«ЧЭБДИК» элбэҕи быһаарар
Сахабыт сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев 2000 сыллаахха Кыайыы үбүлүөйүгэр бэтэрээннэргэ уонна кырдьаҕастарга анаан астарбыт балыыһата Гериатрия киинэ диэн ааттанар.
Бу Киини төрүттээччинэн уонна 19 сыл устата салайбыт киһинэн Зоя Прокопьевна Горохова, Арассыыйа үтүөлээх бырааһа, РСФСР уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна буолар. 2019 сылтан Киин сэбиэдиссэйинэн СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, м.н.к. Светлана Васильевна Обутова үлэлиир.
Алтынньы ыйга бэлиэтэнэр Кырдьаҕастар күннэринэн «Киин куорат» хаһыат Гериатрия киинигэр, норуокка биллэринэн «кырдьаҕастар балыыһаларыгар» тиийэн, үлэ-хамнас туһунан билистэ.
– Светлана Васильевна, кэпсэтиибитин «гериатрия» диэн тыл суолтатыттан саҕалыах.
– «Гериатрия» диэн тыл нууччалыы «пожилой» диэн тылбаастанар. Ол эбэтэр гериатр быраас – аҕам саастаах дьон эмчитэ. Оттон геронтолог быраас сааһырбыт дьон ыарыыларын үөрэтэр.
Биһиги 3 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа иһинэн үлэлиибит. Кылаабынай бырааспыт – Өрөспүүбүлүкэ штаты таһынан кылаабынай гериатра, саастаах дьон туһунан элбэх научнай үлэ ааптара, м.н.д. Ольга Викторовна Татаринова. Онон доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр дириҥ ытыктабылынан туһанар, киэҥ билиилээх салайааччылаахпыт.
Бастаан саҕалыырбытыгар гериатр идэтигэр улахан уопута суох буоламмыт, уопсай терапевт быраастар курдук саҕалаабыппыт. Ол кэмҥэ Новосибирскай судаарыстыбаннай университетын преподавателлэрэ кэлэннэр, хас да ыйы быһа үлэбит кэнниттэн бу хайысхабыт ымпыгар-чымпыгар үөрэппиттэрэ. Улахан профессордар, кардиолог, пульмонолог, гастроэнтеролог курдук исписэлиистэр кэлэн үөрэппиттэрэ. Биһиги орто саастаах дьону эмтиир курдук уопсай быһыылаахтык эмтиирбитин «маннык буолуо суохтаах» диэн уларыппыттара, элбэххэ үөрэппиттэрэ. Петербург, Москуба куораттартан кытта кэлэн үөрэтэллэрэ. Онон билиибит кэҥээн испитэ.
Манна барытыгар оччотооҕу кылаабынай бырааспыт З.П. Горохова улахан үтүөлээх.
Билигин гериатр быраас буоларга Медицина институтугар диплом кэннинээҕи үөрэхтээһин кафедратыгар үөрэтэллэр. Бу «узкай специализацияны» баһылыан баҕарааччылар бааллара үөрдэр. Холобур, биһиги балыыһабытыгар билигин Хаҥалас улууһуттан кэлэн стажировка бара сылдьар кэллиэгэлээхпит. Онон бүгүҥҥү күҥҥэ киэҥ билиилээх, идэлэригэр бэриниилээх, баай уопуттаах, кырдьаҕастарбытыгар сөптөөх эмтэниини оҥорор идэтийбит кэлэктииптээхпит.
– Эһиги балыыһаҕытыгар кырдьаҕас эрэ барыта киирэр кыахтаах дуо?
– Биһиэхэ өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан 60-тан үөһэ саастаах дьон кэлэн эмтэнэр. Бэйэбит уопуппутугар олоҕуран эттэхпинэ, саамай кырдьаҕас ыарыһахпыт 104 саастааҕа. Оттон ыарыһаҕы биһиги бэйэбит киллэрбэппит. Ол курдук, хас биирдии улууска баар квотаҕа олоҕуран, ыарыһах сыстан эмтэнэр поликлиникатын нөҥүө уочаракка туруу быһыытынан олохтоох быраастар направлениеларынан кэлэллэр.
Балыыһабыт биэс этээстээх, бэс чагда быыһыгар турар. Үс улахан отделениелаахпыт. Алта миэстэлээх дьоҕус реанимациялаахпыт. Атын балыыһалартан биир уратыбытынан олохтон барара чугаһаабыт дьоҥҥо аналлаах куойкалардаахпыт. Манна атын реабилитационнай кииннэр ылбат ыарыһахтара киирэллэр, медицина тылынан эттэххэ, «тяжелайдар». Кинилэри анал үөрэҕи ааспыт медперсонал көрөр-истэр.
Наталья Алексеевна Каратаева салайааччылаах волонтердар биһиэхэ улахан көмөнү оҥороллор. Ол курдук, араас таһымнаах граннарга кыттан, ыарыһахтарбытыгар босхо көмө оҥороллор, «сиделкаҕа» тиийэ көмөлөһөллөр.
– Арассыыйа атын куораттарыгар суох «Чэбдик» диэн бырайыаккыт туһунан сиһилии билиһиннэриэҥ дуо?
– Бу Арассыыйаҕа биһиэхэ Саха сиригэр эрэ баар ааптарыскай бырайыак. Ааптара Колымана Константиновна Сазонова буолар, соавтор – Ольга Викторовна Татаринова, программист – Василий Слепцов. Туспа лицензиялаах, патеннаах. Биһиги бу бырагырааманан үлэлээбиппит хаһыс да сылбыт. Сүрүн соруга – киһи туругун барытын таһаарыы. Ол курдук, гериатр быраас быһыытынан оҥорор тургутуктарбытын барытын оҥоробут. Онно ыарыһах бука бары көрдөрүүтэ киирэр: өй-мэйии, былчыҥ, харах, кулгаах туруктара, депрессия шкалата, өйгө тутар дьоҕур о.д.а. Кырдьаҕастар астарыттан, саастарыттан, ыйааһыннарыттан саҕалаан, туох ыарыылаахтарыгар, кимниин олороллоругар, социальнай үлэһиккэ наадыйалларыгар тиийэ барытын үөрэтэн баран, бырагыраама түмүк оҥорор. Онно олоҕуран бу киһиэхэ тус былаан оҥоһуллар. Былааҥҥа хаста аһыахтааҕын, өй-мэйии үлэтигэр тугу гыныахтааҕын, төһөнү хаамыахтааҕын туһунан сүбэлэри балыыһаттан тахсарыгар илиитигэр туттаран ыытабыт. Биир даҕаны балыыһаҕа манныгы оҥорботтор. Бу биһиги биир уратыбытынан буолар. Итини билигин улуустарга киллэрэн, гериатр быраастаах сирдэргэ үлэлэһэн эрэллэр.
Дьэ бу барыта "Чэбдик" бырагыраама нөҥүө оҥоһуллар буолан, үлэбитигэр үтүө түмүктэри ситиһэбит, ыарыһахха тустаах көмөнү бары өттүнэн толору оҥорор кыахтаахпыт.
– Нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү, сырдатыы үлэтин ыытаргытын араас таһымнаах семинардарга, доруобуйа дьаарбаҥкаларыгар көрөбүт. Маны сиһилии сырдатыаҥ дуо?
– "Безопасная среда" диэн нэһилиэнньэҕэ өйдөтүү үлэтин ыытабыт. Семинардарга киһи бэйэтин хайдах харыстаныахтааҕын туһунан кэпсиибит.
"Профилактика падений" диэн хайысхаҕа болҕомтобутун уурабыт. Бу омос иһиттэххэ судургу эрээри, саастаах киһи аҥаардас охтон баран элбэх эчэйиини ылыан сөп. Холобура, тостуу ылан баран ситэри үтүөрбэккэ үргүлдьү сытан хаалыан, "осложнение" ылыан сөп. Маныаха күннээҕи судургу сүбэ курдук эрээри, холобура, сөптөөх атах таҥаһын кэтии диэҥҥэ тохтуубут. Саастаах киһи атаҕын соһон хаамар, эдэр киһи курдук чэпчэкитик атахтарын ылбат. Ол олохсуйбут ыарыытын да түмүгэ буолуон сөп. Онон киниэхэ уһуллубат атах таҥаһа табыгастаах. Кыбыстыбакка тайахтаах, истэр аппарааттаах сылдьарга үөрэтэбит. Бу барыта тиийиэхтээх сиригэр этэҥҥэ тиийэрин хааччыйар.
Биһиги балыыһабытыгар кирилиэстэргэ, ааннарга саһархай бэлиэлэр бааллар, хас палаата аайы "кнопка вызова" турар; охтор түгэннэригэр даҕаны туумба, остуол барыта муннуга суох, улахан эчэйиини ылбат буоларга аналлаахтар. Сууналларыгар тиийэ анал тутуһар, олорор тэриллэр бааллар. Итинник гынан кырдьаҕастарбытыгар куттала суох, табыгастаах усулуобуйаны тэрийэбит.
Киирбит дьоммут кырата биэстии ыарыылаахтар. Ону барытын туспа-туспа араарбакка, элбэх эми анаабакка эмтиибит. Балыыһа эрэ курдук буолбакка, манна элбэххэ үөрэтэбит, дьарыктыыбыт.
Сылын аайы кырдьаҕастар күннэригэр аналлаах тэрээһиннэрбитин алтынньы маҥнайгы күннэриттэн саҕалыыбыт. Хамсык ыарыытын кэмигэр тохтуу сылдьан баран быйылгыттан эмиэ ырыа-тойук ансаамбылларын, биирдиилээн артыыстары ыҥыраммыт, ыарыһахтарбытын сэргэхситээри олоробут.
Эмтэниинэн эрэ муҥурдаммакка, илии-атах хамсаныыларыгар аналлаах оонньуурдарынан, араас массажнай станоктарынан хааччыйабыт, дуобат, саахымат, кинигэ ааҕыыта о.д.а. курдук элбэх дьарыктардаахпыт. Хайа уонна бэйэ-бэйэлэриниин сэһэргэһэн аралдьыйаллар бөҕө буоллаҕа дии.
Биир сүрүн хайысхабытынан түөһэйиини утары охсуһуу буолар. Бу – эмтэммэт ыарыы. Хомойуох иһин, кэлиҥҥи сылларга түөһэйии наһаа элбээтэ. Гериатр быраастар бу туһунан сырдатар үлэни ыытабыт. Эмтэнии төһөнөн эрдэ саҕаланар даҕаны, оччонон ыарыы сайдыыта бытаарар. Аналлаах таблетканы испит киһиэхэ бу ыарыы дириҥээбэккэ оннунан хаалара эмиэ үчүгэй.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай харалта уорганнарын кытта сүбэлэһэн, улуустарынан араас семинардары оҥоробут. Ыарыһаҕы көрүүгэ, кинилиин кэпсэтиигэ, көрүүгэ-истиигэ, сөптөөх сыһыаҥҥа үөрэтэбит.
Горнай, Таатта, Нам, Чурапчы улуустара өрөспүүбүлүкэтээҕи пилотнай бырайыакка киирэн олороллор. Быйыл ол бырайыак чэрчитинэн улуустарга анаан баран үөрэппиппит. Аҥаардас бу бырайыагынан сүүстэн тахса киһини үөрэттибит. Холобура, хаама сылдьар киһи инсульт кэнниттэн сытар ыарыһах буолан хаалыыта дьиэлээхтэргэ ыарахан. Оннук түбэлтэҕэ бэлэмниибит. Ону таһынан ыарахан ыарыһаҕы, холобура, трубкалаах буоллаҕына, хайдах көрөргө-истэргэ сүбэлиибит.
Бэйэбит хайысхабытынан араас сүбэлэрдээх ыйынньыктары, босуобуйалары элбэҕи таһаарабыт, тарҕатабыт. Нэһилиэнньэҕэ төһө кыалларынан өйдөтүү үлэтин ыытабыт.
– Тыаҕа, ыраах улууска олорор аҕам саастаах дьон Гериатрия киинигэр киириэхтэрин баҕарар түгэннэригэр, олохтоох быраастарыгар уочаракка тураллар дуо?
– Оннук. Биһиэхэ сытан эмтэммит дьон тахсаат уочаракка тураннар, иккистээн кэлэр түгэннэрэ баар суол. Сылга биирдэ эмтэнэргэ баҕалаах киһи бырааба бөҕө буоллаҕа дии. Холобура, бу күннэргэ киирбит Алдан кырдьаҕаhа Агафонов Автоном Кустодьянович хаhыс да сырыыта. Дьиэбит таһыгар үүннэрэрбитигэр анаан отонноох мастары Алданыттан аҕалбыт. Ыарыһахтарбыт итинник махталлара, сылаас сыһыаннара биһигини өссө күүскэ үлэлииргэ кынаттыыр.
Түгэнинэн туһанан өрөспүүбүлүкэ араас муннугар олорор кырдьаҕастарбытын Кырдьаҕастар күннэринэн эҕэрдэлиибит. "Чэбдик" бырагырааманан оҥоһуллубут сүбэлэргитин көтүппэккэ тутуһуҥ диэн сүбэлиибит.
Хаартыскалар: Дьоруой тус архыыбыттан