Алаас алгыстаах амтана
Балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр дьикти ураты алыптаах кэмнэр буоллулар.
Ол курдук, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн “Культурология” кафедратын иһинэн үлэлээбит Региональнай култуура магистратуратын 21-с бөлөҕүн салайааччыта, культурология хандьыдаата, дассыан Семен Семенович Протопопов уонна кини магистраннара Наталья Дмитриевна, мин, саха тылын бэтэрээн учуутала Мария Егоровна Филиппова буоламмыт кафедра дассыана, иитии-үөрэтии билимин хандьыдаата, биллиилээх этнопедагог, культуролог, ытыктыыр учууталбыт Галина Семеновна Попова-Санаайа төрөөбүт-үөскээбит Мэҥэ Хаҥалас улууһун Улуу Тоҕой сиригэр Куччах диэн алааска икки күнү быһа “Тыын ылыыта” духовнай ретриккэ сырыттыбыт. Дьэ, чахчы, күһүҥҥү киһи күлбүтүнүү астынан-дуоһуйан, олохпут өссө биир умнуллубат кэрэ кэрчик кэмнэрин үйэлээх күндү бэлэҕин ыллыбыт.
Бастакы күн. Күһүҥҥү дьыбардаах халлаан тымныы тыалынан көрүстэ. Айылҕа бэйэтэ айаҥҥа аттанар дьону тургутан көрдө. Ол да буоллар ичигэс истээх таҥаспыт эппитигэр сылааһынан илгийэн, тымныы тыалтан хаххалаата. Улуу Туймаада хочотун биэрэгиттэн Өлүөнэ эбэ хотуну туоратар салгын олбохтоох суудунаҕа киирэн олордубут. Киһи толору. Өрүспүт уута бааллырбыт, суудунабыт илин эҥэр Бэстээҕин биэрэгэр таах элэгэлдьитэн, көтүтэн тиийэ оҕуста. Биһигини, эрдэ кэпсэппиппит курдук, суоппарбыт Дьөгүөр эйэҕэстик көрсөн, билсиһэн, тимир көлө уазигынан Куччах алааһыгар диэри айаммыт иккис чааһыгар үктэннибит. Аара Бэстээх маҕаһыыныгар тохтоон, өйүөбүтүн ылынабыт. Айаммыт аартыга ити курдук саҕаланар.
Массыына иһэ сып-сылаас, суоппар аттыгар – Мария Егоровна, оттон иһирдьэ мин, Наталья уонна Сэмэн Сэмэнэбис буолан утарыта олордубут. Айан кэмигэр сонуммутун кэпсэтэбит. Оннук түгэҥҥэ бириэмэ биллибэттик ааһар. Улуу Тоҕойбутугар тиийэн, өбүгэлэрбититтэн кэлбит улуу үгэһинэн ытык сири-уоту арыылаах алаадьынан күндүлээтибит.
Биһиги олус күндүтүк саныыр аҕа табаарыспыт Галина Семеновна Куччах алааһыгар үктэнэн, тиэргэнин оргууй долгуйа атыллыыбыт. Алаас ытык олохтоохторо – саха мааны далбар хотуна Галина Семеновна уонна кини холоонноох доҕоро, саха саарына Алексей Алексеевич – үтүө дьон сиэринэн биһигини үөрэ-көтө, эҕэрдэлии, уруйдуу-айхаллыы көрүстүлэр. Бэл, сир иччитэ биһигини бэттэх көрөн мичээрэ көрсүбүккэ дылы буолла. Күөх харыйа маһа, күөл, оҕуруот аһа, анал хаһаайыстыба, балаҕан, саҥа маһынан тутуллубут дьиэлэр дьэндэйэн тураллара эчи бэрдин! Ыалларбыт дьиэ кыылын-сүөлүн эмиэ үрдүктүк туталлар эбит. Улахан, үчүгэй аһы-үөлү бэрсэр кууруссаны ииттэр хаһаайыстыбалаахтар. Икки харабыл уолаттар Сындыыс уонна Баһырҕас биһигини бэрт түргэнник ылыннылар, көҥүл кыымын сахтылар. Олохтоохтор уолаттар уонна кыргыттар диэн туһунан арааран, арыый тэйиччи турар икки дьиэҕэ хонукпутун ыйан-кэрдэн биэрдилэр. Онон оннубутун тута булан, үгүс ыалдьыт сөбүлээн мустар балаҕаныгар киирдибит. Балаҕан иһэ сырдыгынан сыдьаайа биэрдэ, көмүлүөк оһох уота күлүмүрдүү умайар. Сандалыга ас мааныта тардыллар. Ыал ийэтэ күөһүн буһарар, оттон ыал аҕа баһылыга оһоҕор эбии мутук уган, аал уотун күөдьүтэр. Биһигини кус оҕолорун курдук батыһыннартыы сылдьан мэлдьи үөрэтэр Сэмэн Сэмэнэбиспит көмүлүөк оһоххо тиийэн Өлбүгэ өтөҕөр Куччахха этэҥҥэ тиийбиппитинэн уонна бу сырыыбыт табылларын туһугар сырдыгы санаан туран аал уотун арыылаах алаадьытынан айах тутан күндүлээтэ. Маннык үтүө сиргэ алгыс бастыҥын анаан, саҥа саҕахтар ити курдук салҕанан бараллар. Баай астаах-үөллээх сандалы тула олорунан, күүтүүлээх кэрэ кэпсэлбит кэҥиир. Алаас алгыстаах аһын амтана сүрэхпитигэр-быарбытыгар сылаастык иҥэр. Айыы утаҕа үүттээх чэй барахсан санаабытын сааһылыыр, сүрэхпитин сылаанньытар.
Тото-хана минньигэстик аһаан, күүс-сэниэ ылынан, бастакы күннээх былааммытын торумнастыбыт. Галина Семеновна ыалдьыттарын сырытыннарыахтаах сирэ элбэх уонна хас биирдии тохтообут сирбитигэр, бэл, ытык бэлиэ маска, бытархайы бытарытан уурабыт. Түөрт атахтаах доҕотторбут Сындыыстаах Баһырҕас иччилэрин батыһан биһигини кытары хас хардыы аайы тэбис-тэҥҥэ арыаллаһа сырыттылар. Учууталбыт бэйэтин төрүттэрин алааһын ымпыгар-чымпыгар тиийэ сиһилии кэпсээн, айылҕа ураты дьиктилэрин көрдөрөн, сорох түгэҥҥэ киһи дьик гыныах курдук буолар түгэннэрэ эмиэ бааллар. Ол курдук, дьиэ кэргэн курдук кэккэлэһэ үүммүт силбэспит хатыҥ мастар көмүс сэбирдэхтээх лабааларыгар, инники кэскиллээх баҕа санаабытын ыралыы-ыралыы, төгүрүччү саламаны баайан кэбистибит. Саламаны баайаат даҕаны дууһалыын манньыйан, ыра санаабыт ыралаабыппыт курдук туолуо диэн эрэннибит.
Уруккута үүт ампаара буолан турбут өтөх билигин баай устуоруйалаах түмэл. Киһи билиитин-көрүүтүн хаҥатар, эстетическай дуоһуйууну биэрэр. Галина Семеновна дьонун-сэргэтин өтөҕөр иһит-хомуос, бултуур тэрил арааһа, суоруна о.д.а. тэриллэр хараллан тураллар. Кини удьуордара ураты дьоҕурдаах дьон буолалларын ылыннарыылаах кэпсээниттэн иһиттибит. Аҕата Григорьев Семен Иванович – Омун Сэмэн диэн сахаҕа улахан дьылдьыт, булчут, отоһут, олоҥхоһут киһи олорон ааспыт. Оттон бу ыал иккис уоллара Григорьев Василий Иванович – Сыппаанньа Уус уһаммыт тэриллэрин илэ харахпытынан көрдүбүт, хаартыскаҕа түһэрдибит. Итини сэргэ Григорьев Никон Иванович диэн бөдөҥ эмчит олоро сылдьыбыт. Кини дьону норуот ньыматынан эмтиир. Ол курдук, кымырдаҕаһынан эмп оҥорон, элбэх киһини ыар ыарыыттан быыһаабыт уонна, саамай дьиктитэ, бэйэтэ онкология курдук ыарахан ыарыыга ылларан, ол онон бэйэтин бэйэтэ эмтэммитин туһунан кэпсээни истэммит чахчы улахан эмчит эбит диэн санааҕа кэллибит. Ити курдук, учууталбыт дьонун-сэргэтин олохторун-дьаһахтарын туһунан кэпсиир түмэли астына-дуоһуйа, харахпыт сымныар диэри көрдүбүт. Олоҕу билбит муударай киһи чаҕылхай кэпсээниттэн үгүһү-элбэҕи иҥэриннибит.
Киһи орто дойдуга үөскээбит алааһа өрүү туох эрэ дьикти ураты тыыннаах, эйгэлээх уонна кэрэттэн кэрэ өйдөбүлү хаалларар. Куччах алааһа бэйэтэ эмиэ туспа оннук күүстээх эйгэлээх. Алаас сыһыытын тула суон тиит хас хардыы аайы кэриэтэ үүнэн силигилээн турар. Маннык курдук тыыннаах кэрэ маска үҥэн-сүктэн, бэйэҕин иһиллэнэҕин, үрдүк айыылартан көрдөһөҕүн. Бу барыта учууталбыт өбүгэлэрин ытык маһа буоллаҕа. Халлаан тымныытын аахсыбакка бачча кэлбит дьон сыалбытын толорон бараммыт тэйиэхтээхпит уонна оннук диэн эмиэ Галина Семеновна кэргэнэ Өлөксөйдүүн модьуйсаллар. Түөртүүр аспытын аһаат даҕаны ыаҕайа туппутунан күөл кытыытынан чугастыы отоннуу, тэллэйдии бардыбыт. Күһүҥҥү отон хайыы үйэ ситэн тупсар, киэркэйэр. Тэтэрэ үүммүт отон хойуутук буһан аҕай турарын көрүөххэ эчи кэрэтиэн. Минньигэс сыта сүрэххэр-быаргар сылаастык кутуллар. Биир эйгэлээхтэр бары сиэри-туому тутуһар үтүө үгэстээхпит. Хойуу өлгөм үүнүүлээх аска, тэллэйгэ тиксэн, айыы сирин аһатабыт. Күһүҥҥү кэм быйаҥын үллэстэ кэлбит бэйэккэлэрбит кэрэ-нарын бэйэлээх, тэтэркэй им-ньим сириэдийэ силигилээбит оһуордаах кыһыл көмүскэ майгылыыр минньигэс отону күөх угуттан оргууй сыыйа тарда-тарда үргээн, ыаҕайабытыгар кута-кута хомуйан истибит. Ол быыһыгар бүппэт сонун-нуомас. Лаппа киэһэрэн, күн киирбитэ син ырааппыт. Иһиппит номнуо туолан, дьиэбит диэки үөрэ-көтө тэбинэ турдубут.
Киэһээҥҥи Куччах уу чуумпунан налыйан, уоскуйан турар. Балаҕаммыт олбуорун атыллаан киириибитигэр Өлөксөйбүт кутаа уотун оттон, итии чэйдээх көрүстэ. Алааспыт күөлүттэн сип-сибилигин тутуллубут тыыннаах собону хас биирдиибитигэр кэһиилээтэ. Онон байанайбыт эрдэттэн билбит курдук күндүлээтэ. Үөрүү-көтүү кыыма барыбытыгар тосхойдо. Үүттээх чэй иһэн итии киллэринэбит. Булумньубутун тэллэйи, отону ыраастыыр үлэни тута үмүрүтэ охсон, көмүлүөк оһох иннигэр былыргы сахалар олоҥхо истэ олороллорун курдук үмүөрүһэн олорон Галина Семеновна араас дьикти түбэлтэлэрин кэпсиир чааһа тосхойдо. Биһиги кулгаах, харах иччитэ буолан, киэһэ син хойукка диэри олордубут. Бастакы күммүт ити курдук түмүктэннэ.
Иккис күн. Оттуллубут сылаас дьиэҕэ олус үчүгэйдик утуйан туран, саҥа күнү эҕэрдэлии көрүстүбүт. Иккис күммүтүгэр халлааммыт дьэ туран биэрдэ. Арыылаах хааһынан, субу ытыйбыт отонноох күөрчэҕинэн күндүлүү-күндүлүү, Галина Семеновна сарсыарда өссө биир олус суолталаах, аска сыһыаннаах култуураҕа үөрэттэ. Ол курдук, аһыах иннинэ хайаан даҕаны, бу күҥҥэ махтанан туран, көрдөһөр-ааттаһар бэртээхэй үөрүйэҕи бэрт судургутук иҥэрдэ. Ону хас биирдиибит олуһун диэн кэрэхсээтибит, ылынныбыт. Онон бу сырыыбыт, ылбыт үөрүйэхтэрбит кэнники өйдүү-саныы сылдьарга сүрдээх астыннарыылаах.
Төннөр суолбутугар атаара хаалбыт Улуу Тоҕой бөһүөлэгин туһунан биир туспа кэпсээн. Айыы киһитэ барахсан улуу өбүгэлэриттэн сыдьааннаах. Алаас алгыстаах амтанынан өрүү ахтылҕаннаах.