Айар-тутар сылбыт аана арылынна
Хатастааҕы «Тускул» Култуура киинэ быйылгы 93-с төгүлүн айар-тутар, ситэр-хотор, сайдар-үүнэр суолун аанын арыйар күнүн үөрүүтүн нэһилиэк дьонун-сэргэтин кытта үллэһиннэ.
Быйылгы сыл бу тэрээһин уратытынан холбоһуктарбыт, кэлэктииптэрбит сэлэлии хаамыылара буолла. Манна көстүүм арааһа, таҥас-сап эгэлгэтэ кэтилиннэ, таһырдьаттан саҕалаан дорҕоонноохтук, доргуччу, дэлэйдик-холойдук «Тускул» КК үлэтин-хамнаһын үрдүк үрдэллэрэ кэпсэннилэр – «Көмүс дорҕоон» образцовай вокальнай устуудьуйа (сал. Окорокова Т.Г), «Утум иис» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ (сал. Жиркова Т.Г., Пестерева А.П.), «Хатастыына» түмсүү (сал. Горохова А.А.) уо.д.а. ааттарын-суолларын оҥостубут кэлэктииптэрбитин кытта саҥа түмсүүлэр хаамыстылар.
Ааны тэлэччи астыҥ даҕаны, айыы дьоно амсайбатах алгыстаах алаадьы дыргыл сыта сылааһынан-сырдыгынан сыдьаайда, хас биирдии киһи манна күүтүүлээх, күндү киһи буоларын биллэрдэ. Бу түгэни «Төрүт ас» түмсүү (сал. Мокрощупова А., Стручкова Н.) бэлэхтээтэ.
Киириигэ киэҥ саалаҕа баар Аал Луук маспытыгар дьарык киэнэ талбытын, үлэ киэнэ тахсыылааҕын кэпсиир хаартысканан быыстапка арылынна. Сонно тута сценаҕа кэнсиэрбит саҕаланна. Көрөөччүлэрбитигэр анаан саҥа, сонун нүөмэрдэрбитин кэһии оҥостон көрүстүбүт. Күргүөм да толоруу баар, дьоҕус бөлөхтөрүнэн (трио, квартет, соло) да бааллар.
«Тускул» Култуура киинин иһинэн айар-тутар бөлөхтөр салайааччыларынан Татьяна Окорокова, Маргарита Индеева, Вилена Константинова, Наталья Руфова, Николай Протасов буолаллар. Ичээнэ Быйаҥнаах салайааччылаах норуот тыйаатырын артыыстара буруолуу сылдьар саҥа сценкалара көрөөччүлэрбит биһирэбиллэрин ылан, ньиргиэрдээх ытыс тыаһынан доҕуһуолланнылар. Биир идэлээхтэрбит – Хатастааҕы «Кэрэчээнэ» уһуйаан (сэбиэдиссэй Николаева Г.С.), Оҕо ускуустубаларын оскуолатын (дириэктэр Лемешева Х.Н.) айар кэлэктииптэрэ эмиэ бу күҥҥэ биһигинниин буоллулар. «Тускул» КК үҥкүүлэрин Дайаана Иванова туруорда.
Хаартыскалар: «Тускул» КК