Дьокуускайга грипп утары быһыыны туруорааһын саҕаланна
Былаан быһыытынан Дьокуускай нэһилиэнньэтин 60%-на быһыыны ылыахтаах (223 тыһыынча киһи, ол иһигэр 72 тыһыынча оҕо уонна 151 тыһыынча улахан киһи).
Грипп ыарыытын утары вакцинацияланыахтаах араҥа:
- оҕо тэрилтэтинэн хабыллыбатахтар, 6 ыйыттан саҕалаан;
- уһуйааннарга сылдьар оҕолор;
- 1-11 кылаас үөрэнээччилэрэ;
- устудьуоннар;
- 60-тан үөһээ саастаахтар;
- оҕо күүтэр дьахталлар (2-3 триместр);
- байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыахтаах дьон;
- хроническай ыарыылаахтар (ол иһигэр тыҥа, сүрэх-тымыр, уойар ыарыылаахтар уонна метаболическай кэһиллиилээхтэр);
- медицина уонна үөрэҕирии тэрилтэлэрин, тырааныспар, хомунаалынай уонна өҥө эйгэлэрин үлэһиттэрэ;
- вахтовай ньыманан үлэлээччилэр, быраабы араҥаччылыыр уорганнар сотрудниктара, социальнай тэрилтэлэр уонна элбэх функциялаах кииннэр үлэһиттэрэ, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар.