ол аатым хайдах эрэ иҥэн хаалбыта уонна кылгатыллан “Америка” буолан, билигин позывнойум.

– СВО-ҕа ыҥырыллан барбытыҥ дуу, эбэтэр...?

– Мин мобилизацияҕа түбэспитим. Аармыйаҕа сулууспалаабыт, дойдубун көмүскүүргэ бирисээгэ биэрбит буоламмын ыҥырааттарын кытта тута военкомакка тиийбитим.

– Дьиэ кэргэниҥ, бука, аймана, уолуйа түстэҕэ буолуо. Эн быһаарыныыгын дьонуҥ туох диэтилэр? Анал байыаннай дьайыыга барыаҥ иннинэ тугунан дьарыктаммыккыный?

– Дьиэбэр миигин эмиэ атыттары курдук чугас дьонум күүтэллэр, мин туспар санаарҕыыллар, долгуйаллар. Ийэм, биллэн турар, ыытыан баҕарбатаҕа, онтон, бу мин дойдубун көмүскүүр ытык иэһим буоларын өйдөөн, туорайдаспатаҕа.

СВО-ҕа барыам иннинэ хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктаммытым, Крытай ырыынакка үлэлиир, хаартысканан дьарыктанар устуудьуйалаах этим.

– Анараа тиийэн баран туохха бэлэмэ суохпун дии санаабыккыный?

– Атыттар курдук, элбэххэ бэлэмэ суохпун эбит этэ. Аармыйаҕа сулууспалаабытым да ырааттаҕа дии. Онно биһигини маннык сэриигэ бэлэмнээбэтэхтэрэ, оччолорго дрон эҥин диэн суох этэ буоллаҕа. Оттон билиҥҥи байыаннай дьайыы чыҥха атын, бу – роботтар сэриилэрэ дии саныыбын.

– Куттал син биир баар буоллаҕа. Ону хайдах туоратыахха  нааданый?

– Куттал диэн, дьэ, кырдьык баара. Бастакы кэмҥэ ону утары охсуһар олус ыарахан этэ. Этэргэ дылы, “харах куттанар, оттон илииҥ оҥорор”. Саамай кылаабынайа, сутуруккун ыга тутан баран харса суох инниҥ диэки барыы, оччоҕуна куттал хайдах эрэ халбарыйбыкка дылы буолар. Ол да буоллар хаһан баҕарар, ханнык да түгэҥҥэ ыһыктынан биэрэр сатаммат, куттал син биир олоччу сүтэн хаалбат, сорох ардыгар кыратык көмөлөһөр да диэххэ сөп, кэм сэрэнэн, сэрэхэдийэн сылдьар буоллаҕыҥ дии.

– Манна да буоллун, киэҥ өрөспүүбүлүкэбит араас куораттарыгар, нэһилиэктэригэр гуманитарнай көмө бөҕөтүн актыыбынайдык оҥороллор. Наскы, үтүлүк, саппыкы... Бу барыта, эн санааҕар, наада дуо?

– Гуманитарка биһиэхэ хаста да көмөлөһөн турар, холобура, наскы куруук наада, ону сууйар да бириэмэҥ суох буоллаҕа. Передовойга сылдьан эргэни быраҕаттаан кэбиһэн баран саҥаны кэтэҕин, эрэһиинэ саппыкы олус наада. Луганскай уобаласка, холобура, хаар хойут түһэр, анараа ахсынньыга олус инчэҕэй уонна бадарааннаах буолар. Онон ити ыытар гуманитаркалара чахчы наадалаах уонна көмөлөөх.

– Анараа барар уолаттарга туох сүбэни биэриэҥ этэй?

– Мин сүбэм боростуой: бойобуой доҕотторгутун кытта куруук тутуһа сылдьыҥ уонна дьиэҕитигэр-уоккутугар тыыннаах төннүҥ.

– Олохтоохтору кытта уопсай тылы булар этигит дуу?

– Бу диэн киһи биир тылынан эппэт. Сорох сирдэргэ олус эйэлээхтик, үөрэ-көтө көрсөллөр, амарах сыһыаннаахтар. Онтон ханна эрэ кинилэр дьиэлэрэ-уоттара суох хаалбытыгар биһигини буруйдууллар.

– Тугунан да дьарыктаныахтарын билбэт, ускул-тэскил сылдьар ыччакка тиийэн, санныттан сахсыйа түһэн баран: “Олор, үөр, тулаҕын сыаналаа” диэххин баҕараҕын дуо?

– Олус диэн баҕарабын бөҕө. Тулаҕын эрэ буолбакка, олоҕу сыаналаа диэм этэ.

–  Билигин бааһыран Москваҕа госпитальга сытаҕын. Бааһырыыҥ уонна саха быһаҕа хайдах быыһаабытын туһунан кэпсиэҥ дуо?

– Бааһырыыбын бойобуой сорудахха сылдьан ылбытым. Онно позицияҕа 5 эрэ буолан хаалбыппыт, ол иһигэр ротабыт хамандыыра баара. Кини сорудахха куруутун биһигини кытта сылдьыһар.

Хараҥаран барда уонна уу чуумпу буолла. Эмискэ өстөөх баар өттүттэн таҥка хаста да ытыалаата, онтон биирэ мин сытар позициям кытыытыгар олох күүппэтэх өттүбүттэн соһуччу кэлэн түстэ. Олус күүстээх охсууну биллим, биир атаҕым тута тугу да билбэт буолан хаалла, олох атаҕа суох хааллым дии санаатым. Онтон арай атаҕым бүтүн эбит, тыынарым олох ыараан хаалла, онон бронежилеппын ылан бырахтым. Броникпын устан баран көрбүтүм, снаряд үлтүркэйэ уҥа өттүбүнэн бронежилет быыһынан киирбит этэ, онно ойоҕоһум тостубутун биллим. Ол күн мин сахам быһаҕын тоҕо эрэ уҥа өттүбэр иилиммитим, дьиҥинэн куруук хаҥас өттүбэр иилинээччибин. Онуоха дьэ соһуйдум, арай уҥа өттүбэр быһаҕым суоҕа эбитэ буоллар, снаряд үлтүркэйэ биир эрэ буолуо суох эбит. Ол түмүгэр биир үлтүркэй быһаҕым тимириттэн иҥнибит, онуоха быһаҕым биитэ хайдан баран ол үлтүркэйи салгыы миэхэ киллэрбэтэх. Ону таһынан быһаҕым уга алдьаммыт уонна сараапайдаммыт этэ. Онон, үһүс үлтүркэйи аны быһаҕым уга тохтоппут быһыылаах.

Хомойуох иһин, миигин суһаллык эвакуациялаабыттара, ону таһынан түүн, хараҥа этэ, онон бронежилетым кааскабын уонна быһахпын кытта позицияҕа хаалбыттара. Онон абарабын эрэ, билигин харысхал, экспонат курдук олоҕум тухары илдьэ сылдьыам эбитэ буолуо. Быһаҕым миигин хас да кутталлаах снаряд үлтүркэйэ кэлэн түһүөхтээҕин тутан, чахчы олохпун быыһаабыт эбит. Оттон бары кэлэн түспүттэрэ буоллар, дьиэбэр тыыннаах төннөрүм саарбах этэ, ол эрэн сахам быһаҕа баар буолан бу эһигини кытта кэпсэтэ сыттаҕым.

– Эмтэнэн, үтүөрэн баран СВО балаһатыгар төннүөм этэ диэн санаа баар дуу?

– «Суох» диэхпинээҕэр, «барыам этэ» диибин. Онно мин бойобуой уолаттарым, доҕотторум, өлөллөрүн кэрэйбэккэ, ытыалаһыы, артиллерия уһуурар уотун, ону тэҥэ өстөөх дроннарын быыһыттан суукка курдук соһон-сыһан миигин таһаардахтара дии. Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпин...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Сонуннар | 23.10.2024 | 17:38
Дьиэ кыылларын көрүү-харайыы быраабылата булгуччу тутуһуллуохтаах
Олохтоох дьаһалта Территориялары кытта үлэҕэ департамена иһитиннэрэринэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветеринарияҕа управлениетын кытта дьиэ кыыллара бэйдиэ сылдьалларын бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэр тиһигин быспакка ыытыллаллар. Ол курдук, ааспыт нэдиэлэҕэ куорат Автодорожнай, Строительнай, Сайсары, Октябрьскай, Гагаринскай уокуруктарынан уонна Марха, Маҕан, Хатас, Тулагы нэһилиэктэринэн ыытыллыбыт эриэйдэ түмүгүнэн боротокуоллар толоруллубуттар, нэһилиэнньэни кытта өйдөтөр, быһаарар, сэрэтэр үлэ ыытыллыбыт....