04.10.2024 | 18:00

Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...

Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар... 
Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл эйгэтэ» форсайт-сессия ыытыллыбытын туһунан кэпсээбиппит. Бүгүҥҥү нүөмэргэ ол түһүлгэттэн төрөппүттэри толкуйдатар, долгутар түгэннэргэ тохтуохха.

Оҕону күһэйэн туран сахалыы саҥардарыҥ саарбах...

Мөҕөн-этэн, сэмэлээн, сирэй-харах анньан, күлүү-элэк оҥостон ийэ тылын иҥэрбэккин...

Сыыһалаах да буоллун, саатар эрэ саҥардын...

Аҕыйах да тылы биллэҕинэ, хайҕааҥ...

 

Тэрээһин биир уратытынан сахалыы билбэт эбэтэр «бааһынайдыы» саҥарар тыл этээччи элбэҕэ буолла. Сорохтор олуттаҕастык эрээри, төһө кыалларынан, сахалыы саҥара сатаабыттара хайҕаллаах. Баҕар, ону ким эрэ сиилии истибит, сэмэлии көрбүт, хас эппит тылларыгар иҥнэ, көннөрө олорбут буолуон сөп...

 

«Эллэй хос сиэнэ эрээри... сахалыы саҥарбат...»

Аҥаар кынаттара сарбыллыбыт оҕолор олохторугар төһөлөөх моһоллору көрсөллөрө, итэҕэс сананаллара, охсуу ылаллара буолуой? Кинилэр кэптэрин кэтэн көрбүт эрэ билээ ини. Арай ону тэрээһиҥҥэ сахалыы саҥарбат сахалар тус олохторуттан «ыарыылаах» түгэннэри ахтыбыттарыттан сэрэйиэххэ эрэ сөп.

Киинэ режиссера, сценарист, продюсер Аполлинария Дегтярева кэпсээнэ ордук долгутта. «Мин сахалыы ончу саҥарбаппын. Оҕом билигин алта саастаах, киниэхэ ийэ тылбын иҥэрэр кыаҕа суохпун өйдүүбүн», – диэн баран куолаһа титирэстээн ылбытыгар, үгүстэр тэҥҥэ уйадыйдыбыт. Кини 2023 сыллаахха Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун уонна айар үлэтин туһунан «Поговорим культурно» диэн биэриилэр тиһиктэрин уһулбут. «Билигин бырайыагым үксэ саха тыла тыыннаах хааларын, сайдарын туһугар туһуланар. Уус-уран киинэлэрим эмиэ», – диэтэ кини.

Аполлинария аҕата сахалыы саҥарбат буолан, кыра эрдэҕиттэн дьиэлэригэр нууччалыы эрэ кэпсэтэллэр эбит. Кыыс олус эрдэ тылламмыт, биллэн турар, нууччалыы уһуйааҥҥа барбыт. «Оҕо сылдьан төрөөбүт тылым саха тыла диэн өйдөөбөт да этим. Нуучча курдук сананар быһыылааҕым», – диэтэ. Сахалыы уһуйааҥҥа биэрбиттэригэр, 4-5 күн тохтоло суох ытаабытын оҕо сааһын биир улахан охсуутунан ааттыыр. Онтон алын кылааска сахалыы үөрэтэ сатаабыттарын, «таһыма лаппа мөлтөх этэ» диэн кэпсээтэ.

«Тугу эрэ сахалыы саҥара сатаатахпына, дьон күлүү гыналлара, сэмэлииллэрэ. Ол төрөөбүт тылбын үөрэтиэхпин баҕарбат буолбут биир сүрүн төрүөтүм», – диир кини.

Олоҕор саамай улахан «ыарыылаах» түгэнин бу курдук аҕынна:

– Мин саха норуодунай поэта С.Р. Кулачиков-Эллэй хос сиэнэбин. Кыра эрдэхпиттэн Кулачикова диэн араспаанньабын биллилэр да: «Саха сирин НОРУОДУНАЙ поэтын хос сиэнэ уонна сахалыы саҥарбат... Бу СААТЫ!» – дииллэрин истэн улааппытым. Бастаан оскуолаҕа, университекка. Ити миэхэ олус ыарыылаах этэ. Ойох тахсарбын, араспаанньабын уларытар эрэ күммүн күүтэрим, – диэн аһаҕастык билиннэ.

Кыыс оскуола кэнниттэн Омук тылларын үөрэтэр факультекка киирэн, сэттэ сыл дьоппуон, француз, ангылычаан тылларын үөрэппит. Билигин ситиһиилээх режиссер, сценарист.

Аполлинария оҕо, ыччат саха тылын үөрэтэригэр интэриэс, эйгэ, билии баар буолуохтаах диир. Оҕону сэмэлээн, сирэй-харах анньан, күлүү-элэк оҥостон, киниэхэ ийэ тылын иҥэрбэккин диэн санаалаах. 

Манна блогер, Мэҥэ Хаҥалас улуустааҕы түмэлин дириэктэрэ Масаха Мэхээс тус уопутуттан сүбэтин холобурдуохха:

– Оҕо хайҕабылы олус сөбүлүүр. Сахалыы саҥаран кэллэҕинэ, биир да тылы үөрэттэҕинэ, «Маладьыас!» диэҥ. Ийэлиин-аҕалыын, эбэлиин-эһэлиин бары хайҕааҥ. Аныгыскыга биэс тылы билэн кэлиэҕэ, итинник аргыый аҕай эбэн иһиэҕэ. «Сахалыы саҥар эрэ!» диэн кэтэххэ биэрдэхпитинэ, ыарыы эрэ буолуоҕа, бу оҕо сахалыы олох саҥарыа суоҕа. 

 

Куорат оҕолорун өйүөххэ...

Сахалыы саҥарбат ыччаты сэмэлиэх, сүөргүлүөх, «үөрэтиэх» иннинэ толкуйдааҥ: бу кинилэр «буруйдара» үһү дуо?! Аһаҕас «баастарын» хас сырыы аайы хастыы тардар тустаахтарга ыарыылаах да ини...

Ол да буоллар улаатан да баран төрөөбүт тылы үөрэтиэххэ сөп. СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов ол дьонтон биирдэстэрэ. Кини Казань куораттан эҕэрдэтин: «Сахам тыла – мин ийэм, мин аҕам, мин өбүгэлэрим тыллара. Төрөөбүт тылбынан саҥарабын, кинилэри кытта биир ситимнээхпин», – диэн хомоҕой тылларынан саҕалаата. 

Кини куоракка төрөөбүт, 21-с оскуолаҕа үөрэммит. «Кыра сылдьан сахалыы саҥарбат этим. Улаатан баран сахалыы саҥарар уолаттары кытта бодоруһан, сахалыы саҥаран испитим... Ол гынан баран кинилэр сатаан саҥарбаккын диэн күлүү гыммыттара. Ол иһин кыбыстан, сахалыы саҥарбат буолбутум», – диэн эмиэ олоҕор «ыарыылаах» түгэнин кэпсээтэ. Биирдэ ытыктыыр киһитэ: «Туохтан да куттаныма, кими да истимэ, сахалыы саҥаран ис», – диэн сүбэлээбит. Онтон ыла дьаныһан туран ийэ тылын үөрэппит. Билигин бэркэ саҥарар, улахан түһүлгэлэргэ тыл этэрин үгүстэр истибит буолуохтааххыт.

– Мин санаабар, бастатан туран, сахалыы саҥара сатыыр куорат оҕолорун, ыччатын өйүөххэ наада. Иккиһинэн, сахалыы эйгэ кэҥиирин туһугар контент элбиэхтээх, холобур, сахалыы ойуулуктар. Тоҕо диэтэххэ оҕолорбут билигин интэриниэккэ олороллор, – диэн санаалаах Анатолий Аскалонович.

Биллэр-көстөр дьон төрөөбүт тылбыт сарсыҥҥы саргытын салайа сылдьаллара саарбаҕа суох. Инфлюенсер, урбаанньыт, модель Паулина Турмель эмиэ куоракка улааппыт, 20-с нүөмэрдээх оскуоланы бүтэрбит. Оҕо сылдьан сахалыы саҥарбат эбит, улаатан, ийэ буолан баран саҥарар буолбут. «Төрдүбүтүгэр сахалыы саҥарар киһи бүтэр. Бэйэм оҕолорбор, сиэннэрбэр ийэ тылбын тиэрдиэхпин наада диэн санаа кэлбитэ. Онон ийэ тылбын, төрүт култуурабын үөрэтэр сорук туруоруммутум», – диэн кэпсээтэ. Кини блогар сахалыы саҥаран эмиэ «сыыһа, олуттаҕастык саҥараҕын» диэн улаханнык сэмэлэммит, этэргэ дылы, кириитикэ аһыы амтанын балачча билбит.

– Былырыын Саха тыйаатырыгар Хаарчаананы оонньообутум, онно сахалыы эрэ саҥарыахтаах этим. Наһаа долгуйбутум, ыгылыйбытым. Күн аайы сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри тылбын үөрэппитим, сахалыы ырыалары истэн, сахалыы киинэлэри көрөн, сөпкө саҥарарга үөрэммитим, – диэн тус уопутун үллэһиннэ.

Ырыаһыт, ааптар, худуоһунньук, туой маастара Аина Kakitoka эбээ үөрэҕэ ханнык да оскуолатааҕар, уһуйааннааҕар күүскэ дьайарын бэйэтин холобурунан көрдөрдө. Кинини нуучча сирэйдээх уонна сахалыы саҥарар диэн элбэх киһи соһуйа көрөр эбит.

–  Эбэм Дария Васильева-Амма Даайыс – хоһоонньут. Миигин кини улаатыннарбыта, оҕо эрдэхпиттэн сахалыы хоһоон, ырыа эйгэтигэр сыһыарбыта. Эбэбин кытта тыаҕа, айылҕаҕа тэбис-тэҥҥэ сылдьыһарым. Сахалыы итэҕэллээх киһи буолан тахсыбыппар эбэбэр махтанабын.

Сахалыы саҥара сатыыр оҕолору күлүү гыммакка, өйүөххэ наада диэн санаалаахпын. Сыыһа-халты да буоллун, саатар эрэ сахалыы саҥардыннар. Нууччалыы да булкуйдуннар ээ.       

Аина эбэтин кытта көмүлүөк оһохтору оҥороллор. Билигин оҕолорго аналлаах сахалыы кинигэҕэ ойууһут быһыытынан үлэлэһэ сылдьар.

 

«Киин куоракка, бэл, улууска олорор үгүс ыччат, оҕо аймах сахалыы саҥарбат буолбута – улахан кыһалҕа. Мин курдук нууччалыы саҥарар саха элбэҕэ кистэл буолбатах. Ол эрээри биири этиэхпин баҕарабын: дьон «сыыһа саҥараҕын» диэн биһигини хомуруйбакка, сэмэлээбэккэ, хайдах баарбытынан ылынан сыһыаннаһаллара буоллар, элбэх киһи сахалыы саҥара сатыа этэ...»

Яна Угарова, суруналыыс, уопсастыбаннай диэйэтэл,  
«Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ

 

Үлэни, төрүт дьарыгы дьүөрэлээн

Саха – былыр-былыргыттан үлэнэн иитиини өрө тутан кэлбит омук. Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ төрүт дьарык сатабылларын, үлэ ньымаларын хото туһаныахха сөп.

«Барҕа» этнокултуурунай тосхол ааптара Дорҕоон Дохсун Ворогушин: «Томпоттон төрүттээхпин, Өймөкөөн өтөхтөөхпүн, Сунтаартан тардыылаахпын», – диэн бэйэтин билиһиннэрдэ. 2013 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан ХИФУ саха салаатын бүтэриэҕиттэн ыла «Уол оҕо төрүт үгэһинэн иитии суоллара уонна ньымалара» диэн дипломнай үлэтин тохтоппокко, тиһигин быспакка, күн бүгүҥҥэ диэри өрө тута сылдьар эбит. Дорҕоон Дохсун үс саҥа бырайыагын кэпсээтэ. Улахан экраҥҥа хайыһардаан дайа, хотуурунан от охсон куһуйа, тиритэ-хорута сылдьар саха ньургун уолаттара көһүннүлэр. Бэл, охсуллубут от сыта кэлэргэ дылы буолла. 

– «Буур-эволюция» диэн бырайыагы Тулагы орто оскуолатын  физкултуураҕа учуутала Захарова Светлана Егоровнаны кытта иккиэн куомуннаһан үлэлэтэбит. Хаҥалас улууһун Тиит Арыытыгар оҕолору биатлоҥҥа дьарыктыыбыт. Бу – биһиги, хоту дойду дьоно, эппитин-хааммытын, күүспүтүн-уохпутун, өйбүтүн-санаабытын чочуйарга сүрдээх үчүгэй ньыма.

Иккис бырайыакпыт «Тэгин» диэн. Бу сайын Хаҥалас улууһун Тиит Арыытыгар оҕолор хас да көрүҥҥэ уһуйуллубуттара: холобур, саха тылыгар, этнокаллиграфияҕа, уруһуйга. Ол эбэтэр ити оҕону эт-хаан өттүнэн, оҥорон көрөр дьоҕурун тэҥҥэ дьүөрэлээн сайыннарар бырагыраама.

Быйыл «Хотуур хоһууна» диэн бастакы күрэхпитин тэрийбиппит. Дьиҥэр, ити бырайыакпытын эрдэ Мэҥэ Хаҥаласка саҕалаабыппыт. Билигин регистрациялаан, саха оҕолорун оскуолаҕа дьарыктыыр көрүҥ быһыытынан киллэрэргэ дьулуһабын. Саха эр киһитин сүрүн хамсаныытын уол оҕо кыра эрдэҕиттэн билиэхтээх. Ону сэргэ «Чучунаа» диэн туспа көрүҥү сайыннара сылдьабыт.

Мин икки чаас тохтоло суох үлэни ирдиибин. Ол курдук, оҕо икки чаас тохтоло суох тылы кытта үлэлиэхтээх, икки чаас тохтоло суох уруһуйдуохтаах, кумааҕыга оһуору-мандары түһэриэхтээх.

Билигин саха дьоно алгыспыт элбэх, оттон «сыабыт» аҕыйах курдук. Оҕолорбутун төрүт дьарыкка сыһыарыахтаахпыт. Ыһыахха сылдьыбыт киһи хайаан да от үлэтигэр тахсыахтаах диэн өйдөбүлү иҥэриэхтээхпит. Уол оҕону үлэҕэ үөрэтэргэ от үлэтэ ордук табыгастаах дии саныыбын. Ийэ тылбыт, туох баар материальнай, духуобунай эйгэбит, култуурабыт ситимнэһэр сирэ – үлэ, от үлэтэ. Оҕону тулуурдаах, күүстээх оҥорор.    

 

Бу олорон улахан толкуйга түстүм.  «Сайынныбыт» дии-дии сарыкынаһабыт, «үөрэхтэннибит» дии-дии өрө көтүөккэлиибит да, кырдьык, төрүт дьарыкпытын бырахтахпытына, аны сүүс сылынан хотуур тутуурдаах саха хаалара саарбах эбит... Харахпар оттоммотох, хотуур түһэн көрбөтөх, бүтүннүү сэтиэнэх саба үүнэн турар ходуһаларын ойуулаан көрдүм. Дьулаан...

Манна Масаха Мэхээс санаатын холобурдуохха сөп. Кини этэринэн, саха тылын дьылҕата тыа сириттэн, төрүт дьарыкпытыттан быһаччы тутулуктаах. Сүөһү иитэн, бултаан-алтаан, балыктаан бүттэхпитинэ, тыа сирэ өтөхсүйдэҕинэ, саха тыла сүтэр, кэскилэ кэхтэр кутталлаах.

Күн аайы туттуллубат тыл умнуллар, ол чахчы. Санаан көрүҥ, хотуур диэни харахтаабатах, кэбиһиилээх оту өтөрүнэн көрбөтөх ыччат хантан окко туттуллар тыллары билиэй? Бу диэн эттэххэ, муҥхаҕа сылдьыбатах, хотоҥҥо үктэммэтэх оҕо балыгы, эти сиирэ, үүтү иһэрэ да саарбах ини.

 

Сүрүн болҕомтобутун – «кутталлаах» көлүөнэҕэ

Ырыаһыт, ааптар, «Сахафильм» хампаанньа салайааччыта Алексей Егоров-Өркөн бэйэтэ этэринэн, сахалыы куттаах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит, ойор күннээх оҕо сааһын дэриэбинэҕэ атаарбыт, аҕатын кытта бултаан-алтаан улааппыт дьоллоох киһи. Кини ийэ тыл сарсыҥҥытын култуураны уонна дьиэ кэргэни кытта ситимнээтэ.

– Мин санаабар, сахабыт тыла баар буолан, саха киинэтэ баар. Саха тыла баар буолан, саха поэзията баар. Саха тыла баар буолан, Саха тыйаатыра үлэлии турар, бүтүн көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньалаахпыт, ону ааһан «Тооку» диэн оҕолорго туспа ханааллаахпыт. Ити барыта сахабыт тыла баар буолан. «Барыта баар» диэн баран олордохпутуна, кэнчээри ыччаппыт ийэ тылларын умнан киирэн бардахтарына, ити барыта суох буолар кутталлаах. Ол эбэтэр сахабыт тылын сүтэрдэхпитинэ, ырыата, хоһооно, литературата, киинэтэ, тэлэбиидэнньэтэ суох хаалар кутталлаахпыт. Дьиҥэр, ити эппитим барыта бэйэ-бэйэтин кытта дьүөрэлэһэр, ситимнэһэр, ол эбэтэр биһиги оҥорон таһаарар бородууксуйабыт кэнчээри ыччаппытын саха тылыгар угуйар. Ол ыччат баарын тухары сахабыт тыла, култуурабыт эстиэ, симэлийиэ суоҕа. 

Билигин 6-9 саастаах оҕолорбут – «кутталлаах» көлүөнэ, төрөппүттэр кыратык мүччү туппут дьоммут. Бэйэбит оҕобутун кытта эмиэ «сэриилэһэн», дьарыгыран туран, национальнай гимназияҕа биэрэн, саха «оҥордубут», ол туһугар күүскэ ылсан, билигин да үлэлэһэ сылдьабыт. Ити түгэни төрөппүт наһаа түргэнник куоттарар эбит. Чуолаан оҕо 2-4 сааһыгар. Биирдэ өйдөөбүтүҥ, «уһуктубутуҥ», оҕоҕун кытта нууччалыы кэпсэтэ турар буолан хаалыаххын сөп. Ити көлүөнэбитигэр күүскэ үлэлэһиэхпитин наада диэн этиэхпин баҕарабын. Кинилэр кэннилэриттэн кэлэр көлүөнэ атын ээ. Төрөппүттэр «өйдөммүттэр» быһыылаах, төлөпүөн, планшет биэрбэт буолбуттар дуу, хайдах дуу. 2-3 саастаах кырачаан дьон сахалыы чугдаара сылдьалларын көрөн, киһи сүргэтэ көтөҕүллэр. Инньэ гынан сахабыт тыла сүппэккэ-симэлийбэккэ тыыннаах хааларыгар төрөппүт оруола улахан диэхпин баҕарабын. 

Хайдах да култуураны сайыннар, хайдах да ойуулуктары оҥор, хайдах да киинэлэри уһул, хайдах да испэктээги оонньоо, төрөппүт оҕотун сахалыы ииппэт буоллаҕына, сахабыт тылын туһунан бу курдук салгыы чугдааран, кэпсэтэн, өйдөһөн, этиһэн-эйэлэһэн, таптаһан сылдьар кыахпыт суох буолар.

Саха киинэтэ, ырыата-тойуга, литературата, тыйаатыра өрүү баар буоллун! Ийэ тылбытын биэбэйдээн, көрөн-истэн, харыстаан илдьэ сылдьыахха!

 

Ийэ тыл биһигэ – дьиэ кэргэн

Сахалыы саҥарар эдэркээн блогер, Дьокуускай куорат 39-с №-дээх орто оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччитэ Айыына Кожурова бэйэтин саастыылаахтарыгар, үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолар. Бэрт чобуо тыллаах, сытыы-хотуу кыысчаан Семен Данилов «Сахам тыла» хоһоонун быһа тардан аахта. Улахан экраҥҥа хоһоон ааҕар, ыһыахха хомунар, киэргэллэрин, симэхтэрин кэпсии-кэпсии кэтэр, дэриэбинэҕэ сылдьар, үүт иһэ турар, сөтүөлээн чомполонор түгэннэрэ көһүннэ. Кыыс кыра эрдэҕиттэн ыллыырын, үҥкүүлүүрүн, дьон болҕомтотугар сылдьарын, биһирэбили ыларын сөбүлүүр эбит.

Ийэтэ Майя Кожурова:

Быйыл Айыынабыт блог арыйан, төрөөбүт тылбыт иннигэр эппиэтинэспит улаатта. Бастаан сахалыы блог арыйар, элбэх сурутааччыланар былааммыт суоҕа. Онтон ити хомуна туран саҥарар видеолара элбэх биһирэбили ылбыттарыгар, бэйэбит да соһуйбуппут. Оҕобут сахалыы саҥарара биһиэхэ буолуохтааҕын курдук этэ. Тоҕо диэтэххэ дьиэбитигэр сахалыы кэпсэтэбит.

Сорохтор Айыына уу сахалыы эрэ саҥарар дии саныыллар. Оннук буолбатах. Оҕо-оҕо курдук, син биир нууччалыы тылы кыбытар, ыччат тылын туттар. Сороҕор «Сахалыы саҥар!» диэхпитигэр диэри аһара нууччалыыр кэмнэрдээх.

Сорохтор: «Оҕоҕутун хайдах сахалыы иитэҕит?» – диэн ыйыталлар. Айыына уһуйааҥҥа сахалыы бөлөххө сылдьыбыта, маҥнайгы кылааска Саха гимназиятыгар киирбитэ. Билигин 39-с №-дээх орто оскуолаҕа сахалыы кылааска үөрэнэр. Кылааһыгар сахалыы саҥарар оҕо элбэх.

Бэйэбит икки оҕолоохпут. Айыына Сайа Кэрэл диэн биир саастаах балтылаах. Төһө кыалларынан оҕолорбутун дэриэбинэҕэ таһаара сатыыбыт. Үс ый Аммаҕа сайылыыбыт. Сөтүөлээн, буорга булкуллан, оонньоон кэлэллэр. Эбэлэр, эһэлэр сүөһүлээхтэр. Баҕар, ол барыта дьайара буолуо.

Төрөөбүт тылбыт сайдарыгар кыра да буоллар бэйэбит кылааппытын киллэрэ сылдьарбытыттан үөрэбит.   

22 оҕолоох Александр Иванович, Оксана Алексеевна  Павловтар – Пригороднай сэлиэнньэтин олохтоохторо. Бэйэлэрэ түөрт оҕолоохтор, атыттарын иитэ ылбыттар. Приемнай дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Александр Иванович сахалыы сайаҕас саҥатынан сааланы толорон кэбистэ. Элбэх оҕолоох ыал 1995 сылтан киин куорат кытыытыгар олорор. 2003 сыллаахха бастакы оҕолорун иитэ ылбыттар, олор билигин номнуо улаатан, бэйэлэрэ үлэһит дьон. Саамай улаханнара – 37-тэ, туспа ыал, оҕолордоох.  Кэнники көлүөнэттэн саамай кыралара сэттэ саастаах. «Барыбытын билиһиннэрдэхпинэ, бүгүн бүтүөхпүт суоҕа», – диэн күллэртээтэ Александр Иванович.

– Дьиэбитигэр бары сахалыы саҥарабыт, сахалыы саҥарда сатыыбыт. Оскуолаттан нууччалыы саҥаран киирдэхтэринэ, «санатабыт». Сахалыы ырыалары элбэхтик ыллыыбыт. Ол дьарыкпыт пандемия кэмигэр саҕаламмыта. Дьиэҕэ хаайтарыы буолбутугар быыллыйа сыппыт гитарабын хостоон таһааран, струналарын настройкалаан, ыллаан барбыппыт. Видеоҕа устан, социальнай ситимҥэ таһаарар буолбуппут. 

Арчылаана, дьиҥэр, Света диэн ааттаах эбит. «Ийэлээх аҕам (иитэ ылбыт төрөппүттэрин этэр - Аапт.) миигин Арчылаана диэбиттэрэ», – диэн бааһынай көрүҥнээх кыыс уу сахалыы саҥаран, барыбытын соһутта уонна үөртэ. Кини уһуйааҥҥа сахалыы бөлөххө сылдьыбытын, онтон Айыы Кыһатыгар сахалыы кылааска киирбитин кэпсээтэ. Билигин 12-с нүөмэрдээх оскуолаҕа эмиэ сахалыы кылааска үөрэнэр. «Кыра эрдэхпиттэн сахалыы ыллыырбын сөбүлүүбүн», – диэтэ. Женя Синягин эмиэ сахалыы ыраастык саҥарар. 12 саастаах, алтыс кылааска үөрэнэр. Жанна Филиппова эмиэ алтыска үөрэнэр.

Александр Иванович оҕолорун кытта Байбал Сэмэнэп «Көмүс күһүн» ырыатын бэлэхтээтилэр, тэрээһини киэргэттилэр.

  

Сахалыы саҥаран соһуттулар

Экономика Үрдүкү оскуолатын устудьуоннара (Москва куорат), саха тылын үөрэтээри, бэһис сайыннарын Саха сиригэр кэлэллэр. Кинилэр видео уһулан ыыппыттар.

«Биһиги саха буолбатахпыт эрээри, саха тылын үөрэтэбит. Сахалыы саҥарбат сахаларга этиэхпитин баҕарабыт: «Төрөппүттэргит тылы иҥэрбэтэх эбэтэр оскуолаҕа үөрэппэтэх буоллахтарына, үөрэтэр хаһан да хойут буолбатах», – диэн сүбэлээтилэр.  Итиэннэ: «Саха тыла – аҕа саастаах дьон эбэтэр тыа сирин эрэ буолбакка, аныгы кэм тылларыттан биирдэстэрэ. Билиҥҥи кэрэ Саха сирин тыла – киһи аймах бүттүүн баайа-дуола. Саха тылын үөрэтиэҕиҥ!» – диэн ыҥырдылар.

Дьэ, бэрт маладьыастар! Сорохтор, киһи сөҕүөх, сахалыы дорҕооннору олус ыраастык саҥараллар. Аҕыйах сылынан бэйэбитинээҕэр ордук этэн-тыынан турууһулар.

***

«Саха сирин киин куоратыгар тыл эйгэтэ» форсайт-сессияҕа олохтоммут киэҥ кэпсэтии кэнниттэн маннык уопсай түмүктэри оҥоруохха сөп:

1. Туох да диэбит иһин, сахалыы эйгэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланар (бу биллэр суол, ол эрээри син биир хатылыыбыт – Аапт).

2. Ийэ тылларын билбэт дьону, ордук уйан дууһалаах оҕо аймаҕы күлүү-элэк оҥостубат, хаадьылаабат куолу.

3. Оҕону күһэйэн, модьуйан туран сахалыы саҥардар саарбах. Өсөһүннэрэн иннин ылар биллибэт. Төттөрүтүн, төрөөбүт тылын абааһы көрөр киһини «таптайан, такайан» таһаарар куттал баар.

4. Саха тылын дьылҕата тыа сириттэн, төрүт дьарыкпытыттан быһаччы тутулуктаах. Ол чуолкай.

5. Тыа сирэ өтөхсүйүө – саха тыла симэлийиэ.

6. Сахалыы саҥара сатыыр ыччаты өйүөххэ. Сыыһа-халты да буоллун, саҥардыннар эрэ.

7.  Күн аайы туттуллубат тыл умнуллар, устунан кэхтэр аакка барар.

8. Төрөөбүт тылы хайа баҕарар саастан үөрэтиэххэ сөп. Баҕа эрэ наада! Бары күүһү туһанан, интэриэһи күөдьүтүөххэ, билиини биэриэххэ, эйгэни кэҥэтиэххэ!

 

Хаартыскалар: Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспатын уонна ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....