Тапталга уйдаран
«Коркинныы олоруохха, Коркинныы айыахха» уон күннээх быыстапка «Строительнай» ырыынакка туруоруллан үлэлээтэ. Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо сылларыгар анаммыт көрдөрүүлэр болҕомтону ыллылар.
Балаҕан ыйын 15 күнүгэр 1976 с. Монреаллааҕы Олимпийскай оонньуулар көҥүл тустууга үрүҥ көмүс призера Александр Николаевич Иванов олоҕун аргыһа Варвара Афанасьевналыын уонна көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөннэрэ оҕолордоох Степан Степанович, Варвара Иосифовна спорду сэҥээрээччилэри кытта бэрт интэриэһинэй көрсүһүүлэрэ буолла. Кэргэнниилэр 54-түү сыл бииргэ олорбуттар. Сахабыт сирин Бэрэсидьиэнин Дьаһалынан 50 сыл бииргэ олорбут ыаллары чиэстээн-бочуоттаан тахса турар сэттэ “Кыһыл көмүс ыаллар” кинигэҕэ киллэриллибиттэр. Быыстапканы көҕүлээн, сыллата тэрийэн ыытар Татьяна Афанасьевна Гоголева истиҥ-иһирэх ис хоһоонноох кэпсэтиини салайда.
«Мин кыһыл көмүс олимпийскай мэтээлим»
Александр Николаевич Иванов холоонноох доҕоро Варвара Афанасьевна олоҕун былаһын тухары кэргэнин аттыгар дьиэһит быһыытынан үлэлээн, сүүмэрдэммит хамаандаҕа быраастаан кэлбит. Дьиэ кэргэн “Оҕолору спорка такайыы” наҕараадалаах. Кэргэнниилэр 14 сыл Казахстан киин куоратыгар Алма-Атаҕа олорбут кэмнэрин олус күндүтүк саныыллар.
Варя Чурапчы оскуола-интэринээтигэр үрдүкү кылаастарга Сашалыын бииргэ үөрэммиттэриттэн саҕалаата. Көрсөөт, харахтарынан хайҕаспыттара тапталга кубулуйбут. Александр оскуоланы бүтэрэн, Казахстан хамаандатыгар киллэриллэн, Сойуус куораттарынан тахсыылаахтык тустуталыыр сылларыгар, үс сыл суруйсубуттар. 1972 сыллаахха Варя аҕата күһэйэн, дойдуларыгар Сылаҥҥа сыбаайба тэрийбиттэр. Дэриэбинэ илин эҥээрин ыаллара түмсүбүттэр, бары саба түһэн, бастакы улахан сыбаайбаны оҥорбуттар. Аҕаларын табаарыһа, сэрии бэтэрээнэ Макаров Алексей Трофимович биир куул хортуоппуйу уонна сибиинньэ аҥаарын аҕалбыт. Саша ийэлээх аҕата Мииринэйтэн арыый эрдэ кэлбиттэригэр, “Сашам, арааһа, кэлэр быһыылаах”, – диэн долгуйа сылдьар Варя бэйэтин уоскутуммут. Сашата Тбилиситээҕи турниртан кыл мүччү тиийэн кэлэн, үөрүүнү үрдэппит. Саахсаланаары, сыарҕалаах атынан сэбиэккэ тиийбиттэрэ, сейфэ күлүүһэ сүтэн, “Кимиэхэ да этимээриҥ”, – дэһэн сыбаайбалаабыттар. Ол күлүүстэрэ нэдиэлэ буолан баран, дьэ, көстүбүт. Сэбиэт бэчээтэ сүтэн, милииссийэлэнэ сыспыттар. Онуоха: “Хата, оҕолорбут дьоллоох дьон буолууһулар!” – диэн төлкөлөөбүттэр.
Алма-Атаҕа маҥнайгы сылларыгар оһоҕунан оттуллар дьиэҕэ, оннук-маннык далбарга, талымаска наадыйбакка, судургутук олорбуттар. Варя медицинэҕэ үөрэнэр, Саша дойду сүүмэрдэммит хамаандатын бөҕөһүн быһыытынан эрчиллэр-дьарыктанар. Эдэр дьон үлэ, дьарык түбүгэр түспүттэр. Өйөтөр, сүбэлэтэр чугас аймах-уруу суох, барытын бэйэлэрэ быһаараллар. Онтон иккис сылларыгар 20-21 саастаах эдэр ыалга икки хостоох кыбартыыра биэрбиттэр. Судаарыстыба толору хааччыйыытыгар иитиллибит буоланнар, ыарахаттары көрсүбүттэр. Холобур, ас астыырга доҕотторугар ыалдьыттыыр кэмнэригэр Варя дьүөгэлэриттэн көрөн үөрэммит. Олоххо үөрүйэх сыыйа кэлэн испит.
Саша Монреальга Олимпиадаҕа барарын атаараары, билиэт суоҕун үрдүнэн, анньыһан, Варята дьүөгэтин пааспарынан кыл мүччү көтөн, Москваҕа тиийбит. Белорусскай вокзалга көрсүбүттэр. Тустуук Иван Ярыгин, штангист Василий Алексеев уо.д.а. аарыма олимпиецтар, ыйааһын дэлби түһэриммит Сашатыгар аҕалбыт иҥэмтэлээх малина эҥин курдук утахтарын, оҕуруотун астарын көрүөх бэтэрээ өттүгэр мэлиппиттэр. Сашатыгар тиэрдибэтэхтэр даҕаны. Олимпийскай дэриэбинэҕэ Роман хоһугар түспүттэр. Сарсыарда 5 чааска Сойуус хамаандатын Монреальга атаарбыттар. “Дьэ, мүччүргэннээх түгэннэр эрээри, дьоллоохтук быһаарыллан испиттэрэ”, – диэн Варвара Афанасьевна үөрэ-көтө кэпсиир.
Оҕолоро күннэрин спортзалга атааран, спордунан дьарыктана улааппыттар. Улахан уол Афанасий – тустууга спорт маастара, кыыстара Альбина уус-уран гимнастикаҕа маастарга хандьыдаатынан буолары ситиспиттэрэ. Варвара Афанасьевна сүүмэрдэммит хамаандаҕа быраастаан, күрэхтэһиилэр этэҥҥэ ыытыллыыларын хааччыйара, спортсменнар туруктарын кэтээн көрөрө.
Алма-Ата олоҕун-дьаһаҕын сөбүлээбиттэр, ылыммыттар. Ол гынан баран дойду ахтылҕана үүйэ-хаайа тутара ханна барыай. 1984 с. уһун ыарыыттан Бөтүрүөбүс барбытын кэннэ, доҕотторо Романнаах ыҥыраннар, дойдуларыгар кэлэргэ быһаарыммыттар. Дьокуускайга икки хостоох кыбартыыралара эмиэ кэтэһэрэ. Сылаас күннээх-дьыллаах Казахстантан кыһын кэлбиттэр. Таҥастара чарааһа, талоннай систиэмэ баара, бастаан утаа ыарахаттары көрсүбүттэр эрээри, кылгас кэм иһинэн барыта орун-оннугар түспүт. Ивановтар билигин үс оҕолоро үһүөн юристар, тоҕус сиэннээхтэр, биир хос сиэннээхтэр.
Александр Николаевич биэс оскуолаҕа, ол иһигэр дойдутугар Туой-Хайаҕа, “Новай” сопхуоска Мииринэйгэ, Таас Үрэххэ, Сунтаарга, Чурапчыга үөрэммит. Онон, син элбэх кыыһы көрбүтүттэн кэпсээнин саҕалаабытыгар сэргэхсийии буолла. Варяны көрөөт, хараҕа хатаммыт. “Элбэх кыыстан саамай үчүгэйдэрэ диэн талан ылбытым. “Любовь с первого взгляда” дииллэрэ баар эбит”, – диэн күллэртээтэ.
Саша ССРС уонна аан дойду үгүс куораттарыгар күрэхтэһэ барара. Ханна да тиийдэр, Главпочтамҥа “до восстребования” ыйыттаҕына, Варятыттан хайаатар да сурук кэлэн сытар буолара үһү.
Бэйэтин тус тренеригэр табыллыбатах тустуугунан ааҕынар. Алма-Атаҕа ыҥырбыт тренерэ, саҥа дьарыктаан иһэн, “Соцдойдуларга көмө оҥоруу квотатынан” Кубаҕа барбыт. Тренерэ суох хаалан, “эпиэкэлиир аҕата суох” кэриэтэ хаалбыт. Бэйэтин бэйэтэ бас билэр, “самостоятельнай дьарыкка” киирбит. Оҕоломмуттар. Хайдах олоруохтаахтарын толкуйдуур, былаан туруорунар. Сойуус сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнин быһыытынан, кыбартыыра туруорсар. Москва, Киев, Ленинград, Красноярскай куораттарга ыҥыраллар, бары усулуобуйаны тэрийэргэ эрэннэрэллэр. ССРС сүрүн тренерэ Бронислав Михайлович Рыбалко Минскэйгэ ыҥырбыт. ССРС спордун миниистирин солбуйааччы Анатолий Иванович Колесов илии баттааһыннаах суруктаах Минскэйгэ тиийбиттэр. Биир хостоох кыбартыыра биэрбиттэр. Ити кэмҥэ Иванову казахстаннар сүтэрэннэр, Алма-Ата куорат киинигэр толору хааччыллыылаах икки хостоох кыбартыыра күлүүһүн биэрэргэ эбэтэр аармыйаҕа бараҕын диэн кытаанах боппуруоһу туруорбуттар. Инньэ гынан, Алма-Аталарыгар төттөрү көспүттэр.
Күүстээх дьарык, эрчиллии саҕаламмыт. Күрэхтэһиилэргэ кэлии-барыы элбээбит. Кыра оҕолордоох Варята дьарыктанарыгар улахан өйөбүл буолбут. Тренерэ суох буолан, эппиэттээх күрэхтэһиилэргэ туруорбаттар. Олимпиадаҕа барыыга эрэй бөҕөтүн көрсөр. Варятын “иккис тренерим этэ, кини өйөөн, ситиһиилэр кэлбиттэрэ, кини – мин “кыһыл көмүс олимпийскай мэтээлим!” – диэн үөрэ-көтө кэпсиир Александр Николаевич.
1974 с. Коркин ыҥыран, биир сайын дойдутугар тиийэ сылдьыбыт. Практикатын Сылаҥҥа барбыт. 25 км тэйиччи баар Чурапчыга бэлисипиэтинэн күҥҥэ иккитэ барара-кэлэрэ. Ол сыл
туох-баар улахан күрэхтэһиилэргэ, олор истэригэр ССРС-ка чөмпүйүөннээбитэ, Ираҥҥа Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга бастаабыта.
Бөтүрүөбүс мэлдьитин аттыгар сылдьыбыта эбитэ буоллар... Ити туһунан Александр Николаевич: “Өссө биир сыл дьарыктаммытым буоллар, онтон атын миэхэ туох да наадата суох этэ”, – диирэ оруннаах.
Хаһыат аныгыскы нүөмэригэр аан дойду чөмпүйүөннэрин төрөппүттэрэ Степан Степанович, Варвара Иосифовна Контоевтар тапталларын устуоруйатын ааҕаарыҥ.