«Николаев-Центр» уонна Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата ыччаты иитиигэ уонна Бастакы Бэрэсидьиэн аатын үйэтитиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев төрөөбүт сиригэр Хаҥалас улууһун Өктөм сэлиэнньэтигэр СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев архыып-билиотекатын уонна Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын икки ардыларыгар Бииргэ үлэлэһии сөбүлэҥэ түһэрсилиннэ. Дьоһун суолталаах докумуоҥҥа Дьокуускай куорат аатыттан баһылык Евгений Григорьев баттаата.
«Михаил Ефимович, бэйэтин кэмин моральнай уонна уопсастыбаннай-политическай лидерин быһыытынан, билиҥҥи өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһа бигэ тирэхтээх буоларыгар, ону сэргэ Арассыыйаҕа 90-с сылларга уонна 21-с үйэ саҥатыгар федеративнай сыһыаннаһыылар сайдыыларыгар кэмнэммэт кылааттаах.
Биһиги Бастакы Бэрэсидьиэммит нэһилиэстибэтэ бүгүн наука бэрэстэбиитэллэригэр, нэһилиэнньэҕэ, бастатан туран, ыччакка, устудьуоннарга уонна оскуола үөрэнээччилэригэр ураты суолталаах.
Бу - бүгүн даҕаны суолталарын сүтэрбэт биһиги дойдубут аныгы историятын, уопсастыбаннай уонна судаарыстыбаннай тутулун боппуруостара, ордук ыччаты патриотизм тыыныгар уонна ийэ дойдуга тапталга иитии!», - диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Ол курдук, Сөбүлэҥ чэрчитинэн өрүттэр ыччат политикатын сайыннарыыны,«Николаев-центра» базатыгар кыттыгас тэрээһиннэри уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын историятыгар сыһыаннаах сырдатар үлэни ыытары былаанныыллар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
Хаартыска: Олохтоох дьаһалта саайтыттан