28.09.2021 | 13:00

Саха сирин бастыҥ парикмахердара уонна истилиистэрэ кимнээхтэрий?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Киин куорат» хаһыат бу сырыыга ааҕааччыларын сэргэхситээри, өрөспүүбүлүкэбит талба талааннаахтарын – баттаҕы кырыйар, бүрүчүөскэ оҥорор, сирэйи-хараҕы тупсарар, таҥаһы-сабы талан биэрэр маастардары сырдатар.

Дмитрий Васильев

Дмитрий Васильев эстрадабыт ырыаһыттарын сирэйдэрин-харахтарын, баттахтарын оҥорор. Ордук Олимпия, Сахая, Лиза Газизова, Айса Седалищева, Далаана, Ника сыанаҕа тахсар уобарастарын айар. Ону сэргэ, Дмитрий талбыт бүрүчүөскэни оҥоруон, кырыйыан, кырааскалыан сөп. Бэйэ сэбэрэтин оҥостууга араас үөрэх куурустарын, маастар-кылаастары тэрийэн ыытар.

Анжелика Жиркова

Анжеликаҕа билигин элбэх кыыс сөбүлээн кырааскалатар. Ордук фотосессияларга, бырааһынньыктарга, бэлиэ күннэргэ кыргыттар сирэйдэрин-харахтарын оҥорор. Анжелика макиаһа кими баҕарар таһыччы уларытар, тупсарар.  Кыыс билигин бэйэтэ салоннаах, үлэһиттэрдээх, «топовай” сирэйи-хараҕы оҥорооччуларга инники күөҥҥэ сылдьар. 

Дарья Соколова

Дьокуускай куорат биир тарбахха баттанар истилииһэ буолар. Саха биир талба талааннааҕа, Москва курдук куораты таҥыннарар Гала Борзова иитиллээччитэ. Үс уол оҕо тапталлаах ийэтэ. Эр киһи, дьахтар таҥаһыгар анаан элбэх сүбэтин-аматын бэйэтин блогар сырдатар. Ханнык баҕарар киһиэхэ сөп буолар, барсар таҥаһы булан биэрэр кыахтаах.

Ирина Ховрова

Сирэйи-хараҕы тупсарар талааннаах визажист. Олус элбэх килийиэннээх буолан, киниэхэ эрдэттэн суруйтардаххына биирдэ тиийэҕин. Чахчы, хас биирдии кэрэ аҥаар тупсарыгар олус кыһамньылаах исписэлиис.

Василий Афанасьев

Василий  Сахабыт сирин легендата диэтэхпинэ, сыыспаппын. Бу сыллар тухары төһөлөөх элбэх киһи сирэйин тупсарбытын, баттаҕын бүрүчүөскэлээбитин, таҥаһын кытта талан биэрбитин ааҕан сиппэппит буолуо. Бу испииһэккэ баар кыргыттарбытын үөрэппит, бэйэтин кынатын анныгар илдьэ сылдьыбыт талааннаах киһи. Артыыстартан саҕалаан политиктар сирэйдэрин-харахтарын кытта оҥорор. Уопсайынан, хас биирдии киһиэхэ, үөрэппит да үөрэнээччитигэр олус кыһамньылаах визажист. Чахчы, айылҕаттан бэриллибит талаан.

Ия Никифорова

Кини кэргэн тахсаары сылдьар кыргыттарга макиаһы, бүрүчүөскэни  ордук табыллан оҥорор. Нюдовай, нарын-намчы дьүһүнү сөбүлээн туттар.

Светлана Ховрова

Куорат бастыҥ фешн-истилииһэ, талааннаах кыыс. Кини бэйэтин универсальнай  истилиис быһыытынан сыаналыыр. Инньэ гынан, ханнык баҕарар киһиэхэ ханнык баҕарар өҥөнү  холкутук оҥорор кыахтаах. Кыргыттарга гардеробтарын ырытар, ураты истиили таҥар. Биллэр-көстөр дьон таҥаһын эмиэ талан, уобарастарын айар.

Яна-Мария Ирназарова

Яна-Мария бэйэтэ кэрэ куолар күрэстэригэр хаста даҕаны кыттан турар. Билигин бэйэтэ бас билэр салоннаах, үлэһиттэрдээх. Кэрэ буолууга анаан араас марафоннары тэрийэр. Бэйэтэ хас нэдиэлэ ахсын хайдах кырааскаланарын туһунан видео устан көрдөрөр.

Вера Поликарпова

Вера кыыс эстрада сулустарыгар, кэргэн тахсаары сылдьар кыргыттар бүрүчүөскэлэрин оҥорор. Дьон кинини таптаан уонна дьиҥ чахчы бэйэтин үлэтигэр талааннааҕын иһин “Богиня локона” диэн ааттыыллар. 

Жорик Осипов

Эр дьон баттаҕын кырыйар, бүрүчүөскэлиир. Быһа сэрэйдэххэ, элбэх саха эр киһитэ баттаҕын киниэхэ кырыйтарар буолуохтаах. Эдэр киһи буолан ураты, сонун бүрүчүөскэлэри оҥортуур, туттара-хаптара да түргэн диэн килийиэннэр сэргииллэр. Өссө кини устудьуоннуур саҕаттан уопсайга олорон эрэ кырыйар буолара, билигин төһө эрэ уопутурда?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...