«Звезднай» түөлбэҕэ киирэр суоллары өрөмүөннүүллэр
Саҥа тутулла турар «Звезднай» түөлбэҕэ уулусса-суол ситимин оҥоруу салҕанар. Ол туһунан балаҕан ыйын 30 күнүгэр куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко «Россия 24» тэлэбиидэнньэ ханаалын «Куораты кытта быһа эпиир» биэриитигэр кэпсээн турар.
Антон Алексеенко бэлиэтээбитинэн, «Звезднай» түөлбэ суола хас да түһүмэҕинэн оҥоһуллар. Бастакынан, ол эбэтэр быйыл, 1,5 км усталаах суолу оҥорор былаан турар.
«Манна сабыылаах каток, А сектор курдук социальнай эбийиэктэр суоллара киирэр. Бу күннэргэ аспаал алын араҥатын ууруу түмүктэнэн, үрүтэ 65 % ситтэ. Тротуар тэлгэнэр, сырдатыы үлэтэ, суол бэлиэлэрин туруоруу ыытыллар», – диэтэ Антон Алексеенко.
Санатар буоллахха, «Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» нацбырайыагынан ааспыт 2023 сылга Дьокуускай куоракка 30 км кэриҥэ усталаах уулусса-суол ситимэ тутуллан, өрөмүөннэнэн турар. Оттон 2019 сылтан чуолаан бу бырайыагынан киин куоракка барыта 133 эбийиэккэ 164 км усталаах суол нуормаҕа хоруйдуур гына оҥоһуллубута.
Быйыл, 2024 сыл түмүгүнэн, куорат суолларын 80% ирдэбилгэ сөп түбэһэр таһымҥа тахсыахтаах, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.