01.12.2023 | 16:00

Татьяна Тымырова: «Саха сирин амтана» бэстибээл саҥа дьыллааҕар ордук күүтүүлээх...»

Татьяна Тымырова:  «Саха сирин амтана» бэстибээл саҥа дьыллааҕар ордук күүтүүлээх...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ киин куоракка ааттаах-суоллаах шеф-повардар, ресторатордар, ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах экспертэр, эдэр кэскиллээх ыччаппыт «Саха сирин амтана»  гастрономическай бэстибээлгэ кыттаары тоҕуорустулар. Быйыл онус төгүлүн ыытыллар үбүлүөйдээх тэрээһин туһунан  СӨ ресторатордарын уонна отельердарын Национальнай ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Татьяна Александровна Тымырованы кытта кэпсэттибит. Сэргэх сэһэргэһээччибит ассоциация үлэтин, бэстибээл сүрүн идиэйэтин, ресторан бизнеһин сайдыытын тула ыллыктаах санааларын үллэһиннэ.  

Кэскиллээх үлэҕэ – биир санаанан

– Биһиги ассоциациябыт 2013 сыллаахха тэриллибитэ. Ол саҕана биллиилээх ресторатордар Александр Скрипин, Евгений Пегов, Наталья Решетняк, Егор Макаров уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэлэрэ биир сомоҕо санаанан үлэлээтэхпинэ эрэ сайдыы саҕахтарын арыйыахпытын сөп диэн сүбэлэрин холбуурга, түмсүү тэринэргэ быһаарыммыттара. Оччолорго тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин аннынан киирэрбит, ол эрээри Сойуус  ыһыллыаҕыттан атыы-эргиэн – туспа, уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэлэрэ бэйэлэрэ, ким хайдах дьаһанарынан үлэлии олорбуппут. Онон бас-көс дьоммут этиилэрин ылынан, инникилээх, кэскиллээх хамсааһыммыт саҕаламмыта.

Ассоциация хара тэриллиэҕиттэн сөптөөх усулуобуйаны олохтуур, араас нормативнай докумуоннары оҥорон, сокуоҥҥа уларыйыылары киллэрэн, урбаанньыттар интэриэстэрин көмүскүүр, үлэһит дьону эбии үөрэттэрэн, маастарыстыбаларын үрдэтэр күрэхтэри, маастар-кылаастары, куурустары тэрийэн ыытар, о.д.а. соруктары туруоруммута. Мин 2013 сылтан талыллыахпыттан күн бүгүҥҥэ диэри бэрэссэдээтэллиибин. Дьиҥэр, сүрүн үлэм 2014 сылтан саҕаламмыта, онуоха бастакынан чилиэн ахсаанын элбэтии боппуруоһа турбута. Итиэннэ чопчу былааммытын торумнаан, сайдыы суолугар үктэммиппит.

Бу уон сыл устата олус элбэх тэрээһини, бэстибээли, күрэҕи иилээн-саҕалаан кэллибит. Ону сэргэ, идэни үрдэтэр куурустары тиһигин быспакка көҕүлээн ыытабыт, үөрэх тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлээн, идэ-үөрэх кэлим кластерын тэрийбиппит.  Ыалдьытымсах буолуу индустриятыгар повардары, кондитердары, барменнары үүннэрэн таһаарар үөрэх тэрилтэлэрэ, үлэ биэрээччилэр, атыы-эргиэн, промышленнай палаата киирэллэр. Биһиги бары каадырдары бэлэмнээн, иитэн-үөрэтэн таһаарар биир санаанан салайтарабыт. Ыччакка ураты болҕомто ууруллар. Ол курдук, эдэр дьону үлэҕэ көҕүлүүр араас күрэхтэри тэрийэбит. Быйыл официаннарга, повардарга, барменнарга аналлаах куонкуруспут үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Ирдэбил кытаанах этэ. Маннык тэрээһиннэр ыччаты ордук кынаттыыллар. 

Ассоциациябыт үгүс министиэристибэни, чуолаан СӨ Урбааҥҥа уонна туризмҥа министиэристибэтин кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиир. Биһиги өрүү инники күөҥҥэ сылдьар холбоһуктар кэккэлэригэр киирэбит диэн эрэллээхтик, киэн тутта этиэхпин сөп. Чилиэннэрбит прокуратура, Роспотребнадзор, министиэристибэлэр истэригэр баар араас таһымнаах сэбиэттэргэ куруук көхтөөхтөр. Холбоһукпутугар киин куоракка үлэлиир уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэлэрэ эрэ буолбакка, кэнники биэс сылга улуустартан кытта киирэллэр. Арассыыйа атын регионнарын кытта бииргэ үлэлэһэр туһунан сөбүлэҥнэри түһэрсибиппит, онон биһигини үгүс сиргэ үөрэ-көтө көрсөллөр. Норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах тэрээһиннэргэ, холобур, Казахстаҥҥа, Красноярскайга делегациянан бара сылдьыбыппыт. Бу сыллар тухары олус элбэх гастрономическай бэстибээлгэ кытынныбыт, Саха сирин аатын ааттаттыбыт. Үгүс тэрилтэни биир сомоҕо оҥорон, бары кэлим хамаанда буоллубут.  Кэнники икки сылга сылы эргиччи араас бэстибээллэри ыыттыбыт. Быйылгы Туймаада ыһыаҕар улахан хамсааһыны таһаардыбыт: хас биирдии ас-үөл тэрилтэтин менютугар плову, шашлыгы эрэ буолбакка, төрүт аһы киллэрдин диэбиппит, өссө анал күрэх тэрийбиппит. Саас өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар онлайн күрэҕи биллэрбиппит, онно кыттааччыларбыт таба, тайах, бэл диэтэр, тииҥ этиттэн кытта сонун ырысыаптары ыыппыттара. 

 

Үлэһит илии тиийбэт

Пандемия кэмигэр араас ыарахаттары көрсүбүппүт, элбэх тургутууну аастыбыт. Онуоха ассоциациябыт урбаанньыттар интэриэстэрин сүрүн көмүскээччи, быыһааччы буолбута.

Киин куоракка 78 ресторан, быһа холоон 212 уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэтэ баар. 2018 сыллаахха муҥутуур элбэх саҥа уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэтэ аһыллыбыта. Биллэн турар, пандемия кэмигэр дьоҕустар сабыллыбыттара. Кэнники кэмҥэ франшиза элбээн иһэр. Ыччат туохтан да толлубакка бэйэ дьыалатын арыйар буолбута үөрдэр.

Төһө да сайдыылаах үйэҕэ олорбуппут иһин, аһы көмпүүтэр астаабат. Билигин биһиги эйгэбитигэр каадыр тиийбэт боппуруоһа сытыытык турар. Туох кистэлэ кэлиэй, санкция биллэриллиэҕиттэн дуоллар кууруһа үрдээн, бу иннинэ өҥөнү оҥоро олорбут кэлии дьон дойдуларыгар төннөргө күһэллибиттэрэ. Дьиҥэр, сыл аайы оҕолорбут повар, кондитер, технолог үөрэҕин бүтэрэллэр. Ол эрээри, холобур, 25 выпускниктан хас эрэ уол аармыйаҕа барар, хас эрэ кыыс оҕолонон олорор, ким эрэ үлэлиэн баҕарбат. Онон бэрт аҕыйах киһи чахчы “бу миэнэ” диэн биһиги эйгэбитигэр үлэлии хаалар. Официант идэтигэр бүддьүөт миэстэтэ олох да суох. Аны рестораннарга суот-учуот оҥорор анал буҕаалтырдар тиийбэттэр. Ресторан бизнеһэ сайдан истэҕин аайы саҥа идэлэр үөдүйэллэр. Холобур, билигин бариста – былдьаһыктаах үлэһит.

Онон биһиэхэ үп-харчы өттүн билэр, сатаан ааҕар-суоттуур, рестораны салайар үлэһиттэр наадалар. ХИФУ эбэтэр АГАТУ иһинэн шеф-повардары, управляющайдары, менеджердэри бэлэмниир салаа арыллара – улахан баҕа санаа.

Ресторан бизнеһэ бары өттүнэн барыстаах, манна элбэх харчы эргийэр дии саныыр тутах. Биһиги эйгэбит нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутугар, өрөспүүбүлүкэ, дойду экономиката сайдарыгар оруола сүҥкэн.

 

Өйөбүл хайаан да наада

– СӨ Урбааҥҥа уонна туризмҥа министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Уопсастыбаннай сэбиэт билигин тугу туруорсарый?

– Санкциянан сибээстээн оборудование атыылаһар ыарахан буолла. Урут ылбыт импортнай оборудованиебыт кыратык да алдьаннаҕына сапчаас көстөрө уустук. Маныаха судаарыстыба өттүттэн урбаанньыттарга хайаан да өйөбүл наада. Оһохторбутун, куукунаҕа туттар тээбириннэрбитин саҥардыахпытын наада.

Аны туран, уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэлэригэр переработкаламмыт бородуукта тиийбэт. Холобур, “Саха сирин амтана” бэстибээл күрэҕэр бэлэм эттэммит таба куҥ этин өр көрдөөтүм. Биһиэхэ хайдаҕый? Эт бүтүн миэстэнэн эбэтэр чиэппэринэн эрэ атыыланар. Кулинарнай обработканы ааспыт бородуукта букатын да суоҕун кэриэтэ. Аны араас отонтон соус оҥорорго элбэх сироп наада. Атыыга 0,5 эбэтэр 1 эрэ лиитирэлээх сироптар атыыланаллар. Уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэлэригэр 5-тии-10-нуу лиитирэлээхтэри көрдүүбүт. Атыыга оннук суох. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ итиннэ улахан болҕомтотун ууруон наада. Производство сырьенан, бородууктанан хааччыллыахтаах. Биһиги рестораннарбыт бэйэбитигэр баарын үрдүнэн, таба этин тоҕо Ямалтан атыылаһыахтаахтарый?

Ыччат фастфудунан, түргэн аһылыгынан үлүһүйэр. Оҕолорбут бэйэбит аспытын аһыы үөрэниэхтэрин наада диэн бигэ сорук туруоруннубут. Ол курдук национальнай стритфуду сайыннараары, быйыл “Сып-сап” диэн сонун бырайыагы олоххо киллэрэн саҕалаатыбыт. Холобур, мундуттан чипсыны, бургер оннугар таба этиттэн хатарба лэппиэскэни киллэрдибит. Фудтрак (ас астыырга, бэлэм аһы харайарга анал фургоннар) диэн саҥа сүүрээни киллэрэр баҕа санаалаахпыт. Биһиги кылгас сайыммытыгар маннык фургоннар быстах кэмҥэ эрэ үлэлиир кыахтаахтар, ол эрээри дьон-сэргэ, чуолаан ыччат киэҥ сэҥээриитин ылыа этилэр диэн санаалаахпыт. Дьиҥэр, бэйэбит технопааркабытыгар ичигэс, анал оборудованиенан хааччыллыбыт фудтрактары оҥорон таһаарар кыахтаахтар. Итиннэ грант эбэтэр субсидия көмөтүнэн өйөбүл көрүллүөн наада. Маннык санитарнай нуормаҕа эппиэттиир көһө сылдьар рестораннар улахан тэрээһиннэргэ, холобур, ыһыахтарга, бэстибээллэргэ эбэтэр болуоссаттарга туран үлэлиэхтэрин сөп. 

– “Арыгы сокуонугар” уларыйыы киирэрин бары көмөлөөн ситистибит. Эһиги эмиэ туора турбатаххыт, урбаанньыттар интэриэстэрин көмүскээбиккит. Сорох саарбах тэрилтэлэр сымыйанан биир-икки остуолу, үс олоппоһу туруоран баран “кафе” ааттаналларын утараргытын биллэрбиккит...

–  2015 сылтан сымыйа кафелары утары үлэни саҕалаабыппыт. Ол саҕана “лже-кафе” диэн тиэрмини мин киллэрбитим. “Наливайкалар” сокуоҥҥа үүтү-хайаҕаһы булан, түүннэри-күнүстэри арыгыны атыылыыр албастаммыттара. Кырдьык, тоҕо ханнык эрэ гарааска саастарын ситэ илик оҕолорго аһыы утах көҥүл атыыланыахтааҕый, тоҕо элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тастарыгар пиибэнэн күнүстэри-түүннэри эргиниэхтээхтэрий? Ити сыыһа. Нэһилиэнньэ үҥсэрин, туруорсарын өйдүүбүт. Ресторатордар түмсэн, маннык сымыйа кафелар “уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэтэ” ааты ылынан үлэлииллэрин утарарбытын биллэрбиппит, хамыыһыйанан эриэйдэлэргэ сылдьыспыппыт.

ГОСТ баарын үрдүнэн сокуоҥҥа “бу чахчы ресторан”, “ити наливайка” диэн чопчу араарар, сыаналыыр курдук ирдэбиллэр суохтар. Ол иһин “кафе” ааттанан арыгыны аһаҕастык атыылыы тураллар. “Наливайканы” арыйарга “үс кэппиэйкэ”, оттон рестораны үлэлэтэргэ хастыы эмэ мөлүйүөн солкуобай наада. Иэнин улаатыннаран, атыылыыр бириэмэни уларытан туһа суох. Баҕар, сорохтор: “Тымырова эмиэ арыгы атыылыыр рестораннарын көмүскэһэн эрэр”, – диэхтэрэ. Суох, оннук буолбатах. Мин ирдэбилгэ эппиэттиир, үтүө суобастаахтык үлэлиир урбаанньыттар интэриэстэрин көмүскүүбүн.   

 

Элбэх эйгэни ситимниир, сайыннарар түһүлгэ

– Дьэ, кэпсэтиибит сүрүн тиэмэтигэр – үбүлүөйдээх тэрээһиммитигэр киириэххэ.

– “Саха сирин амтана” гастрономическай бэстибээли тэрийэр санаа 2014 сыллаахха күөдьүйбүтэ. Оччолорго Айсен Сергеевич Николаев куорат баһылыгынан үлэлии олорбута, кини гастрономическай бэстибээл ыытыахха диэн этиибитин өйөөбүтэ. Ол кэмҥэ “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл хайыы үйэ атаҕар туран эрэрэ, онон “Саха сирин амтана” олоххо киирэригэр төһүү күүс буолбута.

Тэрээһиммит сүрүн сыала-соруга – саха төрүт аһын, култууратын, өбүгэ үтүө үгэһин сөргүтүү, ыччакка тиэрдии, киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы. Оччолорго хайдах астыыр этибитий? Убаһа этин, ис миинин, хааны, собону өрөһөлүү буһаран баран остуол хотойорунан уурарбыт. Ким элбэҕи астаабыт – ол кыайар диэх курдук (күлэр). Ол саҕана шеф-повардарбыт билиҥҥи курдук үрдүк таһымнаахтык астыы үөрэнэ иликтэрэ: көннөрү күөх үүнээйинэн, оҕуруот аһынан киэргэтэллэрэ сонун көстүү буолара. Манна ытык-мааны киһибит Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов үтүөтүн-өҥөтүн бэлиэтээн ааһарбыт тоҕоостоох. Кини бэстибээлбит хара тэриллиэҕиттэн дьүүллүүр сүбэ солбуллубат бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, рестораннары кэрийэ сылдьан сыаналыыра, идэтин толору баһылаабыт эксперт быһыытынан, хаһан да “бу үчүгэй”, “ити куһаҕан” эрэ диэбэккэ, шеф-повардарга, су-шефтэргэ алҕастарын, итэҕэстэрин чопчу ыйан-кэрдэн биэрэрэ. Иннокентий Иннокентьевич норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах уопуттаах, дириҥ билиилээх-көрүүлээх, аан дойду араас муннуктарыгар сылдьыбыт буолан, бэстибээл таһымын үрдэппитэ, эдэр шефтэргэ суолларын арыйбыта, кинини кытта дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит дьоммут элбэххэ үөрэммиттэрэ. Итини сэргэ, бу уон сыл иһигэр ыраахтан-чугастан ааттаах-суоллаах экспертэри ыҥыран үлэлэттибит. Бэстибээлбит далааһына кэҥээн, таһыма үрдээн иһэр. Аны кыттааччыларбыт харахпыт далыгар үүннүлэр-сайыннылар диэн киэн тутта этэр кыахтанныбыт. Холобур,  Тарбахов үөрэнээччитэ биллиилээх бренд-шеф Николай Атласов саха төрүт аһын кэскилин түстүүр, сарсыҥҥытын салайсар киһибит буолан таҕыста. Сорохтор “Саха сирин амтана” бэстибээли саҥа дьыллааҕар ордук күүтэбит дииллэр. Тоҕо диэтэххэ бу –  кинилэр бэйэлэрин талааннарын арыйар, кыахтарын, таһымнарын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөр түһүлгэлэрэ. Бэстибээл кыттааччыларыгар сүрүн ирдэбилбит уларыйбат – кинилэр Саха сиригэр бултанар, үүнэр, бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар оҥоһуллан, хомуллан тахсар бородууктаттан сонун бүлүүдэлэри астаан  көрдөрүөхтээхтэр.

Дьиҥэр, “Саха сирин амтана” повардарга, рестораннарга эрэ аналлаах күрэх буолбатах диэн өйдүөх, бэстибээл кэскилин киэҥник көрүөх тустаахпыт. Бу – биһиги төрүт култуурабытын, историябытын, уус-уран оҥоһуктарбытын сайыннарар, элбэх эйгэни ситимниир түһүлгэ. Тэрээһин кэнниттэн кыттыбыт бүлүүдэлэр рестораннар менюларын байыппыт түгэннэрэ элбэх. Аны туран, бэстибээл олохтоох оҥорон таһаарааччыларбытын киэҥ эйгэҕэ таһаарар сүдү күүс буоларын өйдөөтүбүт. Холобур, Амма ынаҕын арыыта, Чурапчы убаһатын этэ, Кэбээйи собото туспа бренд буоллулар диэтэхпитинэ, сыыспаппыт. Манна даҕатан эттэххэ, олохтоох оҥорон таһаарааччыларбыт бэйэлэрин бородууксуйаларын үксүн маҕаһыыннарга, ырыынакка батараллар, оттон биһиги уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэлэригэр туттаралларын ситиһэ сатыыбыт.

Бэстибээл тэриллиэҕиттэн саха иһитэ-хомуоһа хайаан да баар буолуохтаах диэн биир сүрүн усулуобуйалаах. Билигин өйдөөн көрүҥ ээ хас биирдии ыал дьиэтигэр “Көмүлүөк”, “Чороон XXI-с үйэ” иһиттэрэ-хомуостара, уран оҥоһуктара бааллар. Маны тэҥэ сахалыы остуол сабыылара, салпыаккалар, о.д.а. сахалыы оһуордаах-мандардаах таҥас-сап бородууксуйата элбээтэ. Биһигини кытта иистэнньэҥнэрбит бииргэ үлэлэһэр буоллулар, фартуктарбытын, официаннарбыт таҥастарын тигэн абырыыллар. Бэстибээл ыҥырыылаах ыалдьыттарыгар сахалыы уран оҥоһуктарбытын, сувенирдарбытын бэлэх-туһах туттаран ыытар үгэстээхпит. Ыраахтан кэлбит дьоммут бэйэлэрэ эмиэ хайаан да ону-маны атыылаһан, өттүк харалаах, илии тутуурдаах бараллар. Онуоха олохтоох оҥорон таһаарааччыларбыт бородууксуйаларын ыйан-кэрдэн биэрэбит – ыыһаммыт табабыт этин, балыкпытын, халбаһыбытын, барыанньабытын, сахалыы чэйбитин, о.д.а. Ол эбэтэр биһиги бэстибээлбит эргиччи барыстаах, урбаанньыттарга, олохтоох оҥорон таһаарааччыларга, тыа хаһаайыстыбатыгар, чэпчэки бырамыысаланнаска, биир тылынан эттэххэ, дойду экономиката сайдарыгар төһүү күүс буолар диэн этиэхпин баҕарабын.    

 

Бэйэбит киэммитин өрө тутар, сыаналыыр кэммит кэллэ

Билигин санкциянан сибээстээн “импортозамещение” диэн тылы үгүстүк туттабыт, бу хайысхаҕа болҕомто ууруллар буолла. Манна статистика чахчыларын холобурдуохпун баҕарабын. Арассыыйаҕа 300 тыһыынча уопсастыбаннай ас-үөл тэрилтэтэ баар, онтон 1%-на эрэ региональнай куукуна быһыытынан үлэлиир. Холобур, нуучча, бүрээт, алтаай, о.д.а. араас куукуна баарын билэбит. Итиннэ эбэн эттэххэ, кэм-кэрдии сабыдыала дьайан, нуучча куукунатыгар элбэх ырысыап умнууга хаалбыт, сүппүт-симэлийбит. Билигин Италия, Япония, Кытай, Кэриэйэ куукуналара муода буоллулар. Регион аайы төрүт аһы өрө тутар тэрилтэ бэрт ахсааннаах. Балысхан сайдыы, санкция, политика дьайыыта, биллэн турар, күүстээх. Ыччат, баҕар, онно баһыйтаран, олохтоох оҥорон таһаарар бородууксуйабытын “муодунайа суох” курдук саныан сөп. Ол эрээри билигин бэйэбит киэммитин өрө тутар, сыаналыыр, дойдубут хайдах курдук киэҥин, модун күүстээҕин көрдөрөр кэммит кэллэ. Арассыыйаҕа үгүс норуот олорор, хас биирдии омук бэйэтэ туспа култууралаах, куукуналаах. Ол үтүө үгэстэрбитин илдьэ хаалларыы, салгыы сайыннарыы, үйэтитии – барыбыт сорукпут.

Соторутааҕыта ВДНХ ыытыллыбыт “Россия” форум-быыстапкаҕа Саха сирэ көхтөөхтүк кытынна. Биһиги “Арассыыйа куукунатын дьиэтигэр” саха төрүт аһын дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрбиппит, олус сэргээбиттэрэ, биһирээбиттэрэ. Онно Саха сирэ бэйэтин куукунатын, өбүгэ үтүө үгэстэрин умнубакка илдьэ хаалбыт диэн үрдүк сыанабылы ылбыппыт.  Итинэн тугу этиэхпин баҕарабыный? “Саха сирин амтана” бэстибээл сыалын-соругун ситиһэр, төрүт ас-үөл умнуллубакка сайдарын туһугар бэйэтин кылаатын киллэрэр диэн эрэллээхтик этиэхпин сөп. Биһиги төрүт аспытын-үөлбүтүн эрэ буолбакка, историябытын, култуурабытын көрдөрөбүт. Бэстибээл сүрүн идиэйэтэ эмиэ итиннэ сытар.

– Быйылгы үбүлүөйдээх тэрээһин бырагырааматын, уратытын кылгастык кэпсиэҥ дуо?

– Онус сылын ыытыллар бэстибээлбитигэр барыта 12 тэрилтэ: “CHUKCHA”,  “KITCHEN”, “Зеленый город”, “Крыша”, “Аврора”, “Кантри-стейк”, “Кабинет”, о.д.а. рестораннар кыттыыны ылыахтара.  Урукку сыллар кыайыылаахтара “Атласовтар уһаайбалара” этно-комплекс, “Махтал” ресторан тэрээһини киэргэтиэхтэрэ, баай ис хоһооннуохтара, ол эрээри күрэхтэспэккэ, атыттарга эрэл биэриэхтэрэ. Казахстантан ыҥырыылаах ыалдьыт, норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах эксперт Серикхан Адильханов дьүүллүүр сүбэ бочуоттаах чилиэнинэн буолуоҕа.

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылынан туруу үлэһит дьоммут норуот билиниитин ылыахтаахтар диэн санааттан, повар, шеф-повар идэтин үрдэтэр сыалтан бырагыраамаҕа гастротыйаатыр, шеф-повардар презентациялара баар буолуоҕа. Манна уопуттаах, ааттаах-суоллаах шеф-повардарбыт эдэр эрэллэрбитин кытта биир түһүлгэҕэ үлэлиэхтэрэ.

Быйыл Уһук Илин, Арктика, Сибиир, саха куукунатын үтүө үгэстэрин көрдөрүөхпүт. Ол курдук, Владивостоктан шеф-повар Александр Казакевич “Крыша” рестораҥҥа Уһук Илин куукунатын ыалдьыттарга билиһиннэриэҕэ. Мурманскайтан Максим Галецкай – “Атласовтар уһаайбаларыгар”, Териберкаттан Сергей, Юлия Биксалеевтар уонна Заполярнай куораттан Андрей Чернышев “CHUKCHA” рестораҥҥа бэйэлэрин маастарыстыбаларын көрдөрүөхтэрэ. Кемерово куораттан Владимир Брагин “KITCHEN” рестораҥҥа Сибиир куукунатын бүлүүдэлэрин ыалдьыттар дьүүллэригэр таһаарыаҕа. Ааттаах-суоллаах шеф-повардар Саха сирин кыһынын илэ харахтарынан көрүөхтэрин олус баҕараллар, кинилэр олохтоох бородууктанан үлэлииргэ, онтон сонун бүлүүдэлэри айарга холонуохтара. Максим Галецкай, Денис Перевоз устудьуоннарга туһалаах маастар-кылаастары ыытыахтара, билиилэрин-көрүүлэрин үллэстиэхтэрэ. Маны сэргэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар маастар-кылаас тэрийиэхпит.

Үһүс сылын Ю.А. Готовцев аатынан Дьокуускайдааҕы сервис технологическай техникумугар устудьуоннарга аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруспутугар талааннаах ыччаппыт күөн көрсүөҕэ.  Быйылгы күрэх сүрүн уратыта диэн урукку дьылларга курдук оҕолорго сорудах эрдэттэн этиллибэт, куонкурус буолар күнүгэр “хара дьааһыкка” кистэммит бородуукталартан бүлүүдэлэри астаан, бэйэлэрин талааннарын, айар дьоҕурдарын көрдөрүөхтэрэ.

Итини сэргэ, “Питание и биотехнологии для здоровья сбережения населения арктической зоны Российской Федерации” диэн научнай-практическай конференцияны сэттис сылбытын ыытабыт.

Маны таһынан, официаннарга анаан сервировкаҕа маастар-кылаастар буолуохтара. Эһиил норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” оонньууларга бары бэлэм буолуохтаахпыт, үлэһиттэр таһымнарын үрдэтиэхтээхпит. Бэстибээл кэнниттэн хаһаайкаларга эмиэ итинник маастар-кылаастары ыытар санаалаахпыт.  

Киин куорат олохтоохторун, ытык-мааны ыалдьыттарын тэрээһиннэрбитигэр ыҥырабыт, Саха сирин ураты амтанын астына-дуоһуйа амсайаргытыгар, сонун көстүүнү көтүппэккитигэр баҕарабыт.

 

Ас-үөл сүдү суолтатын сөпкө өйдүөххэ

Биһигини сорохтор бырааһынньыктаан эрэ тахсаҕыт дииллэр. Дьиҥэр, бу барыта үтүмэн үлэттэн, элбэх киһи сыратыттан, үгүс сүүрүүттэн-көтүүттэн, кэпсэтииттэн ситиһиллэр. Өссө сорохтор:  “Эмиэ чунуобунньуктары аһаппыттар, харчыны бараан...” – диэн саҥаралларын үгүстүк истэбит. Дьиҥэр, ас-үөл нөҥүө улахан кэпсэтиилэр ыытыллаллар, дьоһун хардыылар оҥоһуллаллар. Ытык киһибит, бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев төрүт ас-үөл сүдү суолтатын, омук быһыытынан уратыбыт куукунабытыгар, иһиппитигэр-хомуоспутугар, култуурабытыгар буоларын өйдөөн, туох баар улахан тэрээһиннэргэ, ыраах айаҥҥа, ыалдьыттары көрсүүгэ Иннокентий Иннокентьевич Тарбаховы иннигэр укта сылдьара. Онон ас-үөл сүдү суолтатын сөпкө өйдүөххэ диэн бар дьоммутун ыҥырабыт.

Кэнники сылларга асчыттарбыт Саха сирин үүнээйилэрин, отоннорун хото туһанар буолбуттара үөрдэр. Кучу чэйбит норуот киэҥ сэҥээриитин ылла. Мин ыал аайы саха чэйэ, саха иһитэ-хомуоһа баар буолуон баҕарабын. Хас биирдии дьоһуннаах кэпсэтиигэ, ыҥырыылаах ыалдьыттары көрсүүгэ чэйи иһии сиэрэ-туома үтүө үгэскэ кубулуйара буоллар диэн ыра санаалаахпын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....