Сэрии кэмин таптала ымыы чыычаах көмүс хараҕын уутугар
Дьокуускай куоракка Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдарыгар Саха сирин норуодунай суруйааччыта Владимир Федоров “Ымыы чыычаах көмүс хараҕын уута” диэн сэһэнинэн режиссер Сергей Потапов туруоруутугар испэктээк премьерата алтынньы 11-19 күннэригэр буола турар.
Хас биирдии тыйаатыр бэйэтэ туспа көрөөччүлээх, сэҥээрээччилээх. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдарыгар кэлэр киһи эмиэ туспа өйдөбүллээх, ирдэбиллээх. Онуоха айар бөлөх барыта көрөөччү «сүрэҕин сүүйэр» халыыбы тутуһарга кыһаллар. Ол эрээри, арааһа, бу үлэ «сүрүн дьоруойунан» туруорааччы режиссер буолуон сөп. Ханнык, хайдах сыанаҕа туруорарыттан көрөн, сөптөөх ааптары булан, ол тиэкиһи дыраамаҕа кубулутан, тылбаастатан, дьоруойдарын наардаан, айымньы сценаҕа тахсара, этэргэ дылы, кини «төбөтүн ыарыыта». Ити курдук режиссер айымньытын чопчу тыйаатыр сценатыгар аныыр, артыыстар күүстээх өрүттэрин арыйар туһугар өйү икки сүрэҕи мөккүһүннэрэрэ саарбаҕа суох.
«Ымыы чыычаах көмүс хараҕын уута» испэктээк – Сергей Потапов Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдарыгар номнуо үһүс туруоруута. Бу иннинэ Сиэн Өкөр пьесатынан “Һуума” уонна Рюноске Акутагава айымньытынан “Иһирик ойуурга” испэктээктэрэ көрөөччү да сэҥээриитин ылбыттара, Арассыыйа араас театральнай күрэхтэрин кыайыылаахтара, Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сата” бэстибээл лауреаттара да буолбуттара.
Саҥа да туруорууга көрөөччү үрдүк сыанабылын ылыан ылар күүстээх режиссер, чопчу бу тыйаатыр тус уратытыгар олоҕуран, эдэр артыыстар кыахтарын толору арыйарга, күүстээх өрүттэрин көрдөрөн, кыайбат өрүттэрин кистээн, артыыстар кырыыламмыт алмаас курдук чочуллан тахсалларыгар бары сатабылын уурбута көстөр.
Саҥа тахсар испэктээк иннинэ Сергей Потапов тыйаатыр уратытын, артыыстар туһунан санаатын үллэһиннэ:
– Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдара, аата да этэрин курдук, хотугулуу тэтимнээх, драматургияны пластиканан хамсанан көрдөрөр ураты тыыннаах, кыахтаах даҕаны. Маннык тыйаатыр аан дойдуга соҕотох. Мин бу тыйаатырга бастаан Сиэн Өкөр “Һуума”диэн драматынан туруортум, ол кэннэ 2023 сыллаахха дьоппуон суруйааччыта Рюноске Акутагава “Иһирик ойуурга” диэн айымньыта турбута. Онон бу үһүс үлэм көрөөччү дьүүлүгэр тахсаары турар.
Ханнык баҕарар айымньыга буола турар быһыыны-майгыны уларытар ыарахана суох дии саныыбын. Ол худуоһунньуктан, кини бэйэтин көрүүтүттэн тутулуктаах. Ол курдук, «Ымыы чыычаах көмүс хараҕын уута» айымньыга көтөҕүллэр тиэмэ Саха сиригэр эрэ сыһыана суох. Африкаҕа да маннык тус уратылаах испэктээги туруоруохха сөп. Оннооҕор Чеховы чуум иһигэр аҕалан олордуохха син.
Оттон Хотугу норуоттар тыйаатырдара атын ханнык баҕарар тиэмэҕэ үлэлэһиэн сөп. Арҕааҥҥы да пьесалары туруоруохха сөп. Онуоха, тыйаатыр кыаҕын өйдөөн, күүһү таһынан оҥорумуохха эрэ наада. Артыыстарбыт үксүлэрэ анал үөрэхтэрэ суох. Онон сорох өттүн кистиир эмиэ табыгастаах. Оттон, биллэн турар, чуолаан бу тыйаатыр күүһэ, уратыта – хамсаныыга, тэтимҥэ.
Артыыстар бары эдэр буолан, дьону бэйэлэригэр тардаллар, умсугуталлар, ол эрээри син биир артыыс быһыытынан таһымнарын үрдэтэргэ үлэ барыан наада. Билиҥҥи көрөөччү атын, кини кыраҕы харахтаах, ирдэбиллээх – артыыс маастарыстыбата тиийбэт түгэннэрин өйдөөн көрөр. Дьэ ону кыратык кистээн, күүстээх өрүтүн арыйарга элбэх үлэ барар. Бу испэктээк ыарахана диэн, кини сэһэҥҥэ олоҕурар, сэһэнтэн драма оҥорон таһаарар олус уустук. Ол иһин драматургиятыгар туһаайан эттэххэ, онно итэҕэс-быһаҕас баара биллэр, тосту-туора да туорааһыннар суох буолбатахтар. Тиэкиһэ тиийбэт, диалог кэмчи. Тоҕо диэтэххэ манна барыта ааптар тылынан барар. Нууччаттан сахалыыга тылбааһын Саха тыйаатырын артыыһа Кирилл Семенов оҥорбута. Кини пьесаҕа төрүт суох монологтары бэйэтэ толкуйдаан, дьоруойдар ааттарыттан бэйэтин билиититтэн эбэн, сүҥкэн үлэни оҥорбута. Онон, этэргэ дылы, дьоруойдарбыт монолог баар буолан арылыннылар.
Сергей Потапов бэйэтин космополитынан ааҕынар. Чопчу бу эрэ тиэмэни тутуһабын диэн буолбакка, ханнык баҕарар сыанаҕа тиийэн, тугу этэллэрин туруоруон сөбүн этэр. Онуоха кинини туруорар тиэмэтэ, устуоруйата эрэ умсугутуон наада. «Айар талааҥҥа ханнык да хааччах суох, айар үлэҕэ аан дойду дьоно бары көҥүлбүт»,– диэн Сергей Потапов кэпсээнин түмүктээтэ.
Испэктээк кэнниттэн сүрүн оруолларга саҥа сүрэхтэммит артыыстары – Уйгу Семеновы уонна Кэскилээнэ Тупринаны – көрсөн, кылгастык санааларын этэллэригэр көрдөстүбүт. Кинилэр бу тыйаатырга маҥнайгы улахан оруоллара буолан, икки бүк эппиэтинэһи сүгэн, уобарастарын арыйар туһугар итэҕэтиилээхтик оонньууллар.
2024 сыллаахха РФ култуураҕа министиэристибэтин бирикээһинэн Арассыыйа бастыҥ тыйаатырдарын өйүүр сыаллаах театральнай тэрилтэлэр айар бырайыактарыгар Грант олохтоммута. Күрэххэ уопсайа 400 сайаапка киирбититтэн, «Ымыы чыычаах көмүс хараҕын уута» испэктээк 15 бастыҥнар ортолоругар бэлиэтэммитэ. Онон СӨ Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдара бу испэктээги Арассыыйа Гранын өйөбүлүнэн туруорда.
Айдас оруолун толорбут Уйгу Семенов:
– Мин М.С Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай институту бүтэрэн баран, Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар тыйаатырдарыгар ананан үлэбин саҕалаабытым. Сергей Потапов туруорбут испэктээгэр үҥкүү уонна пластика нөҥүө элбэх дьайыы көстөр. Тылынан уонна артыыстааһын көмөтүнэн тириэрдибэтэхпитин үҥкүүнэн ситэрэн биэрэбит. Биллиилээх режиссеры кытта бастакы үлэм, кини курдук улахан киһилиин бииргэ үлэлээн элбэххэ үөрэннибит. Өссө да үлэлиэхпит диэн эрэнэбит уонна биһиги тыйаатырбытыгар инникитин да айа-тута кэлиэ диэн күүтэбит.
“Ымыы чыычаах көмүс хараҕын уута” испэктээккэ дьиҥнээх таптал туһугар охсуһуу, ол туһуттан дьон туохха тиийэрэ көстөр. Нууччалыы эттэххэ, “самопожертвование” туһунан. Элбэҕи кэпсээбэппин, көрөөччү бэйэтэ кэлэн сыаналыа дии саныыбын.
Дая оруолун оонньообут Кэскилээнэ Туприна:
– Бу тыйаатырга бииргэ үөрэнэр оҕолорум үлэлииллэр этэ. Ону мин ымсыыра истэрим, манна үлэлиэхпин баҕарарым. Ол баҕа санаабын толороору, кастинг биллэриллибитигэр кэлбитим уонна, үөрүөм иһин, миигин ылбыттара. Биһиги тыйаатырбытыгар бары биир дьиэ кэргэн оҕолорун курдукпут, бэйэбитигэр олус истиҥ сыһыаннаахпыт.
“Ымыы чыычаах көмүс хараҕын уута” испэктээк – ураты туруоруу. Манна элбэх тыл-өс суох, барыта үҥкүү, хамсаныы нөҥүө көстөр. Мин санаабар, кылгас кэм иһигэр үчүгэй испэктээк турда. Режиссер миэхэ сүрүн оруолу итэҕэйэн, сүрдээх улахан эппиэтинэһи сүктүм. Санаабар, арылынным. Өссө даҕаны итэҕэстэр бааллар, ону көннөрүнэн, чочуллан, сайдан иһиэхпит диэн эрэллээхпин.
Биллэн турар, маннык улахан режиссёрдуун үлэлиир олус эппиэтинэстээх уонна долгутуулаах. Биир өттүнэн, уопуттаах, талааннаах дьиҥнээх маастары кытта үлэлиир ураты интэриэһинэй, чэпчэки даҕаны курдук.
Ити курдук, өссө биир саҥа испэктээк сүрэхтэннэ. Көрөөччү биһирээтэ. Сергей Потапов эмиэ биир туспа суоллаах, ураты көрүүлээх үлэтэ таҕыста.
Хаартыскалар: Торохов Святослав