04.10.2023 | 13:00

Ил Дархан «Кыайыы поеһа» быыстапка-музей тэрийээччилэригэр махталын биллэрдэ

Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Айсен Николаев «Кыайыы поеһа» көһө сылдьар музей тэрийээччилэригэр махталын биллэрдэ. Ураты састаап Саха сиригэр балаҕан ыйын 26 күнүттэн алтынньы 3 күнүгэр диэри ыалдьыттаата.
Ил Дархан «Кыайыы поеһа» быыстапка-музей тэрийээччилэригэр махталын биллэрдэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Кыайыы поеһа» бырайыак көҕүлээччилэригэр уонна тэрийээччилэригэр махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Ураты, историческай чахчыларга олоҕуран оҥоһуллубут экспозиция музей көрөөччүлэригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларын тыынын тириэрдэр. Ааптардар маастарыстыбаларынан,  кинилэр интерактивнай быыстапка аныгы технологияларын туттубуттарын көмөтүнэн, музей ыалдьыттара  патриотизм, көҥүл иһин охсуһуу, Ийэ дойдуга бэриниилээх таптал  эйгэтигэр киирэллэр, ол суостаах сылларга кыттыһаллар. «Кыайыы поеһа» Аҕа дойду көмүскээччилэрин туһунан үйэлээх өйдөбүлү харыстыырга уонна бөҕөргөтөргө көмөлөһөр, саҥа көлүөнэ дьоҥҥо сэбиэскэй норуот хорсун быһыытын туһунан кырдьыгы тиэрдэр. Бу 2025 сылга бэлиэтэниэхтээх Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө ордук дьоһун суолталаах», - диир Айсен Николаев.

Балаҕан ыйын 28 күнүгэр диэри көһө сылдьар музейга Аллараа Бэстээх олохтоохторо сырыттылар, кинилэргэ «Кыайыы поеһын» 280-с тохтобула буолла.

Аҕа дойду Улуу сэриитин көһө сылдьар музейа балаҕан ыйын 29 күнүгэр Алдаҥҥа, балаҕан ыйын 30 күнүттэн алтынньы 2 күнүгэр диэри Нерюнгри куоракка сырытта.

«Кыайыы поеһа» – 150 фигуралаах аан дойдуга бастакы инверсивнай музей. Кини, 2020 сыл алтынньы ыйыгар Москва куорат Белорусскай вокзалыттан айаҥҥа турунан, 19 регион 170 куоратыгар сырытта. Быыстапканы биир мөлүйүөнтэн тахса киһи көрдө-иһиттэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...