25.11.2022 | 16:00

Юрий Попов: «Барыта улахан үлэттэн тахсар»

Юрий Попов: «Барыта улахан үлэттэн тахсар»
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Дьокуускайга Тупсарыы үс сыла биллэриллэн, бу диэн эттэххэ, киин куоракка, чахчы, үтүмэн үлэ ыытылынна, ону олохтоохтор даҕаны бэйэҕит көрө-истэ сылдьаҕыт. 
Быйыл сайын «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» федеральнай бырайыагынан Дьокуускай куоракка 75 тиэргэн тупсаран оҥоһулунна. Саамай элбэх эбийиэккэ бэдэрээтчитинэн «Основа» ХЭТ үлэлээтэ. Онон бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр бу тэрилтэ эдэр салайааччыта Юрий Поповы кытта кэпсэттибит.

— Юрий, дорообо! Саха дьонун сиэринэн, баһаалыста, билсиһииттэн саҕалыахха.

— Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатын ааҕааччылара, дорооболоруҥ! Мин М.К. Аммосов аатынан СГУ инженернэй-техническэй факультетын бүтэрбитим, инженер-тутааччы идэтин баһылаабытым.

2011 с. саҕалаан идэбинэн маастарынан, биригэдьиир-маастар быһыытынан «Туймаада Строй» тэрилтэҕэ алта сыл үлэлээбитим. 2016 с. «Основа” ХЭТ-и доҕорум Алексей Пестрякову кытта тэриммиппит. Биһигини кытта бииргэ үөрэммит, бииргэ улааппыт лицейбит оҕолоро,  табаарыстарбыт үлэлииллэр.

— Аҕыйах сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ хас даҕаны улахан эбийиэги туппут эбиккит дии.

— Бастакы сылларбытыгар Нам улууһугар 120 төбөҕө аналлаах икки улахан хотону туппуппут. 2018 с. тупсарыы үлэтигэр ылсан үлэлии-хамсыы сылдьабыт, сүрүннээн “Аныгы куорат эйгэтин оҥоруу” муниципальнай бырагырааманан эбийиэктэри тутабыт.

Бүгүҥҥү күҥҥэ быһа холоон сүүрбэччэ оҕо оонньуур балаһаакката, биэс сквер үлэҕэ киирэн турар.  Холобур, Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх орто оскуолатын таһыгар Илья Винокуров скверэ, Ленин проспегар Семен уонна Софрон Даниловтар сквердэрэ уо.д.а. «Дьиэ-уот уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыагынан Жатай болуоссатын оҥоруутугар эмиэ үлэлэспиппит. Куорат тиэргэннэрин тупсарыыга ылсан, уопсайа отучча эбийиэги оҥордубут. Быйылгы сылга 27 аадырыһынан 18 тиэргэни тупсардыбыт.

Маны таһынан, ыраах сытар улуустарга модульнай биэлсэр-акушер пууннарын туттубут, быһа холоон 32 эбийиэк буолла. Хоту, ыраах, ыарахан суоллаах-иистээх улуустарга эмиэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Бу эбийиэктэр 90%-нара «Доруобуйа» федеральнай бырайыагынан олоххо киирэллэр.

Ааспыт сылга Амма улууһун Соморсун нэһилиэгэр «Хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү» федеральнай бырагырааманан 14 кыбартыыралаах саҥа таас олорор дьиэни үлэҕэ киллэрбиппит. Билигин Хачыкаат нэһилиэгэр үс этээстээх дьиэ тутуутугар үлэлиибит, Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэктэригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тута сылдьабыт.

— Быйыл федеральнай бырагырааманан куорат хас да муннугар элбэх балаһаакканы оҥордугут, ордук элбэх эбийиэги эһиги ылбыт эбиккит. Бу туһунан кэпсии түс эрэ.

— «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» – федеральнай хабааннаах баараҕай бырайыактартан биирдэстэрэ. Ону тэҥэ, Ил Дархаммыт Айсен Николаев «Мин тиэргэним” бырагырааматынан сиэттэрэн, үгүс үлэ ыытылынна. Быйыл быһа холоон 700 мөл. солк. харчы тыырыллыбыта, мантан үлэ сүрүн чааһа биһиги тэрилтэбитигэр тиксибитэ, бүгүҥҥү күҥҥэ барытын бүтэрдибит. Дьокуускай куорат 27 аадырыһынан 18 тиэргэн тупсаҕайдык оҥоһулунна.

— Эн санааҕар, Дьокуускай куорат инфраструктурата хайдаҕый? Тупсарыы үлэтин туһунан санааҕын үллэстиэҥ дуо?

— Куораппыт сылтан сыл үүнэ-сайда турар. Маныаха күүстээх үлэ-хамнас ыытыллар. Ханнык баҕарар куоракка кыһалҕалар син биир бааллар. Кыһалҕата суох куорат диэн, мин санаабар, суоҕа буолуо. Сыллата дьон ахсаана элбиир, дьиэ бөҕөтө тутуллар, инфраструктура сайдан иһэр. Аҕыйах сыллааҕыта, биһиги оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр, ДСК оройуона олус ыраах курдук этэ. “Сатал” оройуонугар тиийэргэ суол-иис да суох этэ, уот тардыллыыта кыаллыбата, бу эргин чааһынай дьиэ тутуннаххына гаас киириэ диэн киһи санаан да көрбөт этэ.

Билиҥҥи кэмҥэ хас биирдии чааһынай дьиэҕэ уот-гаас ситимэ киирэн турар, интэриниэт тардыллар, сибээс ситимэ тупсар. Онон  олох таһыма үрдээн иһэр. Суол кэҥээн, оннооҕор чааһынай сектордарга аспааллааһын үлэтэ ыытыллар. Бу Дьокуускай куорат дьаһалтата уонна бизнес бииргэ үлэлээбиттэрин үтүө түмүгэ буолар диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.

— Сүрүн үлэҕит сайын ыытыллар буоллаҕа дии, кыһыҥҥы кэмҥэ тугунан дьарыктанаҕыт?

— Кыһын эмиэ үлэлиибит. Кэлэр сылга көһөрүллэр (переходящай) эбийиэктэрдээхпит. ТОР “Кангалассы” 1500 кв. саҥа производственнай эбийиэги тута сылдьабыт, манна өссө эһиилгиттэн учаастактары тутуу үлэтэ барыахтаах. Билигин бетон кута сылдьабыт, -40 -45 тымныыларга диэри бу үлэни тохтоппоппут. Ону таһынан 43-с кыбаарталга икки подъезтаах 16-12 этээстээх элбэх кыбартыыралаах дьиэни тута сылдьабыт, уопсайа манна түөрт тэрилтэ үлэлии сылдьар.

— Өр сыллар тухары 17-с кыбаартал дьыалата быһаарыллыбакка турар, манна туох этиилээххин?

— Хас биирдии үлэ ханнык эрэ биричиинэттэн тутулуктанар. Бу боппуруоһу биһиги чопчу үөрэтэн көрбөтөхпүт. Син биир ханнык эрэ эбийиэги олоххо киллэрэргэ хамсааһын тахсыахтаах, үбүлээһин көрүллүөхтээх. Бэйэтин кэмигэр барыта табыллыа дии саныыбын.

— Арай, 17-с кыбаарталы тупсарыыны эһиги тэрилтэҕитигэр биэрдэхтэринэ ылсыаҥ этэ дуо?

— Биһиги тэрилтэ ханнык баҕарар үлэҕэ ылсыахпытын сөп. Инжернэй-техническэй өттүнэн ыарахан эбийиэктэри эмиэ тутабыт. 17-с кыбаарталга ылсан үлэлииргэ туох да улахан кыһалҕа баарын көрбөппүн.

— Аны куорат сырдатыытыгар, көҕөрдүүтүгэр туох этиилээххин? Сорохтор бу үлэ олох быстар мөлтөх дииллэр.

— Дьон араас буолар. Ким эрэ куруук үчүгэйи эрэ, оттон сорох куһаҕаны эрэ таба көрөр. Барыта бэйэтин кэмигэр сайдан иһиэҕэ диэн бигэ эрэллээхпин. Ыллыҥ даҕаны барыта оҥоһуллан хаалбат буоллаҕа, бу барыта улахан үлэттэн тахсар. Кэнники сылларга куорат суола-ииһэ биллэ тубуста, инфраструктура да өттүнэн, көҕөрдүү да буоллун – быдан атын хартыынаҕа кубулуйда. Араас бырагыраама үлэлиир буолан, улуустарга даҕаны дьиэ-уот тутуллар, суол оҥоһуллар, тыын боппуруостар миэстэтигэр тута быһаарыллан иһэллэр.

Кырдьык, көҕөрдүү боппуруоһа Саха сиригэр ыараханнык турар. Итиннэ, бастатан туран, биһиги тымныы усулуобуйабыт улахан охсууну биэрэр. Олордуллубут мас тута силигилии үүнэрэ ыарахаттардаах, бу манна эмиэ үөрэтии-чинчийии үлэлэрэ ыытыллаллар. Киин куорат күөҕүнэн чэлгийэригэр быыл суох буолуохтаах, ол инниттэн уулусса барыта аспаалланара ирдэнэр.

— Ити туппут балаһаакка-ларгытыгар көҕөрдүү үлэтэ эмиэ киирэр дуо?

— Көҕөрдүү өттүгэр мас олордорго хара буору аҕалан бэлэмнээһин киирбитэ. Ону дьиэни салайар хампаанньалар бэйэлэрэ уонна олохтоохтор көмөлөөн быһаарыахтаахтар. Маһы олордор диэн биир, онтон көрүүтэ-истиитэ элбэҕи эрэйэр.

— Түмүккэ инники былааҥҥытын кэпсиириҥ буоллар.

— Күн бүгүн тэрилтэбит салгыы сайдар, тутуу эбийиэктэрэ сыллата материальнай-техническэй бааза курдук элбээн иһэллэр. Инникитин улахан былааннары олоххо киллэрэр сорук турар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....