18.10.2024 | 10:00

Куорат оҕолоро — тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр бастыҥнар

Куорат оҕолоро —  тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр бастыҥнар
Ааптар: Алина ЗАХАРОВА
Бөлөххө киир

Киин куорат оскуолаларын үөрэнээччилэрэ үөрэххэ, наукаҕа эрэ буолбакка, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр сүҥкэн билиилэрин-көрүүлэрин алтынньы 9 - 12 күннэригэр Москва куоракка буолан ааспыт XXVI-с Бүтүн Арассыыйатааҕы «Көмүс күһүн-2024» быыстапкаҕа ситиһиилэрэ туоһулуур.

Ол курдук, П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас уонна П.И. Кочнев аатынан Тулагы-Киллэм нэһилиэгин агрооскуолалара быйылгы быыстапкаҕа 9 көрүҥ бородууксуйаны илдьэн, тохсуоннарыгар мэтээллээх кэллилэр! Чуолаан Тулагы агрооскуолата «Индейка этиттэн тушенка» уонна «Арыылаах собо» кэнсиэрбэлэригэр кыһыл көмүс мэтээллэри, «Индейкаттан ветчина» кэнсиэрбэтигэр үрүҥ көмүс уонна «Бройлер-чоппууска этиттэн тушенка» бородууксуйатыгар боруонса мэтээли ылары ситистэ. Оттон Хатас эдэр аграрийдара биэс бородууксуйаны илдьэн, эмиэ бэһиэннэригэр мэтээллээхтэр: «Cобо миинэ», «Морс концентрата», «Тигээйи пыльцалаах кучу чэй», «Итии утахха отонтон уонна эриэхэттэн эбилик» бакыаттаах бородууксуйаларгар барытыгар кыһыл көмүс мэтээл, «Ынах иһиттэн миин» бородууксуйаларыгар боруонса мэтээл.

Ити курдук, куорат усулуобуйатыгар олорор, үөрэнэр оҕолор кэлиҥҥи сылларга тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга олохтоохтук ылсан эрэллэр. Онуоха «Үөрэхтээһин» нацбырайыагынан «Агрокуб» научнай-үөрэтэр лабораториялар о.д.а. арыллан, оҕолор оскуола эрдэхтэн науканан, бырайыактыыр үлэнэн ылсан дьарыктаналларыгар, тыа хаһаайыстыбатын араас эйгэтигэр туттуллар аныгы технологиялары билсэр кыаҕы биэрэр оборудованиенан хааччыллыылара, биллэн турар, биир быһаарар оруоллаах.

 

«Көмүс күһүн-2024» Арассыыйа таһымнаах быыстапкаҕа Хатас оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Павел Марков отонтон муорус оҥорор концентраты, Любовь Окорокова итии утахха отонтон уонна эриэхэттэн эбиликтэри оҥоруу технологияларын билиһиннэрбиттэрин, 8-с кылаас үөрэнээччилэрэ Милада Николаева уонна Айаал Прокопьев ынах иһиттэн миини оҥоруу кистэлэҥнэрин кэпсээбиттэрин истибит эрэ сэргээбит.

Бэлиэтээн эттэххэ, Хатас оскуолатын үөрэнээччилэрэ оҥорор бакыаттаах чэйдэрэ, собо мииннэрэ Дьокуускай куоракка эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ кытта киэҥник биһирэнэр, маҕаһыыннарга атыыга хамаҕатык барар.

Бүгүн биһиэхэ, «Киин куорат» хаһыат «Үөрэхтээһин» рубрикатыгар, П.И. Кочнев аатынан Тулагы агро-хайысхалаах орто оскуолата ыалдьыттыыр.

Саргылана Гуляева, П.И. Кочнев аатынан Тулагы оскуолатын дириэктэрин солбуйааччы:

«Көмүс күһүн» быыстапкаҕа урукку сылларга биһиги оскуолабыт халбаһы, ветчина, снек курдук бородууксуйаларынан эмиэ ситиһиилээхтик кыттан турар. Быйыл бройлер-чоппууска уонна индейка этиттэн кэнсиэрбэлэри илдьэн көрдөрдүбүт. Сонун бородууксуйабытынан арыылаах собо кэнсиэрбэтэ буолла. Бородууксуйаларбыт бары дойду таһымыгар билиниллэн, мэтээллээх кэлбиттэринэн оскуола кэлэктиибэ бүттүүн киэн туттабыт. Оттон оҥорон таһаарар бородууксуйабытын Москва курдук сиргэ тиийэн көрдөрбүт, кэпсээбит, чиэстээхтик көмүскээбит оҕолорбутугар Аэлита Гаврильеваҕа (8 «б» кылаас), Ангелина Родионоваҕа (9 «а» кылаас), Мария Донцоваҕа (11 «а» кылаас), Матвей Сысолятиҥҥа (9 «в» кылаас) уонна Марк Гуляевка (9 «а» кылаас) махтанабыт.

Быыстапка чэрчитинэн оҕолорбут Арассыыйа Судаарыстыбаннай дууматын аграрнай боппуруостарга кэмитиэтин форумугар үҥкүүнэн кытыннылар, таарыйа дьокутааттар «Агропромышленнай комплекска ыччаты дьарыктаах оҥорууну сокуонунан хааччыйыы» тиэмэҕэ дьүүллэһиилэрин иһиттилэр.

Оҕолор маны сэргэ Арассыыйа Уопсастыбаннай палаататыгар «Оскуола аһылыгын төрөппүт хонтуруола: регионнар уопуттара» «төгүрүк остуолга» кытыннылар.

Биир умнуллубат түгэнинэн Москваҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэстэбиитэлистибэтигэр бу иннинэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнинэн үлэлээбит, билигин Федерация Сэбиэтин аграрнай-ас-үөл политикатыгар уонна айылҕаны туһаныыга кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Е.А. Борисовы кытта көрсүһүү буолла. Бу көрсүһүүгэ биһиги оскуолабыт 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Мария Донцова Тулагы оскуолатын баазатыгар индюгу хайдах иитэллэрин туһунан кэпсээтэ.

Биир үтүө түгэнинэн Арассыыйатааҕы Норуоттар доҕордоһууларын университетын (РУДН) аграрнай-технологическай факультетын устудьуоннарын уонна преподавателлэрин кытта көрсүһүү буолла. Устудьуоннар биһиги оҕолорбут бырайыактара үрдүк таһымнааҕыттан сөхпүттэрин кистээбэккэ эппиттэр.

Аэлита Гаврильева, П.И. Кочнев аатынан Тулагы агрооскуолатын 8-с «а» кылааһын үөрэнээччитэ:

– Биһиги «Көмүс күһүн-2024» быыстапкаттан 4 мэтээллээх төннөн кэллибит. Саамай өйдөөн хаалбытым диэн РУДН-ҥа сылдьыбыппытын. Онно барыта интэриэһинэй этэ. Устудьуоннар үөрэнэр сирдэрин усулуобуйата табыгастаах эбит. Биһиги кинилэргэ научнай үлэбитин аахтыбыт, үҥкүүлээтибит. Бу быыстапкаҕа баран кэлэрбитигэр күүс-көмө буолбут дьоммутугар, оскуолабытыгар махтанабыт.

Ангелина Родионова, П.И. Кочнев аатынан Тулагы агрооскуолатын 9-с «а» кылааһын үөрэнээччитэ:

– Тулагы агрооскуолатын үөрэнээччилэрэ алтынньы 6 - 12 күннэригэр Москва куоракка «Көмүс күһүн» агропромышленнай быыстапкаҕа кыттан кэллибит.

Москваҕа биһиги Арассыыйа Судаарыстыбаннай дууматыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр, МГУ, РУДН университеттарга о.д.а. сырыттыбыт. Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ дьиэтигэр Егор Афанасьевич Борисовы кытта көрүстүбүт. РУДНҥа уонна МГУга биһиги бырайыактарбытын аахпыппыт.

Бу быыстапкаҕа Саха сирин дэлэгээссийэтэ барыта сахалыы таҥастаах сылдьыбыта көрөргө астык этэ.

Мин сөмөлүөккэ аан бастаан көтөн, Москваны аан бастаан көрөн, элбэх арааһынай сиргэ уонна дьаһалга сылдьыбыппынан ийэлээх аҕабар, оскуолабар, учууталларбар махтанабын.

Марк Гуляев, И.П. Кочнев аатынан Тулагы орто оскуолатын 9-с «а» кылааһын үөрэнээччитэ:

– Москва куоракка буолбут «Көмүс күһүн-2024» быыстапкаҕа кыттыы миэхэ үчүгэй эрэ өйдөбүллэри хаалларда. Быыстапкаҕа хас биирдии регион араас элбэх бородууксуйаны аҕалбыт: оҕуруот аһа, фрукта, эт ас о.д.а. Кыттааччылар уонна ыалдьыттар бары эйэҕэстэр, мин дегустацияҕа ас арааһын амсайан көрдүм уонна саҥа технологиялары билистим.

Ону таһынан Москва куорат устун экскурсияҕа, МГУ-га, РУДН-ҥа сырыттыбыт. Университеттар архитектуралара олус кыраһыабайын бэлиэтии көрдүм.

Москваҕа умнуллубат үчүгэй күннэр аастылар, эһиилги «Көмүс күһүн» быыстапкаҕа эмиэ кыттыахпын баҕарабын.

 

«Көмүс күһүн-2024» үгэс буолбут быыстапкаттан Саха сирин аграрийдара 55 кыһыл, 9 үрүҥ көмүс уонна 5 боруонса мэтээли ылан, хайа да сыллардааҕар үрдүк көрдөрүүнү ситистилэр. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ агрооскуолалара 28 кыһыл, 3 үрүҥ көмүс уонна 4 боруонса мэтээллээх кэллилэр.

 

Хаартыскалар: П.И. Кочнев аатынан Тулагы агрооскуолатын медиа-киинэ тиксэрдэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...