Олоҕун таба суола — таба иитиитэ
Туундара табаһыттара – хотугу кыраай уустук усулуобуйатыгар олорор норуот, ханнык да тымныыттан, буурҕаттан, тибииттэн толлубат хорсун санаалаах дьон. Кинилэр олохторо табаларыттан улахан тутулуктаах, тоҕо диэтэххэ аһылыктара, миинэр миҥэлэрэ уонна таҥастара-саптара буолар.
Бүгүн ааҕааччыларбар билиһиннэрэр киһим ыраах Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа бөһүөлэгин төрүт олохтооҕо Валериан Николаевич Попов.
Кини 1961 сыллаахха Үрүҥ Хайаҕа күн сирин көрбүтэ, удьуор табаһыт, Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, тыа хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, 46 сыл ыстаастаах табаһыт.
Биһиги сирэй көрсөн кэпсэппэтэрбит да, Валериан сүрдээх элэккэй, кими да мөҕөн-этэн, үҥсэргээн турбат көнө, чиэһинэй, туохтан да толлубат хорсун санаалаах киһи, мин, билбэккэ, хат-хат ыйыталастахпына, сороҕор түөлбэ тыллары өйдөөбөтөхпүнэ, хотугулуу холку, намыын саҥатынан быһаарар, ол быыһыгар хаста да күлсэн ылабыт, сибээспит да сүтэн моһуоктуур. Ол түмүгэр туох кэпсэтии тахсыбытын билиһиннэрэбин.
***
Аармыйаҕа барбатаҕым, тута сопхуоска үлэлии хаалбытым. Оскуола кэнниттэн производстваҕа диэн девиһинэн. Онон 1978 сылтан ыла табаһыттыы (кини табалыы диир – Аапт.) тахсыбытым. Билигин биэнсийэҕэ тахсан баран да уолаттарбар көмө курдук үлэлиибин. 46 сыл үлэлээбит ыстааспыттан 1982 сылтан отуттан тахса сыл биригэдьиирдээбитим. Онтон кыра уолбар ыстаадабын туттарбытым, билигин настаабынньык курдук сылдьабын.
Ийэм, аҕам удьуор табаһыттар этэ. Табалаан бүтэн баран аҕам биэнсийэҕэ тахсыар диэри бултаабыта, кырсаҕа. Дьонум билигин орто дойдуга суохтар.
***
Кэргэним чуум үлэһитэ. Саас базабытыгар тахсабыт, күһүн биирдэ киирэбит, сайын эмиэ ыстааданы кытта көһөбүт. Сайын устата хаста көһөрбүтүн ааҕан сиппэккин. Саамай уһаатаҕына үстүү хоно-хоно көһөн иһэбит, сыгааннар курдук, ол курдук муораҕа тиийэбит. Оннук сиргин уларыта сылдьаҕын, 80 км эргийэн кэлээччибит.
Урут тордох, ураһа туруорар этибит. Тирии таҥаһынан, онтон хаки бириһиэнинэн сабабыт, ардах илиппэтин диэн. Сайыҥҥы муостата суох буолар каркаснай, болох курдук. Кыһыҥҥы тордох муосталаах, тирии бүрүөлээх, ойоҕосторун түһэрдиҥ да, дьиэ буолар, бүрүөтэ бириһиэн, үйэ сайдан, арааһынай сабыылар бааллар. Уон табаны көлүйэбит, нэлбиччи табанан тартарабыт.
***
Сайын итиитэ, бырдаҕа ынырык, муора диэки өссө ама, сөрүүн эҥин. Лаптевтар муоралара. Эһиги диэки ынаҕы сиргэтэр үөн баар дии, табаҕа онтон өссө сүрдээх, ыргахта диэн ааттыыбыт, табаны кэһэтэллэр, олордо да сымыыттыыр уонна куйукта буолар. Күһүн аайы укуоллааннар, куйуктата сүтэр, хараалга (табалары ааҕыы – Аапт.) табабытын укуоллатабыт, атырдьах ыйыгар.
Биһиги “МУТ Илья Спиридонович” диэн тэрилтэҕэ үлэлиибит. Дириэктэрбит Туприн Роман Дмитриевич, бэйэбит уолбут. 1800-чэ табалаахпыт, билигин тугуппут төрүү турар, 2 тыһыынчаттан тахсыахтаах, 500-600 тугут ылыахтаахпыт, үчүгэйдик төрөөтөҕүнэ. Муус устар 15-тэн төрөөн саҕалаатылар, ол аата эрдэлээтэ.
***
Бөрө баар бөҕө буоллаҕа, үксүн кыһынын баар, туундара буолан син өлөрөллөр, суолун буллахтарына. Аныгы үйэ бураннара быһыйдар, көрдүлэр да ырааппаттар, биһиэхэ маһа суох дойду буоллаҕа, онон көтүтэн тиийэн, ирдэһэн ытыалыыллар.
Таба сүтүүтэ, өлүүтэ ханна барыай, тахсар. Сайынын ыалдьаллар, атахсыттыыр диэн, туйахтарын хайа үктээн бааһыраллар. Эмтии сатыыбыт, наһаа улаханнык хотторбот, аныгы үйэҕэ эмп баар.
Табабытын күн аайы биэс-түөрт киһи буолан суукканан маныыбыт. Оччоҕо эрэ сүтэрбэккин, кыра сүтүк син биир тахсар. Урут табанан, сыарҕанан, кыһын уучаҕынан көрдүүрбүт, билигин буран, квадроцикл абырыыр. Биһиги урут кыһыннары кэтээччи этибит, түүн кэтиигин, киэһэ утуйарга бараҕын, тирии таҥас таҥынныҥ да, үөр табаҕын кытта хоноҕун. Сарсыарда тоҕус чааска аҕалаҕын.
***
Билигин оҕолор үөрэнэн бүтэллэрин кэтиибит, бүттүлэр да таһаартыыбыт, атырдьах ыйын бүтүүтэ бөртөлүөтүнэн хомуйаллар. Оҕолор көмө бөҕөтө, оҕо үлэтэ сайын элбэх. Холобура, таба хаайаллар, уучах миинэргэ үөрэттэрэллэр, балыктаһаллар. Мас аҕалаллар-хайыыллар, сайын муора биэрэгэр наһаа үчүгэй буолааччы. Атын да дьон оҕолорун таһаартааччыбыт, көҥүллээн ыыталлар. Сайдыы үйэтэ буолан төлөппүөннэрэ баар, тэриэлкэ туруордуҥ да, киинэ көрөҕүн, бассааптара эмиэ баар, үчүгэйдик хабар, көһөн тиийдиҥ да, онтуларын холбууллар, онон оҕолор чуҥкуйбаттар. Генератордаах тиийэбит, онтубутун киэһэ эрэ собуоттуубут, күнүһүн ким да иллэҥ буолбат, тиэрэ түһэн сытар оҕо да, улахан да киһи суох. Оҕолор ыстаадаҕа баралларын кэтэһэллэр, сопхуоспут улахан оҕолорго харчы төлүүр, инньэ гынан хамнастаахтар, күһүн харчы өлөрөллөр. Биһиги, үлэһиттэр, тэрилтэбитин сопхуос диэн ааттыыбыт.
Хамнаспыт үчүгэй, барытынан хааччыйаллар, ыстаадаларга мас да биэрэллэр, болох оҥосторго, гаас оһох, баллоннар, аһылыкпыт, онон тэрилтэбит дьаһайар, сайыҥҥы анал таҥастары эмиэ биэрээччилэр.
***
Биһиги үөрэх бүттэҕинэ ыам ыйын 25-тэн тахсаары кэтэһэ сылдьабыт. Билигин хаарбыт кыһыҥҥынан турар (биһиги ыам ыйын 17 күнүгэр кэпсэппиппит – Аапт.), ирэ илик, күммүт-дьылбыт да бэрт мөлтөх, хаар да түһэр, былытырар, сирбит харалыы илик, уулуссабытыгар саҥардыы кумахтар тахсан эрэллэр. Самыырдаатаҕына биһиэхэ да хаары кыайыа.
Дойдубуттан ханна да барбатаҕым, харыс сири халбарыйбакка олоробун. Дьокуускайга кыһын оҕолорбор, сиэннэрбэр баран кэлэбин.
Икки уоллаахпын, икки кыыстаахпын, бары ыаллар, хастыы да оҕолоохтор. Кыргыттарым иккиэн куоракка олороллор, улахан кыыс кэргэнэ СВОҕа баран өлбүтэ, онтум кыыһа, кырата манна кэллэ, биһигини кытта барсыа.
Кэргэним Прасковья Карповна Попова диэн, маннааҕы олохтоох кыыс. Итиннэ куоракка баран быыстапка туруорбута, иистэнньэҥ, тэлэбиисэргэ эҥин көстүбүтэ. Миэхэ кэргэн буолуоҕуттан ыстааданан тэҥҥэ сылдьабыт.
***
Табаһыттар сүлүөттэригэр куруук кыттабын, быйыл бэтэрээннэргэ бастаабытым, абсолютнайга үһүс буолбутум. Урут массыына да ылбытым, буран да ылбытым. Табанан сүүрдүү саамай улахан күрэхтэһии, бэтэрээннэр, дьахталлар, эр дьон, ыччат барыта кыттар. Уучахха эмиэ туһунан күрэхтэһии буолар, оҕолорго, улахан дьоҥҥо.
Саамай кэтэһиилээх бырааһынньыкпыт табаһыттар сүлүөттэрэ, күнү көрсүүбүт буоллаҕа. Куонкурус арааһа ыытыллар, дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллэр, үөрэр-көтөр.
***
Сыанабыт, аспыт-үөлбүт ,биллэн турар, куораттан ыарахан. Эһиэхэ 1 тыһыынча буоллаҕына, манна 5 тыһыынча буолар. Бураммыт сапчааһа эҥин олус ыарахан, ол иһин куораттан ылына сатыыбыт. Оттон ыксалга мантан да ылаҕын буоллаҕа. Билигин Сааскылаахха диэри суолбут сабыллан, хааччыллыы мөлтөөтө, буранынан эрэ сылдьыбыт. Ону таһынан улахан массыыналар эрэ сылдьаллар, “Трекол” диэн хаарга иҥнибэт улахан көлүөһэлээх тиэхиньикэ баар, ол айанныыр. Сааскылаахха диэри мантан 180 км.
“Анаабыр алмаастара” бааллара куһаҕана суох, көмөлөспөт буолбатахтар, оскуола, кулууп туппуттара. Сайын уматыкпытын аҕалаллар, кыһыннары таһаллар, суолбутун астараллар. Борокуот кэллэҕинэ, аспытын аҕалаллар, тэрилтэбит кэпсэтэн, таһаҕаспытын эмиэ аҕалан биэрэллэр.
***
Эдэрдэр ыстаадаҕа тахсыбаттар, куорат диэки талаһаллар, улууспутугар биир ыстаадаҕа дьонноро тиийбэт, урут элбэх эбит буоллаҕына, уончаттан биир эрэ хаалла. Биһиги аҕыс ыстаадабытыгар биэстии киһи үлэлиир, оҕолоруҥ, дьахталларыҥ бары тахсаллар, сайыҥҥы өттүгэр элбиибит. Кыһыҥҥы өттүгэр урукку курдук тахсыбаттар. Урут кыһыннары сылдьаллар этэ.
Кыһыҥҥы үлэбит диэн эмиэ көһүү, табабыт мэччирэҥин уларыта сылдьан эккирэтии, астаах сирдэри көрдөөһүн. Кыһын муосталаах болохторго олоробут, таба тириитинэн тигэн, эмиэ табанан таттарабыт, уон табаны көлүйэн. Туундара буолан болоххо дьиэлэнэбит. Уһун кыһыны быһа табаҕын кытта сылдьаҕын, бураннаах буолан бөһүөлэкккэ киирэҕин-тахсаҕын, солбуйса-солбуйса. Табаҕын эмиэ хомуйуоххун наада, сааскы ааҕыыга баар буолуохтаахтар. Саас эмиэ харааллыыллар.
***
Биир-икки хонугу сиргэ хонорбутун улахаҥҥа уурбаппыт, сирбитин билэр буолан кэлэбит. Буурҕа да түстэҕинэ сылдьаҕын. Хаар анныгар хаста да хоммут киһибин, оччолорго табанан сылдьарбыт. Табаны да кыайан сиппэт тыала буолар, бэйэҥ көтө сыһаҕын, быалаах буолаҕын, баайаҕын уонна сытаҕын, аһа да суох хас да хонуоххун сөп. Аныгы үйэҕэ буурҕа буоларын барытын билэ олороллор. Биһиги урут хантан билиэхпитий. Кэргэним убайын кытта оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан мунаннар, тыал астыбытын кэннэ дьон булбуттар этэ, үс күн кэннэ. Мин эмиэ мунарын муммутум да, үс хонон баран дьиэбин булбутум. Тоҕус хонугу быһа тыалырааччы. Урут сүрдээх тыаллар буолааччылар, кэлин наһаа оннук буолбат. Тоҕус хонук муммут дьоннор бааллар.
Саамай чугас доҕор хоту киһитигэр ыта буолар. Абырыыр, үөрү үүрэргэ, хомуйарга, ыт диэн килиэппит, доҕорбут, ыта суох табаҕын да сатаан хомуйбаккын. Булду айахпытыгар эрэ бултанабыт. Билигин хаас кэлиэ, онтон кус, кыһын дьиикэй таба, онтубут да кэлин кэлбэт буолла. Ыстааданы да илдьэ барааччы этэ, көрбөтүҥ да, ыстаадаҕыттан ытыс соттоҕун.
Ыраах Красноярскай диэки кыыл таба баар, биһиги кинилэри кытта ыаллыы олоробут, билсэбит, кийииттэр да, күтүөттэр да бааллар. Долганнар дэнэллэр, биһиги эмиэ долганнарбыт дэнэбит. Олохторо биһигиннээҕэр хаалыылаах соҕус, биһиги аттыбытыгар баар бөһүөлэктэрэ муора үрдүгэр турар, олор балыгынан эрэ аһылыктаналлар, табалара быстан бүтэн эрэр, биир эрэ ыстаада хаалла. Сындааска, биирдэрэ Сопочный диэн бөһүөлэктэрин аата. Бэйэ-бэйэлэриттэн 70-ча км тэйиччи. Бастакы кылаастан нууччалыы үөрэнэллэр, ол да буоллар сахалыы биһиги курдук саҥараллар, акценнара эрэ атын, нууччалыы син биир кыбыталлар. Онно аймахтарбыт да бааллар, былыргы аҕам аймахтара, олор оҕолоруттан оҕолоро эҥин хаалбыттар. Биэс кылаастаахтар, онтон интэринээккэ ыыталлар. Олохторо былыргылыы курдук, дьиэлэрэ да мөлтөх. Муораҕа олороллор буоллаҕа, үрэх баһыгар, сайын катер кэлэр кинилэргэ, оҕолорун бөртөлүөтүнэн таһаллар, хата, күн аайы рейс бириэмэтинэн көтөр. Таба бырааһынньыгын эмиэ сыл аайы оҥороллор. Бэйэ-бэйэбитигэр сылдьыһабыт, ыалдьыттаһабыт, буранынан кэлэллэр, гөрүүчэйдэрин мантан кэлэн атыылаһаллар.
Оройуоммутугар биир буочука гөрүүчэй 19 тыһыыынча.
Төрүт аспыт балык, эт, хаас, кус, кыстыыр балыкпытын булунабыт. Сындааскалар балык аҕалан эргинэллэр, гөрүүчэйгэ эҥин атастаһаллар, онон эн-мин дэсиһэн эйэ-дэмнээхтик олоробут.