03.10.2024 | 12:00

Саҥа сокуоннары билсиэҕиҥ

Саҥа сокуоннары билсиэҕиҥ
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Ый аайы Арассыыйаҕа саҥа сокуоннар, уларыйыылар киирэллэр. Алтынньы ыйдааҕыны бүгүн ааҕааччыларбытыгар билиһиннэриэхпит.

Байыаннай биэнсийэҕэ эбиллии

Байыаннай биэнсийэлээхтэргэ төлөбүргэ 5,1 индексация оҥоһуллар. Үрдээһин кэннэ Арассыыйа байыаннай биэнсийэлээҕэ ортотунан 41 600 солкуобайы ылыаҕа.

Манна биири бэлиэтиэххэ наада, байыаннай биэнсийэ кээмэйэ хас да критерийтэн тутулуктаах: төһө өр сулууспалаабыта, надбавка кээмэйэ, дуоһунаһынан итиэннэ званиетынан акылаата.

Төлөбүр кээмэйэ намтыыр коэффициентан эмиэ тутулуктаах – байыаннай биэнсийэлээх харчынан хааччыллыытын сорҕотун эрэ ылыаҕа. 2024 сыл алтынньы ыйыттан бу көрдөрүү 89,83 бырыһыаҥҥа тиийиэҕэ.

 

Сорох салайааччы хамнаһа үрдүүр

РФ Бырабыыталыстыбатын дьаһалынан, федеральнай тэрилтэлэр, судаарыстыбаннай уорганнар уонна байыаннай чаастар гражданскай персонал үлэһиттэригэр (байыаннай сулууспа көрүллүбүт эбэтэр онно тэҥнэммит федеральнай судаарыстыбаннай уорганнар салаалара) хамнастара 5,1 бырыһыан үрдүөҕэ.

Ону таһынан үрдүк юридическай диссипилиинэлэр преподавателлэрэ, научнай үлэһиттэр дохуоттара улаатыаҕа, юридическай идэлэринэн учуонай истиэпэннээх буоллахтарына, уонна юристар Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай холбоһуктарын бэрэстэбиитэллэригэр эмиэ. Хамнас кээмэйэ судьуйа дуоһунаһыгар Үрдүкү экзаменационнай хамыыһыйа үлэтигэр эбэтэр туһааннаах региональнай эксээмэн хамыыһыйаларыгар кыттыыларын иһин индексацияланар.

Силиэстийэлээччи, дознаватель эбэтэр суут нөҥүө холуобунай дьыалаҕа кыттыбыт адвокаттар дохуоттара 5,1 бырыһыан эмиэ үрдүөҕэ.

 

Судаарыстыбаннай портал өҥөтө тулаайахтарга көмөлөһөр

Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт саастарын ситэ илик оҕолор дьиэ ылыахтарын сөп, судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорор портал нөҥүө сайабылыанньа биэрэннэр. Бырабыыталыстыба дьаһала ый саҥатыттан күүһүгэр киирэр. Маннык сайабылыанньалар тустарынан этиллэр:

дьиэ төлөбүрүгэр эбэтэр ипотека кирэдьиитин бүтүннүү сабарга;

анал олорор дьиэни уларсан олорууга дуогабар болдьоҕун аччатарга.

 

Массыынаны утилизациялыыр хомуур үрдүүр

Арассыыйаҕа тимир көлөлөөхтөргө уонна бирисиэптэргэ утилизация хомуура үрдүүр, оттон 2025 сылтан – анал тиэхиньикэҕэ. Сокуон юридическай сирэйдэринэн киллэриллэр саҥа омук массыыналарын эбэтэр урут сүүрэ сылдьыбыттары таарыйар.

Индексация физическэй сирэйдэри таарыйбат, өскөтүн омук сириттэн киирэр тимир көлө двигателэ үс лиитирэттэн тахсыбат уонна тус бэйэтэ туттар буоллаҕына – гражданнарга чэпчэтиилэр көрүллэллэр.

Саҥа сокуоҥҥа этиллэринэн, 2030 сылга диэри утилизация хомуура сыл аайы 10-20 бырыһыан индексацияланан иһиэхтээх.

Утилизация хомуура – тимир көлөнү атыылаһааччылар, оҥорон таһаарааччылар уонна импортердар судаарыстыбаҕа биирдэ эрэ төлүүр хомуурдара. Салгыы бу нолуок массыынаны утилизациялыырга утаарыллар.

 

ОСАГО элбэх дааннайы харайыа

ОСАГО полиһыгар баар QR-код билигин ОСАГО дуогабарыгар иһитиннэриилэр дааннайдарын АИС страховкалыыр сайт операторыгар быһаччы киирэн көрөр буолуоҕа.

2025 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри страховкаламмыттар урукку пуорманан оҥоһуллубут ОСАГО полиһын былааҥкаларын дуогабар түһэрсиитигэр, уларыйыы киллэрэргэ эбэтэр дубликаты биэрэргэ туһаныахтарын сөп.

Маны таһынан, суол саахалын туһунан иһитиннэриигэ, судаарыстыбаннай өҥө анал страницатыгар QR-код көрүллүөхтээх диэн сурулла сылдьар.

 

Полиция экологическай бэрэбиэркэни ыытара тохтуур

Саҥа сокуон быһыытынан, полиция боломуочуйатыттан атын биэдэмэстибэлэр дьарыктанар бэрэбиэркэлэрин соттулар, быраабы араҥаччылааччылар тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, кыыллары уонна айылҕаны туһаныыга кэһиилэри көрүү дьыалатыгар аны эппиэтинэстэн босхолоноллор.

Полиция боломуочуйатыттан барыта 46 састаап ылыллар.

 

Биллибэт ааптардар ырыалара эпииргэ тыаһыан сөп

“Тулаайах” диэн ааттаах айымньыларга лицензияны биэриинэн билигин анал тэрилтэ дьарыктаныа.

Саҥа киллэрии киинэлэри, хартыыналары, муусуканы уонна кинигэлэри таарыйыа, ааптара уонна бас билээччитэ суохтары, ааптар быраабын араҥаччылыыр болдьох бүтэ илик буоллаҕына.

Бастаан, сокуоҥҥа суруллубутунан, ааптары көрдүү сатыахтара. Бу кыаллыбатаҕына, айымньыны туһаныан баҕарааччылар анал хамыыһыйаны кытта дуогабарга илии баттааннар, көҥүл ылыахтара. Айымньыны туһанар иһин төлөбүр оҥоһуллар үп анал счекка киирэр. Оттон ааптар көстөр түгэнигэр, төлөбүр киниэхэ бэриллэр.

 

Биэнсийэни дэбиэринэһинэн ылыыга быраабылалар

Хас биирдии биэнсийэлээх биэнсийэтин хайдах ыларын бэйэтэ талар – счекка эбэтэр баан каартатыгар – эбэтэр Арассыыйа Почтатын салаатыгар. Маныаха биэнсийэни дьиэҕэр аҕалан биэрэллэр эбэтэр почта салаатыгар баран ылаҕын. Маны таһынан, биэнсийэлээх тус бэйэтэ эбэтэр бэйэтин бэрэстэбиитэлэ ыларын дуу бэйэтэ быһаарар бырааптаах.

Мантан аллараа дэбиэринэһи оҥотторууга быраабылалар тустарынан билиһиннэриэхпит.

Ол курдук, биэнсийэни, атын да социальнай төлөбүрдэри Биэнсийэ пуондатын линиятынан ыларга биэнсийэлээх оннугар кини бэрэстэбиитэлэ ылар буоллаҕына, дэбиэринэс оҥотторуон наада.

Бастакынан. Дэбиэринэстэ оҥоруҥ

Дэбиэринэһи көҥүл толоруохха сөп, онно маннык ыйыллыахтаах:

– докумуон аата – дэбиэринэс;

– оҥоһуллубут (толоруллубут) миэстэтэ уонна күнэ-дьыла. Дэбиэринэһи оҥоруу күнэ-дьыла хайаан да баар буолуохтаах. Ол суох буоллаҕына, дэбиэринэс дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар;

– Биэнсийэлээх уонна дэбиэринэс итэҕэллээх киһитин аата-суола толору, олорор регистрацията уонна пааспарын дааннайа;

– биэнсийэлээх оннугар страховой биэнсийэтин уонна атын да төлөбүрдэри ыларыгар тус боломуочуйа;

– дэбиэринэс болдьоҕо. Дэбиэринэс төһө баҕарар болдьоххо бэриллиэн сөп. Оттон күнэ-дьыла ыйыллыбатах буоллаҕына, биир сыл эрэ иһинэн билиниллэр;

– биэнсийэлээх илии баттаааһына.

Иккиһинэн. Дэбиэринэһи нотариус оҥорор

Оттон нотариус суох буоллаҕына, докумуону бигэргэтэр:

– олохтоох дьаһалта эбэтэр бэйэни салайыныы баһылыга;

– үлэ биэрээччи (өскөтүн биэнсийэлээх үлэлиир буоллаҕына) эбэтэр үөрэх тэрилтэтэ (үөрэнэ сылдьар буоллаҕына);

– балыыһаҕа эмтэнэ сытар буоллаҕына, балыыһа дьаһалтатын эбэтэр интэринээт-дьиэ бэрэстэбиитэлэ;

– нэһилиэнньэ көмүскэллээх буолуутун социальнай уорганын салайааччыта.

Дэбиэринэһи биэнсийэлээх пааспарын көрдөрөн бэйэтэ да биэриэн сөп. Маныаха кини биэнсийэтин ылыахтаах киһи баара булгуччу ирдэммэт. Кини пааспарын куоппуйата эрэ наада.

Үсүһүнэн. Сыл аайы регистрациялаах сиргитин эбэтэр биэнсийэ ылыахтаах миэстэҕитин бигэргэтиҥ.

Өскөтүн биэнсийэ ылыахтаах дэбиэринэскит сылтан ордук болдьохтоох бэриллибит уонна биэнсийэлээх тус бэйэтэ сылтан ордук кэмҥэ биэнсийэтин ылбат буоллаҕына, кини регистрациятын, олорор сирин бигэргэтэр эбээһинэстээх. Онон тус бэйэтэ Социальнай пуондаҕа биллэриэхтээх. Маны сокуон ирдиир.

Дэбиэринэһи оҥотторуу сыаната төһөнүй?

Нотариус өҥөтө икки тарыыптан оҥоһуллар – федеральнай уонна региональнай.

Федеральнай тарыып 200 солк. Атын субьектар тарыыптара региональнай нотариальнай палата сайтыгар бааллар.

Нотариустар өҥөлөрө маннык категорияҕа чэпчэтии көрөр:

– харахтарынан инбэлииттэр, I уонна II группалаахтар, оҕо эрдэхтэн инбэлииттэр;

– инбэлиит оҕолор;

– тулаайах оҕолор;

– СВО кыттыылаахтара уонна кини дьиэ кэргэнин чилиэннэрэ;

– Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэрэ уонна инбэлииттэрэ;

– фашистскай концлааҕыр урукку хаайыылаахтара;

– Албан аат уордьан толору кавалердара;

– Сэбиэскэй Сойуус дьоруойдара;

– РФ дьоруойдара.

Дэбиэринэһи хаһан баҕарар төттөрү ылыахха сөп – нотариус нөҥүө. Маныаха ким оҥорбутуттан тутулуга суох.

Болҕойуҥ! Нотариус ханнык баҕарар дэбиэринэһи уларытыан сөп.

Дэбиэринэс үлэтэ тохтуур:

– өскөтүн биэнсийэлээх дэбиэринэһи тохтотор түгэнигэр;

– итэҕэллээх киһитэ боломуочуйаттан аккаастаннаҕына;

– болдьоҕо бүттэҕинэ;

Биэнсийэлээх бэйэтин көрүммэт, кыаммат буоллаҕына, дэбиэринэс наадата суох: төлөбүрү ылыы сокуонунан оҕолоругар эбэтэр эпэкииннэргэ тута көһөрүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....