04.10.2024 | 10:00

Саҥа таас оскуола сандаарда

Саҥа таас оскуола сандаарда
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Учууталлар идэлээх бырааһынньыктарын көрсө Үөһээ Бүлүү Боотулуутугар чахчы да үөрүүлээх бэлиэ түгэннэр буолан аастылар.
Ол курдук, олохтоох оскуола 105 сыллаах үбүлүөйэ, оскуолаҕа учуутал Н.А. Золотарев аатын иҥэрии, саҥа таас оскуола арыллыыта СӨ үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Н.А. Соколова кыттыылаах буолан аастылар.

Ону сэргэ бу күн үөрүүлээх быһыыга-майгыга учууталлар О.П.  Боескороваҕа – "Учууталлар учууталлара", В.А. Неустроеваҕа – СӨ үөрэҕин туйгуна бэлиэлэри, С.М. Спиридоноваҕа – СӨ үөрэҕин бочуоттаах үлэһитин, К.Н. Саввиноваҕа үөрэҕирии бочуоттаах бэтэрээнин ааттарын туттартаатылар. Үгүс учууталлар, оскуола үлэһиттэрэ элбэх араас таһымнаах наҕарааданан бэлиэтэннилэр.

«Киин куорат» хаһыат өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк дьоһун суолталаах тэрээһинигэр ыалдьыттаан, кэлэктиип тутаах үлэһиттэрин, үөрэнээччилэри кытта кэпсэттэ.

Варвара Алексеевна Неустроева, Н.А. Золотарев аатынан Боотулуу орто оскуолатын дириэктэрин үөрэх чааһыгар солбуйааччы:

– Мин үөрэммит Боотулуум оскуолатыгар аҕам Алексей Алексеевич Николаев суолун батаммын, 26 сыл үлэлээн кэллим. Сүрдээх билиилээх, идэлэригэр бэриниилээх учууталларга Н.А. Григорьеваҕа, М.С. Тебеноваҕа, А.А. Николаевка, О.П. Боескороваҕа, Н.В. Кисиляховка о.д.а. үөрэммиппинэн киэн туттабын.

Бүгүн оскуолабытыгар Боотулуу сэттэ кылаастаах оскуолатын сэбиэдиссэйэ, бастакы холкуостары тэрийсибит, «САССР 10 сыла» холкуос бэрэссэдээтэлэ, «Үлэҕэ килбиэнин иһин» мэтээл кавалера Золотарев Николай Афанасьевич аатын иҥэриигэ аналлаах "Үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубат" тэрээһин бэрт сэргэхтик ааста. Ыраахтан-чугастан кэлбит Н.А. Золотарев сиэннэрэ Е.И. Иванов,  Л.И. Иванова, хос сиэннэрэ Л.Е. Уйгурова, А.Р. Золотарева уонна элбэх хос-хос сиэннэрэ эһэлэрин туһунан ахтан, кэпсээн, санаа үллэһиннилэр. Бу күннэргэ Н.А. Золотарев аатын үйэтитиигэ бюст туруораары үлэлэһэ сылдьаллар.

Биһиги оскуолаҕа сыл аайы бастыҥ выпускниктарга бэтэрээн учууталлар  П.С. Прокопьев, С.Я. Осоров аатынан уонна  Николаевтар удьуор учууталлар истипиэндьийэлэрин туттарар үтүө үгэс баар. Маны сэргэ быйыл иккис сылын оҕону иитиигэ бастыҥ дьиэ кэргэҥҥэ "Дьиэ кэргэн биһирэбилэ" диэн П.А. Габышева уонна К.С. Чиряев оҕолоро, сиэннэрэ анаабыт истипиэндьийэлэрэ  туттарыллар. Үөрэнээччилэрбит Ньургун уонна Дьулус Григорьевтар сыл бастыҥ учууталыгар уонна үөрэнээччитигэр анал истипиэндьийэни сылга иккитэ аныыллар.

Оскуолабыт үөрүүлээх күнүнэн бүгүн "Барҕарыы" пуонда стипендиата, "Новые имена Якутии" күрэх лауреата В.Н. Васильева уонна Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, "Учууталлар учууталлара", биология уонна химия учуутала М.Н. Иванова ааттарынан биир кэмнээх истипиэндьийэлэри туйгун үөрэнээччилэр Чөмчүүнэ Неустроева уонна Снежанна Егорова туттулар.

Ону таһынан бу өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн, саҥа оскуолаҕа киирбиппитинэн саҥа истипиэндьийэлэр олохтоммуттарыттан биһиги, оскуола дьаһалтата, өссө үөрэбит уонна махтанабыт.

Ол курдук, Арассыыйа үөрэҕин туйгуна, нуучча тылын учуутала, өр сылларга  дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы И.В. Николаева аатынан сыл аайы туттарыллар истипиэндьийэни төрөппүт кыыһа О.С. Винокурова, кэргэнэ С.И. Николаев олохтоотулар.

Боотулуу орто оскуолатын старшай пионер-баһаатайа, «Активнай үлэтин иһин» бэлиэ, «Үлэҕэ туйгунун иһин» мэтээл, «Вожатый-инструктор», «Методист-вожатый» анал ааттар хаһаайкалара, СӨ  үөрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ В.Ф. Афанасьева аатынан "Сыл бастыҥ лидера" диэн сыл аайы туттарыллар истипиэндьийэни бастыҥ уопсастыбанньык, оскуола олоҕун хаһыакка сырдатар үөрэнээччигэ М.И. Акимова олохтоото.

Саҥа оскуолабытыгар үөрэхпит дьыла маннык бэлиэ түгэннэринэн саҕаланна.

Күннэй Ивановна Харбаева, Н.А. Золотарев аатынан Боотулуу орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы:

– Бу оскуолаҕа 2002-2003 үөрэх дьылыгар социальнай педагогунан үлэбин саҕалаабытым. Идэбинэн алын сүһүөх кылаас учууталабын. Былырыыҥҥы үөрэх дьылыттан дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччынан анаммытым. Социальнай педагогтуу сылдьан иитэр үлэ саабыһын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээбит буоламмын, үлэбин үчүгэйдик билэбин. Хас биирдии кылаас салайааччытын, ОДД, советнигы, педагог-психологы, соцпедагогу, интэринээт үлэһиттэрин, төрөппүттэри уо.д.а кытары биир санаанан, ис сүрэхтэн ылсан үлэлээтэххэ, үлэҕиттэн астынаҕын. Үлэ үтүө түмүктээх буолара хамаанда үлэтиттэн улахан тутулуктаах.

Хас биирдии тэрээһини  хаачыстыбалаахтык, сэргэхтик, интэриэһинэйдик ыыта сатыыбыт. Ол курдук, бу бырааһынньык тэрээһинигэр сүрдээх элбэх боппуруоһу быһаарыыга, кэпсэтиигэ 10-тан тахса анал хамыыһыйа үлэлээтэ.

Кэлэктиипкэ 30 педүлэһиттээхпит. Быйыл саҥа үөрэҕи бүтэрбит историк идэлээх учуутал С.О. Андреева кэллэ. Кэлэктиип орто сааһа 46, ол иһигэр Л.В. Васильева курдук 48-с сылын физика, химия учууталынан үлэлиир бэтэрээннэрбитинэн киэн туттабыт. Ол үрдүнэн химия, биология учуутала тиийбэтэ тыын боппуруоспутунан буолар. Инникитин бу кыһалҕанан быһа ХИФУ-ну кытта үлэлэһэр былааннаахпыт.

Түгэнинэн туһанан оскуолабыт бэтэрээн учууталларын, педкэлэктииби идэлээх бырааһынньыкпытынан Н.А. Золотарев аатын сүгэр Боотулуу орто оскуолатын дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэлиибин.

Снежанна Егорова, Н.А. Золотарев аатынан Боотулуу орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:

– Быйылгы үөрэх дьыла ураты үөрүүлээх түгэннэринэн саҕаланна. Ол курдук, үөрэнээччи буолуохпутуттан өр күүппүт, кэтэспит дьиэбит – саҥа таас оскуолабыт арыллыыта балаҕан ыйын 20-21 күннэригэр Боотулуубут нэһилиэгэр буолан ааста.

Оскуолаҕа уопсайа 90 үөрэнээччи баарыттан быйыл 12 буоламмыт выпускник үрдүк аатын сүгэбит. Саҥа оскуолабыт дьиэтэ 165 миэстэлээх, икки этээстээх, уопсайа 3 184,52 м2 иэннээх. Сыаналаах аныгы көмпүүтэрдэринэн, миэбэлинэн, үөрэнэр кабинеттарынан толору хааччыллыылаах. Боотулуу үөрэнээччилэрэ сыл аайы сүрүн эксээмэннэргэ үрдүк баалы ыланнар, орто, үрдүк үөрэхтэргэ киирэллэрэ үчүгэй, араас аан дойду, Арассыыйа таһымнаах научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кытталлар, спорка мас тардыһыытыгар, волейболга өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьаллар. Бу саҥа оскуолабытыгар өссө кыһаллан үөрэнэрбит эрэ ирдэнэр, усулуобуйата толору баарыттан үөрэбит, махтанабыт.

Оскуолабыт арыллар үөрүүлээх күнүгэр СӨ үөрэҕин уонна наука миниистирэ Нюргуна Афанасьевна Соколова кэлэн барбыта эппиэтинэспитин өссө үрдэтэр.

Ону таһынан Ил Түмэн дьокутааттара В.С. Поскачин, Ф.С. Филиппов, улууспут баһылыга В.В. Николаев Yөһээ Бүлүү үөрэҕириитин  салайааччыта Ю.В. Кынатов ыалдьыттаатылар. Биһиэхэ, үөрэнээччилэргэ, кэс тылларын эттилэр.

Икки күн устата apaac быыстапкалар, маастар-кылаастар, төгүрүк остуоллар, күрэхтэр, кылаас чаастара, көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ о.д.а. элбэх тэрээһин быыһа суох ыытылынна.

Биһиги биир дойдулаахпытыгар, киэҥ, сырдык оскуоланы туппут Дмитрий Алексеевич Петровка, махталбытын биллэрэбит.

Оскуолабыт 105 сааһын туолбут үбүлүөйдээх күнүн бэлиэтээһиҥҥэ уопсайа 56 выпуск кэлэн, саңа оскуоланы истэн-сэргээн уонна төрөөбүт дойдуларыгар кэлэн дуоһуйа сынньанан, оҕо саастарын санаан тарҕастылар. Кэлэн барбыт ыалдьыттар, биһиги эмиэ бу курдук улахан, киэҥ, ыраас, сылаас оскуолаҕа үөрэнэрбититтэн олус астынабыт уонна үөрэбит.

Учуутал күнүнэн учууталларбытын эҕэрдэлиибит!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....