25.11.2024 | 18:20

Төрүт култуураны тарҕатааччыларга истипиэндьийэ туттарылынна

Төрүт култуураны тарҕатааччыларга истипиэндьийэ туттарылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнүгэр, 25 олоҥхоһут, оһуохайдьыт, тимир ууһа уонна норуот маастара Ил Дархан истипиэндьийэтин хаһаайына буолла. 
Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, 2022 сылтан маннык истипиэндьийэ 81 киһиэхэ туттарылынна. 
Быйылгы истипиэндьийэ хаһаайыннарын ааттарыттан харда тыл эппит Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала Александра Артемьева бэлиэтээбитинэн, маннык истипиэндьийэни анааһын – норуот култууратын уонна духуобунай сайдыытын сайыннарыыга салгыы үлэлииргэ улахан өйөбүл. «Биһиги ийэлэрбититтэн, аҕаларбытыттан, эбэлэрбититтэн, эһэлэрбититтэн ылбыт билиибитин үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдиэхтээхпит», – диир оһуохайдьыт Александра Артемьева.     
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, норуот үгэстэрин, култууратын сөргүтүүгэ, сайыннарыыга Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр элбэх үлэ ыытыллар. Икки сыллааҕыта оһуохайбыт Арассыыйа норуоттарын барҕа баайынан билиниллибитэ, быйыл Саха сирин олохтоохторо аан бастаан Оһуохай күнүн бэлиэтээтилэр. Сыл аайы өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕа Амма улууһугар буолан ааста, эһиил – Нерюнгрига. Өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын көҕүлээһининэн Олоҥхо дьиэлэрин тиһигэ тэрилиннэ, манна уон оройуон култуураҕа тэрилтэлэрэ киирдилэр. Бу хайысхаҕа сыл аайы бүддьүөттэн 50 мөл. солк. көрүллэр. 
Эһиил Дьокуускайга Арктикатааҕы эпос уонна искусство киинэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. 
Санатар буоллахха, норуот төрүт култууратын тарҕатааччыларга –
олоҥхоһуттарга, оһуохай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар истипиэндьийэ Ил Дархан ыйааҕынан 2022 сылга олохтоммута, норуот маастардарыгар – 2023 сылтан. Истипиэндьийэ хаһаайыттара куонкуруһунан быһаарыллаллар, кээмэйэ 30 тыһыынча солкуобай, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....