Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын ууратар туһунан уураахха илии баттаата
Ил Дархан Айсен Николаев бырабыыталыстыба чилиэннэригэр бу сылларга ыыппыт үлэлэрин иһин махталын тириэртэ.
«Суолбут судургута суох этэ. Арааһа, сэбиэскэй кэм кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын састааба маннык ыарахаттары көрсө илигэ буолуо: коронавирус, ойуур баһаардара, арҕаа дойдулар санкциялара, анал байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыыта. Итини сэргэ бэлиэтиэхпин баҕарабын, бырабыыталыстыба туруоруллубут соруктары барыларын ситистэ. Биһиги сайдыыбыт сүрүн хайысхаларынан көрдөрүүлэрбитин намтаппатыбыт, өссө тупсаран биэрдибит», – диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан бырабыыталыстыбаҕа улахан уларыйыы ыытылларын туһунан иһитиннэрдэ. Кини миниистирдэр кэбиниэттэригэр салгыы үлэлии хаалар бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытта туспа көрсөн чопчу соруктары туруоруохтааҕын бэлиэтээтэ.
Боломуочуйаларын устан да баран бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, саҥа састаап талыллыар диэри, үлэлэрин салҕыыллар.