«Үйэ саас» Бочуот бэлиэтигэр туттарыллар бэриэмийэ кээмэйэ биир мөлүйүөн солкуобайга тиийэ үрдээтэ
«Үйэ саас» Бочуот бэлиэтигэр туттарыллар бэриэмийэ кээмэйэ быйылгыттан уон төгүл үрдэтиллэн, биир мөлүйүөн солкуобайга тиийдэ. Ол туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев «Быһа эпиир» биэриигэ иһитиннэрдэ.
«Уһун үйэлээхтэргэ ытыктабылбын биллэрэн туран, чөл олоҕу өрө тутууну, норуот духуобунай сыаннастарын өйүүр сыалтан, 2025 сыл саҥатыттан «Үйэ саас» Бочуот бэлиэтигэр көрүллэр төлөбүр кээмэйин 10 төгүл үрдэтэр туһунан быһаардым – биир мөлүйүөн солкуобайга диэри», – диэтэ Айсен Николаев.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин чахчытынан, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ 100 сааһын томточту туолбут 17 ытык кырдьаҕас олорор. Ил Дархан дьаһалынан кинилэр бары кэлэр 2025 сыл тохсунньу 1 күнүгэр биир мөлүйүөн кээмэйдээх харчыны тутуохтара.
Биир мөлүйүөн кээмэйдээх төлөбүрү мантан ыла үйэ саастарын туолбут ытык кырдьаҕастар бары тутуохтара.
Бэлиэтээн эттэххэ, 2024 сылга «Үйэ саас» Бочуот бэлиэтэ Аҕа дойду улуу сэриитин тоҕус кыттыылааҕар иҥэрилиннэ.
Аҕам саастаах дьону өйүүр судаарыстыбаннай көмө миэрэлэрин ортолоругар Ил Дархан Дьокуускайга Көхтөөх уһун үйэлэнии киинин арыллыытын уонна улуустарга «үрүҥ көмүс сааһы» бэлиэтиир тэрээһиннэри ыытарга субсидия көрүллэрин ааттаата.
«Бүгүн биһиги көннөрү уһуннук олоруу туһунан буолбакка, көхтөөх уһун үйэлэнии туһунан кэпсэтиэхтээхпит. Биһиги кырдьаҕастарбыт саастарыттан тутулуга суох көхтөөх олоҕу олороллоругар, чэгиэн доруобуйалаах буолалларыгар уонна сөбүлүүр дьарыктарын тута сылдьалларыгар кыһаллыахтаахпыт. Онон мин өрөспүүбүлэкэбит бырабыыталыстыбатыгар Дьокуускайга Көхтөөх уһун үйэлэнии киинин арыйарга дьаһал биэрбитим», – диэтэ кини. Ол туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Хаартыска: Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.