«Саха сирин амтана»: Быйылгы кыайыылаах ким буолуой?
Саха төрүт аһын, култууратын, өбүгэ үтүө үгэһин сөргүтүүгэ, киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга туһуланар «Саха сирин амтана» бэстибээл Дьокуускай куоракка 2014 сылтан ыытыллар.
Бу – аҥаардас аска-үөлгэ сыһыаннаах тэрээһин буолбатаҕын, бу бэстибээл нөҥүө эти-үүтү оҥорон, саха иһитин-хомуоһун айан, таҥаспытын-саппытын тигэн таһаарааччылар – быһата, олохтоох оҥорон таһаарааччыларга барыларыгар тоҕоостоох тэрээһин буоларын былырыын «Киин куорат» хаһыакка СӨ ресторатордарын уонна отельердарын Национальнай ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Татьяна Тымырова кэпсээн турар: https://kiinkuorat.ru/articles/tatyana-tymyrova-saha-sirin-amtana-bestibeel-sa-a-dyllaa-ar-orduk-k-t-leeh.
Буолаары турар быйылгы XI-с «Cаха сирин амтана» бэстибээлинэн урукку сылларга кыайыылаахтарын ааттаммыт рестораннары ахтан ааһыахха:
2014 сыл – «Лайнер»;
2015 сыл – «Махтал»;
2016 сыл – «Махтал»;
2017 сыл – «Атласовтар этно-уһаайбалара»;
2018 сыл – «Каре»;
2019 сыл – «РекаОзероЛес»;
2020 сыл – «Бекетовъ;
2021 сыл – «Высота -160»;
2022 сыл – «Махтал»;
2023 сыл – «Аврора».
Оттон быйыл бу аат иһин «Республика», «Махтал», «Крыша», «Зазеркалье», CHUKCHA, «Орто Дойду», Kitchen, «Зеленый город», «Кабинет» уонна «Кантри-стейк» рестораннар күөн көрсүөхтэрэ.
Уон сыл устата «Саха сирин амтана» бэстибээл төрүт астан саҕалаан төрүт үгэскэ, култуураҕа, бэйэ дьоһунун ылыныыга уонна билиниигэ ситиһиилээх үлэтин биир холобурунан быйылгы «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн былыр-былыргыттан төрүт олохтоох норуот төбүрүөннээн олорор Сайсары түөлбэтигэр сэтинньи 15 күнүгэр уокурук тэрилтэлэрин ортотугар «Чочур Муран» этнографическай комплекс уораҕайыгар «Саха сандалы остуола» куонкурус, саха аһын астааһыҥҥа маастар-кылаас, ону таһынан убаһа этин кыһыыга «Идэһэ-2024» күрэс былааннаммыттара буолар.
Маны сэргэ сэтинньи 29 күнүгэр «Арчы дьиэтэ» култуура уонна духуобунас киинигэр «Алгыстаах сахам аhа» тэрээһин эмиэ өбүгэлэрбит аска-үөлгэ сыһыаннара аныгы сайдыылаах олох акылаата буоларын кэрэһилиэҕэ.