Зоя Желобцова: «Олох толору үөрүүтүн, кэрэтин билэн сылдьабын»
«Үчүгэй киһи» диэн хайдах киһини ааттыылларый? Арааһа, бастатан туран, дьоҥҥо эйэҕэс, аламаҕай, үөрэ-көтө сылдьар, барыга-бары кыһамньылаах, үлэһит киһини ааттыыр буолуохтаахтар. Дьэ, оччотугар, биһиги дьүөгэбит Зоя Константиновна Желобцова онуоха сүүс бырыһыан эппиэттэһэр. Киһи киһитэ буоллаҕа биһиги Зоябыт!
Оттон киһи барахсан мутугунан быраҕар муҥур үйэтигэр дьонугар-сэргэтигэр, ыччаттарыгар хайдах суолу-ииһи, ааты, өйдөбүлү хаалларара улахан суолталаах буолан эрдэҕэ. Өбүгэлэрбит бэргэн этиилэрэ ону туоһулаан, олоҕуҥ усталаах-туоратыгар суруйан хаалларар суолгун анаан бэлиэтиир, ааттыыр курдуктар.
Биһиги дьүөгэбит сааһын тухары үлэни күүскэ үлэлээн кэллэ, учуутал идэтинэн элбэх ыччаты үөрэттэ, “Саха сирин үөрэҕириитин туйгуна”, “Уус Алдан улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Уус Алдан улууһун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлэр хаһаайыннара, өрөспүүбүлүкэ араас бочуоттаах кырааматаларынан наҕараадаламмыта. Сааһынан бочуоттаах сынньалаҥҥа диэн барбыта быданнаатар даҕаны, күн бүгүнүгэр диэри үлэлии-хамсыы, хамнас аахса сылдьар. Киһи эрэ барыта оннук кыахтаах, эрчимнээх буолбат. Оттон биһиги дьүөгэбит инники кэккэттэн харыс да хаалбакка сылдьар. Кытаат, сэгэр, оннук эрэ буоллун!
Зоя Константиновна күн бүгүн өрөгөйдөөх үбүлүөйүн көрсөр! Бар дьонун кытта үөрүүтүн үллэстэр, олоҕун кэрчиктэриттэн сэһэргиир. Онон, доҕоттор, сэргээҥ!
Дьоллоох оҕо саас
Сахам сирин уһун тымныылаах кыһына ааһан, халлаана дьэҥкэрэн, күнэ чаҕылыйан, салгына ырааһыран турдаҕына, 1949 с. муус устар 11 күнүгэр дьоллоох Дьокуускай куоракка күн сирин көрбүтүм. Төрөөппүн кытта ийэм барахсан дойдутугар Уус Алдан Өлтөҕөр аҕатыгар тахсыбыт. Онно олорбуппут.
Ийэм Орто Эбэ оскуолатыгар баспытааталынан үлэлээбит, онтон арыы собуотун лабараанын үөрэҕэр үөрэнэн, Дүпсүҥҥэ ананан барар. Дүпсүнтэн тэйиччи соҕус сытар Балаҕаннаах диэн сиргэ олорбуппут. Дьэ, кырдьык, балаҕан дьиэ баара, онно хастыы да ыал буолан дьукаах олорбуппут. 4-5 саастаахпар буолуо, Бороҕонтон ийэм эдьиийин уола Вася сайылаабыта. Онтон ыла сайын аайы тахсар буолбута. Биир сыл Дүпсүҥҥэ бэйэтигэр кыстаабыппыт. Нулевой кылааска үөрэммитим. Ийэм Мэҥэ Хаҥаласка собуот маастарын үөрэҕин бүтэрэн, дойдутуттан чугас Бэрт Ууһугар маастарынан ананан, Сыырдаахтан балтараа көстөөх сиргэ — Чирэпчи учаастагар көһөн тиийбиппит. Үөрэҕим Сыырдаахха салҕаммыта. Бу саҥа дойдубутугар — Олом диэн сыыр үрдүгэр турар аҕыйах дьиэлээх сиргэ туһунан дьиэлэммиппит. Ийэм барахсан олус да үөрээхтээбитэ. Дьоллоох кэрэ оҕо сааһым манна ааспыта. Быраатым сайын аайы кэлэрэ, тыанан-хонуунан тэҥҥэ сэндэлиһэрбит.
Эһэбит сымаһыт оҕонньор этэ, кустуура, сир астыыра, отун-маһын бэрийэрэ. Дьиэбит үрдүк сыыр үрдүгэр турара, дьэ, ол сыыры дабайан бырааппыныын күннэтэ уу таһарбыт. Сайын ыам саҕана эһэбит алталыы-сэттэлии биэдэрэҕэ тиийэ балыгы хаптарара. Ону үөһэ таһаарыы Вася биһикки эбээһинэспит буолара. Чыҥыллаҕы маска иилэн таһаарарбыт, икки өттүгэр сүүрэ сылдьыбат гына, хабайар ортотугар эһэбит суолак оҥорон биэрбитэ, онон биэдэрэбит сүүрэкэлээбэт этэ. Инньэ гынан букатын кырабыттан балык хатырыктыы үөрэммитим.
Улаатыыбытыгар аны окко барбыппыт. Сайын аайы оскуола биригээдэтиниин үрэххэ оттуурбут. Быраатым мыылай маҥан бэйэтэ ыас хара буола хараара. Үөрэҕэ бүттэр эрэ, эһэм кинини атынан киирэн ылара. Тахса охсор баҕаттан быраатым бэл музыкальнай оскуолатын бырахпыта. Ол курдук, үөрэҕэ бүппүт күнүгэр суумкатын илгээт, биһиэхэ ыстанар киһи буоллаҕа. “Уол кэллэ” диэн буолар, чымадаана кэнниттэн 1-2 хонугунан биирдэ кэлэрэ. Мэник-тэник да буоларбыт, баракааспыт туһунан кэпсээтэххэ, кинигэ да буолар ини. Тыаҕа саалаах отоннуу барыыбыт, ыам ыйыгар оҥхойго хаар уутугар сөтүөлүүрбүт... Элбэх-элбэх, кэпсээтэххэ...
5-с кылааска Дьокуускай куорат оскуолатыгар үөрэммитим, таайым Колялаахха олорбутум. Түөрт оҕону көрүү, дьиэ-уот хомуйуута мин эбээһинэспэр киирэрэ. Элбэх оҕолоох ыал улахан оҕото буола түспүтүм. Дьоммор тыаттан кэлэн киһи бөҕө түһэрэ, үс улуус үөрэххэ киирэр ыччата, ыалдьыбыт көрдөрүнэ, ол-бу наадалаах — мэлдьи тобус-толору буоларбыт. Куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар үөрэммитим, Оҕо дыбарыаһыгар сүрдээҕин сөбүлээн үҥкүү куруһуогар дьарыктанан испитим.
Онтон Бороҕоҥҥо тахсан үөрэммитим, эдьиийдэрбэр олорбутум. Үксүн эдьиийим Варяны, быраатым Васяны кытта бэйэбит кыстыырбыт.
Педучилищеҕа
Ол да курдук, эдьиийбиниин, кини 9-с, мин 8-с кылаастарбыт кэннэ, тутуспутунан педучилищеҕа үөрэнэ киирбиппит. Соҕотох оҕо аатыран, кэм да, уопсайга тиксибэтэҕим. Эмиэ саҥастаахпар олорбутум. Иккис куурустан уопсайга ылыллан, устудьуон олоҕун толору билбитим. Новокарьернай уулуссаҕа саҥа тутуллубут икки этээстээх мас дьиэҕэ олорбуппут. Сарсыарда аайы 2-с оптуобуһунан “Центральнайга” диэри үтүрүһэн айанныырбыт, соммут тимэҕэ көтүллүөр диэри айан буолааччы, дьэ ол кэннэ училищебытыгар сырсыы буолара. Хоспутугар төрдүө буолан олорбуппут. Мин, эдьиийим Варя уонна икки Дусялар. Училищебыт бастыҥ үҥкүүһүттэрэ буоларбыт. 1-кы кууруска Матрена Денисовна Гермогенова диэн пионерия тиэмэтин өрө туппут учууталлаах этибит, үксүн араас тэрээһиннэргэ, мунньахтарга сылдьан солото суох буолара, иккис кууруска киирбиппитигэр СГУ-га көспүтэ. Ол кэннэ биһигини соҕурууттан үөрэҕин саҥа бүтэрэн кэлбит эдэркээн кыыска туттарбыттара. Луиза Терентьевна Бушкова диэн төп-төгүрүччү көрбүт кыыһы тута сөбүлээбиппит, эдэр-эдэр курдук, биһигини кытта барыга-бары тэбис-тэҥҥэ сылдьыһара
.
Пионербаһаатай
Мин дойдубар Уус Алдан оройуонугар Лөгөй орто оскуолатыгар ыстаарсай пионербаһаатайынан анаммытым. Оччолорго Чирэпчиттэн Кэптэнигэ көһөн кэлэн олорор кэммит этэ. Манна икки сыл баһаатайдаабытым, горн-барабаан тыаһынан тиҥийэн үлэлээбиппит. Үлэ күөстүү оргуйара. Дружина оҕотун барытын формалаан, этэрээти барытын горннаан, барабааннаан, былаахтаан, дьэ, үчүгэй да көстүү этэ ээ, ньиргийэн олорорбут! Ити кэмҥэ Тамара Петровна диэн начаалынай кылаас учуутала босхоломмут комсомольскай тэрилтэ салайааччытынан үлэлээбитэ. Бииргэ олорбуппут, тутуспутунан ньиргиччи үлэлээбиппит.
Тутуспутунан – университекка
Ол курдук тутуспутунан СГУ-га саха салаатыгар үөрэнэ киирбиппит. Миигин кэм да уопсайга ылбатылар, икки сылы быһа Тамарабар “зайчиктаабытым”. Кэлин сокуоннай олохтоох буолбутум. Бастакы кууруспар эмиэ ол “Новокаркабар” олорбутум. Биир хоско үс группа (саха тыллара, нуучча тыллара, историктар) кыргыттара олорбуппут. Орон аайы “зайчик” буолара, олус иллээх, бэһиэлэй этибит. Ол бэһиэлэй кыргыттарбытыттан Розалия Бравина курдук ааттаах-суоллаах учуонай, Татьяна Находкина курдук суруйааччы тахсыбыттара. Биһиги киэн туттуубут! Эһиилигэр 14-с нүөмэрдээх куорпуска көспүппүт. Улахана, киэҥэ-куоҥа — киһи эппэт үчүгэйэ этэ. Сарсыарда аайы Ярославскай уулуссатыгар баар үөрэнэр куорпуспутугар субуруһарбыт. Авксентий Мординов, Николай Антонов, Петр Афанасьев, Николай Дьячковскай, Василий Бырдьахаанап курдук корифейдарга үөрэммиппит. Кинилэр лекцияларын, саҥаларын-иҥэлэрин истибит, сэҥээрбит дьоллоох эбиппит.
Хомус абылаҥа, тутуу этэрээтэ уонна устудьуон олоҕо
Кураторбыт И.В. Винокуров бэйэбититтэн эрэ арыычча аҕа киһи этэ, үгүс элбэх кэпсээннээх буолааччы, интэриэһинэй көрсүһүүлэри тэрийэрэ. Биирдэ И.Е. Алексеевы ыҥыран хомус туһунан кэпсэттэрбитэ, хомуска оонньотон иһитиннэрбитэ. Араадьыйанан эрэ истэр киһибитин илэ көрбүппүт. Уон хомуһу буор-босхо лотоҕа оонньоппута, дьолбор, биир “астааҕы” мин туппутум. Дьэ, мантан саҕаламмыта — хомусчут буолар суолбут. Иван Егорович үлэтин кэннэ биһигини кытта дьарыктанар буолбута. Атын факультеттартан кытта кэлэн дьарыктаналлар этэ. Ити курдук “Алгыс” ансаамбыл тэриллибитэ. Куорат араас тэрээһиннэригэр, кэнсиэртэригэр кыттар буолбуппут. Бүтүн Арассыыйатааҕы фольклор бэстибээлигэр Магадаҥҥа баран лауреат үрдүк аатын ылбыппыт. БАМ-ҥа Тында-Беркакит көмүс рельсатын ууруллуутугар улахан артыыстары кытта кэнсиэртээбиппит.
Эдэр саас биир умнуллубат түгэнинэн тутуу этэрээтигэр үлэлээбиппит буолар. “Дьулуур” этэрээти кытта Дьокуускай таас дьиэлэрин тутуутугар үлэлэспиппит, икки сыл аатырбыт “Аргыс” этэрээккэ сылдьыбытым. Устудьуон сылларбын олус күндүтүк саныыбын, бииргэ үөрэммиттэр бары даҕаны олус иллээх этибит, күн бүгүнүгэр диэри тутуспутунан сылдьабыт.
Саккырыырга
Үөрэхпитин бүтэрэн, хас да кыыс буолан хоту үлэлии барбыппыт. Мин саҥа тэриллибит Баатаҕай-Алыыта национальнай оройуоҥҥа Саккырыыр орто оскуолатыгар анаммытым. Саха тылын учууталынан. Үс кыыс буолан үлэлии тиийбиппит, биир кыыспыт немец тылын үөрэтэрэ, иккис кыыс музыка учуутала этэ.
Хоту дойду сирин-уотун, дьонун-сэргэтин олус сөбүлээбитим. Билбэтэхпин билбитим, олохторун-дьаһахтарын ылынан, эйэҕэс дьонун дьон оҥостон олордоҕум дии. Таба бырааһынньыга хаһан да умнуллубат кэрэ түгэн этэ. Тулаҥ ып-ыраас, сып-сырдык хаар уонна чаҕылыйар күн! Таба сүүрүүтэ, дьон-сэргэ өрө көтөҕүллүүтэ — барыта уйулҕаны уһугуннарар өрөгөй бырааһынньыга, үчүгэй да буолааччы!
Учуутал диэн баһаатайтан адьас туспа атын үлэ буолар эбит этэ. Уруокка бэлэмнэнии, тэтэрээт бэрэбиэркэтэ, оҕону кытта иҥэн-тоҥон үлэлиириҥ — барыта саҥа, интэриэһинэй. Билигин санаатахпына, үчүгэй да кэмнэр эбит. Эдэрбит, эрчимнээхпит, айар-тутар баҕабыт таһыччы, инньэ гынан, үлэ күөстүү оргуйара.
Аны туран сценаттан түспэт артыыстар буоларбыт, кулуупка туох буолар да, барытыгар кыттарбыт, саппай уопсан иһэрбит. Музыкальнай оскуола хореограба Татьяна Иннокентьевналыын “Чукичан” диэн ансаамбыл тэрийбиппит, сылын аайы Дьокуускайга араас көрүүлэргэ, күрэхтэргэ кыттарбыт.
Дойдубар учууталлыыр сылларбар
Саккырыырга уопсайа биэс сыл үлэлээбитим. Ол кэннэ дойдубар Кэптэнигэ учууталлаабытым. Эмиэ үлэ үөһүгэр сылдьыбытым. Ол саҕана туризм диэн баара, саас хаар хайынна да, ол түбүгэ буолара. Таҥас-сап, эмблема тиктиитэ, күрэхтэһии барар сирин бэлэмнээһин, былааҕынан сигналлары ыытары үөрэтии, ориентированиеҕа эрчийии — баһаам үлэ. Тимуровскай үлэ оччолорго күүскэ сайда сылдьыбыта, кылааһым оҕолоро барахсаттар маспын хайытан, сааһылаан абырыыллара. Сыл устата араас күрэхтэһиилэр, кэнсиэртэр, үөрэхпит — күнтэн күн быыһа көстүбэт үлүгэрэ. Аны санаатахха, үлэлиир да эбиппит. ЛТО туһунан туспа кэпсээн. 1980-с сылларга оскуола оҕолоругар сайыҥҥы лааҕырдары тэрийэр үтүө үгэс баара. Учууталлар сайын аайы биир ый кэриҥэ ол лааҕырга үлэлиирбит. Мин биир сыл от биригээдэтин кытта алаастан алааска көһө сылдьан үлэлээбиппит. Үс-түөрт сылы быһа “Суорун” диэн хаппыыста лааҕырыгар үлэлээбитим. Ити сылларга дэриэбинэттэн хас да килэмиэтирдээх тэйиччи сиргэ лааҕыр туппуттара. Онно 5-6 сыл курдук начаалынньыктаабытым. “Сайыҥҥы уонна кыһыҥҥы оҕо” диэн баар буолар эбит этэ. Кыһын оскуолаҕа баппат, мөлтөх оҕо кимнээҕэр үлэһит, уйан, көмөҕө бастакынан сүүрээччи буолара. Ити кэмҥэ начаалынай кылаастар оҕуруокка, орто кылаастар лабыктаҕа, улахаттар окко, күрүө тутуутугар, фермаҕа ыанньыксытынан үлэлииллэрэ. Дэриэбинэҕэ сайын халтай хаама сылдьар оҕо суох буолара. Оҕону үлэнэн иитии суолтатын ааҕар буоллахха, хайдахтаах үчүгэй тэрээһиний бу! Билигин ол суох, хомойуох иһин.
Үөрэппит оҕолорум бары оннуларын булан, билигин дьон үтүөлэрэ. Биир үөрэнээччим Анатолий Бурнашев ХИФУ культурологияҕа салаатын бүтэрбитэ, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ырыаһыт, урбаанньыт, педагог. Биллэр суруналыыстар бааллар: Людмила Ноговицына, Наталья Кычкина, Жанна Леонтьева. Үөрэппит оҕолорум саха тылын, саха культурологиятын учууталларынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Биир оҕом дойдутун хаһыатыгар “Мүрү саһарҕатыгар” дьоһуннаах үлэни толоро сылдьар. Онон туох диэмий, киэн туттар буоллаҕым!
Кулууп сценатыгар
Кэптэнибэр үлэлии сылдьан, кулуупка эмиэ тутаах үлэһит курдук буоларым, Неустроева Дуся диэн режиссер кыыс баара, сценка, пьеса туруорара, миигин булгуччу кытыннарара. Дьэ, ити курдук, эмиэ да хомуһум, эмиэ да үҥкүүм, эмиэ да ырыам, аны пантомимам, нүөмэр көтө-көтө диэбит курдук буолара. Арыт гримернайга баттаспакка, кулиса кэтэҕэр таҥас уларыттан, саҥа нүөмэргэ ойоруҥ баар буолааччы. Ол эрэн ааспыты саныы-саныы, үөрэбин эрэ буоллаҕа.
Оҕолорбун кытта
Биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри дойдубар үлэлээбитим. Кыыһым кэргэн тахсан, устудьуоннуу сылдьан оҕоломмута. Иккиэн устудьуон буоланнар, сиэммин бэйэм көрбүтүм. Биир сыл “Супер бабушка” күрэххэ кыттан, кыайыы өрөгөйүн билбитим. Инньэ гынан, биэнсийэҕэ тахсан баран үлэбинэн икки эрэ сыл үлэлээбитим. Куоракка киирэн сиэммин көрбүтүм, бэйэтэ да иринньэҥ соҕус этэ, ол иһин икки сыл реабилитацияҕа таспытым, икки сыл массааска сылдьыбыппыт. Онтон ыла утуу-субуу сиэннэр кэлэннэр, куорат баабыската буолан олоробун. Сиэннэр улааттылар, билигин бэйэбэр көмө дьон, үрдүк үөрэххэ, аспирантураҕа үөрэнэллэр. Оҕолор дьиэлэнэн-уоттанан бэйэлэрэ туһунан дьон, мин билигин көҥүл киһибин.
Хобби уонна дьүөгэлэрим
Тугу сөбүлүүрбүнэн дьарыгырабын. Хобби да баар, дьүөгэ баабыскаларбыныын да үөрэ-көтө көрсөбүт. Хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыгырарым, альбомнары оҥортуубун. Кыбытык тигиигэ уонна сиэлинэн сэлээппэлэри, онтон да атыны оҥорууга ылсан үлэлиибин, “бэркэ оҥороҕун” диэн хайгыыллар. Айанныырбын, сири-дойдуну көрөрбүн сөбүлүүбүн. Өссө да айаннаабыт, сылдьымахтаабыт киһи диэн баҕалаахпын.
Бииргэ үөрэммит дьүөгэм салайар литературнай куруһуогар киирэн дьарыктаныахпыттан олоҕум өссө сэргэхсийбитэ. Билии-көрүү эбиллэн, дьүөгэлэрдиин алтыһан, олох толору үөрүүтүн, кэрэтин билэн сылдьабын. Онтон ордук туох нааданый!
Дьүөгэбит Зоя Константиновна Желобцова олоҕун кэпсээнэ, дьэ, ити курдук...
Зоя Константиновна туһунан дьүөгэлэрин санаалара
Мария Егоровна Степанова, университекка бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ:
– Дьүөгэм Зоя дьоҥҥо-сэргэҕэ аламаҕайа, сайаҕаһа, барыга бары сатабыла, үлэһитэ сүрдээх буоллаҕа. Устудьуоннуур кэммитигэр кууруспутугар культмассовикпыт этэ. Билигин да тыйаатырга буолар сонун тэрээһиннэри көтүппэт, кэрэни кэрэхсиирэ бүппэт. Өрүү даҕаны уопсай дьыала туһугар инники күөҥҥэ сылдьар, дойдутун, норуотун туһугар чахчы долгуйар киһи. Зоя Константиновна биһиги көлүөнэ биир бастыҥ, бары өттүнэн холобур буолар бас-көс табаарыспыт.
Прасковья Егоровна Сокольникова, СГУ-га бииргэ үөрэммит дьүөгэтэ:
– Өрүү үөрэ-көтө, билигин да үлэ үөһүгэр сылдьар биһиги Зоябыт истиҥ ийэ, эйэҕэс эбээ, эрэллээх доҕор-атас ааттааҕа диэн бары билинэбит, киэн туттабыт.
Устудьуон эрдэхтэн хомус аргыстаах, дьүрүһүтэр алгыстаах, ийэ тылбытыгар төһөлөөх үгүс оҕону үөрэттэ, уһуйда, убаастанар-ытыктанар Учуутал, кэллиэгэ буолан, күн бүгүнүгэр диэри махтал, хайҕал бастыҥа киниэхэ ананар. Зоя асчыт ааттааҕа, аһа минньигэһэ, дэлэйэ, иистэн да иҥнибэт, үҥкүүлээн, ыллаан да туруо — барыбытын сөхтөрөр.
Күндү киһибит, аны да ахсаабакка-мөлтөөбөккө сырыт, олоҕу таптыыргынан үйэҥ уһаатын, ыччатыҥ ууһаатын!
Татьяна Константиновна Аринкина, оҕо сааһын дьүөгэтэ:
– Зоя Константиновна мин оҕо сааһым аргыһа, оскуолаҕа бииргэ үөрэнэ сылдьыбыппыт, онтон ыла “эн-мин” дэһэн кэллибит. Зоя наһаа сайаҕас, аламаҕай, үөрүнньэҥ киһи. Кини баар буоллаҕына, тута сэргэхсийэ түһэҕин, кэпсээн-ипсээн, күлэн-үөрэн, чахчы, сэргэх киһи. Мин, киниэхэ холоотоххо, олох атын киһибин, ол иһин тапсабыт быһыылаах. Саҥата суох батыһа сылдьааччыбын. Дьүөгэм этэҥҥэ сылдьан дьоһун сааһын көрсөрүттэн үөрэбин. Эҕэрдэлиибин! Өссө да эрчимҥин ыһыктыма, үөрэ-көтө, мичилийэ сырыт диэн алгыыбын!
Галина Михайловна Федорова, Лөгөй орто оскуолатыгар бииргэ үлэлээбит кэллиэгэтэ, дьүөгэтэ:
– 50-ча сыл доҕордоһуу элбэҕи этэр. Дьүөгэбин Зоя Константиновнаны олус күндүтүк саныыбын, киһи эрэнэр киһитэ. Кини бастакынан эйиэхэ көмөҕө кэлиэҕэ, сүбэһит бастыҥа, үлэһит ааттааҕа, хаһаайка бэрдэ.
Дьэ, ити курдук, биһиги Зоябыт туһунан дьоно-сэргэтэ бука бары үтүө тыллары этэллэр, кининэн киэн тутталлар. Үрүҥ күн сырдыгын-сылааһын иҥэриммит үтүө киһи төлкөлөөх түөрэҕэ түөрэҥнээбэт, бар дьонугар суолдьут сулус кэриэтэ буолар! Өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн, күндү дьүөгэбит!
“Сайдам саас” түмсүүттэн дьүөгэлэрэ, 2024 с., муус устар 11 күнэ