Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.
Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан аҕыйах хамнастаах буоллаҕына, дьадаҥылар ахсааннарыгар киирэр диэбиттэр, баайдарынан 860 тыһыынчаттан тахса дохуоттаах киһини аахпыттар. Оттон дьоллоохтук олорорго ый аайы 250 тыһыынча солкуобайы ылыаххын наада үһү.
Бу 43 тыһыынча хамнастаах киһи дьадаҥылар ахсааннарыгар киирэр диэн ыйытыкка 1,6 тыһыынча киһи Арассыыйа араас регионнарыттан кыттыбыт. Чинчийии бу сыл алтынньы 1 – 8 күннэригэр ыытыллыбыт.
Регион сыаната араастаһарынан, дьадаҥы, баай эмиэ араастаһар. Ол курдук, Москваҕа дьадаҥы буолбат инниттэн ыйга 45 тыһыынчаттан кыра хамнастаныа суохтаах үһүгүн. Санкт-Петербурга 41 тыһыынчаттан намыһах, атын регионнарга 42 тыһ. кыра хамнастаныа суохтааххын диэн ыйаллар. Эр дьон дьахталлардааҕар улахан сууманы этэллэр. Ол курдук, кинилэр ыйга – 45 тыһ. солкуобай, дьахталлар 40 тыһ. солкуобай дииллэр.
Оттон олох дьоллоохтук олорорго ыйга 250 тыһ. солкуобайы өлөрүөххэ наада эбит. Москваҕа бу көрдөрүүнү эр дьон 270 тыһ. солк. дииллэр, дьахталлар – 230 тыһ. солк. Петербург олохтоохторо толору дьоллоохтук олорорго ый аайы 240 тыһ. солкуобайы ылыахтарын баҕараллар. Оттон үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, баай киһи 860 тыһыынча солкуобайтан тахсаны ылыахтаах эбит. Оттон Москваҕа баай киһинэн 920 тыһ. солк. өлөрөр киһини эр дьон ааттыыллар, дьахталлар барахсаттар киэнэ арыый кыра – 780 тыһ. солк.
Дойдубут тэбэр сүрэҕэр 890 тыһ. солк. дохуоттаах киһи баай аатырар, оттон Санкт-Петербурга ыйга 800 тыһ. солк. өлөрөр киһини баайдар ахсааннарыгар киллэрэллэр эбит.
Росстат дааннайынан, 2023 сылга Арассыыйаҕа дьадаҥы, олох таһымыгар тиийиммэт аҥаардаах олорор дьон ахсаана – 13,5 мөл. киһи эбит, ол эбэтэр нэһилиэнньэ 9,3% ылар.
Дьэ, аны биһиги Сахабыт сиригэр дьон ыйга хас тыһыынча солкуобайынан туоруон сөп эбитин ыйыталастыбыт.
Валентина Михайловна, бүддьүөт үлэһитэ, икки оҕо ийэтэ:
— Мин улахан оҕом үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ, кырам уһуйааҥҥа сылдьар. Харчы күннээҕи, ыйдааҕы олохпутугар уу курдук барар. Күҥҥэ иккитэ хайаан да астанаҕын, киэһэ үлэм кэнниттэн бородуукта бөҕөтө ылан кэлэбин, хас күн аайы маҕаһыыҥҥа сылдьабын. Онно сороҕор 500 солкуобай, сороҕор 2000 барар, аны СберМаркеттан сотору-сотору сакаастыыбын, манна уһун соҕус болдьохтоох астары эҥин ылабын, кефир, йогурт, халбаһы, оҕоҕо бэчиэнньэ, арыы, фрукта, сымыыт, онно аччаабыта 2-3-4 тыһыынча барар. Уонна эппитим курдук күн аайы ас ылан киирэбин, килиэппин, үүппүн эҥин. Аны уу сакаастааһына, соктар, майонез, кофе, кетчут, аны хаһан суол аһыллан идэһэ өлөн кэлиэр диэри бу күннэргэ сибиинньэ, куурусса этэ, сосиска, кэтилиэт эҥин ыллым. Дьиҥинэн, кууһунан ылбыт киһи, кэм харчыбын кэмчилиэм этэ буоллаҕа. Уонна киһи эриллибит эттэн араас аһы тоҥорон, оҥорон быыһанар, бэлимиэн, тиэптэл, манты, фрикадельки, балары атыылаһыах диэтэххэ, наһаа элбэх харчы барар.
Биһиэхэ ордук үрүҥ аска, фруктаҕа, оҕуруот аһыгар харчы баранар, кыра уол фруктата, улаханым үрүҥ аһа суох сатамматтар. Аны ол быыһыгар бырааһынньыктар эҥин буолаллар, ханна эрэ ыҥыраллар, ыалдьыттар кэлэллэр, чэ быһа холоон, аҥаардас аһылыкка, саамай кыччаабыта 20 тыһыынча солкуобай барар. Арба ыйга биирдэ сакаастаан аһыыбыт, холобура, өрөбүлгэ киинэ көрөөрү, ас астыыртан да сынньанаары, суши эҥин. Билигин бу кыра уолбунуун ыалдьаары гынныбыт, онно эмкэ эмиэ харчы баранар. Сыана сылтан сыл наһаа ыараан иһэр, ас-үөл олох биллэрдик ыараабыт. Онон харса суох үлэлиэххэ-хамсыахха наада. Онтон атын хайыыр да кыах суох диэбит курдук.
Аны ити аспыт-үөлбүт таһынан сыл уларыйыытын аайы (сезон аайы) тугу эрэ ылынаҕын. Ким эрэ соппуоската эргэрбит, ким эрэ бэргэһэтэ, ким эрэ соно кыччаабыт. Быйыл улахан уолга унтуу ылыахтаахпыт. Кыраҕа кыһыҥҥы бэргэһэ. Кууркаларын былырыын ылбыппыт, онтуларын хата быйыл кэтэллэр. Онон кыһыны көрсө син биир улахан туох эрэ атыылаһаҕын. Мин былырыын унтуу атыыласпытым, кэргэним эмиэ кыһыҥҥы атах таҥаһа ылыммыта, онто дэлби алдьаммыт, быйыл эмиэ ылара буолуо. Былырыын тэлэбиисэрбит алдьанан саҥаны ылбыппыт. Онон харчы суох, кыаллыбат, барыта ыарахан диэн баран сытынан кэбиспэт буоллахпыт дии.
Эбии дохуот киллэриэм дуу дии санааммын торт оҥорорго үөрэммитим да аҕыйахта астаан баран аккаастанным. Дьиҥэр, син тугу эрэ эбии киллэрбит киһи диэн баҕарабын да, үлэлээн кэлэн баран сылайабын, сэниэм суох буолан хаалар. Оҕоҕун уһуйаантан ылан кэлэн баран ас астыаххын наада, дьиэҕэ эмиэ тугу эрэ гыныахха наада, онтон бэрт түргэнник утуйар чааһыҥ кэлбит буолар. Сарсыарда алта аҥаартан туран эмиэ хачыгыраабытынан бараҕын, онон эрдэ утуйаҕын. Ийэлэр үлэлии-үлэлии хайдах эбии дохуот киллэринэллэрэ буолла дии саныыбын.
Биир кэллиэгэм үлэлээн баран өссө киэһэтин ньээҥкэлии барар, өрөбүллэргэ эмиэ. Оҕолоро улаатаннар туспа олороллор, бэйэлэрэ үлэһиттэр. Онон кини эбии дохуоттанар, ону маладьыас диэн хайҕыыбын эрэ, онтунан оҕолоругар, сиэннэригэр көмөлөһөр.
Соҕотох ийэҕэ, аҕаҕа бу сыана өрө барыыта, хамнас кырата, оҕолорун аһаталларыгар, таҥыннаралларыгар барыта икки бүк ыарахан, күнүстэри-түүннэри икки бүк үлэлиэхтэрин наада, оттон кэргэннээх буоллаххына көмөлөөн, дохуоккун холбоон кэм быдан чэпчэки буоллаҕа.
Дьэ, ол да буоллар харчы син биир тиийбэт. Онно эбии ипотека улаханнык охсор, ол суоҕа буоллар, ону төлөөбөт киһи бэрт да буолуо этэ, туох да санаата-оноото суох син олоруохха сөп буолуо. Ипотекаҕа биир киһи хамнаһа барарын тэҥэ. Биһиэнэ 36 тыһыынча, ол диэн өссө кыра, 100-тэн тахсаны төлөһөн олорор дьону билэбин. Оттон хамнастара, дохуоттара онно эппиэттиир буоллаҕа.
Биһиги оннук ыһа-тоҕо олоробут диэбэппин. Син ортотук олоробут. Хата бу эн ыйыппыккар ороскуоппун барытын сурунан көрөн, ааҕан-суоттаан баран олус элбэҕи туттарбын билэн, наһаа соһуйдум. Чэ, холобура маннык:
Ипотека – 36.000 солк.;
Дьиэ-уот төлөбүрэ – 8.000;
Суотабай төлөпүөҥҥэ харчы – 3.400;
Тэлэбиисэр, вайфай – 1.300;
Оптуобуска айан, такси, бензин – ортотунан 10.000;
Уһуйаан төлөбүрэ – 4.500;
Оскуола – 4.500;
Аска-үөлгэ – кырата 20.000;
Бытовой химия – 1.500;
Косметика, шампунь, гель – 3.000-тан элбиэн сөп;
Араас аралдьыйыылар, киинэ, кафе эҥин – 5.000;
Билэр киһиҥ суорума суолланар, онно көмө, төрөөбүт күннэр, үбүлүөй, сыбаайба – ?
Танас-сап эмиэ биллибэт, наада буоллаҕына – ?
Оскуолаҕа туттар мал-сал – 3.000;
Былааннамматах ороскуоттар: массыына саппааһа, ыраах кэлии-барыы, онно кэһии ылыы, туох эрэ иһиккэ, малга ымсыыран атыылаһыы, эмп, битэмииннэр;
Өссө тыҥырах, кыламан, баттах, араас процедура оҥотторуута бэйэтэ туспа кистэлэҥ;
Оҕо куруһуога, секцията – 7.500
Маннык көрдөххө, кыра хамнастаах киһи тиийинэн олоруон сөбө суох курдук эрээри, син барыта хайдах эрэ аргаайдык олохпут баран иһэр, ыйбытын этэҥҥэ туоруубут.
Оҕото суох эбэтэр оҕолоро туспа үлэһит буолбут дьон аҕыйаҕы тутталлар буоллаҕа. Манна эбэн кэбис оҕоҥ араас куонкурустарга кыттарын, онно таҥастара, усунуостара, астара барыта ороскуот. Уопсайынан, оҕолоох киһиэхэ харчыта уу курдук барар.
Инньэ гынан суоттаан таһаарбытым – 107,700 солкуобай биллэринэн барар эбит. Кырдьык, бэйэм да соһуйдум, ол гынан баран син бөрөнөн ыал буолан үөрэн-көтөн олордохпут дии. Ол аата Саха сиригэр олорорго ыйга кырата 120-150 тыһыынча солкуобай дохуоттаах буолуохха наада!
Улуус нэһилиэгэр олорор эдэр ийэ Линда:
— Мин санаабар, биир ыйга холкутук 100-150 тыһыынча солкуобайынан туоруохха сөп дии саныыбын. Ол гынан баран орто хамнас 30-35 тыһ. эрэ. Маннык дохуоттаах киһи ыйы кыайан туораабат, аны билигин хас биирдии ыал массыыналаах, ипотекалаах. Массыыналаах буоллуҥ да, гараас наада, бэйэҕэр суох буоллаҕына, куортамҥа тураҕын, ипотекаҕар ый аайы кырата 40-50 тыһ. солк. барар. Ас-таҥас ыарыы турар, өҥө эмиэ барыта ыарыыр. Аҥаардас икки ыйдаах оҕобор быһа холоон ааҕан көрдөхпүнэ 70 тыһыынча курдук барда, аһа, таҥаһа, көрдөрүнүүтэ, оҕоҕо туттар тэрилэ киирэр. Биир ползунок 240-500 тиийэ, оҕо үүтэ 2300 тиийэ буолуон сөп. Онон, биһиги сыананы ситиэхпит, үрдүк хамнастаныахпыт ыраах эрээри, оттон-мастан тардыһан олордохпут дии.
Балбаара, пенсионерка, тыа сиригэр олорор:
— Мин биэнсийэм 15 тыһ. солкуобай, туохха да тиийбэт. Оҕолорбор көмөлөһөн куортамнарыгар биэнсийэм аҥаарын биэрэбин, эмим туох да ыарахана сүр, киһи кыайан да эмтэммэт. Такси сыаната, ас сыаната сүрдэннэ. Дойдубут экономиката үчүгэй дииллэр да, тоҕо биэнсийэ, хамнас кыраный?
Тыаҕа сүөһү иитэр уустугурда ээ, эбии аһылыга, аны оттуургар сапчаас, бензин сыаната үлүгэр. Маннык олох кэлбитэ ыраатта, өссө ыарыыр туруктаах, быһыыта. Ыйга 100-тэн тахса тыһыынча хамнас, биэнсийэ саатар 30-50 тыһыынча эбитэ буоллар. Оттон үлэлиирим эбитэ буоллар, арааһа, 120-140 тыһыынчалаах буоллахпына эрэ толору биир ый кыайан олоруом этэ дуу дии саныыбын.
Хаартыскалар: pixabay.com, freepik.com