25.04.2024 | 14:20

Ый түбүктэрэ

Ый түбүктэрэ
Ааптар: Галина Спиридонова
Бөлөххө киир

«Киин куорат» хаһыаппыт «Тускар туһан» рубрикатын оҕуруокка аналлаах таһаарыытыгар Саха сиригэр биллэр оҕуруотчут Ньурбаттан Агафья Тарасова эксперт быһыытынан үлэлэһэр.
Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр Агафья Афанасьевна муус устар бүтэһик дэкээдэтин түбүктэрин уонна үүннэрии кистэлэҥнэрин үллэстэр.

Тыква

Тыкваны эмиэ бу күннэргэ ыһыллар. Арассааданан олордорго сиэмэтин кутуругун сэрэнэн кыра кыптыыйынан кырыйан көмөлөһөн биэрэбин уонна муохха эбэтэр халыҥ, хас да хос тутуллубут сииктээх салфеткаҕа суулаан, бакыакка уган, сылаас сиргэ ууран тылыннарабын. Икки-үс күнүнэн силиһэ быган эрдэҕинэ, төрдүс күнүгэр иһиккэ көһөрөн үүннэрэбин.

Тыква уһун уктаах уонна сэппэрээк курдук үүнэр диэҥҥэ арахсар. Уһун уктааҕы олортоххо, семядольнай сэбирдэх кэнниттэн биэс дьиҥнээх сэбирдэҕинэн сүрүн умнаһын быһабыт уонна икки ойоҕос уктары ыытан үүннэрэбит. Бу аата биһиги, аһын эрдэ ылаары, формируйдаан биэрэбит.

Бу икки ыыппыт хоннох лабааларбытыгар тыһы уонна атыыр дэнэр сибэккилэр тахсаллар. Сарсыарда эрдэ, кабачогу курдук, атыыр сибэккинэн тыһы сибэккини куоппаһыртахпытына, ас биэрэр. Бөдөҥ астаах суорт буоллаҕына, икки ыыппыт ойоҕос лабааларбытыгар иккилии өттүгэр биирдии эрэ аһын хаалларан улаатыннарабыт.

Ол иһин астаммыт ук үрдүттэн бэһис лабаа кэнниттэн эмиэ үрдүн быһан, уһуурун тохтотобут.

Тыква компостка, элбэх перегнойдаах дьаамаҕа ордук үүнэр, силиһэ сылааһы сөбүлүүр, элбэх ууга наадыйар.

Мин тыкваттан барыанньа, цукат, сок, мармелад, бурдук аһын арааһын, джем, хааһы курдук элбэх аһы оҥоробун. Бүтүн тыкваны эт начыыннаан духуопкаҕа кытта буһарыахха сөп.

Хаппыыста

Хаппыыстаны арассаадалыыр миэстэ дуу, иһит дуу суох буоллаҕына, оннук да буолуон сөп, олох санаарҕаамаҥ. Оҕуруотунан кыратык да дьарыктанар киһи тэлгэһэтигэр үрдүк кирээдэлээх буолар. Хаппыыстаны арассаадалыырга дьэ бу кирээдэҕитин туһаныҥ. Билигин номнуо хаара ууллубут кирээдэҕит буора түргэнник ирэрин курдук, күрдьэҕинэн олуйан, хамсатан, салгынна киллэриҥ. Үрдүгэр дуга ууран, салапаанынан сабан көмөлөһүннэриэххэ сөп. Ол эрээри наһаа сииктээҕи саптахха, муох курдук көҕөрөн тахсыан сөп. Кирээдэҕитин күнүс арыйан салгылата, түүҥҥү өттүгэр салапаанынан сабан ириэрэ сылдьыҥ. Оннук гыннахха ыам ыйын 1 күнүгэр оруобуна хаппыыстаҕыт сиэмэтин ыһар кыахтаныаххыт. Хаппыыста, укроп редиска тымныыттан куттамматтар. Онон күнүс арыйа, киэһэ саба сылдьан үүннэрэҕит. Онтон ыам ыйын 20-24 чыыһылаларыгар аналлаах сиригэр көһөрөҕүт. Маннык таһырдьа арассаадаламмыт хаппыыста бөҕө-таҕа, ыарыыга бэриммэт буолар.

 

Арбуз

Арбуһу кутуругун кыратык быһан көмөлөһөн баран, улахан салфеткаҕа эбэтэр сииктээх муохха суулаан тылыннарабын. Пакекка уган баран сылаас батарея үрдүгэр эбэтэр кирпииччэ оһох сылааһыгар уурабын.

Хаартыскаҕа көстөр сиэмэлэр икки хонуктааҕыта салфеткаҕа ууруллубуттара уонна номнуо силистэрэ быкпыт. Маннык туругар буорга олортоххо, үчүгэйдик үүнэр.

 

Батун луук

Батун луук ыам ыйыгар сир ньуурунан ыһыллар. Сайын саҥа быган, улаатан эрдэҕинэ быһан ылан аһылыкка тутуннахха, түргэнник улаатар, модьуруур.

Батун луугу олордор буору оҥоруу уустуга суох. Ол курдук, кирээдэтин күрдьэҕинэн тиэрэн салгылатабыт, онно мас күлүн эбэн кыраабыллыыбыт. Бу кэннэ тээпкэнэн икки уһун синньигэс сурааһыны тардан, сиэмэбитин ыһабыт.

Икки уһун кирээдэ буоллаҕына, икки өттүттэн салгылыыр, буорун көбүтэргэ үлэ чэпчиир, үүнээйибит тыынар.

 

Санберри отонноох талах

Бу күннэргэ ыһыллар биир ураты үүнээйинэн санберри диэн отонноох талах буолар. Санберри түргэнник үүнэр, күннээх сири сөбүлүүр. Уу тохтообот, арыый үрдүк, кураанах, тула өттүттэн күн көрөр сиригэр олортоххо, элбэх үүнүүнү биэрэр, аһа эрдэ ситэр.

Санберрины үс, түөрт угу да олортоххо, элбэх аһы ылыллар. Ууну сөбүлүүр, онон уутун көтүппэккэ кута сырыттахха, сибэккитэ таммалаабакка, аһын элбэҕи биэрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....