Ленин болуоссатын уларытан оҥоруу балаҕан ыйын 18 күнүттэн саҕаланыаҕа
Хантыраак 2023 сыл атырдьах ыйын 28 күнүгэр баттанна. Бэдэрээтчит – «Сэттэ» тутуу хампаанньата ХЭТ (дириэктэр – Федоров Игорь Валерьевич), сакаасчыт – СӨ Архитектураҕа уонна куорат тутуутугар управлениета. Болуоссаты тупсаран оҥоруу суумата – 719 143 000,00 солкуобай. Үбүлээһин төрүөтэ – анал казначейскай кирэдьиит.
Дизайн-бырайыагы, болуоссат ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар турарын, уулусса-суол ситимин, тырааныспар уонна сатыы дьон сырыытын учуоттаан, «Якутпроект» РПИИ ААУо оҥордо.
Болуоссаты уларытан оҥорууга көҕөрдүү, массыына суолун уонна тротуардары дэхсилээһин, «сухой» фонтаны уонна сэргэ курдук быһыылаах 13-түү миэтэрэлээх холуонналары туруоруу киирэллэр. Болуоссат территорията үс учаастакка арахсар: ДП-2 иннинээҕи учаастак, Искусство оскуолатын иннинээҕи уонна сүрүн сынньанар зоналар. Итиэннэ 50 миэстэлээх массыына парковката уонна 10 бэлэсипиэт парковката баар буолара былааннанар.
Ленин болуоссатын хапытаалынай өрөмүөнэ 2024 сыл күһүнүгэр түмүктэниэхтээх.