Кыайыы 80 сылынан Оҕо параада буолуоҕа
Олохтоох дьаһалтаҕа Улуу Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэниигэ аналлаах мунньах дьоруойдар ааттарынан уулуссалар, пааматынньыктар территорияларын тупсарыы о.д.а. тула буолла.
Ол курдук, куорат баһылыгын солбуйааччы – Олохтоох дьаһалта аппараатын салайааччы Руслан Тимофеев, Куорат дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова оробуочай бөлөхтөрү кытта сэрии кыттыылаахтарын ааттарынан уулуссалар, пааматынньыктар территорияларын, куорат тас көстүүтүн киэргэтии, култуурунай-маассабай тэрээһиннэр, аһымал аахсыйалар тула дьүүллэстилэр.
Чуолаан Улуу Кыайыы 80 сылынан Кыайыы болуоссатыгар, Ийэ скверигэр, Кыайыы пааркатыгар тупсарыы үлэтэ ыытыллара, пааматынньыктары реставрациялааһын уонна ыраастааһын былааннанар.
Маны сэргэ Кыайыы былааҕын көтөҕүү, пааматынньыктарга сибэкки дьөрбөтүн ууруу, миитин, бэтэрээннэр көрсүһүүлэрэ, кэнсиэртэр, быыстапкалар о.д.а. курдук үгэс буолбут култуурунай тэрээһиннэри сэргэ ыччаты дойдумсах буоларга иитэр Оҕо параада ыытыллыахтара.
Куорат тас бараанын киэргэтиигэ Губин уокуругар саҥа мурал концепцията оҥоһулла сылдьар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата