«МЭР-2024» күрэххэ сайаапкалары күүтэллэр
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата сэтинньи 29-30 күннэригэр былааннанар уочараттаах «Молодежь – энергия развития города Якутска» (МЭР) Оонньууга сайаапкалары күүтэр.
Быйыл XII-с төгүлүн ыытыллар дьыалабыай оонньуу ыытааччыларынан уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар управление уонна каадыр уонна муниципальнай сулууспа управлениета буолаллар.
Сэтинньи 29-30 күннэригэр «Арассыыйа - мин историям» музейга буолар Оонньууга 5-тии киһилээх 20 хамаанда кыттыаҕа.
Тэрийээччилэр иһитиннэрэллэринэн, куонкуруска 18-тан 35-гэр диэри саастаах Дьокуускай куоракка олохтоох судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былаас уорганнарын үлэһиттэрэ, орто анал уонна үрдүк үөрэх устудьуоннара кыттыыны ылар бырааптаахтар.
Сайаапкалары сэтинньи 26 күнүгэр диэри igra-mer@mail.ru электроннай аадырыска эбэтэр Уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар управлениеҕа Ярославскай уул., 13, 2-с каб. күүтэллэр.