21.11.2024 | 10:00

Юрий Романов: «Билиигинэн уонна сыралаах үлэҕинэн элбэҕи кыайыаҥ...»

Юрий Романов:  «Билиигинэн уонна сыралаах үлэҕинэн элбэҕи кыайыаҥ...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Былыр балаҕаҥҥа олорбут, бу диэн эттэххэ, аныгы сайдыылаах үйэ сахатыгар да космос – уйаара-кэйээрэ биллибэт, муҥур уһуга көстүбэт эйгэ. Оттон космонавтика диэн баран муннукка ытаабыт киһини кытары кэпсэтэ олорон, хайдах эрэ ол кый ыраах куйаарга чугаһыырга дылы буолаҕын. 
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Арассыыйа иитиигэ уонна үөрэхтээһиҥҥэ бочуоттаах үлэһитэ, сахаттан бастакы академик В.П. Ларионов аатынан Физико-тэхиньиичэскэй лиссиэй информатикаҕа учуутала, Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын иһинэн үлэлиир Космоквантум уһуйааччыта Юрий Николаевич Романов. Кини – СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ «Билиигинэн кыайыаҥ» Судаарыстыбаннай истипиэндьийэтин быйылгы лауреата.

Юрий Николаевич үөрэнээччилэрэ араас таһымнаах олимпиадаларга, күрэхтэргэ, конференцияларга, чахчы, сулустуу чаҕылыҥныыллар, дьүкээбил уотунуу суһумнууллар.

Сэргэх сэһэргэһээччибитин кытары космическай үөрэхтээһин тула кэпсэтиибитигэр Аан Дархан Михаил Ефимович Николаев аата элбэхтик ахтылынна.

Оҕо саас умнуллубат күннэрэ – «Артек» лааҕырга

– Юрий Николаевич, саха дьонун сиэринэн кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.

– Мин Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр күн сирин көрбүтүм. Ийэм Мытаахтан уонна Солоҕонтон, оттон аҕам эмиэ Мытаахтан уонна Хаҥалас улууһун Тиит Арыытыттан төрүттээхтэр. Урут Арҕаа Хаҥалас эр дьоно Мытаах кыргыттарын дойдуларыгар сүгүннэрэн илдьэллэр эбит. Мин эһэм уонна аҕам ол үгэстэн туора турбатахтар. Онон бэйэбин Арҕаа Хаҥаласпын дэнэбин. Манна даҕатан эттэххэ, бассаапка «Арҕаа Хаҥаластар» диэн бөлөҕү сүрүннүүбүн. Кырдьаҕастар улам аҕыйаан иһэр буоланнар, эдэр көлүөнэ билбэтэ-көрбөтө үгүс. Бу бөлөххө биһиги төрүттэрбитин үөрэтэбит, хасыһабыт, ол түмүгэр элбэх киһи уруу-аймах дьонун булбута.

– Оҕо улааттаҕына ким буолара эрдэттэн биллэр дииллэр. Ол эйиэхэ сыһыаннаах дуо?

– Кырдьык, мин астрономияны, космонавтиканы  оҕо эрдэхпиттэн сэҥээрэн улааппытым. Биирдэ кыһын тохсунньу туманнаах сарсыардатыгар күнү өйдөөн көрбүтүм, уп-улахан бээтинэлэрдээх этэ. Ити дьикти көстүүнү дьиэбэр тиийэн, халампааһынан пленка нөҥүө көрбүппүн бу баардыы өйдүүбүн. Ол кэмтэн халлаан эттиктэрин үөрэтэр науканан улам умсугуйан уонна дьаныһан туран дьарыктаммытым. Юпитер спутниктарын конфигурациятын кэтээн көрөрүм, тугу билбиппин барытын сурунаалбар бэлиэтэнэн иһэрим.

Оҕо саас умнуллубат түгэнэ элбэх этэ. 1978 сыллаахха аатырбыт «Артек» лааҕырга барар чиэскэ тиксибитим. Онно тута астрономия куруһуогар суруйтаран, Юрий Онищенко диэн киэҥ билиилээх учууталга дьарыктаммытым. Кини уруок аайы араас ыйытыылары биэрэрэ – холобур, сулустар тустарынан, ааттарын, сулустар бөлөхтөрө ханна баарын. Бастаан, кэмчиэрийэн, түгэх паартаҕа саҥата суох олорорум, дьиҥэр, барытын билэр буоллаҕым. Арай ким да хоруйдаабат, ону көрөн эппиэттиибин. Онтон учууталбыт өссө атын боппуруоһу биэрэр. Кэтэһэбин, эмиэ ким да илиитин ууммат. Оччоҕуна хоруйдуубун. Ол аайы иннибэр олорор оҕолор бары эргийэ түһэллэр. Көрдөхтөрүнэ, ханнык эрэ кып-кыра саха уола олордоҕо.

Учууталым билиилээх оҕо диэн хара маҥнайгыттан сөбүлээбитэ, дойдубар кэлбитим кэннэ суруйсар буолбуппут. Биирдэ бырайыакка кытын диэн суруйбута. Онно хап-сабар бырайыак толкуйдаан ыыппытым.

Онтон 2014 сыллаахха дойду үрдүнэн космическай үөрэхтээһини тарҕатар уһуйааччылар «Артекка» ыҥырыллыбыппыт, уопсай сүбэнэн бастакы космическай оскуоланы тэрийбиппит. Онно учууталым Юрий Онищенконы көрсүбүтүм, 36 сыл буолан баран. Оҕо сылдьан кини мэтириэтин уруһуйдаабытым ээ, ону улаатыннаран илдьэн бэлэхтээбитим, үөрбүтэ аҕай. Дьиктитэ баар, суруктарбын ууруна сылдьар этэ, олор быыстарыттан өрдөөҕүтэ ыыппыт бырайыакпын булан ылбыппыт. Оҕо сылдьан билиҥҥэ диэри аан дойдуну долгутар тиэмэни таарыйбыт эбиппин. Астероидка дьоҕус атомнай ыстаансыйа, ядернай реактор баар, ол атомнай энергияны туһаныллар эҥин диэн суруйбут этим. Ити боппуруос уонча сыллааҕыта АХШ-га күөдьүйэ сылдьыбыта. Бу санаатахха, «Наука и жизнь», «Техника – Молодежи» сурунаалларга аахпыт буолуохпун сөп. Төрөппүттэрим астрономияны интэриэһиргиирбин өйүүллэрэ, биир сыл ийэм учуонайдар эрэ ааҕар «Астрономия» диэн научнай сурунаалларын кытта суруйтара сылдьыбыта. 

 

«Буран» бастакы уонна бүтэһик көтүүтэ

– СГУ физическэй факультетын бүтэрэн баран, үлэбин Космофизика институтуттан саҕалаабытым. Эдэр исписэлиистэр хоту командировкаҕа элбэхтик сылдьарбыт. Тиксиигэ космическай спутник нөҥүө дьүкээбил уотун үөрэтэр, араас кэтээн көрүүлэри ыытар этибит. Ити кэмҥэ наука уонна космос эйгэтигэр чугаһаабытым диэххэ сөп. Ол курдук, 1988 сыллаахха «Буран» космическай хараабыл көппүтэ, дойду историятыгар тыын суолталаах түгэн буолбута. Онно биһигини, Космофизика институтун үлэһиттэрин, араас туочукаларга, ол иһигэр Тиксиигэ ыыппыттара. Дьэ, онно улахан ракета ионосфераҕа хайдах курдук күүскэ сабыдыаллыырын итэҕэйбитим, аппаратурам тугу көрдөрбүтүн барытын бэлиэтэммитим. «Буран» ити бастакы уонна бүтэһик көтүүтэ этэ. Ол эрээри улахана бэрт буолан, дьайыыта, бэл, ыраах сытар Тиксиигэ кытта биллибитэ.

Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар уларыта тутуу буолбута, Тиксиигэ үлэлии сылдьыбыт ыстаансыйам ыһыллан хаалбыта. Дьиҥэр, ракетаны көтүтүүлэр буолуохтаахтар этэ. Онон кэргэммин кытта дойдубутугар көһөн кэлбиппит. 

 

«Үрдэлтэн» кынаттанан

– Саха сирин Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев 1999-2000 сыллары Оҕо саас уонна оҕо спордун сылларынан биллэрбитэ. Оҕо сылдьан уонна эдэр сааспар хоккейынан, футболунан уонна буулдьанан ытыынан сөбүлээн дьарыктаммыт киһи Аан Дархаммыт бу көҕүлээһинин сүрэхпэр чугастык ылыммытым. Ити кэмҥэ Бэрдьигэстээххэ «Үрдэл» диэн салайар түөлбэм оҕолорун мунньан, хамаанда тэрийэн, футболлатар, араас күрэхтэһиилэри тэрийэн ыытар буолбутум. Ол саҕана улуустааҕы үөрэхтээһин управлениетыгар үлэлиирим, онон тырааныспар өттүгэр улахан кыһалҕаны көрсүбэтэхпит, элбэх күрэхтэһиигэ кыттан саҕалаабыппыт. Онтон 2001 сыллаахха Оҕо спордун оскуолатын дириэктэрэ И.И. Павлов футбол сиэксийэтин арыйан, миигин тренеринэн ыҥырбыта. Ол саҕана тыа оскуолаларыгар футбол тренерэ диэн ончу суоҕа. Иван Иванович ыччат эт-хаан өттүнэн сайдыытыгар кэскиллээх саҕалааһыны өйөөн, салайааччы быһыытынан хорсун хардыыны оҥорбута дии саныыбын. Миэхэ эрэммитигэр, итэҕэйбитигэр билиҥҥэ диэри махтанабын.

Бэрт сотору кэминэн улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэнэн, киэҥник биллэн барбыппыт. Үөрэнээччилэрим Алексей Григорьев, Сергей Антонов, Александр Михайлов, Федор Трофимов Саха сиригэр биллэр футболистар буолан үүнэн-сайдан тахсыбыттара. 2014 сыллаахха Намҥа ыытыллыбыт Саха сирин Норуоттарын спартакиадатыгар уолаттарым финалга тахсыбыттара. Ол саҕана тыа оҕолоро футбол курдук уустук көрүҥҥэ бастыҥнар кэккэлэригэр киирбиттэрэ сөҕүмэр ситиһии этэ. Билигин футболга дьарыктаабыт иитиллээччилэрим дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктанар үлэһиттэр, онон киэн туттабын, үөрэбин. Алексей Григорьев Бэрдьигэстээххэ Оҕо спордун оскуолатыгар тренеринэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Билигин киниэхэ сиэним дьарыктанар.

 

Бастакы Бэрэсидьиэн өҥөтүнэн

– Саха сиригэр космическай үөрэхтээһин сайдарыгар Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев үтүөтэ-өҥөтө сүҥкэн. Кини өйөбүлүнэн бу хайысхаҕа болҕомто ууруллан, 2006 сыллаахха «Өлүөнэ дойдута» форум баазатыгар улахан хамсааһын тахсыбыта. Ол саҕана мин Өктөм лиссиэйигэр үлэлиирим.

Михаил Ефимович Москваҕа олорон үлэлиир кэмигэр Саха сиригэр кэлэ турара, Өктөмҥө үргүлдьү ааһара диэн кэпсииллэр. Биһиги лиссиэйбитигэр үгүстүк сылдьара. Дойдутун туһугар ис сүрэҕиттэн долгуйара, сүбэ-ама биэрэн барара.

Михаил Ефимовичтыын бастакы көрсүһүүбүт бу курдук этэ. Онно кини Н.Э. Бауман аатынан МГТУ преподавателлэрин илдьэ кэлбитэ. Мин кэбиниэтим лиссиэй сүрүн дьиэтиттэн ойдо турар туспа дьиэҕэ турара. Бастаан дьонун анараа куорпуска хаалларан, соҕотоҕун киирэ сылдьыбыта. Саха сиригэр марсианскай полигон наада диэн идиэйэбин кэпсээбиппэр, олус сэҥээрбитэ, биһирээбитэ. Онтон сотору соҕус ыалдьыттарын батыһыннаран киирбитэ.  Дьонугар: «Биһиги учууталбыт марсианскай полигон наада диэн этиилээх», – диэн кэпсээбитэ.

Ол бырайыагым Наука Дьоҕус академията тэриллэригэр олоххо киирбитэ. Купола дьоҕус да буоллар, полигон тутуллубута. Онно Арассыыйа Дьоруойа, Саха сиригэр саамай чугас космонавт Олег Кононенко түспүт аппараата ууруллан турар.

Ол умнуллубат көрсүһүү кэннэ Михаил Ефимович миигин Москваҕа ыҥыртаран ылан, атах тэпсэн олорон кэпсэппитэ. Хайаан да космонавтика түмэллэригэр сылдьарбар, Звёзднай городокка уонна Королёв куоракка баран, сибээс олохтоон кэлэрбэр сүбэлээбитэ. Ол сырыыбар Арассыыйа Дьоруойа, космонавт Александр Лазуткины кытта билсэн кэлбитим.

Онтон ыла «Өлүөнэ дойдута» форум иһинэн бастакы космическай хайысхалаах лааҕырдар арыллан барбыттара, ааттаах-суоллаах космонавтары, Москваттан космическай үөрэхтээһин уһуйааччыларын ыҥыран, киэҥ далааһыннаах уонна  тиһиктээх үлэ саҕаламмыта. Чинчийэр үлэни, науканы кытта дьүөрэлээн, аныгы технологиялары туһанан, космическай үөрэхтээһин сайдыы саҥа суолун тутуспута. Саха сирэ араас таһымнаах НПК-ларга кыттар буолбута. Эмиэ ити кэмтэн Москваҕа Королёв ааҕыылара ыытыллан барбыттара. Биһиги бастакы ааҕыыларга тиийээт даҕаны миэстэлэспиппит. «Инникигэ хардыы» НПК-ҕа ситиһиибит үксээн испитэ. Манна дириэктэрдэр Афанасий Иванович Ноев уонна Владимир Анатольевич Егоров үтүөлэрэ-өҥөлөрө улахан. Кэлин «Өлүөнэ дойдута» форум «Наука Дьоҕус академията» диэн аата уларыйан, таһыма өссө үрдээн, хайысхата кэҥээн биэрбитэ.

Учуутал уонна уһуйааччы дьоло

– 2009 сылтан В.П. Ларионов аатынан Физико-тэхиньиичэскэй лиссиэйгэ информатика учууталынан үлэлиибин. Үөрэххэ, билиигэ интэриэстээх, дьоҕурдаах, туохха барытыгар дэгиттэр оҕолору дьарыктыыр – учуутал уонна уһуйааччы дьоло. Биһиги оскуолабытыгар вундеркинд үөрэнээччи үгүһэ үөрдэр. Онтон аҕыйах оҕону ааттыахпын сөп. Алексей Максимов 8-с кылааска сылдьан 9-11 кылаастар ортолоругар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи информатика олимпиадатыгар кыайыылаах буолбута. Алексей информатикаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларыгар кыайыылаах аатын ылбыта, үрдүкү кылаастарга Татарстаҥҥа үөрэммитэ. Максим Крылыков 7-с кылааска сылдьан 9-с кылаастар олимпиадаларыгар кыттан, билиитинэн барыларын баһыйбыта, кыайыыны ситиспитэ. Билигин Москваҕа ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьар.  Үһүс вундеркинд – Андрей Петров, программист-электронщик быһыытынан чаҕылхай уол, кансат аппарааттары таҥан таһаарыыга «Чолбон» хамаанда лиидэрэ. Андрей WorldSkills чемпионат космическай хайысхатын күрэхтэригэр, М.В. Ломоносов аатынан МГУ Воздушнай-инженернэй оскуолатын чемпионатыгар, «Большие вызовы», онтон да атын Бүтүн Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы конференцияларга ситиһиитэ үгүс.  

2012 сылтан «Өлүөнэ дойдута» форум көҕүлээһининэн ФТЛ, Дьокуускай куорат 2-с №-дээх оскуолата ылсан, кансат күрэхтэрин ыытан саҕалаабыппыт. Икки сылынан хайыы үйэ ситиһии кэлбитэ. Ол курдук, 2014 сыллаахха Дубна куоракка тиийэн, иккис миэстэни ылбыппыт. 

 

Космоска чугаһыыллар

– 2017 сылтан Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын Кванториумугар уһуйааччы быһыытынан үлэлиибин. Биһиги Космоквантуммутугар оҕо чиҥ билиини ыларыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллэр. Бу сыллар тухары бииртэн биир чаҕылхай оҕолор кэлэн бардылар. Манна дьарыктаммыт, үөрэҕи ааспыт ыччат дьиҥнээх космическай технологияҕа ылсар таһымҥа тахсар.

2020 сыллаахха ФТЛ уонна Кванториум выпускниктара Наука Дьоҕус академиятын өйөбүлүнэн, Үүнэр көлүөнэ пуондата үбүлээн, cubesat кылаастаах космическай аппарааты оҥорон таҥнылар, 2025 сыл кулун тутар ыйга космоска көтүөхтээх. Бу – биһиги оҕолорбут бэйэлэрэ толкуйдаан, суоттаан, айан, таҥан, хомуйан таһаарбыт аппарааттара (остуолга ууран көрдөрөр – Аапт.). Бу көмөтүнэн дьүкээбил уотун, космостан кэлэр сардаҥалары үөрэтэр кыахпыт улаатыахтаах. Ити уолаттар устудьуоннуу сылдьан ИП тэринэн, IT-пааркаҕа резидент буолан, Грант ылан, стартап тэриммиттэрэ. Бас-көс уолбут Тайвань институтугар үөрэнэ сылдьар, иллэҥ кэмигэр спутниктары оҥорон таһаарыынан дьарыктанар. Биир Кванториум космоквантумун  бүтэрбит чаҕылхай оҕо, 33-с оскуола выпускнига Леонид Орлов Санкт-Петербург куоракка ядернай физикаҕа олус ситиһиилээхтик үөрэнэр.

Космическай үөрэхтээһин туһунан эттэххэ, манна программированиеҕа, физикаҕа, электроникаҕа уо.д.а. барытыгар дэгиттэр оҕолор ситиһиилэнэллэр. 

– Саха сирин оҕолоро саҥа хайысхалары, аныгы технологиялары түргэнник баһылыыллар. Ити кистэлэҥэ туохханый?

– Биһиги оҕолорбут айылҕалаахтар. Итиннэ биир түгэни кэпсиим. Биирдэ Дубна куоракка күрэхтэһиигэ кытта тиийдибит. Онно Татарстантан вундеркинд оҕо баара, орто сүһүөх үөрэнээччитэ, хамаанда программиһа. Улахан оҕолору кытта кэлбит, саамай өйдөөхтөрө. Хамаандалар бырайыактарын көмүскүү таҕыстахтарына, уолбут кыттааччылары боппуруоһунан «көмө», ууга-уокка түһэртии олордо. Онтон биһиги оҕолорбут тахсан кэпсээтилэр, арай били уолбут саҥата суох барда. Кырдьык, киһи «күрүчүөктэһэрэ» суох, уолаттарбыт оннук чаҕылхайдар. Өйдөөх оҕо «тэҥнээхтэрим бу таҕыстылар» диэн убаастыы көрбүтэ буолуо дии саныыбын. Уопсайынан, ханна да тиийдэхпитинэ, биһиги оҕолорбутун ытыктыы көрсөллөр. Ол сырыыбытыгар Карл Иванов диэн уолбутун олох батыһа сылдьыбыттара. Дьэ, оннук чаҕылхай үөрэнээччилэрдээхпит!

Былыр балаҕаҥҥа олорбут сахаҕа, аныгы үйэ урааҥхайыгар даҕаны космос бэрт ыраах курдук... Оҕолорбут маннык таһымҥа тиийэллэригэр туох сабыдыаллаата дии саныыгын?

–  Наука Дьоҕус академиятын нөҥүө тиһиктээх үлэ барбыта, үгүс күрэхтэһиилэр, НПК-лар, WorldSkills чемпионаттара ыытыллаллара,  Кванториумнар, Космоквантумнар арыллыбыттара төһүү күүс буолла дии саныыбын. Саамай сүрүнэ – сөптөөх усулуобуйа тэриллибитэ. Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһининэн кэмигэр киэҥ далааһыннаах үлэ саҕаламмыта билигин үтүө түмүктэри аҕалар.

«Өлүөнэ дойдута» форум, Наука Дьоҕус академиятын нөҥүө төһөлөөх элбэх дьоҕурдаах оҕо таҕыста? Аҥаардас физикаҕа, математикаҕа эрэ буолбакка, култуураҕа, спорка – бары өттүнэн дэгиттэр ыччат.  Билигин биһиги оҕолорбут Бүтүн Арассыыйатааҕы «Сириус» үөрэхтээһин киинигэр сүүмэрдэнэн, талыллан, ыҥырыы тутан бараллар. Дьэ, онно баар, чахчы, кытаанах «сиидэлээһин».

Биһиги дьолбутугар Михаил Николаев курдук инникини өтө көрөр норуот лиидэрэ төрөөн-үөскээн ааста дии саныыбын.  Уопсайынан, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр «оҕо, ыччат туһа» диэн санаанан үлэлиир салайааччы элбэх. Сөптөөх усулуобуйа тэриллэр, элбэхтик барар-кэлэр буоламмыт, сайдыы аартыктарын арыйабыт. Ол иһин оҕолорбут бииртэн биир үрдэли дабайаллар, космоска чугаһыыллар.

 

Айымньы курдук ылыммытым

– Интервьюбут кэмин болдьоһо эрийбиппэр, Михаил Николаевы «улахан суруйааччы буолуохтаах эбит» диэбиккин сэргии истибитим. Бастакы Бэрэсидьиэн туһунан ахта-саныы таарыйа, тоҕо инньэ дииргин өссө биирдэ ааҕааччыларга кэпсиэххэ эрэ. 

– Мин космонавтикаҕа аналлаах веб-сайтпар 15 сылы быһа муус устар 12 күнүгэр Юрий Гагариҥҥа аналлаах викторинаны ыыппытым. Онно дойду араас муннуктарыттан кытталлара. Ол саҕана онлайн викторина билиҥҥи курдук элбэх буолбатаҕа. Кыайыылаахха бирииспит да олус үчүгэйэ. Дириэктэрим өйөөн, суотабай төлөпүөнү кытта бэлэхтээн турабыт. Биир сыл Арсен Томскай спонсордаабыта.

Оҕо эрдэхпиттэн космос, Юрий Гагарин туһунан элбэҕи аахпытым, үгүс кинигэни хаһыспытым. Ол эрээри бастакы космонавт туһунан  Михаил Ефимович Николаев курдук кылгастык эрээри, чаҕылхайдык уонна истиҥник эппит ким да суох дии саныыбын. Ол курдук, 2009 сыллаахха кулун тутар 9 күнүгэр Гагарин куоракка космонавт ийэтэ Анна Гагаринаҕа пааматынньык арыллыытыгар Михаил Ефимович эппит тылларын олус чугастык, айымньы курдук ылыммытым. Итиэннэ киниттэн улахан суруйааччы тахсыахтаах эбит дии санаабытым. Кини этиилэрин устан ылан, ууруна сылдьыбытым. Кэлин Космонавтика күнүгэр Бастакы Бэрэсидьиэн архыып-библиотекатыгар илдьэн туттарбытым. Икки сыллааҕыта Михаил Николаев ити тиэкиһинэн биир үөрэнээччибэр дакылаат суруйтарбытым.

 

Дьоҕурдаах оҕо долгунугар хаптаран...

– Эйигин туохха барытыгар дэгиттэр уһуйааччы дии санаатым. Физикаҕа, астрономияҕа, информатикаҕа, программированиеҕа, космонавтикаҕа, наукаҕа, бэл, спорка кытта хорсуннук ылсыбыккын. Аны, «физиктэр-лириктэр» дииллэринии, уруһуйдуугун, хоһоон суруйаҕын. Ханнык баҕарар эйгэҕэ үлэлиир кыахтаах эбиккин. Тоҕо учуутал, уһуйааччы суолун талбыккыный? 

–  Көмпүүтэр саҥа үөдүйэрин саҕана куурустарга эбии үөрэммитим, информатика учууталынан үлэбин саҕалаабытым. Дьиҥэр, бааҥҥа эҥин ыҥыра сатаабыттара ээ. Ол саҕана көмпүүтэргэ быһаарсар киһи аҕыйаҕа, былдьаһыкка сылдьара. Ол эрээри урут-уруккуттан оҕону кытта үлэҕэ, үөрэхтээһин эйгэтигэр тардыһар этим. Дьылҕам, аналым – учуутал, уһуйааччы буолуу. Манна биири этиэхпин баҕарабын: оҕо эйиэхэ эрэнэр, итэҕэйэр, эйигин ылынар буоллаҕына, үлэҥ үтүө түмүктэнэр эбит.  

– Бастакы Бэрэсидьиэн Судаарыстыбаннай истипиэндьийэтин лауреата буолан олорон,  «Билиигинэн кыайыаҥ» диэн этиини хайдах өйдүүгүнүй?

– Билиигинэн уонна сыралаах үлэҕинэн элбэҕи кыайыаххын сөп.  Биир сыл электрониканан «ыалдьан», өссө элбэҕи хасыһаары, түүн 3 чааска диэри үлэлээбит кэмнээҕим. Көр, дьоҕурдаах оҕо кэллэҕинэ, кини долгунугар хаптарар эбиккин. Уһуйааччы бэйэтэ элбэҕи билиэхтээх, оҕотооҕор ордук быһаарсыахтаах буоллаҕа. Билии туһугар оннук, күнү-түүнү аахсыбакка да үлэлиигин.

Бу сыллар тухары бииртэн биир үчүгэй дьону кытта алтыстым. Миэхэ эрэнэн, итэҕэйэн өйүүр салайааччылары көрүстүм. Кинилэргэ муҥура суох махтанабын.

– Юрий Николаевич, өр сыллаах сыраҥ үрдүктүк сыаналаммытынан өссө төгүл истиҥник эҕэрдэлиибит. Оҕо аймаҕы, үүнэр көлүөнэ ыччаты космос курдук уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ эйгэҕэ сирдиир дьоһун үлэҥ саҥа саҕахтары арыйдын диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....