22.11.2024 | 14:00

Гектар туһунан өссө биирдэ...

Гектар туһунан өссө биирдэ...
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

«Гектар ыларга тиэтэй, сир сыаната күн-түүн ыарыы турар. Олох  куоттарыма, мүлчү тутума!» – диэн ис хоһоонноох биллэриилэр куйаар ситиминэн элбэхтик тарҕаналлар. Хомойуох иһин, диэххэ, төһө да «Уһук Илин гектара» бырагыраама үлэлээбитэ ахсыс сылыгар бардар, киһи барыта ыксаабат. «Бүтүөх бүттэҕэ, ылааччы ыллаҕа» диэн санааччы да ханна барыай?
Куйаар ситиминэн кэлэр иһитннэриилэр кырдьык, сөпкө тиэтэтэр эбиттэр дуо?

Биир маннык биллэриигэ түбэһэн, эрийээччи буоллум. Онтон бу өҥө иһин көрдүүр төлөбүрдэрэ мин кыаҕым таһынан эбитин истэн, махталы кытта төлөпүөммүн ууран кэбистим. Буор-босхо бэриллиэхтээх сир тоҕо итиччэ улахан сыаналаммытын соһуйа иһиттим. Ама, уота, гааһа суох сир икки сүүс тыһыынчаҕа бэриллиэ дуо диэн санаалар киирэ тураллар. Мантан сиэттэрэн, атын биллэриилэринэн эрийэн, өҥө сыанатын араастаһыытын тэҥнээн көрөр санаа киирдэ. «Госулуги» портал нөҥүө ким баҕалаах босхо гектар сири ылар бырааптааҕын үрдүнэн, билигин маннык, төлөбүрдээх өҥөнү оҥорор дьоҕус тэрилтэ элбээбитин ааҕааччылар бэйэҕит билэ-көрө олороҕут.

Ити курдук, босхо уонна сүүһүнэн тыһыынчаҕа анатан ылар сирдэрбит туох уратылаахтарын билээри, хас да сиргэ сорук оҥостон эрийэн, тиийэн кэпсэтэ сырыттым. Үөһээ эппитим курдук, сыаналара барыларын киэнэ тус-туһунан. Бары биир сокуоҥҥа сигэнэн үлэлииллэр эрээри...

Сылдьыбыт тэрилтэлэрим бука бары көмпүүтэр иннигэр олорон, сүүрүүтэ-көтүүтэ суох, эбиитин бэйэм «госуслугам» нөҥүө сайабылыанньа биэрэллэрин бэлиэтииллэр. Ылыаххын сөптөөх сиргин көмпүүтэргэ көрдөрөллөр. Арай ону быһааран биэриилэрэ, сүбэлэрэ араастаах: ким эрэ  үрдүттэн бу маннык диэн ыйар, ким эрэ ымпыктаан-чымпыктаан, хас хардыытыгар тиийэ быһаарар.

Бу сылдьаммын интэриниэтинэн холкутук туһаныахтарын, «Госуслуги» портал нөҥүө бэйэлэрэ босхо да гектарданыахтарын сөптөөх эдэр ыаллары, көмпүүтэр диэнтэн ыраах аҕамсыйбыт да дьону элбэҕи көрүстүм.

Санааларын иһиттэххэ, саастаах өттө «сиэннэрбитигэр наада буолуо этэ» дэһэллэр, эдэрдэр үксүн дьиэ-уот туттарга көрдөнөр эбиттэр, туризм тэринэргэ сөптөөх сиргэ наадыйааччылар эмиэ бааллар.

Ити курдук, ааҕааччыларбытыгар наада буолуо диэн, уочаракка да олорбутум уһунун боруостаары, Киирэп уулуссатыгар турар дьиэ иккис этээһигэр үлэлиир тэрилтэ салайааччыта Олег Пермякову кытта анаан-минээн кэпсэттим.

Олег Семенович, Уһук Илин гектарынан хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?

– Бу боппуруоһу бэйэм гектар ыларым саҕана интэриэһиргээн үөрэппитим. Биэрбит сайабылыанньаларбар бастакы кэмнэрбэр наар аккаас ылаттыыр этим. Ону ол диэбэккэ саҥаттан саҥаны көрдөөммүн, сайабылыанньабын биэрэ олорбутум. Оннук гынан хайдах сир көҥүллэнэрин, хайдах сири ылар табыгастааҕын, туох усулуобуйалааҕын, туохтан аккаас ылылларын уонна туох бырааптаахпын, «Уһук Илин гектара» сокуону сиһилии билэр кыахтаммытым. Онон бэйэм чугас дьоммор, табаарыстарбар  көмөлөспүтүм. Итинник бу дьыалаҕа билэрим үксээн, дьон мунаахсыйалларын, наадыйалларын өйдөөммүн, 2024 сыл сааһыттан, дьоҥҥо көмөлөһөр сыалтан, маннык өҥөнү оҥорор тэрилтэ тэриммитим.

Гектар ылыан баҕарар киһиттэн туох ирдэнэрий?

– Ирдэбилэ диэн Арассыыйа гражданина буолуохтаах. Арассыыйа Уһук Илиҥҥи регионугар нэһилиэнньэтэ олус аҕыйах. Ону элбэтээри, атын регионнартан дьон көһөн кэллин диэн соруктаах бырагыраама буолар. Онон, ханна олороргуттан тутулуга суох, Уһук Илин территориятыгар ханнык баҕарар сиргэ гектар ылар бырааптааххын.

Оттон биһиги, Саха сирин олохтоохторо, бу бырагырааманан туһанарбыт, босхо сир ыларбыт өссө табыгастаах буоллаҕа. Ону биһиги дьоммут дьэ өйдөөн хамсанан эрэллэр диэн көрөбүн.

Бастакыттан маны суолтаҕа ылбыт дьон номнуо иккис сирдэрин ылар бырааптаннылар. Уонна оттон сирбит даҕаны чугастааҕынан бүтэн эрдэҕэ дии.

Арай гражданин прописката суох буоллун? Оччоҕуна?

– Прописката да суох буоллаҕына ылар. Арассыыйа гражданина буоллуҥ даҕаны, Уһук Илиҥҥэ гектар ылар бырааптаах. 14 саастаах пааспардаах оҕо төрөппүттэриттэн туспа ылыан сөп. Пааспара суох оҕо төрөппүтүн эрэ кытта сир ылар. Ол ылбыт сиригэр төрөппүт биэс сыл иһигэр тугу да туттубат түгэнигэр, гектардара судаарыстыбаҕа төттөрү барар. Оттон бу оҕо сир ылар кыаҕа суох буолан хаалар.

Оттон аан бастаан бу төлөбүрдээх өҥөнү туһанан гектар ыларга быһаарыммыт киһиттэн туох ирдэнэрий?

– Бэйэтин кытта пааспара. Кини «Госуслугатын» нөҥүө сайабылыанньа биэрэбит. Биир  киһиэхэ биир гектар көрүллэр. Гражданин ылыан баҕарар сирин исписэлиис көмөтүнэн каартаҕа көрөр. Онно дьон ылбыттара-суоҕа барыта көстө сылдьар.

Гектарын сирин ыйан туран, сайабылыанньа барар. Биир  ый иһинэн «госуслугатыгар» сөбүлэҥ кэлэрин күүтэр.

– Дьэ, сөбүлэҥ кэллэ. Гражданиммыт салгыы туох дьайыылары оҥороруй?

– Судаарыстыба биэс сыл болдьох биэрэр. Бу биэс сыл иһигэр кини ылбыт гектарыгар кырата отут тыһыынча суумалаах тутууну ыыппыт буолуохтаах. Маны бастакы сылтан даҕаны саҕалыыра бэйэтин көҥүлэ. Бу тутууну оҥордоҕуна, кадастровай инженер тутууга техплан (уруккута техпааспар) оҥорор. Ол техпланынан сирин Росреестргэ учуокка туруорар. Гектарбын туһаҕа таһаардым диэн сайабылыанньатыгар олоҕуран, киниэхэ бэйэтин аатыгар эбэтэр арендаҕа биэрэллэр. Росреестрга учуокка турда да, салгыы нолуок төлөөн киирэн барар.

Аренда уонна бас билии диэн туох уратылаахтарый?

– Уһук Илин гектарын сокуонугар хайдах сирдэр арендаҕа эбэтэр бас билиигэ көһүөхтэрин сөптөөҕө суруллар.

Ол курдук, трасса кытыыта эбэтэр анал бэлиэлээх сиргэ гектар ылбыт буоллаххына, арендаҕа эрэ ылар кыахтааххын. Аренда болдьоҕо 49 сыл. Бу кэм устата эн туһанар кыахтааххын. Биллэн турар, бу кэм устата сыл аайы аренда сыанатын төлүүгүн.

Оттон бас билиигэр көһөттөрөр түгэҥҥэр, эн бу сиргэ хаһаайын буолаҕын. Ханнык көрүҥ сирин ылбыккыттан көрөн, кадастровай сууматыттан 0,3% нолуокка төлүүгүн. Уопсайынан, гектар боппуруоһун иһигэр киирдэххэ, хас биирдии түгэҥҥэ тус-туһунан, ол эбэтэр араастаһар боппуруоһа баар буолар.

Бары биирдии гектар ирээттээхпитинэн нолуога да биир буолбат дуо?

– Суох. Гектары  ыларга, бу сири туохха анаан ылыллара ыйыллар. Ким эрэ ИЖС, ким эрэ кэтэх хаһаайыстыба, баҕар, бизнес диэҕэ, туризмҥа эҥин анаан ылааччы элбэх. Ити ыйбыт көрүҥҥүттэн нолуок суумата эмиэ араастаһар.

Биэс сыл иһигэр тутуу ыыппатахха, аны бу сирбит төттөрү судаарыстыбаҕа барар...

– Бастатан туран, гектар ылар киһи судаарыстыба иннигэр эппиэтинэс ылла. Ылбыт гектарын бэйэтин туһатыгар туһанарга анаан. Олоҕун оҥостунарыгар, тупсарынарыгар диэбит курдук.

Өскөтүн тугу даҕаны туппата, биэс сыл буолла, оччотугар сирэ судаарыстыбаҕа төннөр.

Сөп, төнүннэ. Оччоҕуна иккистээн сайабылыанньа суруйан, атыны көрдүүр бырааптаах дуо?

– Хомойуох иһин, суох. Ылар бырааба быстар. Киниэхэ биэс сыл босхо сирин оҥосторугар болдьох бэриллибитин туһамматах.

«Уһук Илин гектара» бырагыраама үлэлээбитэ аҕыс сыл буолла диибит. Аҕыс сыллааҕыта сир ылан, иккистээн гектар көрдүүр дьон баар дуо?

– Бааллар. Биһиги тэрилтэбитигэр иккистээн гектар ыла кэлэр дьон элбэх.  Сирдэрин былдьатан, сүбэлэһэ кэлээччилэр да үгүстэр.

Иккистээн хайдах ылалларый?

– Бастакы гектарын ылан туһаммыт, докумуонун кэмигэр оҥотторбут киһи  босхо гектары иккистээн ылар бырааптаах. Ол эбэтэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыт киһиэхэ салгыы кыаҕа улаатан иһэр.

Онон эрэ бүппэт. Маннык гектардаах дьон Уһук Илиннээҕи ипотеканы 2% ылар бырааптаналлар. Оттон гектардаах уонна онтугар тутууга анаан эрдэ ипотека ылбыт буоллаҕына, бу гектара кини аатыгар бас билиигэ барыыта эмиэ түргэтиир кыахтаах.

Онон бу боппуруоска сөпкө былааннанар, дьаһанар дьоҥҥо кыахтара улахан.

Олег Семенович, ипотека диэтибит. Гектардаах биэнсийэлээх эмиэ ипотека ылыан сөп дуо?

– Маныаха биэнсийэлээх эбии сүрүн үлэлээх буолара ирдэнэр. Ипотеканы биэрэр баан бэйэтин усулуобуйатын көрүүтүнэн биэрэр.

Дьокуускай куорат иһигэр маннык өҥөнү оҥорор тэрилтэ элбэх эбит. Икки сүүс тыһыынчаҕа гектаргытын бас билиигэ көһөрөбүт диэччилэр кытта бааллар. Уһук Илиҥҥи гектар биир сокуоҥҥа олоҕурара чуолкай.

– Оннук бөҕө буоллаҕа дии. Гектар ылбыт киһи хайдах даҕаны үс ый иһигэр тутуутун оҥорон, онтун госреестрга киллэрэр кыаҕа суох. Ол аата сокуону кэһии эбэтэр дьону буккуйуу буолар дии саныыбын.

Хомойуох иһин, Саха дьоно бу үрдүттэн олорон эрэн, билбэттэриттэн, ситэри өйдөөбөттөрүттэн, босхо сири ылбакка хаалар балаһыанньалара суох буолбатах.

Бастакыттан манна ылсыһан өйдөөбүт дьон, эппиппит курдук, иккис гектардарын ыллылар.

Улуустарга балаһыанньа хайдаҕа буолуой?

– Намнар бу боппуруоска олох үчүгэйдик ылсыспыттар. Элбэх киһи гектар ылбытыттан көрдөххө, оннук. Аммаҕа, Мэҥэ Хаҥаласка, Намҥа эрдэ элбэх гектары ылан, онтуларын бэйэлэрин ааттарыгар көһөрөн, учаастактарга араартаан, атыыга таһаарар таһымҥа тиийбит дьон кытта баар. Онон ким хайдах сыһыаннааҕыттан уонна эппиэтинэстээҕиттэн гектары ылыы улахан тутулуктаах дии саныыбын.

Олег Семенович, баҕа санааҕын тугу тириэрдиэҥ этэй?

– Хас биирдии Арассыыйа гражданиныгар бэриллэр босхо сир ылар быраапкытын туһаныҥ диэн баҕа санаа баар.

 

Дьэ, маннык биир биллэрииттэн сиэттэрэн Уһук Илин гектарын, ким туһанар бырааптааҕын уонна туох эппиэтинэһи сүгэрин быһаарыстыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....