Кэлэр 2024 сылга 4 суол оҥоһуллар
«Хаачыстыбалаах уонна куттала суох суоллар» национальнай бырайыагынан Дьокуускай куоракка 2023-2024 сылларга уопсайа 23 эбийиэккэ өрөмүөн, саҥардан тутуу үлэтэ ыытыллар, онтон 19-һа быйыл түмүктэнэр, 4 эбийиэк кэлэр 2024 сылга көһөр:
1. Можайскай уулуссатын Пилоттар уулуссаларыттан Строд уулуссатыгар диэри кэрчигин уларытан оҥоруу;
2. Иван Крафт уулуссатын Кульбертинов уулуссатыттан Эргэ Покровскай тракка диэри кэрчигин хапытаалынай өрөмүөнэ;
3. Птицефабрика оройуонугар элбэх оҕолоохторго бэриллибит кыбаартал Хомустаах уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнэ;
4. Кангалаас бөһүөлэгэр Ольховая уулусса хапытаалынай өрөмүөнэ.
«Главстрой» МХТ суол тутуутугар салаатын начаалынньыга Владимир Макаров иһитиннэрбитинэн, бэс ыйын 15 күнүнээҕи туруган, 13 эбийиэккэ үлэ бара турар. Бу күннэргэ Хаан кутар станцияҕа Петр Алексеев уулуссатыттан киирэр суол, Кангалааска Ольховая уулусса, Птицефабрикаҕа Хомустаах, Табаҕаҕа Центральнай уулуссалар хапытаалынай өрөмүөннэнэ саҕаланаары турар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускай куоракка кэлэр 2024 сылга оҥоһуллуохтаах 7,3 км суотугар эбии 267 мөл. солк. кээмэйдээх анал хааһына кирэдьиитэ тыырыллан турар.