22.04.2022 | 09:17

Зоя БАГЫНАНОВА: «Көрөөччүнэн тутайбатаҕым, билиҥҥэ диэри далбарга сылдьар дьоллоохпун...»

Бүгүн, муус устар 22 күнүгэр, Саха АССР үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа Зоя Багынанова 80 сааһын туолар. Биһиги икки чаастаах сэһэргэһиибит күлүү-үөрүү аргыстаах, эмиэ да санньыар, курус мүнүүтэлээх, уйадыйан ылыылаах, ахтылҕан аҥаардаах ааста. Тылтан тыл, кэпсээнтэн кэпсээн тиһиллэн истэ.
Зоя БАГЫНАНОВА:  «Көрөөччүнэн тутайбатаҕым, билиҥҥэ диэри далбарга сылдьар дьоллоохпун...»
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Кинини кытта Нерюнгритааҕы куукула тыйаатырыгар үлэлээбит кэмнэрин, уус-уран ааҕыы суолтатын, Федот Потапов Уйбаан Гоголевтыын доҕордоһууларын, киинэҕэ мүччүргэннээх сырыыларын туһунан кэпсэттибит. Эрдэ сүбэлэспиппит курдук, ааҕааччы соччо билбэтин-көрбөтүн киллэрэ сатаатыбыт.

“Чэ, Ленин төрөөбүт күнүгэр буоллун”

– Зоя Петровна, эн тускунан испэктээк туруораллара буоллар, олоҕуҥ ханнык кэрчик кэмин сюжет сүрүн чааһа оҥоруохтарын баҕараҕын?
– Оҕо сааһым олус үчүгэйдик ааспыта. Ол дьоллоох кэммин. Төрөппүттэрим тустарынан кэпсиир буоллахпына, хаһан да этиспэт, чуумпу олохтоох ыал этэ. Ураты ис култууралаах дьон этилэр. Кимниин да этиспэттэрэ, кими да саҥарбаттара. Иккиэн саҥата суох өйдөһөллөрө. Ийэм тахсан бардаҕына, аҕам түннүктэри кэрийэ сылдьан, кэнниттэн батыһа хаалара. Ийэм кыраһыабай дьахтар этэ. Аҕам оһуохайдыыра, олоҥхолуура. Миигин көтөҕөн олорон ыллыыра-туойара. 
Кыра уолум түөрт ыйдааҕар ийэбэр хаалларан, Өлөөҥҥө гостуруоллуу барбытым. Оҕоломмут дьахтар икки аҥаар ыйынан үлэтигэр тахсыахтаах диэн дьиикэй да сокуон эбит. Үүтүм элбэх да элбэх этэ. Антракт кэмигэр сибэкки иһитигэр ыана-ыана сылдьыбытым. Ийэм барахсан, икки оҕобун көрөөрү, биэнсийэҕэ тахсыбыта. 
Ийэлээх аҕам 12 оҕолоруттан аҕыһа өлбүт. Ол иһин аймахтарын, уоллаах кыыһы иитэ ылбыттар. Онтон түөрт киһи ордубуппут. Аны сэрии кэмигэр төрөөбүт буоламмын, аҕам миигин суруйтарбатах. Баҕар, өлөн хаалыа диэбитэ дуу. Инньэ гынан миитэрэпкэм суох. Чуолкай күнүм эмиэ биллибэт. Ийэм муус устар бүтүүтэ төрөөбүтүҥ диирэ. Ыспыраапка биэрэллэригэр “Чэ, Ленин төрөөбүт күнүгэр буоллун” диэбиттэр. Ийэм биэнсийэҕэ тахсарыгар Үөһээ Бүлүү архыыбыгар тиийэн көрдүү сатаабытым. Онно да, манна да суохпун. Инньэ гынан, ийэм барахсан, алта оҕону иитэн баран, биэс эрэ оҕолоох курдук сылдьар, мин суохпун. Биэнсийэтигэр 15 солкуобай итэҕэс ылара.   
Ийэм кымньыытын сүтэрэн баран, Борокуоппай Ууска оҥорторбутум. Аны билигин кыһыл көмүс бөҕөҕүн оҥорторор санаалаахпын. Дьонум малларын билиҥҥэ диэри харыстаан илдьэ сылдьабын...

Куукуланан тугу баҕарар этитиэххин сөп

– Ааспыкка Саха тыйаатырыгар кэпсэтии түһүлгэтэ тэриллибитэ. Төрөөбүт тыл, литература, тыйаатыр быстыспат ситимнэрин туһунан ырытыһыы буолбута. Итиэннэ тыйаатыр көрөөччүтүн бэйэтэ иитэн таһаарыахтаах диэн түмүккэ кэлбиппит. Оҕону тыйаатырга хайдах угуйуохха сөбүй?
– Биһиги Федот Федотовичтыын Нерюнгритааҕы куукула тыйаатырыгар үлэлээбиппит. Саха тыла сайдарыгар, саха оҕото тыйаатырга сыстарыгар олус наадалаах тыйаатыр. Ол эрээри ыраах сытар. Манна аҕалар бырааппыт суох этэ. Төһө эмэ туруорса сатаабыппыт үрдүнэн, ким да өйөөбөтөҕө. Биэс сыл курдук үлэлэппиппит уонна тохтоппуппут. 
Дьиҥэр, быыкаа куукуланы хамсаттаххына, оҕо чуумпура түһэр, кыратык эймэҥэлэттиҥ да, тута ылы-чып барар. Куукула диэн син биир оҕо төрүүрүн курдук. Хараҕыҥ ортотугар оҥоһуллан тахсар. Киһиэхэ курдук сыһыаннаһаҕын. Онно-манна бырахпакка, сирэйин суулаан, харыстаан илдьэ сылдьаҕын. Бу Дархаана эмээхсин диэн этэ (кыра хоппоттон биир куукуланы хостоон таһаарар). Отучча сылтан орто (куолаһа титирэстээн ылар). Барахсаным, онто-манта туллан, хапсыйан... (сэрэнэн имэрийэр) сирэйин көрдөрүөхпүн баҕарбаппын. Нерюнгриттан быһа бииргэ үлэлиир талааннаах худуоһунньугум Дария Петровна (Дария Дмитриева – Аапт.) сааспын туоларбар оҥоруом диэбитэ да, кыаллыбата. 


Куукуланан ким баҕарар буолуоххун, тугу баҕарар этитиэххин сөп. Дьиктитэ баар, сороҕор сүтэн хаалар. Көрдүү сатыыгын – булбаккын. Онтон көрбүтүҥ, бу сытар буолар. 
Биирдэ Ойуунускай “Оҕоҕо баҕарбыт” айымньытын туруорбуппут. Бэйэбит оонньуур кыахпыт суох. Куукула тыйаатыра буоллаҕа. Ону мааска оҥорторбуппут. Худуоһунньукпут – Борис Корнилов. Ыналба мааската оһуобайдык тахсыбыта. Ханньалба ханньайан, Кээтии күлэн-үөрэн, Боккуойа халыйан, бары бэркэ табыллыбыттара. Оччолорго манна кэлэн, Пионердар дыбарыастарыгар (билигин Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра) оонньообуппут. Василий Афанасьевич Босиков уонна Владимир Петрович Ларионов көрө кэлбиттэрэ. Иккиэн оҕолоро суох дьон. Хайыахпытый, оонньоотохпут дии. “Күлсэммит, ыскамыайкабытыттан суулла сыстыбыт. Бу барахсаны, оҕоҕо баҕаран тиритэ-хорута сырыттаҕа!” – диэн астыммыттарын биллэрбиттэрэ. Владимир Петрович уп-улахан харсыына сибэккини туттарбыта.   
Николай Заболоцкай “Мааппа” айымньытын эмиэ маасканан туруорбуппут. Һуу, дьон куттаныы бөҕө! Борис Егоровичпыт эмиэ олус кэрэ, номоҕон дьүһүннээх Мааппаны оҥорбута. Хомойуох иһин, быыстапкаҕа турдаҕына, уоран ылбыттара. Онтон Борис Егорович хос оҥоро сатаабыта да, үүт-үкчү оннук мааска тахсыбатаҕа. Онон дьикти эбит. 
“Туйаарыма Куону” туруорбуппут. Дария Петровна куорпуһун ытарҕаттан оҥорбута. Узбекистаҥҥа тиийэ сылдьан, куукулабыт кэрэ куолар куонкурустарыгар кыайбыт этэ. Биир гостуруолга сылдьан сүтэн хаалбыта. 

Уус-уран ааҕыы абыраабыта

– Поэзияҕа тапталыҥ хаһааҥҥыттан саҕаламмытай?
– Бу санаатахпына, оҕо эрдэхпиттэн эбит. Биһиги уһулуччу учууталларга үөрэммит дьоллоохпут. Оччолорго сахалыы хоһоон аҕыйах, Анна Неустроеваттан ураты дьахтар суруйааччы букатын суох. Вероника Тушнова хоһооннорун умсугуйан ааҕарбыт. Анна Ахматова биир-икки хоһооно тахсара. Оскуолаҕа сылдьан уус-уран ааҕыы күрэхтэригэр кыттарым.
М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищеҕа үөрэнэр кэммэр профессор Олимпиада Михайловна Головина олус да үчүгэй айымньылары биэрэрэ. Бука, бу киһи ааҕыан сөптөөх диирэ буолуо. Холобур, Генри Лонгфелло “Песнь о Гайавате” диэн поэматын билиҥҥэ диэри ааҕабын. Өйбөр киирэн хаалбыт, 60-ча сыл илдьэ сырыттым. Трофим Кириллин сахалыы олус үчүгэйдик тылбаастаабыта.
1966 сыллаахха Ньурба тыйаатырыгар үлэлии кэлэн баран, Михаил Светлов “Гренада” хоһоонун аахпытым. Эмиэ билиҥҥэ диэри өйдүүбүн. 1969 дуу, 1970 сыллаахха манна кэлбит кэммитигэр Анегина Ильина кэнсиэригэр кытыннара ыҥырбыта, кини Сэмэн Данилов тылларыгар ырыалары толорбута, мин поэт хоһооннорун аахпытым. Анегиналыын Москваҕа биир кэмҥэ үөрэммиппит. Кини консерваторияҕа, мин – Щепкиҥҥэ. Аан бастаан уус-уран ааҕыынан Дьокуускай куорат сыанатыгар таһаарбыт киһим – Анегина Ильина. 
Саха тыйаатырыттан уурайан баран, улаханнык муунтуйбуппут.  Медея курдук темпераменнаах дьоруойу оонньуу сырыттаҕым. Эниэргийэбин таһаарбакка, улаханнык тууйуллубутум, суохтаабытым. Оҕонньорум ону өйдөөн, Высоцкай ааҕыыларын истэн баран: “Варвара Потапова кэмэ кэллэ быһыылаах. Ылан аах”, – диэбитэ.    
Эдэрдэргэ уоскут-тиискит баарыгар ааҕыҥ диэн куруук этэбин. Суруйтарыҥ, тылланыҥ, оруола суох кэмҥитигэр уус-уран ааҕыы эрэ абырыаҕа диибин.
Билигин мин ааҕыыларым кыһыл көмүс пуондаҕа харалла сыталлар. Араадьыйа үлэһиттэригэр, чуолаан Майя Власьеваҕа, Николай Максимовка, Светлана Диодороваҕа муҥура суох махталбын тиэрдэбин.    

 
Уйбаан Гоголев тылыттан-өһүттэн байбыт киһибин

– Сөдүөтүм, кырдьык, олус элбэх оруолга оонньоппута. Бу санаатахха, оччолорго эдэр кыыһы оонньуур артыыс суох, бары Ньурбаҕа хааллахтара. Анна Кузьмина, Татьяна Мыреева 40-тан тахсыбыт кэмнэрэ. Ол иһин кыһалҕаттан оонньоттоҕо. Миигин биир да оруолбун куһаҕаннык толордо диэбэтэхтэрэ. Арай 1983 сыллаахха Степан Емельянов: “Сааһырбыт, кырдьаҕас киһиэхэ биэрбиттэр”, – диэбитэ. Ол Офелияны 35 саастаахпар оонньообуппун.
Уйбаан Гоголев айымньыларынан испэктээккэ барытыгар оонньообутум. Мэник Мэнигийээнтэн саҕалаан, Аан Далбарыгар тиийэ. Уйбаан тылыттан-өһүттэн олус элбэҕи ылбыт, байбыт киһибин. 
Сөдүөт Уйбаан Гоголев “Наара суох” комедиятын 1963 сыллаахха туруорбутугар сорохтор: “Үс күн барыаҕа уонна көрдөрүөхтэрэ суоҕа”, – диэбиттэрэ. Оччоттон баччааҥҥа диэри тохтоло суох турар уонна өрүү толору саала. Уопсайынан, сахалар киһини улаханнык өһүргэппэт юмордаах дьон эбиппит. Билигин оннук суох. 
Мантан уурайбыт, Ньурбаҕа баран үлэлээбит кэммитигэр Уйбаан Гоголев айымньыларынан балтараа чаастаах бырагырааманы бэлэмнээбиппит. Биһиэхэ 150 сонетын ыыппыта. Сөдүөт: “Уйбааҥҥа Уйбааны арыйыахпыт. Маннык айылаах үчүгэйи суруйбутун кини билбэт”, – диэбитэ. Ол саҕана Уйбааннаах түөрт хостоох КПД дьиэҕэ олороллоро. Кэргэнэ Мария Алексеевна үлэтигэр барар. Сиэнэ Машенька түөртээх-биэстээх, кини эрэ баар буолар. Биир муннукка туран, хоһооннорун ааҕабын. Уйбааммыт долгуйан бөҕө. Онтон: “Оо, үчүгэйдик да суруйар киһи эбит”, – диир. Ол бэйэтин (күлэр).   
Уйбаан Нерюнгрига олорор эрдэхпитинэ “Ытык дабатыы” диэн поэматын бэлэхтээбитэ. Барытын үөрэтэн ааҕарым. Сыанаҕа туран, хайдах эрэ мэйиим эргийэрэ. Дария Дмитриева: “Зоя Петровна, аны баран хаалыаҥ уонна төннүөҥ суоҕа. Хайаан да Уйбаан Гоголев поэматын ааҕан эрэбин диэн этинэр буол”, – диэн сүбэлээбитэ. 
Уйбаан Гоголев төрөөбүтэ 70 сылыгар Чочуга тиийбиппит. Онно Гаанньа (артыыс Гаврил Менкяров – Аапт.) аҕата: “Итиччэ айылаах айымньыны хайдах тулуйан ааҕаҕыный? Көннөрү олорон да ааҕарга уйулҕам хамсыыр”, – диэбитэ. Кырдьык, ыарахан айымньы, мээнэ киһи ылсыбат. 
Уйбаан “Айыы санаа, арчылаа” диэн поэматын аахпытым. Онтон “Ийэ алгыһын” биэрбитэ. Ааҥҥа тиийэ батыһан кэлэн баран: “Зоя, көннөрү хоһоон буолбатах, ити малыыппа, оннук курдук санаан аах”, – диэбитэ. Оннук долгуйара.
Сөдүөт “Өлүөнэ сарсыардатын” үстэ төхтүрүйэн туруорбута уонна: “Сахаларга бастакы уонна, баҕар, бүтэһик суруллубут трагедия буолуо”, – диэбитэ. Чахчы оннук.        
Кинилэр отут сыл доҕордоспуттара. Сөдүөт 1929 сыллаахха кыһыҥҥы Ньукуолун диэки төрөөбүтэ (чопчу күнэ биллибэт). Оттон Уйбаан 1930 сыллаахха Кириһиэнньэҕэ. Биир эрэ ый арыттаахтар. Онон ыкса доҕордуулар этэ. Ыалынан ыалдьыттаһарбыт, сылдьыһарбыт. Уйбаан кэргэнэ уонна оҕолоро нууччалыы саҥараллар буоллаҕа, ол иһин Машатыттан көҥүллэтэн баран, бэйэбит хаалан сахалыы кэпсэтэрбит. Мария булочка аҕалара, чэй кутара уонна хостон тахсан барара. Дьэ, онтон Сөдүөттээх Уйбаан кэпсэтиилэрэ саҕаланара. “Бөлүүн тугу түһээтигит?” – диэбитинэн бараллара. Хаһан да кими да үөхпэттэрэ. Түүл, абааһы туһунан кэпсэтэллэрэ. Кыра оҕолор курдук (күлэр). Онтон Сөдүөт Уйбааҥҥа идиэйэ биэрэрэ. Нэдиэлэ буолан баран доҕоро: “Чэ, суруйдум, туох эрэ таҕыста быһыылаах. Кэлэн ааҕыҥ”, – диэн ыҥырара. Сөдүөт итэҕэһин-быһаҕаһын этэрэ, Уйбаана өһүргэммэтэ. 
Дьиктитэ баар, Уйбаан бэйэтин айымньыларын тылын барытын билэрэ. Оччолорго Кинигэни таптааччылар уопсастыбалара (бэрэссэдээтэл  Николай Назаров) диэн баара. Биирдэ онтон көҥүллэтэн, Намҥа тиийдибит. Ким да тугу да тэрийбэтэх. Хайыахпытый, остолобуойга кэллибит. Ол олорон Сөдүөт: “Манна ааҕыахха”, – диэтэ. Уйбаан: “Ээ, хайдах... Кирдээх иһит ортотугар дуо?” – диэн соһуйда. Онно Иннокентий Тарбахов үлэлиирэ, саха лэппиэскэтин онно эрэ астыыллара. Мин туран, сонеттары ааҕан бардым. Повардар тахсан ытаһа турдулар. Дьиэлээн иһэн Уйбаан: “Эйигин” диэн тылы атын сиргэ эттиҥ”, – диэбитэ. Оннук барытын өйдүүрэ. Аны сыанаҕа тахсыам иннинэ кэлэн кэпсэт да кэпсэт буолара. Ону Сөдүөт: “Киһиҥ хомуна олорор, билигин эмиэ хайа эрэ тылы сыыһа эттэҕинэ, бэйэҥ мөҕүөҕүҥ”, – диэн буойара. Барахсаттар, олус да үчүгэйдик доҕордоспуттар эбит! 
    


Драма буолбатах, балет...

– Оччолорго музыкальнай-драматическай тыйаатыр диэммит. Опералар, үҥкүүһүттэр, КЭП-тэр бары биирбит. Драмаҕа соччо кыттыбат өттүлэрэ опера массовкаларыгар сылдьаллара. Мин оннооҕор балекка үҥкүүлээбитим. Ол саҕана синньигэспин, имигэспин (күлэр). Биир кыыс декреккэ баран хаалбыт, артыыстара аҕыйах. Батильда диэн хотун оруолун толордум. Киирбиппэр, биир олоппос сууллан хаалбыта. “Алдьархайдаах хотуҥҥун дии”, – диэн күлсүбүттэрэ. Ол кэннэ “Чурумчуку” балекка киллэрбиттэрэ. Клавдия Иванова, Наталья Христофорова үҥкүүлүүллэр, онтон биһиги сыбаахалар буолан сырсабыт. Репетицияҕа сылдьан олоро кэлэн түспүтүм уонна: “Бачах!” – диэн саҥа таһаарбытым. Евдокия Сивцева диэн репетитор: “Зоя, бу драма буолбатах, балет, манна саҥарбаттар. Баһаалыста, саҥарыма”, – диэн көрдөспүтэ. Сыанаҕа тахсыахпыт иннинэ инньэ диэн куруук санатара (күлэр).      

 

Киинэҕэ «Төлкөнөн» киирбитим

– Дьиҥэр, бастакы холонуубут Москваҕа үөрэнэ сылдьан этэ. “Дорога к морю”, “Трилогия об Ульянове” диэн киинэлэргэ уһуллубуппут. Манна кэлбит нөҥүө сылбытыгар, 1970 сыллаахха, “Төлкө” диэн уус-уран киинэ уһуллар буолбута. Дьаакыбылап кулуба оруолун Лазарь Сергучев, кини уолун Геннадий Сивцев (бастакы кэргэним, оҕолорум аҕалара) толороллор. Маайаны оонньуохтаах кыыс кыайан кэлбэтэ. “Чэ, бу Зоя сылдьар, кини да буоллун”, – диэн кэбистилэр. Хайыахпыный, сиитэс ырбаахыбын ылаат да, Хорообукка айаннаатаҕым. Ити бастакы киинэм... (Зоя Петровна бу киинэҕэ уһулларыгар бэйэтэ “кус” буола сыспытын, доруобунньуга билиҥҥэ диэри сылдьарын үгүс ааҕааччы билэр буолуохтаах – Аапт.).
Режиссер Рада Кононованы кытта “Кыйаар мохсоҕоллоро” диэн Буучугурас, Мордьонноохоп уонна Бычырдаан тустарынан киинэни уһулбуппут. Биирдэ Симон Федотов төрөөбүтэ 75 сылыгар Оҥхойго тиийбиппит. Онно Владимир Федоров диэн учуутал Буучугурас туһунан испэктээги туруоруҥ диэн этии киллэрбитэ. Онуоха киинэ уһулуохха баар эбит диэн санаа көтөн түспүтэ. Аны биир да харчым суоҕа. Урут прокурордуу сылдьыбыт, биэнсийэҕэ олорор убайым 50 тыһ. солк., уолум 30 тыһ.солк. биэрбиттэрэ, бэйэм 20 тыһ. солк. эппитим. Ол харчыбытынан аспытын-үөлбүтүн ылаат, таксига олорон айаннаабыппыт. Оннук күһүн, кыһын, саас уһулбуппут. Буучугураһы, Мордьонноохобу, Бычырдааны тыыннаахтыы көрбүт дьону уһулан, үйэтитэн хааллым диэн киэн туттабын. Билигин, хомойуох иһин, бу киинэҕэ кыттыбыт дьон сорохторо биһиги ортобутугар суохтар.
Надежда уола, сиэним Дьулус английскайдыы тылбаастаата, кыра уолум кэргэнэ Светлана английскай тыл үөрэхтээх, дьахтар саҥатын саҥарда, нууччалыытын – Лиза уола Спартактыын. Онон үс тыллаах киинэ буолла. Дьиҥэр, өссө туроктыы саҥардар кыахтаах этибит. Сиэним Федот Турцияҕа үөрэммитэ, түөрт тылы билэр.  
Дьиктитэ баар, киинэбитигэр айылҕабыт кытта көмөлөспүтэ. Арай Бычырдаан Аргылланы кытта тустубутун көрдөрөр сыананы уһулар күммүтүгэр манна ардах бөҕө түстэ. Аны элбэх киһилээх маассабай буолуохтаах. Хата, Үс Хатыҥҥа тиийбиппит, ардах суох, күннээх. Бүтээппитин кытта, тута ардах таммалаан барбыта. Итинник түгэммит элбэх этэ.    

«Хоруопка сытыарбаппын, тыыннаахтыы көмөбүт...»

Иллэрээ сыл пандемия саҕаламмытыгар Надя (Надежда Федотовна – Аапт.) ыарыыттан куттанан: “Ханна да тахсыма, дьиэҕэр олор”, – диэбитэ. Аспын аҕалан биэрэллэрэ. Онон лоп курдук түөрт ый бэрээдэктээхтик олорбутум (күлэр). От ыйын 19 күнүгэр Ирина Энгельс “Нуучча” диэн киинэ кастиныгар ыҥырбыта. Таах олоруом дуо, үөрэ-көтө сөбүлэспитим. Режиссер Владимир Мункуев бастаан быстах оруолу биэрээри гыммыт. Онтон ити оруолга тигистэҕим дии. Тыыннаахтыы көмүллүөхтээх этим. Ону Надялаах сайыны быһа хоруопка кииримэ, сытыма диэбиттэрэ. 
Уһуллар күммүт тирээн кэлбитэ. Балаҕан туппуттар, декорация элбэх. Арай режиссер тобуктаан туран: «Зоя Петровна, хоруопка сытыарбаппын, тыыннаахтыы көмөбүт. Сөбүлэһэҕин дуо?” – диэбитэ. Сөбүлэспитим. Сиэри-туому толорон, көрдөһөн-ааттаһан, хаан таһааран, сүөһү өлөрөн, ынах иһин аҕалтарбытым. Итиэннэ эмэгэт оҥорторбутум. Аны ииҥҥэ түһэриэ суохтаахтар, бэйэҥ киириэхтээххин диэн буолбута. Ыстанан түһүөм диэбиппэр, режиссер эмиэ тобуктаан олорон: “Зоя Петровна, аны ол-бу буолуоҥ, киинэбитин салгыы хайдах уһулуохпутуй?” – диэн тохтоппута. Инньэ гынан уолаттар көхсүлэрин тоһуйан турбуттарыгар түстэҕим дии (күлэр). Киинэбит хаһан кэлэрин күүппүппүт да, аны бобон кэбистилэр. Көрбөккө эрэ сэмэлээтилэр. Хата, алтынньы 13 күнүттэн Арассыыйа прокатыгар тахсар үһү.    
Киинэҕэ ыҥырдахтарына, сөбүлэһэн иһэбин. Үчүгэй режиссердар уһулар буоланнар, барыта да санаа хоту табыллар, киинэ бэстибээллэригэр ситиһиилэнэбит, онтон өссө үөрэбин.

Хомурах хаары ортотунан

Зоя Петровна “Түүҥҥү кыыс”, “Биһирэм”, “Сэттээх сир”, “Холодное золото”, “Дьулуур” киинэлэр хайдах оҥоһуллубуттарын кэпсээтэ. “Холодное золото” олус тоҥмуттар. Хата, туох эрэ имнэммитин курдук, ийэтэ тикпит таба холуоһатын илдьэ барбыт. “Хаар кынат” киинэҕэ эмиэ тымныы да тымныы этэ”, – диэн санаан ааста. Тыый, тоҥуу-хатыы эрэ буолуо дуо, киинэ уһуллуута диэн бэйэтэ тургутуу курдук. Норуот тапталлаах артыыһа ону күлүү-үөрүү аргыстаах сэһэргиир:   
– Билигин “Атын” (“Чужая”) диэн киинэҕэ уһулла сылдьабын. Биир ыаллыы олорор киһибит: “Нуучча” закрыли, “Чужую” тоже, наверное”, – диэн күлэр. Оо, бастакы күммүт баар этэ ээ! Өлүөнэ очуостарыгар түүннэри тиийдибит. Таҥаһым диэн атахпар 45-с кээмэйдээх куруму, кэтинчэ, ийэм тикпит таба холуоһата. Онтум 50 сыл сулууспалаата. Ырбаахылаахпын, сэлиэччиктээхпин. Ойуунум таҥаһа 15 дуу, хас дуу киилэ. Ону таһынан бөрө тириитэ саҕынньахтаахпын. Кыайан хаампаппын. Арыаллыыр кыыстаахпын. Ону: “Артыыскыт сатаан хаампат даҕаны”, – диибин. Инньэ гынан бураанынан илтилэр (күлэр). Аны таба сыарҕатыгар олорон айанныыбын. Табаларым тоҥуу хаарынан барыахтарын баҕарбаттар, суолга тахса сатыыллар. Туох иһин истибэттэр эбит. Көр, сэнииллэр. Ол иһэн хомурах хаарга түһэн хааллым. Кыайан турбаппын, таҥаһым ыарахана бэрт. Тыыным хаайтара сыстым. Табалар иччилэриттэн кымньыытын көрдөөн, ону тайахтанан, оронон турдум. Онтон атын күҥҥэ Кангалааска уһулла тиийдибит. Табаларым эмиэ кэтэһэн тураллар эбит (күлэр). Бөртөлүөттэн сууллубут дьахтарбын суулаан, таба сыарҕатыгар тиэйэн айанныахтаахпын. Суол устун буолан, аны ол барахсаттарым үчүгэй аҕайдык куһуурдулар ээ! Тыа диэки бара турдубут, тарда сатыыбын, олох истибэттэр. Сыыр быстыбыт сиригэр баран түһэ сыстыбыт. Хата, кэннибиттэн сүүрэн кэлэн, тутан ыллылар. Таня Легантьевалаах куттаммыттар аҕай. “Өссө күлэ иһэҕин”, – дииллэр. Хайыахпыный, тарда сатаатаҕым дии. Иккиһин усталларыгар эр дьон күөйэ турбуттара. Онон биир дубль оҥорбуттара. Иккис дубль диэбиттэрэ буоллар, куттанан, олоруо суохпун.

«Миигин ойох ылаҕын дуо?»

– Киинэҕэ ыҥырдахтарына, сөбүлэһэн иһэбин диэтиҥ. Ол эрээри биир эмэ аккаастаммыт оруоллааххын дуо? 
– Сөдүөтүм суох буолбута сыла да буола илигинэ “Ыаллыыларга” ыҥырдылар. Экстрасенс дьахтары оонньуугун уонна эдэр уолга эргэ тахсаҕын диэтилэр. “Ээ, олох барбаппын”, – диэн биир серияҕа уһуллан баран аккаастаабытым. Сөдүөтүм аһыыта ааһа илик, сылааһа бэрт буоллаҕа. Эргэ тахсан оонньуом дуо? Инньэ диэбиккэ дылы, Даана Сард: “Ааспыт ааспат амтана” сериалы салгыытын уһулуҥ дииллэр, ону эйигин эргэ биэрээри гынабын, тахсаҕын дуо?” – диэн ыйыппыта. Кимиэхэ баҕараргын көрдөөн бул диэбитэ (күлэр). Щепкиҥҥэ бииргэ туттарсыбыт Иннокентий Герасимовка: “Миигин ойох ылаҕын дуо?” – диэн эрийбитим. “Ылабын-ылабын”, – дии түспүтэ. Доруобуйатын туругунан тулуйуо суоҕа диэн аккаастаабыттара. Онон Мишалыын (Михаил Семенов – Аапт.) бэркэ оонньообуппут.   

Мин кыраабаппын, Огдооччуйа буоллаҕа...

– “Төлкөнү” туруоруҥ диэн биэс сылы быһа көрдөспүтүм. Онтон 75 сааспын туоларбар Анатолий Павлович Николаев туруорар буоллубут диэбитэ. Арай Руслан Тараховскай эрийэн: “Үс эмээхсин баар, хайатын оонньуугунуй?” – диэн ыйыппыта. Харатаайабаны урут оонньообутум. Хараҕа суох Сөдүөччүйэ иккитэ киирэн тахсар үһү. Чэ, оннук оруолу биир эмэ испэктээккэ биэрэллэр ини, Огдооччуйа буолуом диэбитим. Руслан: “Ээ, хайдах... үбүлүөйдээх киһилэрэ тахсан кыраан таныйара сүрэ бэрт”, – диэбитэ. “Ол Багынанова кыраабат, Огдооччуйа буоллаҕа”, – диэн кэбиспитим. 
Артыыс хайа баҕарар оруолу оонньуон сөп, ол эрээри кини атын киһи сатаабатын булуохтаах. Ити мин соһуллабын дии. Ону Вячеслав Лаверновка: “Эмээхсини тоҕо соһоҕунуй? Аны сиһэ арахсан хаалыаҕа”, – дииллэр үһү (күлэр). Биирдэ, кырдьык, сиһим улаханнык ыалдьыбыта. Массааска тиийбиппэр: “Дьэ, үчүгэйдик соһон тирилэппиттэр”, – диэбиттэрэ. Лиза (Елизавета Потапова – Аапт.) куттанан көрбөт, тахсан баран хаалар үһү. Сиэним Дьулустаан: “Эбээ, бүгүн эмиэ соһоллор дуо?” – диэн ыйытар (күлэр). 
Бу санаатахпына, көрөөччүнэн тутайбатах киһи эбиппин. Дьону сэргэхситэр, норуокка таптатар оруолларга оонньообуппун быһыылаах. Ол иһин оччоттон баччаҕа диэри көрөөччү далбарыгар сылдьар дьоллоох артыыспын дэнэбин. Чугас дьоммун, оҕобун сүтэрбитим да буоллар, булгуруйбатаҕым. Былырыын оҕобун көмпүтүм тоҕус хонугар “Төлкөҕө” оонньообуппар көрөөччүлэрим билбэтэхтэр этэ. Лизалаах төһө кыалларынан ытаама-соҥоомо диэбиттэрэ (уйадыйан ылла)... Олоххо тулуур, дьулуур, таптыыр үлэҥ баар буоллаҕына, бара турар эбиккин...

***

Зоя Петровна сиэннэрин, хос сиэннэрин тустарынан кэпсииригэр сирэйдиин-харахтыын сырдыыр, күлүм аллайар. Сайын аайы Амма Абаҕатыгар сайылыктарыгар, тапталлаах балаҕаннарыгар тахсалларын бары долгуйа күүтэллэр. Киин куоракка ахтылҕанынан кууһар сирэ – Сөдүөттүүн дьиэлэрэ. Таптыыр кэргэнин кытта куорат устун кэпсэтэ-кэпсэтэ сатыы хаамалларын суохтуур. Билигин Зоя Петровна курус санааҕа ылларар иллэҥэ суох, үлэ үөһүгэр сылдьар. Айар үлэтигэр тулуур, дьулуур, тус олоҕор чугас дьоно кынаттыыллар.    
Күндү Зоя Петровна! Эйигин эрэллээх көрөөччүлэриҥ ааттарыттан 80 сааскын туолар үөрүүлээх үбүлүөйгүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Айымньылаах үлэҕинэн, хатыламмат оруолларгынан бар дьоҥҥун үөрдэ сылдьаргар, этэҥҥэ буоларгар баҕарабыт. 
 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...