«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир.
Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт оскуола-пионер салаатыгар 20 буолан үөрэнэ киирбиппит, 4 сыл биллибэккэ ааспыта. Биһиги «алын кылаас учуутала-орто оскуола пионербаһаатайа» диэн идэлээх өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарынан тарҕаспыппыт 50 сыл буола охсубут...
Училище дириэктэринэн Иванов Михаил Спиридонович-Багдарыын Сүлбэ, завуһунан Тамара Ивановна Александрова, отделениебыт сэбиэдиссэйинэн Болурова Татьяна Ильинична этэ. Ураты болҕомтолоох, киэҥ билиилээх, чахчы да, үлэлэригэр бэриниилээх дьон үөрэппиттэрэ: Унегинова Р.У., Аммосова Т.П., Михайлов М.М., Золотарева М.В., Санников В.И., Олбутцева Е.Д., Бубякина Л.П., Михайлов Н.И., Болурова Т.И., Мегежекскэй К.И., Прокопьева Т.Н., Алексеев Е.Р. уо.д.а. Олохпут суолугар аартык арыйбыт, олук уурбут, билиибитин дириҥэппит, идэлээх дьон гына иитэн таһаарбыт кыһабыт туһунан үтүө эрэ өйдөбүллээхпит. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлээн-хамсаан, олоххо миэстэбитин булан, сорохтор номнуо бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробут, сорохтор өссө да үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Сорохтор идэлэрин уларытан, үксүбүт үөрэх араас салаатыгар үлэлээбиттэрэ. Ол гынан баран училищебыт учууталлара биэрбит билиилэрин күн бүгүҥҥэ диэри туһанабыт.
Педучилищены бүтэрбиппит 50 сылын «Орто дойду» сынньалаҥ комплексыгар хонон-өрөөн туран бэлиэтээтибит. Бастакы күммүт пионерскай сбортан саҕаланна. Этэрээт сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Л. Сидорова, звеньевойдарынан Р. Николаева, А. Ефремова, К. Кириллова буоллулар. Үөрүүлээх линейка Бүтүн Сойуустааҕы пионердар ырыаларынан, ыҥырыыларынан түмүктэннэ. Ол кэнниттэн станцияларынан оонньуу ыытылынна. Онно маҥнайгы миэстэни – А. Ефремова, иккис миэстэни – Р. Николаева, үһүс миэстэни К. Кириллова звенолара ыллылар. Хамаандалар өйдөбүнньүк сувенирдары туттулар. Онтон салгыы эдэр сааспыт оонньууларын оонньоон, ыллаан-туойан, үбүлүөйбүт долгутуулаах тэрээһинэ ааста.
Училищены бүтэрбиппит 50 сылыгар анаан тахсыбыт альбоммутун илиибитигэр тутаммыт үөрүү-көтүү буолла. Бу тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыттылар А. Ефремова, С. Либедь. Салгыы «Түлэй түүнү сырдатан» диэн эдэр сааспыт кистэлэҥнэрин киэһэтин тэрийдилэр Н. Дьяконова, Р. Семенова. Чүмэчи уотун сырдыгар Р. Семенова наһаа үчүгэй «Водопад» релаксация ыытта. Эдэр сааспыт салгыныгар уйдаран, ырыа бөҕө ыллаан, үҥкүүлээн, өссө да кэми уһаттарбыт дэстибит.
Нөҥүө күнүгэр сарсыарда туран бэйэ-бэйэбитигэр баҕа санааларбытын этэн туран сэмэй бэлэхпитин туттарыстыбыт. Салгыы Надежда Николаевабыт алгыс сиэрин-туомун толордо, “Орто дойду” сиригэр-уотугар көрсүһүүбүтүн оһуокайынан түмүктээтибит.
Онтон кыһыл көмүс сыбаайбаларын бэлиэтээбит доҕотторбутугар Зоя Ивановна уонна Василий Федорович дьиэлэригэр ыҥырыллан ыалдьыттаатыбыт. Эйэҕэстэй майгылаах, асчыт, үтүөкэн хаһаайка кыра кыыстара Танюша мааны остуолларыгар хотойорунан ас тардан, ийэлээх аҕата бииргэ үөрэммит кыргыттарын үөрэ-көтө көрсөн, бырааһынньыкпытын өссө уһатан, ирэ-хоро кэпсэтэн тарҕастыбыт. Хаһаайын чооҥкуга буһарбыт тайаҕын этэ туох да сүрдээх сонун ас буолла, куһу-хааһы этэ да барбаккын!
***
Оҕо эйгэтигэр үйэбит тухары үлэлээбит уруккубутун санаан, звенонан хоһоон этэммит, дууһабыт сылаанньыйдаҕыан!
Надежда Николаева хоһуйуута хас биирдиибитин долгутта, үөртэ:
Оҕо этибит, отон этибит...
Олус да кэрэ этибит...
Эһигинниин алтыспыт
Олоҕум кэрчик кэмин
Кэриигэ көрдөөн булаары
Хаамарым мин алааспар
Халтайга күнү бүтэрэ...
Онтон бүгүн көрсүһэн,
Ол кэмнэри санаһан,
Күлэн, оонньоон, дуоһуйан,
Сүрэххэ сөҥмүтү төннөрөн,
Дуоһуйдубут, доҕоттоор,
Сүрэх булла уоскулаҥы.
Үтүө ааттарыгар сүгүрүйэ,
Сүрэх долгуйа, нүөлүйэ
Ахтан ыллыбыт махтана,
Үтүө ааттарыгар сүгүрүйэ
Күндү учууталларбытын.
Устар уу сүүрүгүнүү
Ааспыттар ол сыллар...
Күндү доҕотторум, эһиги
Куруук миэхэ күндүгүт.
Халлаан үөмэх сулуһунуу
Чыпчыҥныы, дьиримнии
Бутуллар бу олохпор
Суолдьут сулус буолаҕыт.
Кырдьымаҥ, ыалдьымаҥ дуу,
Күндү дьүөгэлэриэм.
Көрсүөхпүт эмиэ сотору
Дьолунан сүрэҕи долгута.
Арахсабыт эмиэ сотору
Куустуһан истиҥник көрсөөрү.