Сүүйүүлээх оонньууну тэрийии иһин эппиэтинэс туһунан
Социальнай ситимнэринэн сүүйүүлээх оонньуулар биллэриилэрэ кэлиҥҥи кэмҥэ элбээбитинэн, Нолуок федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи управлениета нэһилиэинньэни сэрэтэри наадалааҕынан ааҕар.
Лотереяны тэрийиигэ, ыытыыга 138-ФЗ №-дээх «Лотерея туһунан» сокуон баарын дьон барыта билбэт. Чуолаан, Арассыыйаҕа лотереяны Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын көҥүлүнэн, Нолуок федеральнай сулууспатын кэтэбилинэн Спорт уонна Үп министиэристибэлэрэ эрэ ыытар бырааптаахтар. Чопчулаатахха, биирдиилээн дьон, тэрилтэлэр сүүйүүлээх оонньууну тэрийэллэрэ, ыыталлара сокуонунан бобуллар. Нолуок федеральнай сулууспата иһитиннэрэринэн, буруйу оҥорууга «лотерея» уонна «көҕүлүүр тэрээһин» (стимулирующее мероприятие) диэннэри араарбат буолуу тиэрдиэн сөп. Бу икки тэрээһин дохуоттарын ис хоһооно уонна сыаллара-соруктара араастаһар.
Ол курдук, лотерея дохуота лотерея билиэтин атыытыттан киирэринэн, сүүйүүлээҕи быһаарыы соһуччу буоларынан, маннык тэрээһиннэри ыытарга федеральнай таһымҥа көҥүл наада. Оттон көҕүлүүр тэрээһин (аахсыйа) сыалынан-соругунан табаары, өҥөнү батарыы, атыылаһааччы ахсаанын элбэтии, бэйэ туһунан киэҥ араҥаҕа биллэрии буоларынан, кэккэ усулуобуйаны толорон, маннык тэрээһиннэри ыытыахха сөп.
Санатар буоллахха, сүүйүүлээх оонньуулары тэрийии иһин КоАП 14.27 ыстатыйатынан биирдиилээн дьону 3000-4000 солк. кээмэйдээх ыстарааптан саҕалаан, юридическэй сирэйдэри 250000-350000 солк. кээмэйдээх административнай эппиэтинэс күүтэр.
Оонньуу кыайыылаахтара сүүйүүлэригэр эмиэ, ол эбэтэр дохуоттарыгар, 35% кээмэйдээх нолуок төлүүллэрэ ирдэнэр.
Маны сэргэ 115-ФЗ №-дээх дохуоту сокуону кэһэн туран ылыы уонна терроризмы үбүлээһини утары дьаһаллар туһунан федеральнай сокуонунан сүүйүүлээх оонньууну тэрийээччилэр уонна оператордар, харчыны кытта сибээстээх эпэрээссийэлэри оҥорор атын тэрилтэлэр курдук, 15 000 солкуобайтан элбэх суумалаах бөдөҥ сүүйүүнү туттарар киһилэрин идентификациялыыр үлэни ыытыахтаахтар.
Арассыыйатааҕы нолуок федеральнай сулууспатын Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр управлениета социальнай ситимнэргэ уонна интэриниэт балаһааккаҕа лотерея ыытар дьон туһунан r1400@tax.gov.ru электроннай почтаҕа эбэтэр www.nalog.gov.ru ФНС саайтыгар «Обратиться в ФНС России» биллэрэргэ ыҥырар.