27.09.2024 | 10:00

Өксөкүлээх суолунан...

Өксөкүлээх суолунан...
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна – Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Учууталлар учууталлара.

– Саҥа үөрэх дьылынан, Вера Васильевна! Учуутал бары идэлэргэ акылаат уурар. Аныгы сайдыылаах үйэҕэ  идэ эрэ элбэх, ол эрээри билигин даҕаны учуутал идэтин талааччы эдэр дьон үгүс. Эн  учуутал идэтигэр ханна үөрэммиккиний?

– Мин 1979 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран, 1-кы №-дээх Дьокуускайдааҕы педучилищеҕа үөрэнэ киирбитим. Онтон салгыы 1988 с. СГУ “Педагогика и методика начальных классов” диэн алын кылаастары үөрэтэр учуутал үөрэҕин бүтэрбитим. Учуутал буолар баҕалаах оҕо элбэх, бу хайа да кэмҥэ улахан суолталаах идэ буолар.

– Хас сылтан төрөөбүт нэһилиэгиҥ оскуолатыгар учууталлыыгын?

– Уопсайа 43-с сылбын үлэлиибин, онтон — 42 сылын үөрэммит оскуолабар. Алын сүһүөх оскуола учуутала үөрэтэр эрэ буолбакка, кылаас салайааччытын быһыытынан оҕо инники үөрэнэр, киһи буолан чочуллан тахсар акылаатын оҥорор. Ол эбэтэр кини оҕо уопсастыбаҕа сүрүн оруолун иҥэрэр киһи буолар.

– Учуутал үөрэх бырагырааматыттан ураты бэйэтэ анал бырайыактардаах буолар. Олор оҕону сайыннарыыга эрэ туһуламматтар, манна дойду устуоруйатын үөрэтии, биллиилээх дьонунан киэн туттуу, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии курдук дьоһун санаанан салайтаран, оҕо билиитин хаҥаталлар, билиигэ-көрүүгэ интэриэс үөскэтэллэр, киэн туттуу күүһүн иҥэрэллэр.

– Бырайыактары оҥоруу айар үлэҕэ тэҥнэһэр. Оҕону биир кэлим кэпсээнинэн, ааҕыынан интэриэһиргэппэккин. Сонуну көрдүү сатыыгын. Кинигэнэн эрэ муҥурдаммакка, чинчийээччи быһыытынан да үлэлиэххэ сөп. Манна төрөөбүт дойдуҥ устуоруйата бастакы олугу биэрэр.

Биһиги Чычымахпыт дириҥ устуоруйалаах кырдьаҕас  сир буолар. Манна саха уус-уран литературатын алгыс тылынан сахпыт А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, бастакы бэйиэт С.Р. Кулачиков-Эллэй, бастакы норуот суруйааччыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүттэрэ, айар күүс илбиһин ылбыт дойдулара буолар.

– Хаһааҥҥыттан улуу Өксөкүлээх олоҕун дириҥник үөрэтэн саҕалаабыккыный?

– Биһиги  ааҕар буолуохпутуттан, ол эбэтэр оскуола паартатыттан  биир дойдулаахпыт Өксөкүлээх Өлөксөйү, Реас Кулаковскайы, Кулаковскай аймаҕы билэ, ааҕа улааппыппыт.  Кулаковскайдар  төрөөбүт алаастарын кытта сибээһи быспаттар. Күндү биир дойдулаахтарбыт ыһыахха кэллэхтэринэ, үбүлүөйдэргэ кытыннахтарына, ол түгэни үйэтитэр сыалтан хаартыскаҕа түһэрэбин, үлэбэр туттабын. Буолан ааспыт көрсүһүүлэри, кэпсэтиилэри, уруу-аймах үтүө холобурдарын саҥа кэм ыччатыгар үөрэтэбит, билиһиннэрэ турар дьоллоохпут.

– Чинчийэр, айар үлэҕин ааҕааччыларга билиһиннэр эрэ...

– Айар үлэ элбэх сыллаах үлэни эрэйэр. Ол курдук эдьиийбиниин, Дьокуускайга эрдэҕэс оҕо библиотекатыгар библиограбынан 33 сыл үлэлээбит, элбэх бырайыак ааптара Людмила Хабытиналыын, бэйэм эрэдээктэрдээһимминэн икки  диискэттэн турар үлэбитин 2022 сыллаахха бүтэрбиппит. Бу диискэ “Электронная библиотека сельского учителя на якутском, русском языках” сиэрийэнэн тахсыбыта. Бастакы “Өксөкүлээҕи арыйыаҕыҥ!” диискэ барыта 25 блоктан турар, манна “Олоҕо”, “Айар үлэтэ”, “Хоһооннор”, “Поэмалар”, “Таабырыннар”, “Өс хоһоонноро”, “Научнай үлэлэр”, “Кыыллар тустарынан номохтор”, “Саха интеллигенциятыгар”, “Ырыалар”, “Кыыллар саҥалара” диэн барыта 4483 файл, 278 паапка киирбитэ. Иккис “Сайын кэлиитэ” диискэ 6 чаастан турар: “Хаар хараарыыта”, “Үрэх эстиитэ”,  “Үөн-көйүүр”, “Көтөр-сүүрэр”, “Этиҥ, ардах”, “Сир көҕөрүүтэ, от үүнүүтэ”, “Киһи-сүөһү кэскилэ” – барыта 3348 файллаах, 149 паапкалаах. Вера Захарова муусуканы таҥыыга, Афанасий Кулаковскай программист быһыытынан үлэлэспиттэрэ, Андрей Колодезников таһаарбыта. Саха араадьыйатын биэриилэригэр анаан, эдьиийим толкуйдаан суруйбут сценарийдарынан радиокомпозициялар эмиэ бу диискэлэргэ бааллар. Сүрдээх киэҥ ис хоһоонноохтор, суруйааччы олоҕун, үлэтин арыйан көрдөрөллөр.

Былырыыҥҥыттан дойду үрдүнэн оскуолаларга “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” диэн сүрүн дьарыктар ыытыллаллар. Бу үлэ иитинэн 2023 с. педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Светлана Бурцева кэриэһигэр ыытыллыбыт методическай ырытыыга “Өксөкүлээх Өлөксөйү арыйыаҕыҥ!” диэн үлэбинэн улуус учууталларын күрэҕэр кыттыбытым. Онтон  ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, учуутал Реас Кулаковскай төрөөбүтэ 110 сылыгар “Мин бастыҥ методическай ырытыым” диэн күрэскэ “Саха тылын уонна “Литература ааҕыытын”  уруоктарыгар подкаст ньыматын киллэрии” диэн ырытыыбынан кыттыбытым.  Манна ааҕыы нөҥүө оҕо саҥатын уонна кэпсиир дьоҕурун сайыннарыы, ойуулуур-дьүһүннүүр тиэкис өйдөбүлүн тиэрдии диэн соруктары туруорбутум. Бу видеоролик көмөтүнэн ыытыллар дьарыкка Реас Кулаковскай “Киһи доҕоро” кэпсээнтэн Кэрэмэс ыт туһунан, “Булчут кэпсээннэриттэн” булчуттары, тииҥи ойуулаан ааҕыы курдук, үөрэнээччи кыттыылаах уруогу оҥорбутум. Күрэххэ бу икки бырайыакпынан бастаан турабын.

Саҥа көлүөнэ үөрэнээччитэ урукку көлүөнэ үөрэнээччититтэн бары өттүнэн атын, ону кэм бэйэтэ уларытар. Урут аҥаардас кинигэни, хаһыаты ааҕан, матырыйаал мунньан уруоктары оҥорорбут. Билигин куйаар ситимин туһанан, аныгылыы роликтары оҥорон, оҕону бэйэтин кытыннаран интэриэһиргэтиэххэ сөп.

– Чычымах сэлиэнньэтэ бэйэтинэн Өксөкүлээх Өлөксөйү кэпсии турар...

– Улуу киһибит олорон ааспытын кэпсиир, сүгүрүйэр сирдэр нэһилиэкпит кэрэ, ытык сирдэрэ буолаллар. Нэһилиэкпит биир көстүүлээх сиригэр 1899 с. аанын арыйбыт Николаевскай таҥара дьиэтэ турар. Бу таҥара дьиэтин кыйа олбуордаан, нэһилиэк мусуойа тэриллибитэ. Манна бэйиэт С.Р. Кулачиков-Эллэй дьиэтэ уонна Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыт балаҕан турар. Сыллата оскуола үөрэнээччилэрэ экскурсияларга сылдьаллар, нэһилиэк тэрээһиннэрэ ыытыллаллар. Аны киһи үөрэрэ, таҥарабыт дьиэтин куолакалларын Кулаковскай аймах Амма нэһилиэгэ төрүттэммитэ 100 сылыгар  бэлэхтээн тураллар.  Куолакаллары Жуковскай куоракка баар куолакаллары оҥорор собуокка үлэҕинэн оҥорторбуттара. Онон 4, 8, 12, 35, 80 киилэлээх куолакаллар Чычымахпыт ааспытын, билиҥҥитин, кэлэр кэмин кэрэһилээн, сыллата лыҥкыныы тыаһыыллар. Оттон Өксөкүлээх киһи аймах олоҕун-дьаһаҕын, айылҕа кэрэтин туойбут 11 айымньыта Аммабыт саамай кэрэ сиригэр Дьаам кытылыгар Унньуулалаахха оҥоһуллан тураллар. Өксөкүлээх айымньыларынан нэһилиэстибэтин  айылҕаттан дьоҕурдаах уус Вячеслав Кулачиков оҥорбута. Манна Алгыстаах аарканан үтүөнү баҕара, алгыс тылы саҥара киирдэххинэ, “Байанай алгыһа”, “Саха интеллегенциятыгар сурук”, “Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыата”, “Манчаары”, “Хомус”, “Кэччэгэй баай”, “Ойуун түүлэ”, “Сайын кэлиитэ”, “Өрүс бэлэхтэрэ”, “Кырасыабай кыыс” эйигинниин сэргэстэһэ хаамыахтара. Онон харах көрөр кэрэтэ, дьиктитэ Өксөкүлээхпитин кытта ситимниир.

– Ыраах, ол эрээри өйбүтүгэр-санаабытыгар чугас Өксөкүлээхпит өссө дириҥник, өссө хорутуулаахтык үөрэтиллэ туруохтун. Учуутал айымньылаах үлэтигэр ситиһиилэри, саҥаттан саҥа бырайыактары баҕарабын!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...