26.09.2024 | 16:00

Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»

Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.

2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах буолар. Онуоха миэхэ саамай улахан көмөнү, кэпсэтэр киһибин буларга, үһүс сылларын биир да күн тохтообокко эрэллээхтик, бэриниилээхтик байыастарбытыгар, төрөппүттэргэ, бааһырбыттарга көмө буола сылдьар Туяра Константинова уонна Светлана Диодорова-Лаврентьева оҥороллор. Онон кинилэри кытта ыкса сибээспитин быспаппыт, куруук билсэ, кэпсэтэ олоробут. Түгэнинэн туһанан, кыргыттарбар улахан махталбын тиэрдэбин.

Бу сырыыга Туяраҕа эрийбиппэр, Аллайыахаттан биир ийэ баар, Римма Моисеевна Бережнева, олох бу бэҕэһээ эрэ Ростов-на-Дону куораттан кэллэ, кинини кытта билис диэн төлөпүөн нүөмэрин биэрбитэ. Римма Моисеевна Москваҕа кэлэн куоракка көтөөрү сылдьабын, онон тиийдэхпинэ билсиэхпит диэбитэ.

 

Көмөлөһөр эбээһинэстээхпит

Ростов-на-Дону баран, үс нэдиэлэ буоллубут. Бүлүүттэн сылдьар ийэни, Альбина Семеновнаны кытта. Уолаттарбыт иккиэн биир взводка бааллар. Алтынньы 9 күнүгэр анараа сылдьыбыттара биир сыл буолар. Уолум 2023 сылга алтынньыга хантараак баттаан барбыта уонна ахсынньыга улаханнык бааһыран, Казань госпиталыгар сыппыта. Онтон эмтэнэн баран муус устар бүтэһигэр эмиэ инники кирбиигэ барбыта. “За храбрость” судаарыстыбаннай наҕарааданан, “Участник СВО” диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Саамай кылаабынайа, уолаттарбыт бөҕө-таҕа доруобуйалаах сырыттыннар уонна бука бары тыыннаах эргилинниннэр диэн ийэ киһи быһыытынан баҕарабын.

Бу иннинэ биир ийэ баран кэлбитэ, биир уола анараа дьоруойдуу охтубута, таарыйа иккис уолун көрсө барбыта. Бааһырбыттар уонна өлбүттээх ийэлэр анал бассаап бөлөхтөөхпүт.

Оҕолорбутун көрсүбүт киһи диэн айаннаабыппыт, мээнэ ыыппаттар, көрүһүннэрэри көҥүллээбэттэр, штурмовой бөлөххө сылдьаллар, полигоҥҥа баар буоллахтарына таһаарбаттар да, киллэрбэттэр да.  Учебкалара бүппүтүн кэннэ икки эрэ күн биэрбиттэрэ, онно да хамандыырдарын кытта ыыппыттара. Онон ол икки күҥҥэ ахтылҕаммытын таһааран, дойдубут сонунун ирэ-хоро кэпсээн, кэпсэтэн, маанылаан аһатан арахсыбыппыт.

Ростовка кэлээт, оҕолорбутун кэтэһэ таарыйа, уолаттарбытыгар тута бэрэски, алаадьы, дьиэ аһын астаан, взводтарыгар ыыппыппыт, мантан дьуухала эҥин илдьибитим, үөрбүттэр ахан этэ, наһаа үчүгэй минньигэс дьиэ аһын сиэтибит диэн дэлби махтаммыттара.

Бэйэм улууспар волонтербун, онон уолаттарым бары билэллэр. Туох кыалларынан, барытынан көмөлөһөбүт. Мин куоракка олоробун, онно наада буолары барытын оҥоробут, көмөлөһөбүт, билигин кээнчэлэри тигэн саҕалаатыбыт.

Дойдубар, Чокурдаах олохтоохторугар Курскай уобаласка көмөлөһүөххэ диэн этии киллэрээппин кытта, тута харчынан көмө оҥорон барбыттара, үс күн иһигэр утуйар таҥас атыылаһа охсубуппут уонна “Биир ньыгыл Арассыыйа” штабыгар илдьэн  туттарбыппыт. Улууспутугар СВО актыыба үлэлиир, харчы хомуйар киһилээхпит. Төһө да киин сиртэн тибиилээх-буурҕалаах ыраах сиргэ олордорбут, манна амарах сүрэхтээх, куруук көмөҕө кэлэр дьон олороллор.

Дьахталлар сиэккэ, нашлемник баайаллар, наһыылка, кээнчэ тигэллэр. Маны таһынан кыһынын балыгы, эриллибит эти, бэлэм тоҥ аһы Дьокуускайга ыыталлар, ону сөмөлүөтүнэн ыытан, байыастарбытыгар тиксэрэбит. Оннооҕор сибиэһэй кыһыллыбыт тоҥ балык баһыылкалаан турардаахпыт.

Аллайыаха хас биирдии олохтооҕор махталбын тиэрдэбин! Бары биир киһи курдук түмсүүлээххит, өрөөбөт өйөбүлгүт уонна көмөҕүт иһин. Киһи үөрэрэ, сөҕөрө, көннөрү, боростуой дьон байыастар сүргэлэрин, санааларын көтөҕөр туһугар туох кыаллыбаты барытын оҥороллор, кинилэр бойобуой сорудахтарын толороллоругар күүс эбэллэр!

Биһиги уолаттарбыт тыыннарын толук ууран туран, бэйэлэрин харыстаммакка, дьоннорун-сэргэлэрин, бүттүүн норуоту уонна төрөөбүт дойдуларын көмүскүү сылдьаллар! Биһиги кинилэргэ  көмөлөһөр эбээһинэстээхпит. Бу оҕолорбут иннилэригэр ытык иэспит буолар!

 

Альбина Семеновна, Виктор Николаевич Ивановтар, Бүлүү улууһа:

– Атырдьах ыйын 25 күнүгэр Римма Моисеевнаны кытта Ростов-на-Дону куоракка анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытын көрсө тиийбиппит. Дон өрүс кытылыгар турар куорат күп-күөх, сибэккинэн симэммит кыраһыабай, олохтоохторо олус сэмэйдэр, элэккэйдэр.

Тиийэрбитигэр уолаттарбытын кытта бииргэ сылдьар Дмитрий олорор дьиэбитин кэпсэтэн, бэлэмнээбит этэ. Ис иһиттэн олус элэккэй, эйэҕэс, түргэн-тарҕан туттунуулаах, олус кыһамньылаах байыас биһиэхэ оҕобут тэҥэ буолбута. Кини куоракка сынньалаҥҥа кэлэ сылдьар буолан, күн аайы барар-кэлэр сирбитин барытын ыйан-кэрдэн биэрбитэ. Дмитрий позицияҕа барарыгар байыастарга ас астаан ыыппыппыт: сахалыы алаадьыны, бэрэскини, кэтилиэти, Чокурдаахтан кэлбит дьуухаланы. Кэһиилэрин тутан, уолаттар Римма Моисеевнаҕа үөрэн-көтөн, махталларын тиэрдибиттэрэ. Ийэ сылаас илиитинэн астаммыт ас минньигэһэ бэрт буоллаҕа, ахтылҕаннарын таһаардаҕа.

Уолаттарбытын кэтэһэр кэммитигэр төрөппүттэр көрдөһүүлэринэн госпитальга сытар байыаска Иваҥҥа сылдьыбыппыт. Эмиэ алаадьы астаан, наадыйар эмин илдьэн биэрбиппит.  Аҕыйах күн иһигэр Иван биһиэхэ бэйэбит оҕобут курдук чугас буолбута. Күн аайы билсэрбит, туох наадатын булан илдьэрбит. Госпитальтан тахсарыгар дойдутун сириттэн кытыан отунан буруолатан, ыраастаан, сахалыы тыыны иҥэрэн, санаатын бөҕөргөппүппүт, алгыспытын тиэрдибиппит. Кини чааһыгар этэҥҥэ тиийбитин туһунан тута биллэрбитэ.

Маны таһынан Оганово, 22 диэн опознавательнай пууҥҥа бара сылдьыбыппыт. Римма Моисеевна сураҕа суох сүппүт байыастар төрөппүттэрин, чугас дьоннорун түмэн, биир бөлөх тэрийэн, туох баарынан көмөлөһөр, хас биирдиилэрин туһугар олус долгуйар, олус киэҥ дууһалаах Ийэ. Кинини кытта 42 сураҕа суох сүппүт байыастар испииһэктэрин оҥорон, Огановоҕа билсэ барбыппыт. Сураҕа суох сүппүттэри хайдах көрдүөххэ сөбүн, туох ирдэнэрин баран тустаах үлэһиттэртэн билбиппит. Римма Моисеевна төрөппүттэргэ хайдах-туох буолуохтааҕын тута биллэрбитэ.

Бу сэрии хас биирдии ыал олоҕун, дууһатын аймаата, огдолутта. Онуоха Ийэ сүрэҕэ, дууһата, санаатын күүһэ анал дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар күүс-сэниэ эбэр, өйөбүл, тирэх буолар. Ол курдук Римма Моисеевна элбэх байыаһы кытта билсэр, билэр, олус долгуйар. Ростовка да баар кэммитигэр элбэх киһи ыйытыыларыгар эппиэттиир, кыһалҕаларын быһаарарга көмөлөһөр, ыйан-кэрдэн биэрэр этэ. Кини курдук үтүө санаалаах, дириҥ билиилээх, киэҥ көҕүстээх, ыраас дууһалаах, күүстээх санаалаах Ийэни кытта бииргэ аргыстаһан айаннаабыппыттан олус үөрдүм, астынным, махтанным, элбэххэ үөрэнним.

Саха сириттэн сылдьар байыастарга “Харысхал” пуонда тиһигин быспакка көмөлөһөр. Ол курдук, Ростов-на-Дону баар кэммитигэр пуондаттан гуманитарнай көмөнү аҕалбыт Мочкин Николай Николаевич уонна Тааттаттан төрүттээх Антоев Альберт Спартакович биһиэхэ сылдьан ааспыттара. Кинилэр буола турар балаһыанньа, гуманитарнай көмө оҥоһуллуутун, хас биирдии байыаска дууһаларынан ыалдьалларын туһунан  элбэҕи кэпсээбиттэрэ. Кинилэр эмиэ тастан көмө көрдөөбөккө, бэйэлэрин ис санааларыттан саха саллааттарыгар көмөлөһөллөр.

Римма Моисеевна сиэн быраата Николай Олегович Максимов аҕыйах чааска көҥүллэтэн, эдьиийин кытта көрсө кэлбитэ. СВО саҕаланыаҕыттан ытык иэһин чиэстээхтик көмүскүү сылдьар быраас. Бааһырбыттары Ростовка баар балыыһаларга аҕалбыт. Олус эйэҕэс, мичээрдии сылдьар, ийэлэр дууһаларын аймаамаары, кылгас кэм иһигэр көрүдьүөстээҕи кэпсээн, биһигини уоскутан барбыта. Ханнык да түгэҥҥэ кытаанах санаатын ыһыктыбат, кыайыыга эрэллээх саха байыаһа эбит.

Оҕолорбут этэҥҥэ кыайыы кынаттанан эргиллэн кэлэллэригэр айыылара араҥаччылаатыннар диэн ийэ киһи быһыытынан алгыспын тиэрдэбин.

 

Хааартыскалар дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...